#БАРЫБИИРГЭ
Улуус баһылыга Алексей Федотов соторутааҕыта быстах байыаннай дьайыыларга ыҥырыллан барбыт биир дойдулахтарбытын көрсөн кэлбитин туһунан билэр буолуохтааххыт.
Ол сырыытын кылгастык билиһиннэрдэ уонна Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө быстах байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр: Ньургун Копырин ийэтигэр Мария Афанасьевнаҕа, Герман Савельев кэргэнигэр Татьяна Савельеваҕа, Олег Гаврильевич эдьиийигэр Ая Бурцеваҕа махтал суруктары туттарда.
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота
Тулунаҕа эмиэ киин ититиигэ холбонууну, суол-иис өрөмүөнүн туруорсаллар.
Маны сэргэ гаастааһын боппуруоһа ханна тиийбитин, уматык сыаната тоҕо үрдүүрүн туоһуластылар.
Дьокуускайга диэри айан төлөбүрүн чэпчэтии, эбэтэр Бороҕон – Дьокуускай хайысханан автобус сырыытын тэрийии кыалларын-суоҕун ыйыталлар. Айан суолун өрөмүөнүн туруорсаллар.
Тырааныспарга гаас уматыгы туһаныыны, уотунан ититиниини үөрэтэн көрөргө этии киллэрдилэр.
Оҕо нууччалыы саҥарара үксээбитэ кутталы үөскэтэрин бэлиэтээтилэр. Онуоха бу үлэҕэ күүскэ ылсан, үбүлээһин үрдээбитин уонна оҕоҕо аналлаах 400-тэн тахса мультфильм тылбаастаммытын билиһиннэрдилэр.
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр
Бүгүн, «Мүрү кытыла» хаар пааркаҕа «Хаар – айар абылаҥмыт» күрэс арыллыыта буолла. Күрэскэ барыта аҕыс хамаанда кыттара бэлиэтэннэ.
Аҕа уолунаан эбэтэр эһэ сиэнинээн кытталлара көҕүлэнэр эрээри, биирдиилээн кыттааччылар эмиэ бааллар.
Кыттааччылар үс миэтирэ үрдүктээх эрдэ кутуллубут хаартан көҥүл тиэмэҕэ тугу толкуйдаабыттарынан айа-тута үлэлээн оҥоһуктарын номнуо өйүүн түмүктүөхтээхтэр.
Кинилэр санааларын билсиэҕиҥ.
– Маҥнайгыбын кыттабын. Үлэбин буола турар Анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр аныам. Дойдубут чиэһин көмүскүү барбыт уолун көһүтэр ийэ ис туругун көрдөрө сатыам. Кинилэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрэ барыбыт баҕа санаата буоллаҕа.
– Сиэним Эрхан, Дьокуускай куорат оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ, анаан көмөлөһө кэллэ. Үлэбит «Омурҕаҥҥа» диэн ааттаах. Эһээ сиэнин кытта отууга кэпсэтэ олороллорун хоһуйуохпут.
Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM