Газета "Таатта"
2.36K subscribers
19.6K photos
3.07K videos
12 files
4.61K links
Download Telegram
*Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта.*

Бокуруоп күн өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, сахалыы арыылаах алаадьынан кыстыкка киирбиппитин бэлиэтиири умнумуох тустаахпыт.

Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
❄️Сэтинньи ый билгэтэ❄️

Сэтинньи ый 2 күнэ. Бу күн былытырдаҕына, кыһына ичигэс буолар.

Сэтинньи ый 3 күнэ. Бу ыйга үс тибии түстэҕинэ, “саас тоҕус тибии түһэр” дииллэр. Онтон элбэх буоллаҕына, өҥ дьыл буолар. Онтон аҕыйах буоллаҕына, кураан дьыл үүнэр.

Сэтинньи ый 5 күнэ. Былыта суох күн хаар кыыдам­наатаҕына, элбэх кыраһа түстэҕинэ, өҥ сыл буолар. Кыраһа кыра буоллаҕына, кураан сыл буолар.

Сэтинньи ый 8 күнэ. Саха халандаарынан сэтинньи 8 күнүттэн (Миитэрэйэп күнэ) идэһэни өлөрөр кэм саҕаланар. Миитэрэйэп күнүгэр халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, кыһына тымныы, оттон үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар таҕыстахтарына, тымныы кыһын буолар.

Сэтинньи ый 15 күнэ. Ый уонна үргэл алтыһаллар. Ырааҕынан ааһыстахтарына, сылаас соҕус буолар. Чугаһынан ааһыстахтарына, тымныы буолара күүтүллэр.

Сэтинньи ый 15 күнэ. Муҥха бүтэр (саха ыалын халандаарыгар — Мэхээлэйэп күнэ).

Сэтинньи ый 22 күнэ. Бу күн былытырдаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр диэри халлаан ичигэс туруохтаах.

Сэтинньи ый 26 күнэ. Ый бүтүүтүгэр “сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта” түһэр. Аан-даам тымныы түһүө өссө да эрдэ.

Сэтинньи ый 27 күнэ. Саҥа үүнэр ый туруору тахсыыта – тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.

Сэтинньи ый 28 күнэ. Сулустар бачыгырыы, хойуутук чаҕылыҥнастахтарына, халлаан тымныйар.

Сэтинньи ый 29 күнэ. Кыһынын соҕурууттан, арҕааттан салгыннаннаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Ахсынньы - БИЛГЭ ХААН ыйа.
Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас - сайын турар. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору - сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына - үчүгэй үүнүү буолар.
*1- бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.
*9 - эһэ (кырдьаҕас) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур. Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы - үөлү, оту- маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм.
*12- буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19- гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр. Бары - барыта чуҥкуйар.
* 19- кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын уһуга. Бу күн тымныы буоллаҕына - сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.
* 21- ый туолуута.
*22- мас хойуутук кырыардаҕына - үчүгэй үүнүүгэ.
*25 - бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр. Испирдиэнэп күнэ.
*26 - күн кутуйах хаамыытынан уһуур.
*29 - кыраһа түстэҕинэ - ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына - тохсунньу 19 күнүгэр (Кириһиэнньэ) диэри тымныы турар.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
🧊Таатта улууһугар Чөркөөх музейа тэриллибитэ 45 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, саха киэн туттар уола Дугуйдаан Магадаҥҥа айаныгар былыргылыы уонна аныгылыы тигиллибит сахалыы таҥаһы кэтэн барар баҕалааҕын кэпсэппитин сакаастыы кэлбитигэр музейга баар таҥастары кэтэрдэн көрдөрбүттэр.

🧊Дэбдиргэ, Туора Күөл, Ытык Күөл иистэнньэҥнэрэ норуот маастардара - Туора Күөлтэн Изабелла Элякова , Ытык Күөлтэн Клара Читаева, Уолбаттан маастар Басова тикпит таҥастара Дугуйдааҥҥа оруобуна буолбут.

🧊Ол курдук өр кэм дьаныардаах үлэнэн тигиллибит саһыл истээх сон, саҕынньах, куруму этэрбэс уонна да атын таҥастар хас да сыллааҕыта музейга экспонат буолан, дьон көрүүтүгэр туран улаханнык сөхтөрөр.

🧊Таҥастар олох урукку дьиҥнээх матырыйааллартан, чубуку, таба тириилэриттэн тигиллибиттэрэ кэрэхсэбили тардар.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Ыарахан сыарҕа состорон
Хомурах хаары кэстэрэн,
Буурҕаны, силлиэни силэйэн
Таптыыр дьонун ахтан.

Ыраах бултуур ыырыттан
Булчут айаннаан кэллэ,
Саҥа сылы үөрэ көрсө
Эргэ сылын кэһиитин илдьэ.

