Наслежная администрация СП «Верхневилюйский наслег»
629 subscribers
2.97K photos
805 videos
7 files
389 links
Наслежная администрация сельского поселения «Верхневилюйский наслег»
[email protected]
Приемный номер: +74113341171
Download Telegram
Forwarded from ГАЗЕТА ВЕРХНЕВИЛЮЙСКОГО РАЙОНА «ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ» (Валентина Догоюсова)
#чөлолох #спорт
Гиирэ спордугар СӨ маастара, РФ маастарыгар кандидат, Далыр нэһилиэгин, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Өрөспүүбүлүкэҕэ, Дойдуга элбэх спортсмены чочуйан таһаарбыт ааттаах тренер Александр Данилов бары өттүнэн холобур буолар киһи киэнэ килбиэннээҕэ.

Кини томороон тымныыны аахсыбат, тохсунньу ый саҕаланаатын булт хайыһарын анньынаат, күн көтө-көтө Тэкэндэ, Чүүт эбэлэринэн уонча килэмиэтири сэниэлээхтик хаамар. Кини бу дьарыгын 1988 сыллаахтан саҕалаабыт.
Олунньу ыйтан гиирэҕэ эрчийэр оҕолорун кытта хайыһарга хаамыыларын саҕалыыллар. Бу - спордунан дьарыктанар оҕо сөпкө тыынарыгар, тулуурдаах, дьаныардаах буоларыгар төһүү көмө буолар диэн тренер санаатын үллэстэр.

Александр Васильевич бу ый 20 күнүгэр 54 сааһын туолар💪🏻🏆👏🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu
👍3