Хадаайы кэрэ айылҕалаах "Таатта" түмэлигэр П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищетын 1 кууруһун устудудьуоннара С.П.Захаров салайааччылаах практикаларын ситиһиилээхтик аастылар. Таатта айылҕатын, түмэлбит тутууларын хуолустаҕа түһэрэн, барыта хас биирдиилэрэ отучча үлэни оҥордулар. Кинилэр ортолоругар Саха сиригэр ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны төрүттээччи Иван Васильевич Попов хос сиэнэ, худуоһунньуктар удьуордарын утумнааччы Вера Попова баар. Устудьуоннар Ф.С.Аргунов аатынан Оҕо искусствотын оскуолатын иитиллээччилэрин, салайааччы С.К.Билюкина быыстапкатыгар ыалдьыттаатылар. Маны таһынан, ХИФУ 3 кууруһун устудьуона Алина Абдрахманова этнографическай бырайыагынан "Саха төрүт таҥаһа-дьабака бэргэһэ" пленэргэ кытыннылар. Алина научнай-практическай конференциялар кыттыылаахтара, үөрэҕин бүтэрэн "Культуролог" идэтин баһылыахтаах. Кини устудьуоннарга научнай үлэтин түмүгүнэн, саха дьахтарын таҥаһын - дьабака туһунан сиһилии кэпсээтэ, айар үлэҕэ сорудах толоттордо. Эһиги болҕомтоҕутугар, устудьуон доҕотторбут үлэлэрин таһаарабыт.
@taattarazeta
#тааттатүмэлэ
@taattarazeta
#тааттатүмэлэ
"Сомоҕолоһуу күнэ" ытык Тааттаҕа
Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр "Албан аат" түмэлигэр Россия норуоттарын сомоҕолоһуутун күнэ бэрт сэргэхтик ааста. Тэрийээччилэр «Таатта», Харбалаахтааҕы бырааттыы Мординовтар ааттарын сүгэр, «Албан аат» кыраайы үөрэтэр түмэллэрэ, Ф.С. Аргунов аатынан оҕо искусствотын кыһата «Искусство түүнэ» акцияны хаһыс да сылын ыытар.
Сиһилии: https://таатта.рф/article/77850
@gazetataatta
#музейтаатта

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Кулун тутар 4 күнүгэр Саха АССР уонна РСФСР норуодунай артыыската, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон олоҕун аргыһа Надежда Семеновна Шепелева төрөөбүтэ 100 сылынан "Длинная коса - девичья краса" диэн ааттаан муус пааркабытыгар сынньана кэлбит кэрэ куоларбытыгар анаан күрэх ыытылынна.
Сиһилии аах⏬
https://таатта.рф/article/92062
#тааттахаһыат
#музейтаатта
#тааттатүмэлэ
@ulusmedia
Сиһилии аах⏬
https://таатта.рф/article/92062
#тааттахаһыат
#музейтаатта
#тааттатүмэлэ
@ulusmedia
Сэһэн Боло суолунан
Тааттаҕа 1945 сыллаахха ыытыллыбыт Сэһэн Боло археологическай хаһыыларын үөрэтэр сыаллаах история билимин хандьыдаата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ саха култууратын уонна фольклорун кафедратын доцена Светлана Ивановна Петрова, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ, этнограф, археолог Александра Николаевна Прокопьева уонна кинилэри сэргэ СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, СӨ култууратын туйгуна, режиссер Любовь Пантелеймоновна Борисова үлэлэрин саҕалаатылар. Дьүлэй уонна Дьохсоҕон сириттэн-уотуттан булуллубут археология матырыйаалын, маны таһынан үрүҥ көмүс киэргэллэри, ат симэҕин, баай Оруоһуттар кыргыттарын бууктаах соннорун сыныйан, Таатта иистэнньэҥнэрин сатабылларын сөҕө-махтайа билисэллэр.
@gazetataatta
@ulusmedia
#тааттатүмэлэ
#музейтааттахадаайы

Муус устар 26 күнүгэр бэйиэт, тылбаасчыт, Аҕа Дойду Улуу сэриитин лейтенана, зенитнай рота хамандыырын солбуйааччыта, Кыһыл Сулус уордьан кавалера Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара төрөөбүтэ 108 сыла. Сэрии саҕаламмытыгар Макар Кузьмин Кыһыл Аармыйаҕа политүлэһитинэн 1943 сыл атырдьах ыйыгар дылы 258-с зенитно-артиллерийскай дивизияҕа сулууспалаабыта биллэр. Взвод командирын солбуйааччытынан сылдьыбыт. Белоруссияны, Прибалтиканы уонна Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Фроҥҥа Макар Хара саанан-саадаҕынан өстөөхтөрү сууһарарын таһынан өссө уус-уран тыл күүһүнэн эмиэ охсуспут. Сынньалаҥ кэмигэр хоһоон хоһуйан "Кыым" хаһыакка ыытара, саха дьонун фроҥҥа көрүстэҕинэ суруктарын тэрийэн эмиэ хаһыакка ыытар эбит. Ол курдук "Саргылаана" хоһооннорун хомуурунньуга 1943 сыллаахха тахсыбыт. "Тиийдилэр эн ырыаҥ тыллара" диэн Күннүк Уурастыырапка анаабыт хоһоонун 1944 с. ыам ыйын 30 күнүгэр ыыппыт. Поэт сэрии, буорах сыттаах хоһоонноро "Кыым" хаһыакка тиһигин быспакка кэриэтэ бэчээттэнэллэрэ уонна оччотооҕуга тута кэриэтэ ырыа буолан радионан толоруллар, киэҥ Саха Сирин тилийэ көтөллөрө. Улуу киһибит төрөппүт кыыһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Российскай Федерация үтүөлээх бырааһа, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Земфира Макаровна Кузьмина "Таатта" түмэлин фондата хаҥыырыгар, аҕатын аата ааттана турарыгар анаан кэлин тахсыбыт кинигэлэрин, диискэлэрин бэлэхтээн үөрүүбүтүн үксэтэр.
#тааттахаһыат
#тааттатүмэлэ
#тааттахаһыат
#тааттатүмэлэ
🌌🌌🌌 «Таатта» түмэлэ сылын аайы бүтүн Россиятааҕы "Түүҥҥү түмэл" аахсыйаҕа кыттыһар.
Быйыл саҥа олохтоммут «Сыл бастыҥ мецената-2023» анал аат туттарылынна Михаил Александрович Ханиҥҥа ООО "ТИМС-ГРУПП» салайааччытыгар, "Сыл бастыҥ социальнай партнёрунан» Тааттатааҕы ОДьКХ салайааччыта Степан Спартакович Петров уонна «Таатта түмэлин фуондатын бастыҥ хаҥатааччынан» Георгий Семенович Протопопов буоллулар. Түмэлбит научнай-сырдатар «История в лицах» бырайыакпыт көхтөөх кыттааччылара махтал суругунан бэлиэтэннилэр.
🖋📙Кыраайы үөрэтээччи, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, түмэлбит үтүө сүбэһитэ Федора Михайловна Харитонова үбүлүөйдээх сылынан «Ытык Тириитин-ытык дьоно Балапааттар» төрүччүлэрин презентацията ыытылынна. Кэнчээри ыччакка анаан М.Г.Слепцов суруйан хаалларбыт төрүччүтүн оҕолоро Н.М.Слепцов, К.М.Егорова уонна Ф.М.Харитонова салҕаабыт матырыйаалларыгар олоҕуран, куйаар ситимигэр 468 утумнааччылара хаартыскалаан киллэрилиннэ.
📻Улуустааҕы кыраайы үөрэтэр "Албан аат" түмэлиттэн салайааччы Маргарита Арисовна Попова сэдэх экспонаттары "Чемодан памяти" диэн быыстапкатынан дьон-сэргэ болҕомтотун татта.
📜Тэрээһин кэмигэр музей үлэһиттэрин улууспут Аҕа баһылыгын дуоһунаһыгар кандидат, Тааттабыт улууһун үлэлээх буолуу уонна нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениятын салайааччыта М.П.Тарасов кэлэн эҕэрдэлээн, бэлэх туттаран үөрүүбүтүн үрдэттэ.
🎨🎨 Сылын ахсын тэрээһиммит кэмигэр биир дойдулаахпыт Филиппиныга олорор кэрэчээн кыыспыт Анна Михайлова уруһуй кэрэ абылаҥар талба талааннаах кэрэ аҥардары түмэ тардар. Бу сырыыга кини Хадаайы кырдалын симэҕин ньургуһун сибэккини хуолустаҕа уруһуйдатта🌼🌼🌼
#газетатаатта

Ытык-Күөллээҕи "Таатта" түмэлэ улуус олохтоохторун уонна ыалдьыттарын айылҕа анаан айбыт кэрэ сиригэр Хадаайы кырдалыгар экскурсияҕа ыҥырар. Түмэл тиэргэнигэр
📜саха классик суруйааччылара А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй,А.И.Софронов-Алампа, Н.Д.Неустроев төрөөбүт дьиэлэрэ-уоттара;
🎵 Саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера Анна Ивановна Егорова улаппыт балаҕана,
👨🎨 «Не хороните меня без Ивана» уус-уран киинэ уһуллубут САССР норуодунай худуоһунньуга И.В.Попов уһаайбата уонна кини сыдьааннарын үлэлэрин галереяҕа билсиэххит. Биһиги аадырыспыт: Таатта улууһа, Ытык Күөл сэл., Хадаайы переулогын 3/1.
📲Экскурсияҕа суруттарыы 89640773524
‼️Киирии билиэт сыаната:
-тус сылдьыы улахан дьоҥҥо-200₽, оҕолорго босхо.
-эскурсиялаах: улахан дьоҥҥо - 250₽, оҕолорго -100₽
Биһиги сайтпыт:
https://museumtatta.ru/
✅Пушкин картата үлэлиир, бу сигэнэн киирэн атыылаһыаххытыҥ сөп.
https://vmuzey.com/event/istoriya-nashego-muzeya

🌿🌿Бэс ыйын 26 күнүгэр Дьокуускай куорат таҥара үөрэҕин тарҕатааччылар Елизавета Викторовна Саввина, Евдокия Прокопьевна Максимова,
Ньургун Александрович Тумусов,
Сардаана Герасимовна Герасимова Ытык Күөллээҕи Преображенскай таҥара дьиэтигэр малыыппа толордулар. Протоиерей Димитриан Дмитриевич Попов сыдьааннара Федора Михайловна Харитонова, Иван Иванович уонна Мария Семеновна Поповтар, Александр Иннокентьевич Шарин уонна кыыһа Маша, "Сатабыл" оҕону сайыннарар киин лааҕырын оҕолоро уонна биирдиилээн олохтоохторо ыалдьыттаатылар.
#тааттахаһыат
#тааттатүмэлэ
#хадаайытааҕымузей

🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺
Атырдьах ыйын 22 күнэ - Арассыыйа былааҕын күнэ «Таатта» түмэлэ аһаҕас 🚪 аан күнүн биллэрэр.
Сарсыарда 11:00 чаастан анал байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аналлаах экскурсия.
Оҕолорго аналлаах «Арассыыйа 🇷🇺» уруһуй акцията🖌️🖌️

🇷🇺Таатта түмэлигэр - Арассыыйа былааҕын күнүнэн Тааттатааҕы "Эрэл" киин иитиллээччилэрэ уруһуй акциятыгар кыттан, былаах дьүһүннэрин үөрэтэн, түмэлгэ экскурсиялаан аастылар.
Түгэнинэн туһанан оҕо сайдыытыгар, дойдуга бэриниилээх буолууга үс сүрэхтэриттэн кыһаллар иитээччилэрбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
#тааттатүмэлэ
@taattagazeta
@ulusmedia
Түгэнинэн туһанан оҕо сайдыытыгар, дойдуга бэриниилээх буолууга үс сүрэхтэриттэн кыһаллар иитээччилэрбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
#тааттатүмэлэ
@taattagazeta
@ulusmedia
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Вонифатий Харлампьевич Слепцов-Балапаат сыдьааннара
Вонифатий Харлампьевич Слепцов-Балапаат баай кыра кыыһыттан Федора Вонифатьевна Большаковаттан сыдьааннара Большаковтар, Ушаковтар, Жарковтар өбүгэлэрин төрүт сирдэригэр «Ытык Тириитигэр» эдьиийдэринээн Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Федора Михайловна Харитонова салайыылаах сырыттылар.
https://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/vonifatij-harlampevich-slepczov-balapaat-sydaannara/

Сүрэх баҕатынан.
Аан дойдутааҕы худуоһунньук күнүгэр Тааттаттан тардыылаах худуоһунньук Наталья Петрова туһунан билиһиннэриэхпит. Наталья 1990 с. сыллаахха Марфа уонна Назар Никифоровтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа кэрэ айылҕалаах, талааннаах дьоннордоох Таатта сиригэр ааспыта.
@taattagazeta @ulusmedia
#тааттатүмэлэ
https://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/syreh-ba5atynan/

Улус Медиа
Сүрэх баҕатынан
Аан дойдутааҕы худуоһунньук күнүгэр Тааттаттан тардыылаах худуоһунньук Наталья Петрова туһунан билиһиннэриэхпит. Наталья 1990 с. сыллаахха Марфа уонна Назар Никифоровтар дьиэ кэргэттэригэр...