ЧУРАПЧА Live
3.47K subscribers
15.1K photos
3.03K videos
9 files
6.21K links
Оперативные и эксклюзивные новости Чурапчи 🍃

Предложить новость, связаться
📲 +79148202177

Наши каналы:
🔹Ватсап : https://chat.whatsapp.com/E6XvbGedc0M8YCQFJRvRAs
🔹Вконтакте : https://vk.com/sanaolohchur
🔹YouTube канал: https://youtube.com/@live974
Download Telegram
#ыттар

Арҕаа, гимназия эҥэр муоста таһыгар 9 ыт оҕолору куттаан үрэ-үрэ "хаһаайынныы" сылдьаллар диэн суруйдулар

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
❗️ ПРАВОВОЕ ПРОСВЕЩЕНИЕ

«Об ответственности граждан за нарушение правил содержания собак»


Комментарий прокурора отдела по надзору за исполнением законов в сфере экономики и экологии Макаровой Индияны

Подробно: https://epp.genproc.gov.ru/web/proc_14/activity/legal-education/explain?item=98425518
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн алтынньы 15 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын I-кы солбуйааччыта У.И.Туласынов Чурапчы улууһун Ветеринарнай управление тустаах үлэһиттэрин кытта сытыы боппуруоска, ол эбэтэр нэһилиэк иһигэр бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана элбээбитин, чөмөхтөһөн нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэтэрин тула мунньах ыытта.
Управление өттүттэн ОВМ сэбиэдиссэйэ А.Н. Анемподистова, ОВМ вет.бырааһа А.П.Челбердирова, вет.лечебницаттан вет.быраастар А.Г.Дьячковская, А.В. Неустроева уонна Управление государственнай инспектора Т.И. Левина ыты сөптөөхтүк иитии, вакцинациялааһын уонна да атын ыт тула быһаарылла илик кыһалҕалар тула сүбэлэһэн маннык түмүк оҥордулар:
- нэдиэлэҕэ биирдэ рейдэ ыытыы үлэтин салгыы тэрийии;
- ⁠штрафной санкциялары күүскэ туһаныы;
- приют үлэтин күүһүрдүү;
- ыты вакцинациялатыы туһунан информация таһаарыы.

‼️Олохтоохтор истиилэригэр!

Уулуссаҕа көҥүл сылдьар ыттар оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталы үөскэтэллэрэ күннэтэ үксүү турара, бу хас биирдии ЫТ ХАҺААЙЫНА иитэр кыылыгар ЭППИЭТИНЭҺЭ СУОХ сыһыаннаһыытын көстүүтүнэн буолар.
‼️‼️Ыттаах ыаллар, ЫТТАРГЫТЫН БУЛГУЧЧУ БААЙТАЛЫЫРГЫТЫГАР!

‼️‼️Уулуссаҕа көҥүл сылдьар ыттар оҕолорго, саастаах дьоҥҥо, олохтоохторго КУТТАЛЫ үөскэтэллэрин өйдөөн!

«Чурапчы нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата.
🎖️Кэтэһиилээх күндү ыалдьытынан буолара (Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит)

🌲Хайахсыт нэһилиэгин киинэ хаамыах диэтэххэ бэрт киэҥ сир. Ол эрээри 7 оҕо ийэтэ Евдокия Игнатьевна хас биирдии ыаллар сурутууларын📩📦📬📄📚✒️📰 кэмигэр тиэрдэри таһынан, араас суһал телеграммалары, переводтары быыс-арыт булан туһааннаахтарга туттарар үгэстээҕэ.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/ketehiileeh-kyndy-yaldytynan-buolara-ychygej-don-tuhunan-kepsiibit/
Бу күн 1992 сыллаахха — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтэ (Верховнай Совет) XV сиэссийэтигэр "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан" сокуону ылыммыт. Бу сокуон сыала-соруга, бастатан туран, — олохтоох омуктар тылларын араҥаччылааһын, судаарыстыба кыһамньытыгар ылыы. 1993 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр Үрдүкү Сэбиэт XVIII сиэссийэтэ тыллар тустарынан сокуону олоххо киллэрэргэ анаммыт судаарыстыба бырагырааматын ырытан оҥорорго көрүк (концепция) ылыммыта. Кэнсиэпсийэ, сүнньүнэн, Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын сорудаҕынан бырагыраама бэлэмнэнэн, Ил Тумэҥҥэ өссө 1994 с. саҥатыгар бэриллибитэ. Ол эрэн, бырагыраама өр сылларга көрүллүбэккэ, тыллар тустарынан сокуон олоххо киириитэ олус бытаарбыта, тардыллыбыта. Кэлин 2019 сыл ахсынньы 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан "2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын араҥаччылааһын уонна сайыннарыы туһунан" бырагыраама ылыллыбыта.

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#чөлолох
#доруобуйа

Бүгүн, халлааммыт -10С кыраадыстан намыһаҕы көрдөрөн турар. Ол эрэн доруобуйаларын туругун чэбдигирдээччилэр биир да күнү көтүппэккэ, сарсыарда эрдэттэн дьарыктаналлар.
Хайахсыт нэһилиэгин Аҕа баһылыга, норуот синоптига Тарас Лукич Тарасов-ТУСКУЛ ол дьонтон биирдэстэрэ. Кини халлаан туругун эрэ билгэлээччи быһыытынан буолбакка өрөспүүбүлүкэҕэ тымныы ууга сөтүөлүүрүнэн эмиэ киэҥник биллэр👏💪🔥

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
#ыт боппуруоһа

Күн-түүн ыттарбыт үөрдэрэ өссө эбии элбээн, халыҥаан иһэр курдуктар. Бу сарсыарда "Туллукчаан" уһуйаан таһынааҕы көстүү диэн ыыттылар

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
Чурапчыга эдэр армеецтар🫡🫡🫡 сүлүөттэрэ саҕаланна (Фоторепортаж📸)

Бүгүҥҥү сүлүөт саамай долгутуулаах түгэнинэн Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 5 “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ “Юнармия” хамсааһынын кэккэтигэр киирбиттэрэ буолар. Айсен Макаров андаҕар этэн чаҕаарда.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchyga-eder-armeecztar-sylyettere-sa5alanna-fotoreportazh/
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🤩👩‍⚕️👨‍⚕️Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар Дьокуускайдааҕы медколледж маннааҕы филиалын бастакы кууруһун устудьуоннарын сүрэхтэниитэ саҕаланна

@sanaoloh
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🤩🥳 Үһүс куурус устудьуоннара ылбаҕай ырыанан үөрэххэ саҥа киирбиттэри эҕэрдэлииллэр

@sanaoloh
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#юнармия
#оскуолаолоҕо

Бэҕэһээ, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар эдэр армеецтар сүлүөттэрэ буолан ааста. Манна улууспут 15 оскуолатыттан кытта кэлбит үөрэнээччилэр эт-хаан өттүнэн төһө сайдыылаахтарын бэрэбиэркэлиир тургутуктары аастылар. Уопсай түмүккэ:

🏆🥇 - Дмитрий Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай ыспартыыбынай эрэллэри бэлэмниир орто интэринээт-оскуола "ФАКЕЛ🔥" хамаандата (сал. Петр Егоров) кыайыылаах буолла;

🥈миэстэни Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын "Мохсоҕол🪶" хамаандата (сал. Сергей Абрамов);

🥉 бочуоттаах миэстэни Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын "Беркут🦅" хамаандата (сал. Дмитрий Соловьев) ылла.

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
🎖️Идэҕэ таптал (Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит)

Дьон-сэргэ ытык махталларын ылар быраас Данил Васильевич сылтан сыл бэйэтин үлэлиир балыыһатын хирургическай отделениетын эмп-том, үнүстүрүмүөн өттүнэн байытан, тупсаран иһэрэ, хаан кутааһынын аан маҥнай саҕалаабыттара.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/ide5e-taptal-ychygej-don-tuhunan-kepsiibit/
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#киинэ
#өрөгөй

Бүгүҥҥүттэн саҕалаан, Сахабыт сирин итиэннэ бэйэбит "Айыллаан" киинэ тыйаатырбытыгар, сахалар бүттүүн киэн туттуубут, көҥүл тустууга үс олимпиецтарбыт Өрөгөйдөрүн туоһулуур "Триумф" киинэбит киэһэ 17.00 уонна 19.10мүн көстөр🔥💪😃👏👏👏

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
Норуот эрэлин толорбуттара🔥💪🏻💪🏻💪🏻 (Канада, Монреаль. XXI сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар🏔️🏆🥇🥈🥈)

Бары күрэхтэһиилэртэн саамай улаханнара – Олимпийскай оонньуулар – хас биирдии ыспарсымыантан сөҕүмэр психологическай, волевой күүрүүнү, дэгиттэр күүһү-уоҕу, тустар үрдүк маастарыстыбаны булгуччу эрэйэллэр.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/noruot-erelin-tolorbuttara-kanada-monreal-xxi-sajynny-olimpijskaj-oonnuular/
🔷Чурапчыга устудьуоннары сүрэхтээтилэр

🔹В.А.Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы медицинэ коллеһын Чурапчытааҕы салаатыгар быйыл 18 устудьуон үөрэнэ киирдэ. Алтынньы 16 күнүгэр улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар кинилэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга сүрэхтээтилэр.

Сиһилии👉 https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchyga-ustuduonnary-syrehteetiler-2/
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн "Саха" НКИХ "Саҥа күн" биэриитигэр Элеонора Дьяконова айбыт "Күн кыыһа" ыраҕа саҥа клип сүрэхтэннэ. Толорор АЙТАЛИНА АНИСИМОВА, режиссер РОЗАЛИЯ ИГНАТЬЕВА, устуу ХОМУС МЕДИА
⚔️⚔️⚔️Чурапчыга бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ “САҤА ОЛОХ” хаһыаты📰 босхо ылар буолуохтара💪🏻✊🏻

🎖Чурапчы улууһун үрдүнэн күн-бүгүн 50-ча Афганистан сэриититтэн саҕалаан, I-II Чеченскэй хампаанньаларга, Сирияҕа, Хотугу-Соҕуруу Осетияҕа, Дагестаҥҥа о.д.а хайысхаларынан итиэннэ Украинаҕа анал байыаннай дьайыыга бэйэлэрин ытык иэстэрин чиэстээхтик толорбут саллааттар, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ олохсуйан олороллор.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchyga-bojobuoj-dajyy-betereennere-sana-oloh-hahyaty-bosho-ylar-buoluohtara/
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#АрассыыйаДьоруойа
#оҕосаас

Бүгүн, А.И.Софронов аатынан Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар 🎖Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимовы оскуола үөрэнээччилэр уруйдуу көрүстүлэр😁😁😁👏👏👏👏😍хайдах курдук бэлиэ түгэн буолуой, оҕолорго

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia