Мандар Уус: Айсен Николаев норуотун тылын ылынан, саха култууратын, духуобунаhын өрө тутара саамай сөп
— Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туhаайыытыгар, саха омук духуобунай ис баайын тутан хааларга уонна ону тарҕатарга Сахабыт сирин олохтоохторуттан уонна уопсастыбаттан киирбит этиини өйөөн, Норуот култуурунай-духуобунай киинин тутарга уонна онно аналлаах сири аныырга диэн этиитин олус сэргии, ис сүрэхпиттэн долгуйа, астына иhиттим.
Сахабыт сирин лидерэ, киэн туттар бас-көс киhибит Айсен Сергеевич Николаев норуотун тылын ылынан, саха култууратын, духуобунаhын өрө тутара, ытыктыыра – бу сахабыт норуотун үйэлээх үгэhэ, олоҕун-дьаhаҕын укулаата, философията аныгы балысхан кэмҥэ сүтэн-симэлийэн хаалбатын мэктиэтэ буолар. Yрдүк сололоох салайааччы төрүт норуотун итэҕэлин, култууратын, аан дойдуну анаарыытын, тылын-өhүн иӊэринэ сылдьара, итиэннэ ону харыстааhыҥҥа, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ болҕомтотун уурара, тус бэйэм санаабар, олус көдьүүстээх. Ил Дархан тустаах киини тутуутун туhунан быhаарыыта сахалыы санаабыт, сахалыы толкуйбут, олоххо сыhыаммыт тыыннааҕын уонна кэскиллээҕин туоhулуур.
Биhиги, саха дьоно, былыр-былыргыттан атын норуоттартан арыый атын эйгэҕэ олорон, төрөөн-үөскээн кэллэхпит. Ол эрэн, төhө да тыйыс айылҕалаах, тоҕус ый устата томороон тымныылаах ураты сиргэ олордорбут, төрөөбүт тылбытын-өспүтүн, өйбүтүн-санаабытын, култуурабытын, сиэрбитин-туоммутун ыhыктыбакка илдьэ сырыттахпыт. Оттон норуот төрүт култуурата, духуобунаhа былаас өттүттэн толору өйөнүллэр буоллаҕына, биhиги, сахалар, хаhан да өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа, ханнык да улахан уларыйыыларга баhыйтарыахпыт суоҕа. Төттөрүтүн аан дойду таhымыгар саха норуота бэйэтин төрүт үгэhин илдьэ сылдьарынан, харыстыырынан, атын норуоттарга билиhиннэрэринэн суон сураҕырыа, атын омуктарга холобур буолуо. Саха норуотун култуурунай-духуобунай киинэ тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ, сахалар чахчы даҕаны үтүө үгэстэрин, култуураларын, устуоруйаларын эттэригэр-хааннарыгар илдьэ сылдьалларын, ытыктыылларын, билинэллэрин атын омуктар илэ харахтарынан көрөн, сөҕөн-махтайан дуоhуйуохтара, ытыктыахтара!
#РСЯ #Якутия #СахаСирэ #МандарУус #посланиеГлавыЯкутии2020 #новостиЯкутии #Ykt #Yakutia