Көһүйбүт көхсүн ириэрэн
Көмнөх, кырыа хаарын,
Кичэйэн уһуннук тэбэннэ
Көп түүлээх таҥаһыттан.

Дьоллоох олоҕун уйата
Туппут улахан дьиэтэ,
Түннүгэ сандаарар хараҥаҕа ,
Буруо унаарар оһоҕуттан.

Булчут ыттара сүүрэкэлээн
Сытырҕалыыллар тэлгэһэлэнин,
Олус ахтыбыттарын биллэрэн
Кутуруктара оонньуур үөрэн.

Дьиэ аана аһылынна
Сылаас туман бурҕайан ,
Дьиэ дьоно таҕыстылар
Үөрүү тыынын оргутан.

Хоһуун булчут сүрэҕэ
Күүскэ да тэптэ,
Күөмэйин бүөлүү аста
Дьол күүстээх долгуна.

Артыамый.
Эҕэрдэ ! Тымныы кыһыҥҥы күнүнэн. Уоскулан буоллун.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Ороһооспо түүнэ сырдыгыан
Остуоруйа курдук тулам,
Ойдом турар хатыҥ
Оргууй хамсыыр курдук.

Дьиҥэр уу чуумпу
Дьыбар да сыыгынаабат,
Дорҕоон долгуна устубат
Дэриэбинэ утуйа сытар.

Эрдэһит ыаллар оһохторо
Үрүҥ буруону субуйан
Хараҥа халлааҥҥа харбаһан
Олох тохтооботун туоһулуур.

Дэриэбинэ хоту хотоолугар
Үөр сылгы турар,
Үрүҥ көмүс мөһүүрэни
Табыйан ыһар курдуктар.

Кэрэтиэн төрөөбүт дойдум
Кыһыҥҥы да түүнэ,
Ыйдаҥа сырдыгар уларыйан
Дьүһүн кубулуйар көстүүтэ.

Артыамый.

Эҕэрдэ! Үөр кыраттан , саҥа тахсар күҥҥэ.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Кэрэ Тааттабыт сиригэр
Кустук дьэргэлгэн оонньоото,
Халлаан урсунун сырдатан
Сиргэ күлүмүн түһэрдэ.

Күммүт тулата сандаара
Ыста үс куппут сарыалын,
Айыы дьонугар суол ыйа
Айан аартыгын алгыстыы.

Куйаар оройо аһыллан
Сырдык күүстэрбит өҥөйөн,
Улуу убайдар арчылаан
Көрөн аастылар бадаҕа.

Этэҥҥэ буолуу түстэннэ
Эрэл санаабыт күүһүрдэ,
Эйэ былааҕын кэриэтэ
Кустук дьэргэлгэн оонньоото.

Октябрина

#ватсапситимиттэн

@gazetataatta
Ычча! Уччуу , ыччаа- аа!
Сытыы тымныы түстэ
Сахам сирин хам тутта,
Соҕуруу ,арҕаа халыйда.

Киһи олорор түөлбэлэрэ
Күөгэҥниир тумаҥҥа бүктэ,
Көрүөхтэн дьикти көстүү
Киһи дууһатын долгутта.

Сыһыыга , сискэ таҕыстахха
Сырдык ыраас күн
Сандаара устар халлааҥҥа
Сыа хаары уматан.

Сахам сирин айылҕата
Тургутан көрөр барыбытын,
Мөлтөх , аһаах өттүн
Тоҥоруо, тоһутуо куоттарыа.

Чысхааннаах тымныы эрчийэр
Саха дьонун кутун сүрүн,
Салгыы олох олорорго
Сынтарыйбат сындааһыннаах буоларга.

Артыамый.
Эҕэрдэ! Саҥа сайаҕас күнүнэн.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Сүрэҕин анныгар саһыаран
Истиҥ тапталга суулаан
Ииппит, көтүппүт чыычааҕа
Уоттаах сэриигэ барта.

Ийэ уута көттө,
Сүрэҕэ туллуктуу мөҕүстэ,
Бириэмэ барара бытаарда
Түүммүт уһуна сүрдэннэ.

Ийэ кылгас уутун быыһыгар
Түһээн көрөр уолун,
Көтүөхтүү даллаҥнаан үөрэрин,
Сайыһан аан таһыгар хааларын.

Уола улаатан көппүтэ
Хотой буола сиппитэ,
Өстөөхтөн дойдутун көмүскүүр
Дуулаҕа бухатыыр буоллаҕа.

Ийэ кэтэһэр уолун
Эйэлээх халлааҥҥа кэлэрин,
Ыраас салгыны тыынан
Сэрэммэккэ
кырыска хаамарын.

