«Томпонский вестник»
1.81K subscribers
18.7K photos
2.62K videos
27 files
5.01K links
📰 Редакция "Томпонский вестник" - https://томпонскийвестник.рф

❗️Мы в ВК: https://vk.com/public212233695

❗️Мы в ОК: https://ok.ru/group/70000002355353

❗️WhatsApp: https://chat.whatsapp.com/FJJTwWwIgRt7LhIEhtRauf

❗️Почта: [email protected]
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

Үөрүүлээх миитиҥҥэ Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дьулустаан Борисов Ил Дархан махтал суруктарын Исидор Барахов судаарыстыбаннаһын музейын коллективыгар, итиэннэ бастыҥ үлэлээх дьаһалта үлэһиттэригэр туттарда.

Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платонов тыа хаһаайыстыбатыгар сүҥкэн кылаатын иһин Геннадий Николаевка “Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” ааты иҥэрдэ.

«Бараахап туһунан ырыа»
Уйбаан Ороһуунускай тыллара, Тимофей Шестаков матыыба

@uoheebuluu
@tompovestnik
#бэлиэкүн #Бүлүүэбэкүнэ

О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа СӨ үтүөлээх суруналыыһа, бэйиэт, суруйааччы, "Кэрэтэ суох олох туругурбат" музыкальнай испиктээк "Сюзанна" айымньы ааптара Борис Иванович Павловы кытары истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла.

Көрсүһүүгэ Борис Павлов "Сахалар дьылҕа - хаан ыйааҕынан", "Кэм" сурунаал 1-кы нүөмэрин бэлэх уунна. Бу сурунаалга Үөһээ Бүлүүттэн муусука учуутала Наталья Ильина ыстатыйата киирбит.

Автор "Сюзанна" айымньытын хайдах суруйбутун сиһилии кэпсээтэ.

Ол курдук, Борис Иванович: "Рок-музыканы сөбүлүүбун, "Чолбон" группаҕа сүгүрүйэбин. Бу айымньыбар "Чолбоннор" музыкаларын киллэрбитим. Спектаклы долгуйа кэтэһэбин", - диэн санаатын үллэһиннэ.

Кэпсэтии кэмигэр улуустааҕы культура департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова - Сахаайта: "Борис Иванович, биһиги ыҥырыыбытын ылынан кэлбиккэр истиҥник махтанабыт. Бүгүн көстөр "Сюзанна" спектаклы автор быһыытынан көрүөҥ, сыаналыаҥ диэн эрэнэбит", - диэн сылаас махталын тириэртэ.

Онтон улууска ураты харыстанар сирдэргэ старшай инспектор
Василий Титов: "Эн суруйууларгын республика ааҕааччылара бары улаханнык сэҥээрэн ааҕабыт, кэтэһэбит", - диэн Борис Ивановичка туһаайан, ааҕааччы быһыытынан санаатын тириэртэ.

Түмүккэ улуус ветераннарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов: "Борис Иванович кэмигэр ааттамматах биллиилээх дьоннору хасыһан булан суруйар үтүөлээх-өҥөлөөх. Биһиги, Бүлүү сүнньүн олохтоохторо, эйиэхэ улахан махталлаахпыт. Сахалар дьоно эйигинэн киэн туттабыт", - диэн улуус олохтоохторун аатыттан барҕа махталын, үтүө баҕарыылары эттэ.

Бу эриэккэс көрсүһүүттэн мустубут дьон ураты астынан, дуоһуйан тарҕастыбыт.

Тамара Саввинова
@uohee_buluu
#бэлиэкүн

🙏Алтынньы 22 күнэ – Ийэ дойдуларын иһин Аҕа дойду сэриитин хонуутугар охтубут буойуннар сырдык ааттарыгар анаммыт ҮРҮҤ ТУРУЙА күнэ.

Бу бэлиэ күн олохтонуутугар Дагестан норуодунай суруйааччыта Расул Гамзатов оруоллаах. Кини ''Журавли'' диэн ырыа буолбут хоһоон ааптарын быһыытынан биллэр. Кавказка орто дойдуттан арахпыт дьон үрүҥ туруйаларга кубулуйалларын туһунан өйдөбүл баар. Ол иһин духуобунас, поэзия үрдүк аатыгар, ону тэҥэ сэриигэ өлбүт буойуттар сырдык кэриэстэригэр 2009 сыллаахха ЮНЕСКО Үрүҥ туруйа аан дойдутааҕы күнүн олохтообута.

Бу көтөр элбэх норуокка эйэни, сырдыгы кытта ситимнээх.
Холобур, Японияҕа үрүҥ туруйа уһун үйэни, Кытайга – өлбөт үөһү, христианскай итэҕэлгэ үтүө быһыыны кэрэһилиир.

Айылҕа маанылаах көтөрүн – үрүҥ туруйаны – харыстааҥ! Кинини түбэһэн көрүүнү сырдыгы, кэрэни, үйэлээх олоҕу кытта ситимнээҥ.

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM