КСЕНОФОНТОV. ОЙУУР
376 subscribers
3.7K photos
545 videos
32 files
1.43K links
Можете отправлять свои сообщения и предложения на
[email protected]
Download Telegram
#КК_История

❇️ Дьокуускай куораппыт 1632 с. быһа холоон Өлүөнэ өрүс уҥа биэрэгэр сотник Петр Бекетовынан кириэппэс быһыытынан олохтоммута.
❇️ Бу остуруок уу ылар сиригэр тутуллубут буолан, Бекетов оннугар кэлбит саҥа атамаан Иван Галкин атын сиргэ, Ярмонскай биэрэккэ, илин хаҥаластар сирдэригэр көһөрбүтэ.
❇️ Остуруок ол сиргэ 6 сыл курдук турбута уонна 1642 с. Петр Головинынан эмиэ саҥа миэстэҕэ, Сайсары күөл аттыгар көһөрүллүбүтэ.
❇️ Остуруок сыыйа-баайа улаатан, куоракка кубулуйбута.
❇️ 1890 с. каартаҕа “останки стен и башен” диэн суруктаах башня турара көстөр, бу башняны XVII үйэҕэ Головин эбэтэр воевода Приклонскай туттарбыт буолуон сөп диэн сабаҕаланар.
❇️ Башня губернатор Крафт тэрийбит бастакы скверин киэргэтэрэ. Сквер билиҥҥи Доҕордоһуу болуоссата турар сиригэр баара, ол кэннэ Ем. Ярославскай аат. музей тэлгэһэтигэр көһөрүллүбүтэ.
❇️ 2002 с. башня умайбыта. Ол кэннэ башняны хаттаан оҥорбуттара билигин Кырдьаҕас куоракка баар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta