Сардаҥа🗞 Оленекский улус
1.37K subscribers
16.1K photos
2.99K videos
35 files
4.81K links
Узнавайте свежие новости первыми!
Download Telegram
#барыллааһынкуоластааһын

Күндү Өлөөн улууһун олохтоохторо!

Бу дьыл ыам ыйын 22 күнүттэн 28 күнүгэр дылы “Биир ньыгыл Арассыыйа” партия барыллааһын куоластааһына ыытыллар турар. Куоластааһыҥҥа “Госуслуги” регистрациялаах киһи барыта кыттыан сөп.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Өлөөҥҥө куоластааһын бэрт сэргэхтик бара турар диэххэ наада.
Өлөөннөөҕү IT-центрга биэс волонтер үлэлии сылдьаллар, кинилэр хайдах регистрацияланары сүбэлээн, ону тэҥэ регистрацияламмыт буоллаххытына сайтка киирэн хайдах куоластыахха сөбүн быһааран биэрэллэр.

Онон, биир дойдулаахтарбын “Биир ньыгыл Арассыыйа” барыллааһын куоластааһыныгар көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын.

Алла Петрова,
“Биир ньыгыл Арассыыйа” Өлөөн улууһунааҕы отделениетын толорор сэкирэтээрэ.


@redsardana @ulusmedia
#барыллааһынкуоластааһын

Ыам ыйын 22 күнүттэн 28 күнүгэр дылы “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай партия ыытар барыллааһын куоластааһыныгар иккис нүөмэринэн турар бэйэбит биир дойдулаахпыт Елена Христофоровна Голомареваҕа биир санаанан куоластаабыттарын туһунан этинэллэр Кирбэй нэһилиэгин олохтоохторо.

Белолюбская Василиса Христофоровна, олохтоох библиотека үлэһитэ:

- Бу күннэргэ Биир Ньыгыл Арассыыйа политическай партияттан Ил Түмэн депутатынан кандидатка биһиги улуустан үһүс төгүлүн турбут Елена Голомареваҕа куоласпын үөрүүнү кытта биэрдим. Төрөөбүт Өлөөнүн дьиҥнээх патриота Елена Голомарева кандидатуратын биһиги киэҥ аймах, чугас дьонум, доҕотторум-атастарым биир киһи курдук өйөөтүбүт. Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын депутата буолан өссө да үлэ үөһүгэр сылдьыаҕа, быыбардааччыларын интэриэһин көмүскүөҕэ диэн бигэ эрэллээхпин.

@redsardana @ulusmedia
Сардаҥа🗞 Оленекский улус
#барыллааһынкуоластааһын Ыам ыйын 22 күнүттэн 28 күнүгэр дылы “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай партия ыытар барыллааһын куоластааһыныгар иккис нүөмэринэн турар бэйэбит биир дойдулаахпыт Елена Христофоровна Голомареваҕа биир санаанан куоластаабыттарын…
#Барыллааһынкуоластааһын

Игнатьев Кирилл Кириллович, “Илкээнньи” олохтоох култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта:

- Мин, ааспыт быыбардарга Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕар депутакка кандидатынан туран, дойдутун дьонун өйөбүлүн ылан хас да ыҥырыыга депутаттаабыт Елена Христофоровна Голомареваҕа куруук куоласпын биэрэрим уонна хаһан да сыыстарбатаҕым. Бу да сырыыга, барыллааһын быыбарга куоласпын үөрэ-көтө Елена Голомареваҕа биэрдим, уонна дойдум дьоно бу Барыллааһын Куоластааһыҥҥа актыыбынайдык кыттан куоластарын киниэхэ биэрэн өйөөбүттэрэ буолуо диэн күүскэ эрэнэбин.

