КСЕНОФОНТОV. ОЙУУР
372 subscribers
3.56K photos
509 videos
32 files
1.39K links
Можете отправлять свои сообщения и предложения на
[email protected]
Download Telegram
Төрүт тыл уонна сокуон.

Кыым хаһыат көҕүлээһининэн “саха тыла уонна сокуон” диэн тиэмэҕэ сэргэх кэпсэтии буолан ааста. Бары саха эйгэ туһугар үлэлии сылдьар буолан, улахан “кэп туонута” суох, туох баарынан, тугу көннөрүөххэ уонна ханнык сокуонннарга уларытлыыра киллэриэххэ сөбүн болдьохтостубут. Биири олус сөбүлүү бэлиэтээн көрдүм – ким даҕаны бэйэ-бэйэни буруйдаабата, самнара, баттыы сатаабата. Мин тыл тула элбэх мунньахтарга сырыттым, кэпсэтии үгэнигэр син биир бэйэ-бэйэни атаҕастааһын баар буолааччы. Онтон бу сырыыга, Мария Христофоровна талан ыҥырбыт дьоно билиилэрин таһыма (миигиттэн ураты) үрдүгэ эбитэ дуу, эбэтэр Мария бэйэтэ кэпсэтиини салайбытын түмүгэр дуу, бэйэ-бэйэни хаадьылааһын олох суох этэ. Хас биирдии кыттааччы этиитин мин өйбөр хатана сатаатым. Кыым хаһыат сотору ыстатыйа таһаарара буолуо, онон барытын суруйа сатаабакка, бэйэм түмүк санаабын дьоҥҥо тиэрдэбин:
1.​ Саха Сирин тылларын сокуонун сахалыы тылбааһын булан ааҕа иликпин, баара дуу? Сарсын ыйыталаһыам, суох буоллаҕына, тылбаастатыахпыт
2.​ Саха тылын, Саха Сирин Төрүт сокуона уонна Саха Сирин тылларын сокуона чахчы көмүскүүллэр уонна араҥаччылыыллар. Бу икки сүрүн сокуоннар үлэлииллэрин ситистэхпитинэ – саха эйгэтэ билиҥҥитээҕэр лаппа сайдыылаах буолуо этэ. Онон, Сахам дьоно, бу икки сокуону бары ааҕыҥ уонна олоххо киириитин бары ситиһэ сатааҥ.
3.​ ​Билигин тылбыт “харчы-үб” өттүнэн көмүскэлэ олус аччыы сылдьар кэмэ. Бу ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар, Саха сирин тылларын сайдыытын барыла саҥа ылыннынна. Үбэ кэмчи, сахалыы кинигэ даҕаны таһаарыытыгар, тылбаас даҕаны өттүгэр, быһа эттэххэ, бары өттүнэн кэмчи. Ону, дьокутаат буоларбыт быһыытынан үбүлээһин өттүгэр кыһалла сатыахпыт.
4.​ ​Билим уонна сахалыы эйгэлээх учууталлары (ону таһынан, анал үөрэхтээхтэри) бэлэмнээһин өттүнэн, сайдыыбыт сатарыйа турар кэмэ. Бу хайысха үбүлээһинтэн тутулуктаах гынан баран, биир сүрүн тылы чинчийэр тэрилтэбитин Саха Сирэ баһылаабат буолбутуттан эмиэ тутулуктаах буолуон сөп эбит. Ону көннөрөр туһунан, хаттаан кэпсэтиини саҕалыахтаахпыт дии санаатым. Ол чинчийэр тэрилтэбит сыллааҕы үбүлээһинэ наһаа элбэҕэ даҕаны суох эбит – 50 мөлл. солк
5.​ ​Ситэриилээх былаас иһинэн, тылы сайыннарар салалта (Римма Жиркова), бу ааспыт 2019 сылга баһаам хамсаныы тэрийбит. 31 улууска Тыл хамыһыйалара тэриллибиттэр. Бу хайысхалар үлэлииллэригэр анал быраабылалар бигэргэммиттэр. Онон бу 2020 сылтан саҕалаан, өссө көхтөөх үлэни кэтэһэбит.
6.​ ​Доҕоттор, хас биирдии аат-суол, сурук-бичик Саха Сиригэр булгуччу икки тылынан суруллуохтаах – сахалыы уонна нууччалыы. Толорботохторун бэлиэтии көрдөххүтүнэ, олохтоох дьаһалтаҕа тиийэҥҥит этиҥ, ол түгэнигэр Тыл хамыһыйата ону көннөрөргө үлэ ыытыаҕа.
7.​ ​Бэйэҕит үлэлии сылдьар тэрилтэҕитигэр кыһаллан икки тылы эмиэ тутта сатааҥ, бэлиэ эрэ өттүгэр буолабакка, сурук-бичик өттүгэр эмиэ.
8.​Төрөппүттэр, эһигиттэн олус элбэх тутулуктаах. Мин бэйэм ыал аҕата буолабын, оҕолорум эмиэ нууччалыы саҥара сатыыллар, ону тулуйан, сахалыы көннөрө, этэ, кэпсэтэ сатыыбын. Эһиги эмиэ кыһаллыҥ.
9.​ Саха Сирин тылларын сокуонугар уонна Үөрэх сокуонугар Вилюяна уонна Хабырыыл Торотоойоп этии киллэрдилэр, ону уһаппакка ырытыахпыт Ил Түмэҥҥэ
10.​ ​Туйаара Семеновна, үөрэх министирин солбуйааччыта, саха тылын туһугар олус кыһаллан үлэлии сылдьарын бэлиэтии көрдүм
11.​ ​Кыра норуот, улахан норуоту кытта алтыһан олорор буоллаҕына сүрүн көмүскэлэ – кини билиитэ ол улахан норуоттан үрдүк таһымнаах буолуохтаах. Ол эрэ түгэнигэр, сокуону уонна билиини туһанан бэйэ эйгэтин көмүскүөххэ сөп. Онон, бары билиигэ тардыһыыбытын өссө күүһүрдүөххэ. ​ Саха норуота бу 21 үйэҕэ дылы тылын уонна эйгэтин тутан кэллэ, ол биһиги өбүгэлэрбит уонна саастаах дьоммут билиигэ тардыһыылара күүстээх уонна ону туһаналлара табыгастаах буолан оннук. Аныгы ыччат маны өйдөөн туран, кыах баарына, күүскэ хамсаныахха.​
#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
#ИлТүмэн
#Кыым
Ойуур. Лес.

Помните фотографию, где племянник что-то собирал? Так вот, он собирал сосновые почки. Приготовили мёд. Полезно. Вкусно.

Ойуур саханы өрүү хаххалыыр, аһатар, маанылыыр. Ол эрэн, мээнэ-мээнэ буоллахха ойуурга мунан хаалыахха сөп. Солуута суох буолумаҥ, бары - барытын утаран, сиилээн,сэмэлээн. Сахалыы оттомноохтук сылдьыҥ. Ойууру харыстааҥ, чуумпу ойуурга сынньаныҥ.Ойууру киртитимэҥ, наһаа хаһыытаамаҥ. Ойуур иһигэр араас барыта баар, сэрэнэ сылдьыҥ. Оччоҕо ойуур эйиигин маанылыа, аһатыа, хаххалыа.

#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
Потенциальные тираны.

Надеюсь Вы все заметили. Те, кто активно против поправок не терпят инокомыслия. Если Вы не с ними, то Вы враг и предатель. Они легко пишут "повесим на столбах", "проклинают", сквернословят. Для них есть только своя точка зрения, иное они не принимают. Гордыня и амбиции как пелена закрыла их глаза, что они готовы растерзать своего соплеменника, брата, друга, видя в нем только врага. Эти же амбиции не дают им возможности, даже малейшего шанса, думать о народе. Живя в иллюзиях ютуба и соцсетей, насыщенных презрением к России и его народам, они придя к власти готовы стать настоящими тиранами. Голодными, бессовестными и жестокими деспотами.
Между тем, те, кто за поправки, понимая общую картину происходящего в Мире и России, готовы работать и двигаться вперед, беря на себя ответственность. Став депутатом я спрятал свои страхи и амбиции, ибо чаяния и запросы моих избирателей для меня превыше всего. За 2 года моего депутатства, многие в Правительстве, чиновники разного уровня услышали из моих уст и критику, и едкие вопросы, и мои позиции отличные от них. Но в одном они убедились - в своем Отечестве я не ищу врагов. Я могу указать на ошибки, могу принять иную точку зрения, и всегда стараюсь быть объективным и конструктивным. И сегодня, получая негатив, я призываю народ быть терпимым друг к другу, ибо Мир прекрасен в своем разнообразии. Если Вы со мной не согласны, это не означает, что я вам враг. Судьба поправок будет решена по итогам голосования. 1 июля пройдет, как и другие даты и выборы, а жизнь продолжится.
За 2 года своего депутатства я ни разу плохого своим избирателям не посоветовал. Любой, кто обращался ко мне получал и получает отзыв. Мой телефон отключался только во время полета и когда я был на трассе газопровода.
И сегодня, осознавая всю полноту ответственности перед Вами мои Сайсарцы, отодвинув свои амбиции, я буду голосовать за поправки. Нам нельзя отвлекаться на противостояние, самая большая территория, самые плохие дороги, самое большое количество ветхого и аварийного жилья - это всё про нас, так что нам надо решать проблемы, а не создавать их. Проблемы рывками, волшебной палочкой или в один день не решаются, только поступательные действия дадут нам положительный результат.

Мир Вашему дому.

#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
#ИлТүмэн
Саха Сирин Өрөгөй ырыата.

Саха Сирин өрөгөй ырыатын ыччаттыын кырдьаҕастыын, сахалыын омуктуун бары ыллыылларын туһугар Эн тугу тэрийдиҥ, оҥордуҥ диэн миигиттэн ыйытар сөбө суох. Кыах баарынан, 2016 сылтан саҕалаан тарҕата, ыллыы сатаатыбыт. Бурнашев Анатолийга, Ченянов Сэмэҥҥэ, Александр Сусоев барҕа махтал бу үлэҕэ сыраҕытын ууран кыһаллыбыккытыгар, саҥаттаан тыыннаабыккытыгар https://youtu.be/Nma6uu1CtgI.
Ол эрэн, 4 сыл ааста, онно-манна тарҕата, Ил Түмэн уонна Бырабыыталыстыба мунньахтарыгар бу саҥалыытын киллэрэ сатаатым. Ылымматылар.
2016 сыллаахха бэйэбэр тыл биэрбитим - "аччаабыта 3 сыл кэтээн көрүөм, тарҕатыам". Уолаттары кытта эмиэ оннук кэпсэтии барбыта. Билигин, 4 сыл ааспытын кэннэ этэбин - Өрөгөй ырыаны дьон ылыммат, ыарырҕатар.
Кындыл "Сахам Сирэ барахсан" диэн ырыатын ордук ылыналлар. Мелодията уонна тыла судургу диэн.
Оҕолорбор иккиэннэрин иһитиннэрэн кэллим. Эмиэ Кындыл ырыатын https://youtu.be/jsLI4CsvyAk ордороллор.
Онон, бука диэн баалаамаҥ, Саха дьоно биир дорҕоон таһааралларын туһугар, биир алгыс курдук, Өрөгөй ырыа буолар - Сахам Сирэ барахсан диэн ырыа буолар эбит.
Дьэ, маннык санааҕа кэллим.

Балаҕан ыйын 27 күнэ - Саха Сирэ Илин (судаарыстыбаннаһын) күнэ.
Онон этии баар

биир кэмҥэ, күн оройугар, Сахам Сирэ барахсан диэн ырыаны ыллыахха, уонна бу ырыа Саха Сирин Өрөгөй ырыата буоларын туруорсуохха.

#ОйуурБайбал
#ИлТүмэн
Саха Сирин тыллара.

Бүгүн бырабыытылыстыба бэрэсэдээтэлэ Тарасенко Андрей Владимирович Саха Сирин тылларын харыстааһынын уонна сайыннарыытын тула кэпсэтии тэрийдэ. Биллэрин курдук, бу ылыллаары турар 2021 сыллааҕы Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр тыл хайысхатыгар үбүлээһин көрүллүбэтэх. Хамсык дьайыыта олус дириҥ охсуулаах буолан, элбэх хайысха сарбыллан турар. Ол даҕаны үрдүнэн, биһиги дьокутааттар, тылы харыстыыр уонна сайыннарар үлэ булгуччу үбүлиниэхтээх диэн туруорса сылдьабыт. Бэйэм сирэй бичикпэр (фейсбук) ол туһунан суруйан турабын. Ил Түмэн үөрэҕин кэмитиэтигэр бүддьүөт бастыкы ааҕыытын ырытыыга мин утары куоластаатым. Утарбыт төрүөтүм – үөһээ этиллибит барыл үбүлээһинэ суоҕун иһин. Хас биирдии саха киһитэ, дьокутаат, тойон буоллун, саха тыла чөл буоларын туһугар туруулаһыахтаах. Ол биһиги ытык иэспит - өбүгэ иннигэр, ыччат туһугар уонна Аан Дойду дьонун иннигэр. ​ Бырабыытылыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Местников Сергей уонна үөрэх министирэ Сивцев Михаил ону өйдүүллэр уонна ол туһугар кыһалла сылдьаллар.

Тарасенко Андрей Владимирович диэн киһини кытта аан бастаан “эн-мин” диэн кэпсэттим. Киһи сэргиир, эйэҕэс майгылаах киһи эбит. Туох баарынан, кылгастык уонна өйдөнүмтүө гынан саҥарар. ​ Саха Сирин бар дьонугар тыл уонна бэйэ эйгэтэ күүстээх оруоллааҕын бэлиэтээтэ. Эбиитин Россия Үөрэҕэриитин министиэрстибэтин кытта кэпсэтии барбытын билиһиннэрдэ. Сотору кэминэн ол кэпсэтиини сиэттэрэн, төрүт тыллары сайыннарар хайысхаларга Федеральнай үбүлээһин быһаарсыыта барыахтаах.
Кэпсэтии сүрүн түмүгэ – бүддьүөт иккис ааҕыытыгар, Саха сирин тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барылга үбүлээһин булгуччу булуохпут диэн эрэннэрдэ.​ Онон туһалаах мунньах буолла. Мин хас даҕаны этии киллэрдим. Ол тула салҕыы үлэ барыаҕа.
#ИлТүмэн
#ОйуурБайбал
Ил Түмэҥҥэ тохтоло суох мунньахтар бара тураллар. Биллэрин курдук, бу кэлэр 2021 сыл бүддьүөтүн, ону кытта сокуоннарга уларытыылары ырыта сылдьабыт. Бүддьүөт бастакы түһүмэҕин ырытыытыгар мин тус санаабын хаста даҕаны суруйан турабын. Гаас ситимин тарҕатыы, ону кытары Саха Сирин тылларын сайыннарыы барыл үбүлээһинэрэ суох. Онон бүддьүөтү өйүүргэ санаам бара илик.
Аны туран, түһээн сокуонугар уларытыы киирэн эрэр. Массыынаҥ кыаҕа 200 а.к. үрдүк буоллаҕына, көлө түһээнин төлөбүрэ икки бүк үрдүүр диэн. Аан бастаан аахтахха дьикти соҕус. Онтон салҕыы, маннык уларыыталар бааллар. Массыынаҥ гаас оттугунан барар буоллаҕына – көлө түһээниттэн босхолоноҕун, элбэх оҕолоох ыал буоллаххына – көлө түһээниттэн эмиэ босхолоноҕун. Бу бэрт.
Аны дьоҕус көтөр аалга түһээни үрдэтиэххэ диэн этии эмиэ баар. Бу мөккүөрдээх соҕус.
Ол эрэн түһээҥҥэ уларытыылар сүрүннээн туһалаахтар. Онон мин бастакы ааҕыыга өйүүргэ соруннум.
#ИлТүмэн
#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
мир, онлайн или оффлайн – голос, звуки, музыку итд надо все равно хранить, обрабатывать и передовать электронно. А наши люди очень творческие, звуки нашей природы уникальны. Значит надо строить самую лучшую звукозаписывающию студию на ДВ. Тем самым, у нас появится возможность поделиться с ТЫЫН со всем Миром.
2. Кино. Оно может быть не только художественным. Когда я узнал, за какую цену продают хорошие кадры полета орла или движение каких-то зверей, я потерял дар речи. А кадры природы? Они стоят просто бешенных денег. Но все это можно снять, смонтировать и озвучить, если у тебя есть современное оборудование и киностудия. И это будет выгодным, мы можем отправлять целые экспедиции в Арктику за уникальными кадрами природы, которых ни у кого не будет. Значит надо строить суперсовременную Киностудию. И тогда неразрушая Ийэ сирбитин, мы можем показать всему миру ее красоту и мощь, тем самым мы поделимся со всем Миром с видами БУОР КУТ.
3. Музей. Современный музей должен быть обязательно цифровым, виртуальным, интерактивным. Он должен быть интересным. Музейный фонд Республики устарел. Практически все музеи – аварийные. Нам нужен музей Истории народов Республики. Нам не нужен очередной музей государственности или чего-то еще. Нам надо, чтобы наше общество изучало историю народа Саха, КМНС и других народов присоединившихся к нам через современный музей. Значит нам нужно строить Музей Истории Севера. Мы покажем, какими были героическими людьми древние люди –саха,эвены, эвенки, долганы, казаки, русские и другие народы Севера. Тем самым мы поделимся со всем миром с САЛГЫН КУТ.
4. Духовность. На протяжении 30 лет, древний народ Саха восстанавливает свое исконное вероисповедание. Наши граждане, патриоты России, за эти годы организовали титаническую работу во всех уровнях архивов. Наши ученые доказали, что Вера народа саха – Таҥара Итэҕэлэ является уникальным вероисповедением, в основе которой заложено любовь и уважение к Природе и окружающему миру, в том числе и к Человеку. Можно сказать,что Вера Саха – это жемчужина Северного Мира. Чтобы дальше сохранить и развить эту жемчужину, содействовать духовному развитию нашего Общества нам нужен Центр Духовности – Таҥара Итэҕэлин Киинэ. В этом центре, мы можем дать возможность всем направлениям нашей Веры дать возможность изучать и углублять свои знания – познание Мироздания. Тем самым, мы с можем поделиться с СҮР (духовностью) нашей Родины со всем Миром. Значит нам надо посторить этот объект.
5. Молодежь. Дети – это не только цветы жизни – они прежде всего Новая Энергия Жизни - Ийэ кут - продолжатели рода, в них наше ДНК, наш код. В связи пандемией, мы их закрыли по квартирам, по домам. В школах маски, ограничения итд. Мы не зная глубины последствий начали угнетать и зажимать наше будущее. У нас есть шанс исправить это – построив большой, самый большой Аквапарк в городе Якутске, где наши дети независимо от погоды, получат возможность снять весь негатив, который им дает пандемия. Вода обновит не только их тела, но и энергию, которой они обладают. Тем самым, мы укрепим все составляющие нашего Общества.

Таким образом, мы всем объясним, покажем и докажем, что эти объекты можно и надо строить сегодня и сейчас. Ради нашего Общества и наших детей. Ради преодоления последствий пандемии и укрепления духовности КУТ- СҮР общества перед предстоящими трудностям, которые создает перенаселенный Мир.
Одним словом, предлагаю изменить концепцию Арктического центра.
#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
#ИлТүмэн
Саха эйгэтэ уонна аныгы кэм.

Соторутааҕыта Итэҕэл Сүбэтэ уонна ыччат көрсүһүүтэ буолбута. Кэпсэтии түмүгэр этиилэр киирбиттэрэ.

Саха таҥаһын күнэ баар буолуохтаах. Балаҕан ыйын 20-21 күнэ бэрт этэ диэн

Бу күн саха омук барыта саха таҥаһын кэтэ сатыахтаах. Таҥас саҥа дьүһүнэ дьоҥҥо көрдөрүллүөхтээх, күрэхтэр уонна конкурстар баар буолуохтаахтар.

уонна

Өбүгэ малын күнэ баар буолуохтаах.
Тохсунньу ыйга бэрт этэ диэн.

Бу күн, хас биирдии саха оҕотугар, сиэнигэр биир-икки өбүгэ малын көрдөрөн, туох малын, эһээ-эбээ туохха туттубуттарын, өбүгэ дьарыгын кэпсиэхтээх. Өбүгэни саныырга, ытыктыырга үөрэтиэхтээх ыччаты.

Туох дии саныыгыт? Бу күннэргэ үөрэтэн баран, этии суруйан Ил Дархаҥҥа ыытары сылдьабын. Санааҕытын суруйуҥ.

#ИтэҕэлСүбэтэ
#ОйуурБайбал
Тишина. Чуумпу.

Это то, чего не хватает современным людям. Если сравнить события за один отрезок времени лет 20 назад и сейчас, то станет ясно почему люди стали очень не внимательными. Все дело в скорости потока информации и событий, которые происходят вокруг нас. Эта же причина, заставляет современного человека не читать в тишине книгу, а слушать аудиокнигу, смотреть ютубканалы, общаться с умной колонкой, то есть с искусственным интеллектом. Время от времени, появляются события, которые еще больше ускоряют события и время - выборы. Буквально за 2 месяца, концентрация мозговых штурмов достигает высочайших скоростей. Тишина - кажется для многих уже слабостью. Чем больше шумит штаб кандидата, тем больше ему кажется, что он побеждает. Так было всегда, и так будет казаться в будущем. Но это на самом деле самообман. За 20 лет, наше Республиканское общество очень хорошо стало разбираться в потоке разной инфрмации. Когда надо, наш человек, может найти время для тишины и подумать основательно и принять самое верное решение. Этим мы и отличаемся от других сообществ. На севере наша Природа даем нам такую возможность. Быть Человком Природы. Отключите телефон, радио, телевизор, все что шумит. И немного будьте с тишиной. Закройте глаза, в мыслях прокрутите город, где Вы жили, где играли, где отдыхали, где работали. Подумайте. Наш город устал от политики, нам надо заняться хозяйством. Чем быстрее, тем лучше. Начать сразу после выборов 29 марта. Без критиканства. Прагматично, без политики, во благо каждого жителя города.

Послушайте тишину, оно вам подскажет. Так было всегда. 100 лет назад и сейчас. Тишина никогда не ошибается.

Чуумпуга олорон толкуйдаа. Туймаада хочото сайдара Эн илиигэр баар. Албыҥҥа, балыырдаах балыытыкаҕа буккуллубакка, куорат тэтимнээхтик сайдарын туһугар кытаат.

#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
Фото 2018 года, начало праймериза.
С этого момента я каждый день живу с проблемами Сайсарского округа и в целом города Якутска.
Прошло 3 года. Кто-то скажет срок не большой, а кто-то наоборот скажет уже 3 долгих года прошло. А я ориентируюсь на системные результаты, которые мы с вами добились.

УГРС полностью синхронизирует свои работы с планами города по ремонту и реконструкции улиц по программе БКАД. Это на самом деле отлично. Кто-то скажет, а раньше нельзя было? Можно было, но надо было сотрудничать, слышать друга друга. Сейчас это стало возможным, потому что в городе работает молодая эффективная команда.

Развитие газификации и устранение дефицита газа. Я инициировал множество совещаний, круглых столов итд. В итоге, в 2021 году получили от Республики 47 млн рублей, город завершает схему газификации, летом будет утверждена программа газификации. После этого в дальнейшем для решения этого направления постоянными источниками финансирования будут - спецнадбавка в тарифе, республиканский и муниципальный бюджеты. Предпологаем, ежегодно доводить финансирование до 100 млн рублей. Тогда в течение 4 лет, снимем остроту этой проблемы. Все эти действия стали возможны при поддержке Правительства РС и естественно, новой команде, которая действует не смешивая политику в своей работе.

По мусору битва была не на шутку. Помните, в тарифе для населения была инвестнадбавка для строительства нового полигона и сортировочной станции. После множества обсуждений, я несколько раз даже Ил Дархану предложения отправлял, финансирование строительство полигона и сортировочной станции взяла на себя Республика. Население за это платить не будет. Скептики скажут, потом все равно будем платить. На то они и скептики. А мы будем и дальше над этим вопросом работать. Главное движение идет.

