SD Новости Якутии
35.3K subscribers
78K photos
19.5K videos
52 files
32.7K links
✔️№ 4823259276 ✔️+18 Обр. связь @sakhaday_chat_bot
✔️Instagram и Facebook запрещены в РФ за экстремизм.
Download Telegram
Forwarded from Kyym.ru
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Туймаадабыт Үрүҥ Тунах Ыһыаҕын аһыллыыта чугаһаата🌞

Ол иннинэ дьон арчыланар сиэри-туому ааһар🙌🏼

Бу эмчит Сайыына оскуолатын Дьөһөгөй Айыы алгыһын ыларга уһун-киэҥ кэккэ үөскээбит👍🏼

#туймаада #ыһыах #сиэртуом #арчы #кыымру
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үмит Шаһин

SAKHA FEST | ТУРЦИЯҔА ЫЧЧАТ ЫҺЫҔА | ТҮҺҮЛГЭ

Ханна да сырыттарбын, Сахабын! Ол курдук Саха ханна да баар буоллун. Ыһыах ыһыахтаах, алгыс этиэхтээх.
Ааспыт өрөбүлгэ Турция Өрөспүүбүлүкэтин саамай улахан куоратыгар Истанбул Куоракка ыһыахха сырыттым. Бу ыһыах уратыта диэн бастакынан Турцияҕа олорор эдэр сахалар тэрийбит ыһыаҕа этэ. Түһүлгэ диэн ааттаах бу тэрээһиҥҥэ сахалыы ас-үөл, үҥкүү-битии, хомус тыаһа, алгыс, оһуокай ону таһынан мас тардыһыыта, ойбонтон уулааһын, уһун сүһүөх күрэҕэ, ырыа-тойук баар этэ. Бастакы да диэтэххэ үрдүк таһымнаах тэрээһин буолан ааста. Хайдах эрэ саха сиригэр баарым курдук сананным. Доҕотторбор улаханнык махтанабын. Толору видеону ютуп ханаалбар көрүөххүтүн сөп. #СахаСирэ #ысыах #ыһыах #Турция

umityabgu