Республика Саха (Якутия)
4.29K subscribers
33.5K photos
7.66K videos
7 files
12.5K links
Официальный канал Администрации Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия)

https://sakha.gov.ru

https://ok.ru/sakhagov

https://vk.com/sakhagov
Download Telegram
Республика Саха (Якутия)
Photo
Тустаах көмө санааны кынаттыыр

Тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын кэскилин туһугар тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарага үлэ усулуобуйатын тэрийиии — кэм ирдэбилэ.

Ол даҕаны иһин тыа сирин олохтоохторо Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 1 млрд. 650 мөл. солк эбии үбүлээһини көрөр туһунан этиитин олус биһирии иһиттилэр. Хаҥалас улууһун «Хахсык» ТХПК салайааччыта Тамара Осипова бу сонуну олус үөрэ истибитин туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:

— 1994 сыллаахха «Өктөм» сопхуостан арахсыахпытыттан ыла күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабыт. Быйыл кыстыкка 270 төбө ынаҕы (онтон 130-а — ыанар ынах), 130 төбө сылгыны (онтон 80-а — биэ) иитиэххэ киллэрдибит. Бу сыллар тухары судаарыстыба өйөбүлүн туһанан кэллибит. 5-с сылбытын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө «Чэбдигирдии» бырагыраамааҕа кыттан үлэлиибит. Сүөһү ииттэр дьоҥҥо үбүнэн чэпчэтии баара олус бэрт. Бу биһиги хаһаайыстыбабыт сайдыытыгар улаханнык туһалаата. Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев мунньахха этиитин наһаа болҕомтолоохтук иһиттим. Хотоннору тутууну тэҥэ эт-үүт бородууксуйатын астыыр тэрили, үлэҕэ-хамнаска наадалаах көлөнү (холобура, уу баһар массыына, МТЗ тыраахтар) атыылаһарга чопчу көмө оҥоһуллара буоллар диэн баҕалаахпыт. Саатар 30, 50 бырыһыанын уйуналлара буоллар. Бу сыана үрдүү турар кэмигэр судаарыстыбаттан тустаах көмө оҥоһуллара санаабытын кынаттыыр. Онон кыстыкка киириигэ бэртээхэй сонуну истэн, эрэх-турах сананныбыт.

#ИлДархан #СахаСирэ #АйсенНиколаев #ТыаХаһаайыстыбата #тыасирэ