Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Сэргээ
💠Атырдьах ыйын билгэтэ
Атырдьах ыйын 1 күнэ — ардаатаҕына, күһүнэ өксүөн, курааннаатаҕына, күһүнэ кураан буолар.
Атырдьах ыйын 2 күнэ — куйаас аны түспэт, сөтүөлээһин уурайар.
Атырдьах ыйын 2 күнэ — Ылдьыын ардаҕа. Бурдук буһар. Түүн хараҥаран барар, кус оҕото көтөр.
Атырдьах ыйын 10 күнэ — Моонньоҕон буһар.
Атырдьах ыйын 14 күнэ — Бастакы Ыспааһап, Ыспааһаптар ардахтара түһэр. Хотуур ортото. Ыҥырыа мүөт таһаарара уурайар.
Атырдьах ыйын 21–23 күннэрэ — Аан Дьааһыҥҥа анаан туом толоруохха сөп.
Атырдьах ыйын 21 күнэ — Халлаан ыйын эргэтэ кэрэниитэ саҕаланар. Ити күн-дьыл хайдах туруктаах да, тохсунньуга эмиэ үкчү оннук.
Атырдьах ыйын 23 күнэ — ардаатаҕына, күһүн уһун дииллэр.
Атырдьах ыйын 29 күнэ — Үһүс Ыспааһап. От үлэтэ үмүрүйэр. Ый бүтүүтэ оту-маһы орохсутар тыал түһэр. Эһиил үчүгэй дьыл кэлиэх буоллаҕына, от кэнчээрилиир.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

БАЛАҔАН ЫЙА - УЛУУ СУОРУН ЫЙА
Өбүгэлэрбит бу ыйга сайылыктан кыстыкка көһөллөр. Балаҕаҥҥа уоттарын уматаллар. Ити уот Улуу Суорун уота диэн ааттанар.
🦅 Улуу Суорун дьоҥҥо уоту уонна идэни биэрбит таҥара. Хотугу сахалар таба сүлэр ыйа дииллэр.
Ый 21- с күнүгэр сырдык
уонна хараҥа тэҥнэһэр, мантан ыла түүн баһыйан барар, онон күн - дьыл хонугунан ааҕыллар буолар.
Былыргынан эттэххэ, эргэ дьыл саҕаланар.
☝🏻Балаҕан ыйа кулун тутар ыйы батыһар.
Ый өксүөннээх уонна 20-с чыыһыла диэки сайын эргийэр, ону "дьахтар быттанар кэмэ" дииллэр.
☔️ Икки ардахтаах : кус барар уонна от-мас ииктэтэр (ый бүтүүтэ эбэтэр алтынньы саҥатыгар ). Оту-маһы хайдах ииктэтэринэн кэлэр сааһы билгэлииллэр.
💨 Тыала биир : көтөҕө түһэрэр тыал.
Балаҕан ыйынан кыһын хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.
🗓️ Ый билгэтэ:
☀️ Норуот билгэлээһининэн, балаҕан ыйа кураанах уонна сылаас буоллаҕына, үтүө күһүн кэлэр, кыһын хойутуур.
🦅 Көтөрдөр хойутаан бардахтарына, күһүн сылаас, оттон кыһын - хаардаах буолар.
🍁 Сэбирдэх кэмигэр тохтубатаҕына, кыһын тыйыс, оттон сааһын тымныы буолар, оччоҕо кэлэр дьыл үүнүүтэ мөлтүүр.
🍂3 күнэ - бу күн күннээх буоллаҕына, аччаабыта өссө 4 нэдиэлэ үчүгэй күн-дьыл туруоҕа.
🍂5 күнэ - хаһыҥ түһэр.
🍂8 күнэ - сарсыарда дьыбардаах буоллаҕына, кыһын эрдэ кэлэр уонна тыйыс буолар.Хортуоппуйу хостооһун саҕаланар
🍂10 күнэ - көмүс күһүн. Собо тиксэр (күөл кытыытыгар тахсар).
🍂13-20 күннэрэ - туруйа барар.
🍂14 күнэ - Сэмэнэп (Сибэтиэй Симеон Столпник). Ыал үксэ отторун үлэтэ бүтэн "кыдама сууйуута" диэн алаадьы сииллэрэ. Мас сэбирдэҕэ түһэр. Тайах, таба сүүлэ саҕаланар, өрүс балыга муораҕа айанныыр. Кылгас кэмҥэ, сайын иккистээн эргийэн, дьахталлар "быттанар" үтүө күннэрэ үүнэллэр.
Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур.
🍂19 күнэ - хаар хаһыҥ түһэр. Үөл кус балаҕан ыйын 30- гар диэри барар, аҕарым буолар.
🍂20 күнэ - хаастар бараллар, аҥыр хаһыытыыр.
🍂14 - 21 күннэрэ- дьахтар сайынын бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына - ичигэс күһүн. Силбиктэннэҕинэ - кураан күһүн.
🍂24 күнэ - Ый туолуута. Силбик түһэр.
🍂27 күнэ - Иһийээнэп ( Воздвижение Креста Господня)-кириэс бырааһынньык. Сир тоҥор таҥарата. Эһэ арҕаҕар, моҕотой хороонугар киирэллэр. Муора хааһа соҕуруу баран бүтэр. Кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар. Кыһыҥҥы балаҕаҥҥа (кыстыкка) көһүү.
🍂28 күнэ - үүнээйи силис тардара тохтуур. Эһэ сэттэ күн устата аһыырын баанан, утуйарга оҥостор. Анды оҕото барар. Хотуттан тыалырдаҕына, курас, тымныы күһүн буолар.