Про программу БКАД много написано, сказано. Я лично работаю над тем, чтобы Сайсарские улицы не отодвинули по срокам. Все идет по плану, Григорьев Евгений лично контролирует это направление.

Водоотведение. Оно связано со всеми планами развития территорий, что дороги, что квартальная застройка итд. Все упирается в отсутствие системы водоотведения. В этом году, благодаря действующей команде администрации города, в бюджете заложены средства на составление схемы водоотведения. Дальше будет разработана программа восстановления и развития системы водоотведения. Будут определены ответственные по реализации проекта, источники финансирования, этапы реализации. И что немаловажно, будет налажена текущая работа - согласно схеме будут выдаваться технические условия для подключения к системе водоотведения и организации системы водотведения, если идет квартальная застройка.

В общем, работы очень много. Работы хватит всем. Главное не заниматься политиканством, а реально помогать городу и горожанам.

Нам надо сделать так, чтобы администрация продолжила свою работу с 29 марта, чтобы не сбавляла темп своей работы. Это на самом деле очень важно. Потерять 6 и того больше месяцев не формирование новой команды - сегодня не простительная роскошь. Надо наоборот, ускорять обороты хозяйственной работы. Только тогда мы качественно и быстро решим вопросы благоустройства, дорог, мусора, переселения из аварийного жилья.

И сегодня, каждый может принять участие в развитии города и сказать

Политику в сторону, все для людей!

Короче я все сказал.
Я ваш депутат, и горжусь этим. Сайсарцы сделают правильный выбор, Уверен в этом
#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
#Сайсары
Хатас.
Бэҕэһээ, муус устар 22 күнүгэр, Хатас нэһилиэк баһылыгын Евгений Петрович Пермяковы кытта Итэҕэл Сүбэтин тула кэпсэтии буолла. Туймаада сиригэр Хатас олохтоохторо сахалыы эйгэни, тыыны тута сылдьар дьон буолаллар. Ол санааны бигэргэтэн Евгений Петрович нэһилиэккэ Ытык сирдэри сөргүтүү, саха итэҕэлин киинин тутуута былааҥҥа баалларын сырдатта. Урут Хатас сирэ Арҕаа Хаҥаласка киирсэр эбит, Баҕарах, Хоро уонна Өрсүт диэн ааттаах үс нэһилиэги холбоон, 1930 сыллардаахха Хатас нэһилиэгэ тэриллибит. Салҕыы хамсык сымнаатаҕына, Хатас дьонун-сэргэтин кытта көрсүһүү тэрийиэхпит диэн буолла.
Кэрдиис Чөл күнэ үүннэ. Санааҕыт ыраас, эт-хаан өттүнэн чэгиэн-чэбдик буолуҥ!
#ОйуурБайбал
#ИтэҕэлСүбэтэ
Программа сохранения и развития государственных и официальных языков.

2019 кое-как договорились, начали разработку. Ответственного ведомства не было.
2020 утвердили, денег было только 100 тыс рублей. Ответственное ведомство отказывалось быть ответственным.
2021 год. Заложили 56 млн рублей. Новый Министр образования Сивцев Михаил взял на себя обязательство быть якорным министерством реализации программы. Зампред правительства Сергей Местников взял под личный контроль. Поддержал председатель Правительства Тарасенко А.В.

Программа вновь задышала. Конечно, за годы простоя, проблем накопилось много. Но Туйаара Семеновна, Михаил Петрович усердно работают над реализацией программы.

Языковая политика сложная система, к сожалению для более глубоких и глобальных тем, необходимо чтобы программа финансировалась ежегодно до 2024 года на сумму не менее 50 млн рублей. Есть разработки, которые надо доводить до запуска не менее 3х лет.

Надеюсь мы, народные депутаты, вместе с профильными министерствами докажем необходимость ежегодного финансирования.

Дальше будем доказывать, что нам необходимо создать Департамент языковой политики. Развитие языковой среды охватывает все аспекты жизни. Поэтому должен быть стержневой орган, который проводит региональную языковую политику.

