ЧУРАПЧА Live
3.6K subscribers
16K photos
3.2K videos
9 files
6.65K links
Оперативные и эксклюзивные новости Чурапчи 🍃

Предложить новость, связаться
📲 +79148202177

Наши каналы:
🔹Ватсап : https://chat.whatsapp.com/E6XvbGedc0M8YCQFJRvRAs
🔹Вконтакте : https://vk.com/sanaolohchur
🔹YouTube канал: https://youtube.com/@live974
Download Telegram
#Кыайыызнамята
#оҕосаас

Бүгүн, Улуу Кыайыыны уруйдаан Чурапчы нэһилиэгэр кэккэ дьаһаллар ыытылла тураллар. Ол курдук Прасковья Борисова аатынан "Улыбка" оҕону сайыннарар киин-уһуйааҥҥа Афганистан сэриитин бэтэрээнэ Савелий Дьячковскай, "Кэскил" уһуйааҥҥа бастакы Чеченскэй хампаанньа кыттыылааҕа, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Мирон Игнатьев, интэринээт-томторугар ыытыллыбыт улахан дьаһалга, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Тихон Тимофеев, "Туллукчаан" уһуйааҥҥа саппаас майора Семен Никитин, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Иннокентий Варламов кыттыылаах кыра саастаах оҕолорго "Умнуллубат көрсүһүүлэр" буоллулар. Сүүһүнэн киһи хомуллан тахсаннар Аҕа дойду Улуу сэриитин, тыыл бэтэрээннэрин, Хоту көһөрүллүү кыттыылаахтарын ахтан-санаан аастылар.

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй