This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
"ТАЛБА ТАЛААН ТАХСАР СИРЭ - ЧУРАПЧЫ" диэн мээнэҕэ этиллибит тыллар буолбатахтар, биир дойдулаахпыт, билигин Мииринэй куоракка олорон үлэлиир, биллиилээх дизайнер Лев Колесов "Мастерская Деда Мороза" диэн үлэлэтэр. Көрүҥ! Сэргээҥ! Үлэлэһиҥ!😍😍😍🤗👏👍👍👍😁
#биирдойдулаахпыт
#ЛевКолесов🔥
#ЗнайНаших
@sanaoloh
#биирдойдулаахпыт
#ЛевКолесов🔥
#ЗнайНаших
@sanaoloh
#Дыгыноонньуулара
#биирдойдулаахпыт
#ЧурапчыКүүһэТүмсүүгэ
Бүгүн, Туймаада хочотун Үс хатыҥ алааһыгар, сахалар самаан сайыҥҥа саамай кэтэһиилээх өбүгэбит төрүт көрүҥнэригэр "Дыгын оонньууларын" күрэх саҕаланар. Бу икки күн устата, тыһыынчанан көрөөччү 12 ат бөҕө, кус быһый чулуу ыспарсымыаннарбыт күөн көрсүһүүлэрин кыраҕатык кэтээн көрүөхпүт.
Киин түһүлгэҕэ быйыл биһиги улууспут аатын, Сылаҥ ыччата, "Тоҕус томтор оонньууларын" икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Павел Друзьянов көмүскүөҕэ. Бары билэрбит, көрбүппүт курдук уолбут билигин олус үчүгэй форматыгар сылдьар. Байбалга ситиһиини, кыайыыны-хотууну баҕарыаҕын!
@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia

#талаанноруокка
#биирдойдулаахпыт
Эһиги иннигитигэр биир дойдулаахпыт, дизайнер Лев Колесов тикпит "Таарбаҕан" сахалыы таҥас кэмпилиэгэ. "Саха кылгас сайынын эриэккэс отоно таарбаҕан буолар. Атын улуустарга "Киис тиҥилэҕэ" дииллэр. Кинигэҕэ киирбитинэн "Княженика" буолар. Көстүүм ичигэс салгыннаах үрэх сирдээх Чурапчы улууһун хоһуйар. Эриэккэс таарбаҕан, минньигэс дьэдьэн, сиппит хаптаҕас уонна барыанньаламмыт моонньоҕону хоһуйар", - диэн Лев бэйэтин тигиитин туһунан санаатын олус үчүгэйдик быһаарар👏👏👏👍

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахпыт
#Үлэкиһитэ
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тутууга үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Николаевич Аммосов 75 сааһыгар анаан👏👍
@sanaoloh
#ИванБушков
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
#Үлэкиһитэ
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тутууга үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Николаевич Аммосов 75 сааһыгар анаан👏👍
@sanaoloh
#ИванБушков
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
#Хотукөһөрүллүү
#биирдойдулаахпыт
Чурапчы улууһун, Кытаанах нэһилиэгиттэн Эдьигээҥҥэ көһүү кэмигэр Василий Иванович 4 – 5 саастаах кырачаан оҕо. Ыарахан ыар кэми этэҥҥэ тулуйан 1945 сыллаахха Улуу Кыайыы буолбутугар дойдуларыгар төннөн кэлбиттэр. Салгыы олохторун оҥостон, үөрэнэн 1964 сыллаахха Бүлүүтээҕи пед училищеҕа үөрэнэ кэлэн, олоҕун аргыһын Матрена Тихоновнаны көрсөн 1966 сыллаахха ыал буолан, үөрэхтэрин бүтэрэн Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгэр олохсуйаллар. Өр кэмҥэ оҕону иитии, үөрэтии эйгэтигэр үлэлээбиттэрэ. Далыр нэһилиэгин “Ытык ыал” бэлиэ хаһаайыттара, нэһилиэк Бочуоттаах олохтоохторо. Билигин бочуоттаах сынньалаҥнарыгар, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларыгар угуттанан, этэҥҥэ дьоллоохтук олороллор.

#биллэрдьон
#биирдойдулаахпыт
Бүгүн, Чурапчы улууһуттан төрүттээх, опера ураты, бархатнай куоластаах ырыаһыта, меццо-сопрано, СӨ Опера уонна балет тыйаатырын артыыһа Людмила Кузьмина үйэ аҥардаах үбүлүөйүн бэлиэтиир👏👏👏💐