Рубрика #воспоминанияошколе
Мин, Тимофеева Лилия Константиновна, оскуолаҕа 8 саастаахпар киирбитим. Маҥнайгы учууталым Тимофей Иванович Петров диэн этэ. Аны санаатахха, аҕам кулууп үлэһитэ буолан, сэбиэдиссэйдиир, библиотекардыыр да буолан, миигин наар батыһыннара сыдльара. Ол сылдьан кинигэ ойуутун көрөн, ааҕыахпын олуһун баҕарарым, ыйытар мэник буоларым иһин, буукубаны син үксүн үөрэппит эбит.
Бастакы аахпыт кинигэм “Куобах кутуруга уолчаан “ диэн этэ. Онон нулевой кылааска оскуолаҕа киирии чуораанын миэхэ тыаһаттарбыттара. Өссө онуска киирэр оҕолорго туһаайан тыл этиттэрбиттэрэ, кыбыста-кыбыста тыл эппиппин өйдүүбүн. Иккис кылааска октябренокка киирэн оскуолабыттан үөрэ-көтө барбыппын өйдүүбүн. Ыал улахан оҕото буолан, ол октябренокка киирэн дьиэбэр кэлэрбэр тутум үрдээн кэлбитим, дьонум бырааһынньык курдук алаадьы ас бэлэмнээн тоһуйбуттара, туспа үөрүү этэ.
Аны төрдүс кылааска пионерга бэлэмнэнии, мэктиэ тылы нойосуус үөрэтии, пионерга киирэргэ чиэс биэриитэ, хаалтыс баайааһына, барыта ураты үчүгэй, киһи өйүгэр хаалан хаалбыт өйдөбүллэр. Саас костерга пионердар дэриэбинэттэн тэйиччи бытыылкаҕа чэйдээх, саахардаах, арыылаах килиэптээх, сымыыттаах барарбыт. Баһаатайдарбыт араас оонньууну, күрэхтэһиини тэрийэр этилэр. Аны санаатахха олус да үчүгэй кэм ааспыт. Үрдүкү кылааска субуотунньуктарга тахсар этибит, хоруолаах чэй өрөр биэдэрэлээх, эрбиилээх барарбын өйдүүбүн.
Онус кылааска кылааспыт салайааччыта, саха тылын учуутала Анна Никифоровна Игнатьева оҕолор үөрэххитигэр кытаатыҥ Саҥа Дьылы Москуба куоракка көрсө барыахпыт диэн соһуталаабыта, үөрдүбүтэ. Дьэ, биһиги кыһаллыы, бары бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү бөҕө буоллубут. Инньэ гынан чиэппэрбитин бары ситиһиилээхтик түмүктээн, Москубалыыр чиэскэ тиксибиппит, Саҥа дьылы Москубаҕа көрсүбүппүт. Учууталбыт интернат- оскуоланы кытта кэпсэтэн, онно олорон Москуба кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин, музейдарын барытын көрбүппүт. Онон мин оскуолатааҕы сааһым олус үчүгэйдик ааспыта.
#ркцсо #2осо #нашипсу #социальнаяработа #ДеньЗнаний #воспоминания