Наслежная администрация СП «Верхневилюйский наслег»
580 subscribers
2.65K photos
767 videos
6 files
368 links
Наслежная администрация сельского поселения «Верхневилюйский наслег»
[email protected]
Приемный номер: +74113341171
Download Telegram
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
#дьиэкэргэнинээн #всейсемьей
#далыр

Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгэр олорор Евсеевтар дьиэ кэргэттэрэ кэлбит сылы уруйдуу, кыһыҥҥы айылҕа саамай тупсан, иһийэн турар кэмин баттаһа, хаартыскаҕа түһэн үйэтиттилэр😍

"Төһө да биэс уонча кыраадыстаах тымныы түстэр, баҕабытын ситистибит. Дьиэ кэргэнинэн кыһыҥҥы айылҕаҕа сылдьарбытын, күннэрбитин маннык киэргэтэрбитин олус сөбүлүүбүт. Барыгытын кэлбит 2024 сылынан! Дьоллоох буолуҥ🎄👏🏻"

@ulusmedia
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
#малааһын
#хаарбахдьиэттэнкөһүү
#всейсемьей
#жильеигородскаясреда
#достиженияДФО

Бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ Школьная уулусса 5 нүөмэрдээх аадырыһыгар 4 мэндиэмэннээх, 36 кыбартыыралаах, аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир таас уопсай дьиэ олохтоохторго аанын тэлэччи арыйда 🔑👏🏻

Дьиэни Ньургун Саввин бэдэрээччиттээх «Тутуу-Саха» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ тутта.

Дьиэ уопсай иэнэ 2005 кв. миэтэрэ иэннээх, бастакы этээс бүтүннүү ититэр муосталаах👍🏻👏🏻


@uoheebuluu
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#малааһын
#хаарбахдьиэттэнкөһүү
#всейсемьей
#жильеигородскаясреда

«Тутуу-Саха» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ салайааччыта Ньургун Саввин эҕэрдэтин тиэрдэр🔑👏🏻

Санатан этэр буоллахха, Ньургун Викторович бэйэбит уолбут, Кэнтик оҕото👍🏻 Бэйэбит ыччаттарбыт төрөөбүт төрүт дойдуларыгар туһа буола сылдьалларыттан астына, киэн тутта кэпсиибит👏🏻👏🏻👏🏻


@uoheebuluu
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#малааһын
#всейсемьей

Бэрэ оройуон кырдьаҕас олохтооҕо Валерий Данилов саҥа ыалларыгар тус бэйэтин эҕэрдэтин тиэрдэр👏🏻

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#малааһын
#всейсемьей

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо, 4 оҕолоох соҕотох ийэ Валентина Ивановна Федорова Ленин уулусса 6/2 нүөмэрдээх дьиэтигэр 10 тахса сыл олорбут. Бүгүн кини үөрүүтүн үллэстэр🙌🏻🔑

Эҕэрдэлиибит! Алаһа дьиэҕит сылаас буоллун🙌🏻


@uiheebuluu
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#хаарбахдьиэттэнкөһүү
#всейсемьей
#жильеигородскаясреда
#сво
#своихнебросаем

Надежда Трофимовна Степанова күн сиригэр олоруоҕуттан, ол аата 45 сыл Бэрэ оройуонугар олорбут.

Бүгүн кини саҥа дьиэ күлүүһүн тутан, толору дьоллонон, үөрүүтүн үллэстэр🔑🥳👏🏻

@ouheebuluu
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
#үөһээбүлүү
#илдархан
#всейсемьей

Бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ Ил Дархан Айсен Николаев төрөппүттэрэ Тамара Сергеевна уонна Александр Андреевич Дойду Президенэ Владимир Владимирович Путины өйүүллэрин биллэрдилэр✊🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu
Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#всейсемьей #сурутуу
🗞️🗞️🗞️
"Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыата 2024 сылга 12 балаһалаах иккис нүөмэрин таһаарда👍🏻

Сарсыардаттан эрэллээх сурутааччыларбыт итии сонуннаах хаһыаттарын ылан, миэстэтигэр ааҕаллар👍🏻

@uoheebuluu
@ulusmedia
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Всейсемьей
#Годдетства

"Уол оҕо инники кэскилбит, эр киһи эрэллээх эркиммит" күрэх түгэниттэн 📹

Күрэххэ улуус 6 уһуйааннарыттан 7 хамаанда кытынна👍🏻👏🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu
#своихнебросаем
#Всейсемьей

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин Авиаторов уулуссатыгар эриэккэс, сэдэх талааннаах Алексей Федоров олорор. Алаһа дьиэтин Өлүөнэ очуостарын илэ көрдөрөр олбуор киэргэппит. Көрүөххэ астык!
Онтон быйыл олбуорун аттыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах, киһини уйадытар хаар оҥоһук баар буолбут. Бэл, онно чугаһаатахха, ол дойдуга баар буолбуттуу, курус санаа кууһар...
-Алексей Егорович, хаар оҥоһуккут туһунан кэпсээ эрэ.
- Оҥоһукпутун Ньургустаан Бойтуновтуун иккиэн чачуйбуппут, мин саллаатын, кини часовнятын оҥорбута. Үлэтигэр үс күн барбыта. Бэрткэ табыллыбыт. Дьон кэлэн хаартыскаҕа түһэр, саҥата суох көрөн турар буолаллар. Бу хаар муннукпут иллээх-эйэлээх олох иһин туруулаһа сылдьар хоодуот уолаттарбытыгар, сырдык тыыннарын толук уурбут хаарыан ыччаттарбытыгар ананар.

Улуус олохтооро хаар оҥоһугу баран көрүҥ, оҕолоргутугар көрдөрүҥ, бар дьоҥҥо кэпсээҥ. Саха уолаттарын хорсун быһыылара умнуллуо суохтаах. Кинилэри ахтар-саныыр, махтанар – ытык иэспит🙌🏻
@ulusmedia @uoheebuluu