Удьуор айанньыт
Прокопий Харлампьевич Андросов - Дьөҥкү Сээн алгыстаах айанньыт быһыытынан киэҥник биллэр. Кини уон икки сиэниттэн туйаҕын хатарааччы, удьуор айанньыт Айта Андросова тобуллаҕас толкуйдаах, кыра эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, туохтан да иҥнэн-толлон турбат, «чап» курдук саҥалаах-иҥэлээх, сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх, «тох» курдук толоругас кыыс буола улааппыта. Айта эһэтин кэриэтэ, билиэх-көрүөх баҕата баһыйан, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар саха тылын олимпиадатыгар, өрөспүүблүкэтээҕи, улуустааҕы араас таһымнаах куонкурустарга кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксэрэ. Тылын-өһүн чочуйаары, сааһылаан саҥараары, араатардыыр ускуустубаҕа үөрэммитэ, хас да омук тылын баһылаабыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» хаһыакка ыстатыйалара, хоһоонноро бэчээттэнэн тахсыбыттара. Эһэтин суолунан барыа диэн дьоно үөрэ сырыттахтарына, техническэй хайысхалаах үөрэҕи талан төрөппүттэрин соһуппута.
Cиһилии
Сайтка: https://таатта.рф/article/74719⬇⬇⬇
@taattagazeta

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
📍Быстах хомуурга хабыллан ыҥырыллан барбыт уолаттарбытыгар көмө кэлэ турар.
📍Ол курдук Алдан өрүһү туораан Хара Алдан нэһилиэгиттэн оскуола уонна уһуйаан үлэһиттэрэ, төрөппүттэрэ бэйэлэрэ ис санааларыттар гуманитарнай көмөнү хомуйан аҕалан улуустааҕы көмө хамыыһыйатыгар туттардылар.
@gazetataatta

Тыараһаҕа Өксөкүлээх Өлөксөй искибиэрин аһыллыыта
Куонааскы Ньукулай олох мындырыгар үөрэппит бэлиэтэ,
Оҕо киһи улаатан, норуот билиниитин ылбыт өйдөбүнньүгэ.
Раиса Реасовна Кулаковская.
Алтынньы 6 күнүгэр айар тыл аҕата, саха норуотун духуобунай лиидэрэ, бөдөҥ общественнай деятель, төрүт өбүгэ култууратын, устуоруйатын чинчийээччи, наука сайдыытыгар бастакы саҕахтары арыйбыт учуонай А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылынан Тыараһа нэһилиэгэр искибиэр үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста.
Суруйааччы сиэнэ Людмила Реасовна Кулаковская 2012 с. Тыараһа нэһилиэгэр кыраайы үөрэтээччилэри, аймах-билэ дьонун кытары көрсөн, алаастарынан сылдьан, бэдэрээлинэй суол кытыытыгар Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэ турара буоллар диэн баҕа санаатын биллэрбитэ.
Cиһилии:
Сайтка: https://таатта.рф/article/74734⬇⬇⬇

Президент РФ Владимир Владимирович Путин выступил на пленарном заседании Российской энергетической недели.
В своем выступлении Владимир Владимирович отметил, что Россия никогда не будет действовать себе в ущерб и не станет поставлять энергоресурсы странам, которые введут ограничения цены на нефть. Несмотря ни на что, российский газ будут покупать на мировых рынках. А для сохранения энергетической безопасности страны к 2025 году 80% оборудования в энергетике будет российского производства.
Президент поручил продлить программу социальной газификации. Благодаря данной программе, на начало октября газ подведен к более чем 300 тысячам домов, из них 3169 - в Якутии. Также Владимир Владимирович поручил региональным властям обеспечить семьям с низкими доходами субсидии на покупку газового оборудования в размере 100 тыс рублей. В нашей республике уже оказывается такая поддержка - субсидия составляет 150 тысяч рублей. Эту помощь мы обязательно продолжим.
Нашу страну не сломить! Россия, вперед!🇷🇺
t.iss.one/aisen_nikolaev

Халлаан туруга
Алтынньы 13 күнэ
Ытык Күөл
Сарсыарда-10, күнүс-1
Салгын баттааһына 743 мм.
Уларыйыылары ugms14.ru, www.gismeteo.ru көрөр сөп.
#тааттахаһыат