Ийэ сүрэҕэ сылайбакка
Оҕотун араҥаччылыыр, көмүскүүр,
Дууһата, санаата барыта
Эрэнэр эргиллэн кэлиэҕэр.

Ийэ эрэнэр уолугар
Олоҥхо бухатыырыгар курдук,
Өбүгэ кэриэһин толороругар
Кыайыы көтөллөнөн кэлэригэр.

Артыамый
28.01.23
Сатал.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Ис сахаҥ уһуктар тойугун,
Ыллыахпын баҕардым ыччаппар.
Ийэ кут илгийэр иэйиитин,
Ылыннар мин сахам ыччата.

Айыылар үөрэтэр тыыннарын,
Атыннык халытта ''бу үөрэх''...
Аныгы сурукпут суурайда,
Айылгы үөрэҕин, мандарын...

Ол эрэн кубулҕат культура,
Кыайбата урааҥхай Уус кутун...
Олохтоох итэҕэл сылааһын,
Киирии да, кэлии да сойуппат...

Сэтэрэн да туран тарҕаныа,
Көмүлүөк күлүмүн суоһуттан...
Сыдьаайыа биһиктээх эрдэхтэн
Күн Айыы үөрэҕэ Олоҥхо...

Кичэйэн кистэммит үөрэхпит,
Уһуктуо сахалыы тойуктан...
Киириэҕэ илгийэр Күн-Айыы
Уһуйаан тыргыллар ыллыгар.

Айаанньа Уус.
Баайаҕа б.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Күммүт үөһээ ойдо,
Күммүт суоһа билиннэ,
Күүтүүлээх сырдык кэммит
Күннэтэ эбиллэн истэ.

Бурҕаҥнас тымныы салгын
Булгуруйда уоҕа кылына,
Будуллар кырыа туман
Бысталанна күүһэ өһүллэн.

Сырыы айан элбээтэ ,
Сыыдамсыйда саха киһитэ,
Санаа хоту кэмнэр
Салалыннылар хоту сиргэ.

Мантан кэлэр күннэр
Маҥан туллук буолан ,
Мүччү туттаран көтүөхтэрэ
Муус курдук ууллуохтара.

Сарсыардааҥҥы саһарҕаны
Саха сыһыыга көрсүөҕэ,
Сулус оонньуур кэмигэр
Сылайан дьиэтин булуоҕа.

Былдьаһыктаах үтүө кэмнэр
Баайы хаҥатар сырыылар,
Бу күннэргэ ситиһиллэр
Бөҕө акылаат ууруллар.

Артыамый.

Эҕэрдэ ! Саҥа күн ситиһиини аҕаллын.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
Ыраас да халлаан
Киҥкиниир киэҥ куйаар,
Сибиэһэй да салгыны
Сипсийэр сааскы тыал.

Дойдубут уһугунна уутуттан ,
Аламай Үрүҥ Күнтэн
Саһарҕаттан күүс ылан,
Күүрээннээх олоххо тардыһан.

Үөрэбит маннык түгэнтэн,
Дьоллоохпут маннык кэмтэн,
Тыыннаах буолан тиксэбит
Сааскы уһуктуу дьолугар.

Бүгүҥҥү Күн тахсыытын
Уруйдуу көрсөр дьол,
Сааскы салгыны тыынар
Онтуҥ эмиэ дьол.

Дьоллоохпут бүгүн бааллар,
Айылҕа сорҕото буоламмыт,
Махтаныаҕыҥ Айбыттарбытыгар аҕаларбытыгар,
Сүгүрүйүөҕүн Иэйэхсиппитигэр ийэлэрбитигэр.

Орто дойдуга оҥорон
Олох тыынын укпуттарыгар,
Тутуҥ, айыҥ диэн
Айыы киһитэ оҥорбуттарыгар.

Артыамый.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн
🌿🕊🍀🌞Ыам ыйын билгэтэ
 
Ыам ыйын 6 күнэ — Дьөгүөрэйэп. Бастакы кус кэлэр. От бытыгырыыр, сүөһү уостаан аһыыр.

Ыам ыйын 8 күнэ — ырыаһыт чыычаахтар тоҕо анньан көтөн кэлэр кэмнэрэ.

Ыам ыйын 12 күнэ — хаһыҥ түһүөн сөп.

Ыам ыйын 13 күнэ — киэһэлик ичигэс, уу чуумпу, онтон сулустаах түүн буоллаҕына, ардаҕа суох сайыны күүт.

Ыам ыйын 14 күнэ — Дьэрэмэйэп күнэ. үчүгэй күн буоллаҕына — күһүнэ өлгөм үүнүүлээх, хаҕыс күн буоллаҕына, кыһына — тымныы.

Ыам ыйын 19 күнэ — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.

Ыам ыйын 22 күнэ — сааскы Ньукуола. Кэҕэ этэр, сүөһү мэччийэн аһыыр. Сайыҥҥы хонук саҕаланар.