@redsardana @ulusmedia
Сардаҥа🗞 Оленекский улус
#барыллааһынкуоластааһын Ыам ыйын 22 күнүттэн 28 күнүгэр дылы “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай партия ыытар барыллааһын куоластааһыныгар иккис нүөмэринэн турар бэйэбит биир дойдулаахпыт Елена Христофоровна Голомареваҕа биир санаанан куоластаабыттарын…
#Барыллааһынкуоластааһын

Лганова Парасковья Егоровна, Харыйалаах орто оскуолатын асчыта:

- Биһиги дьиэ-кэргэн бары бу буола турар “Биир ньыгыл Арассыыйа” ыытар барыллааһын куоластааһыныгар депутакка кандидат Елена Голомареваҕа куоластаатыбыт. Кини Өлөөн төрүт олохтооҕо, табаһыт дьиэ-кэргэн олоҕун үчүгэйдик билэр. Депутатынан үлэлии сылдьан табаһыттарга чэпчэтиилээх сокуоннары ыларга күүскэ үлэлэспитэ. Бу сырыыга депутатынан талыллан үлэлээтэҕинэ өссө да саҥа сокуоннары ылынарга, көс олохтоох табаһыттарга көмөтө, өйөбүлэ элбиэ этэ дии саныыбыт. Куоласпытын киниэхэ үөрэ-көтө биэрдибит!

@redsardana @ulusmedia
Сардаҥа🗞 Оленекский улус
#барыллааһынкуоластааһын Ыам ыйын 22 күнүттэн 28 күнүгэр дылы “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай партия ыытар барыллааһын куоластааһыныгар иккис нүөмэринэн турар бэйэбит биир дойдулаахпыт Елена Христофоровна Голомареваҕа биир санаанан куоластаабыттарын…
#Барыллааһынкуоластааһын

Филиппова Анна Алексеевна, улуустааҕы реабилитационнай киин асчыта:

- Быйыл үһүс төгүлбүн Елена Голомареваны талабын. Ааспыт сырыыларга эмиэ талбыппыт. Депутат буолан төрөөбүт оройуонугар көмөтө, туһата элбэх. Киһи астынара диэн, ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлиир. Елена Христофоровнаны дойдутун дьоно араас таһымнаах боппуруостары быһаарсар күүстээх депутат диэн сыаналыыбыт.

@redsardana @ulusmedia
Сардаҥа🗞 Оленекский улус
#барыллааһынкуоластааһын Ыам ыйын 22 күнүттэн 28 күнүгэр дылы “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай партия ыытар барыллааһын куоластааһыныгар иккис нүөмэринэн турар бэйэбит биир дойдулаахпыт Елена Христофоровна Голомареваҕа биир санаанан куоластаабыттарын…
#Барыллааһынкуоластааһын

Аргунова Мария Петровна, Харыйалаах оҕо саадын иитээччитэ:

- Мин Елена Христофоровна Голомареваны биир санаанан таллым. Киһи дьокутааттаахпын диир киһитэ. Төрөөбүт дойдутун дьиҥнээх патриота. Төрөөбүт оройуонугар Үөрэх салалтатын начальнига буола олорон иитии-үөрэҕирии салаатыгар үлэтэ элбэх. Биир дойдулаахтара - быыбардааччылар, бары биир санаанан Барыллааһын Куоластааһыҥҥа быыбардаабыттара буолуо дии саныыбын. Биһиги Эбэҥки национальнай оройуоммутугар билигин даҕаны быһаарыллыбатах боппуруостар элбэхтэр. Барыллааһын Куоластааһыны этэҥҥэ ааһара буолуо диэн эрэллээхпин. Бу иннинээҕи быыбардарга Ил Түмэн Государственнай мунньаҕын дьокутаата буолан, элбэх кэскиллээх боппуруостары быһаартарбыта.

@redsardana @ulusmedia
#барыллааһынкуоластааһын

"Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа барыллааһын куоластааһынын түмүктэрэ билиннэ.

Сиһилии хаартыскаларга көрүҥ👆

@redsardana @ulusmedia