Бүгүн алтынньы 13 күнэ, көмүс күһүн бүтэһик күнэ, чэппиэр. Өбүгэлэрбит сарсыҥҥыттан кыстык хонуктарын ааҕан бараллар, "дьылга үктэннибит" диэн буолар. Итэҕэлбитигэр эргиллэргитигэр, сиэри-туому тутуһан дьоһуннаах дьон, сандаарар сахалар буолуҥ! Биир сомоҕо буолан үүнэ-сайда туруҥ!
Сандаара
@gazetatatta
Саргылана Турнина хаартыската
#айарыллык
Сандаара
@gazetatatta
Саргылана Турнина хаартыската
#айарыллык
Сарсыардаттан хаамар дьон чэбдик салгынынан дуоһуйа тыынан, эти-сиини бөҕөргөтөн, күнү быһа сэниэлээх сылдьаллар!
Хаамааччылар кэккэлэрэ хаҥыы турдун!
Сандаара
@gazetatatta
#сканди
Күндүүнэ хаартыскалара
Хаамааччылар кэккэлэрэ хаҥыы турдун!
Сандаара
@gazetatatta
#сканди
Күндүүнэ хаартыскалара
Улуус киинигэр «1000 тэлгэһэ» бырагыраама олоххо киирдэ
Арассыыйа Уһук Илин эрэгийиэннэрин сайыннарыыга туһуламмыт олорор усулуобуйаны тупсарар сыаллаах «1000 тэлгэһэ» бырагыраама 2022 сылтан үлэлээн, оҕо оонньууругар, сынньанарыгар аналлаах спортивнай былассааккалар тутуллуохтаахтар. Арассыыйатааҕы Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн бэдэрээлинэй бүддьүөттэн уопсайа 7 мөл. солк. үп көрүллэн, 11 олохтоох бэйэни салайыныыга бэриллибитэ. Бырагыраама чэрчитинэн Бурятияҕа - 247, Приморьеҕа - 232, Хабаровскай кыраайга - 160, Забайкальеҕа - 130, Саха сиригэр - 124, Амурскай уобаласка - 105, Сахалин уобалаһыгар - 60, Камчатскай кыраайга - 38, Еврейскэй аптаныамынай уокурукка - 20, Магаданскай уобаласка - 17, Чукоткаҕа - 6 тэлгэһэ олоххо киириэхтээх. Бэриллибит болдьох быһыытынан сэтинньи ыйга «1000 тэлгэһэ» бырагыраама бастакы саҕалааһыннара аһыллыахтара.
Cиһилии:
Сайтка: https://таатта.рф/article/74902⬇⬇⬇

« Дорҕоонноох тылым хоһооно
Долгутар алгыстаах..."
( П.А.Ойуунускай бэргэн тыллара)
🌤🌈 Олох диэн, үүт-үкчү улахан өрүс уутун курдук, хаһан да быстыбакка эрэ уста-сүүрэ турар. Олох устуутугар биирдии киһи олоҕо, үүт-үкчү долгун курдук, биирдэ эрэ көстөн дьирим гынан ааһар.
_"Ыраахтааҕы ыйааҕа", 1927с._
Оо, таптал диэн барахсан улахан улуу дьыала! Саха тапталы билбэт дииллэрэ букатын сыыһа, саха сүрэҕэ итии, сылаас сүрэх, саха сүрэҕэ тапталы билэр, кини уйаҕас, кини аһыныгас... Онон даҕаны бүтүн норуот, улуу Муостаах муора уорааннаах тыынын уоттаах сүрэхпит сылаас хаанынан сылытан, кини тапталын төлөнүнэн ахтар айылҕабытын угуттаан-угуттаан, биэбэйдээн-биэбэйдээн, баччаҕа тиийдэхпит дии...
_"Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай", 1936 с._
#газетатаатта
#улуустааҕыкииннэммитбиблиотека

Улахан Учууталы үйэтитии
Аиза Николаевна Миронова , айылҕаттан айдарыылаах Улахан Учуутал, туһунан Тааттаҕа эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэппит ыччаттара, бииргэ үлэлээбит учууталлара, алтыспыт табаарыстара умнубаттар.
Кини өркөн өйүн, математика курдук уустук предмеккэ чаҕылхай билиитин, хайа да бэйэлээх уустук задачалары тиийимтиэтик быһаарарын, учуутал, үөрэнээччи сайдыытыгар солун, кимиилээх Учуутал, салайааччы быһыытынан үлэтин, көнө туруору майгытын номох гынан кэпсииллэр, кэпсиэхтэрэ, сырдык аатын үйэтитиэхтэрэ да турдаҕа...
✅Сиһилии⬇️⬇️⬇️
Сайтка
https://таатта.рф/article/74908