Ыам ыйын 26 кунэ  –  Ыам кумаара түһэр. Хортуоппуйу олордуу.

Ыам ыйын 28 күнэ — сылаас күн буоллаҕына, сайыны быһа сылаас буолар. Ый туолуута. Сайылыкка көһөр ый.

Ыам ыйын 28 күнүттэн Бэс ыйын  4 күнүгэр дылы – Ыам собото.

@gazetataatta
@ulusmedia
#ватсапситимиттэн
*ОТ ЫЙЫН БЭЛИЭ КҮННЭРЭ*

От ыйын 3 күнэ — Бу күн ардаатаҕына, ый былаһын тухары ардыа.
От ыйын 7 күнэ — Сир симэхтэрэ сибэккилэр ситэр кэмнэрэ, эмтээх оту хомуйар кэм.
От ыйын 12 күнэ — Бөтүрүөп күнэ. От сиэмэтэ ситэр, окко киирии, өҥүрүк куйаас, Бөтүрүөп ардаҕа түстэҕинэ, бурдук, отон, тэллэй дэлэй күһүнэ буолар.
От ыйын 13 күнэ — Кунай хотуурдаах күнэ, бу күн от охсуллубат – «Абааһы мунньахтыыр күнэ».
От ыйын 14 күнэ — Оҕуруот сыыс отун ыраастааһын кэмэ, бу күн ыраастаатаххына, өлгөм үүнүүнү ылыахха сөп.
От ыйын 21 күнэ — Кус оҕото ситэр, дьэдьэн буһар.
От ыйын 21 күнэ — Борокуоппайап күнэ. Кус оҕото ситэр, кэҕэ үчүгэй дьылга Борокуоппайапка диэри этэр.
Самаан сайын — Ыам ыйын 22 күнүттэн от ыйын 21 күнүгэр диэри.
Илгэ сайын — Бэс ыйын 21 күнүттэн от ыйын 20 күнүгэр диэри саары куйааһа.
Ийэ сайын — От ыйын 22 күнүттэн атырдьах ыйын 17 күнүгэр диэри.
Тохсунньу ыйы от ыйа батыһар.

@gazetataatta
#ватсапситимиттэн
Атырдьах ыйын бэлиэ күннэрэ

Атырдьах ыйын бастакы аҥаара сайыҥҥылыы куйаас күннэри түстүүр. Сөбүгэр соҕус ардахтаах.

Атырдьах ыйын 1 күнэ – Ардаатаҕына — күһүнэ өксүөн, курааннаатаҕына — күһүнэ кураан.

Атырдьах ыйын 2 күнэ – Ылдьыын Таҥара. Бурдук буһар. Түүн хараҥаран барар. Кус оҕото көтөр. Куйаас аны түспэт, сөтүөлээһин уурайар.

Атырдьах ыйын 10 күнэ – Моонньоҕон буһар.

Атырдьах ыйын 14 күнэ – Бастакы Ыспааһап, Ыспааһаптар ардахтара түһэр. Хотуур ортото. Ыҥырыа мүөт таһаарара уурайар.

Атырдьах ыйын 19 күнэ – Иккис Ыспааһап. Хаһыҥ түһэр.

Атырдьах ыйын 21-23 күннэрэ – Аан Дьааһыҥҥа анаан туом толоруохха сөп.

Атырдьах ыйын 21 күнэ – Халлаан ыйын эргэтэ кэрэниитэ саҕаланар. Сити күн дьыл хайдах туруктаах да, тохсунньуга эмиэ үкчү оннук.

Атырдьах ыйын 23 күнэ – Ардаатаҕына, күһүн уһун дииллэр.

Атырдьах ыйын 29 күнэ – Үһүс Ыспааһап. От үлэтэ үмүрүйэр. Ый бүтүүтэ оту-маһы орохсутар тыал түһэр. Эһиил үчүгэй дьыл кэлиэх буоллаҕына, от кэнчээрилиир.

#ватсапситимиттэн
😍Уус Тааттаҕа дьүкээбил суһумнуу оонньоото.

@taattagazeta
@ulusmedia

#ватсапситимиттэн
🦋Чөркөөх нэһилиэгин олохтооҕо Юлия Борисова дьиэтигэр лыах көтө сылдьарыттан соһуйбут да, интириэһиргээбит да.

@taattagazeta @ulusmedia
#ватсапситимиттэн
💫Кулун тутар 9 күнүгэр Уус Алдан Түүлээҕэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Хаар Айан" күрэҕэр Петр Васильев - Шумахер түөрт көрүҥҥэ бастаата диэн ватсап ситимҥэ иһитиннэрдилэр.

@taattagazeta @ulusmedia
#ватсапситимиттэн