А также, ждем решения правления Фонда Будущих поколений РС, в части финансирования программы в 2022 году на сумму не менее 20 млн рублей.

На той неделе получил протокол Министерства транспорта РС, благодаря позиции Сивцева Владимира началась работа по соблюдению Конституции РС и закона о языках Республики в части наименования местности на дорогах Республики на языке саха.

На фото, сегодня Минобр РС собрал рабочую группу по реализации программы, и сверил часы по 2021 году.

В августе 15 собираемся по 2022-2023 годам. Свои идеи и предложения можете направить мне, в Ил Түмэн или сразу в Министерство образования РС.

Барыл саҥа үлэлээн эрэр буолан, ыарахаттар бааллар. Ол эрэн, бу сыл таһаарыылаах уонна туһалаах үлэлэри көрдөрдөхпүтүнэ, 2022 уонна 2023 сылларга үбүлээһини бигэргэтиэ этибит.

Айсен Николаев өйүүр, билигин бырабыытылстыба үлэннэн көрдөрүөхтээх. Салгыы үбүлээһин көрүллэрин туһугар, бары бэйэ бэйэҕэ көмө уонна сүбэ буолан үлэлиэх тустаахпыт.

#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
#ИлТүмэн
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Михаил Сивцев тыл барылын ырытар бөлөҕү ыҥыран, 2022 сылы көрдүбүт.
Биллэрин курдук бу сыл 56 млн көрүллүннэ. Сыл түмүгэр улахан аҥаара сөптөөх хайсхаларынан тыырыллан,туһаҕа барар диэн эрэннэрдилэр.
Бу кэлэр 2022 сылга эмиэ 56 млн аччаабат үбүлээһини көрөбүт диэн министр эрэлин биллэрдэ.
Онон, 2021 сыл 56 млн, 2022 56 млн. 2023 сылга уонна онтон кэлэр сылларга эмиэ аччаабыта 50 млн көрө туруохха диэн быһаарыстыбыт.
Саха Сирэ тылга улахан болҕомто ууруохтаах, ону биһиги Республика буоларбыт ирдиир.

Михаил бүгүн төрөөбүт күнэ.
Киниэхэ улахан махталбын этэбин.
Михаил министр буолан, саха тыла улахан болҕомтоҕо киирдэ. Көстөр уонна биллэр, Михаил сүрэҕинэн уонна санаатынан саха тылын, эйгэтин туһугар кыһаллара.

Эҕэрдэ Саха Саарыныгар ! Омук кэскиллээх уонна эрэллээх ыччатыгар !
#ОйуурБайбал
#ИлТүмэн
Саха көһөн аҕай эрэр диэн соруйан айманыы бөҕө буолаллар😃

Дьиҥэр, Саха омук былыргы да кэмнэртэн, билигин даҕаны айанныырын сөбүлүүр, онно-манна барарын -кэлэрин ордорор омук.

Ханнык даҕаны Россия куоратыгар тиий, син биир айанныы, ыалдьыттыы сылдьар саха баар буолар 😃 сайын буоллун, кыһын буоллун.

Айанньыт буоламмыт, сири-дойдуну, атын омуктары кытта сатаан алтыһар буолан, саха омуга үөрэххэ тардыһыылаах, саҥаны хаба тутан олоххо киллэрэр дьоҕурдаах.
Онон, олус сонньуйумаҥ уонна айманымаҥ, эрэниҥ кэлэр-барар ыччаттаргытыгар, эрэллэх уонна итэҕэллээх буолуҥ омуккутугар
#ОйуурБайбал
У нас в Республике рабов не было и сейчас нет.

Наш народ свободолюбивый. Его нельзя заставить голосовать за того или иного. Нас можно только убедить.

Веками мы живем в просторе. Мы всегда в пути. Всегда в движении. Наши алаасы, озера, реки, леса, горы, морозы и зной закалили наш характер.

И если кто-то пытается вам навязать, что если Вы поддерживаете действующую власть, то вы молчаливый раб, знайте - он манипулирует вами, играет на ваших чувствах. Не поддавайтесь.

Мы поддерживаем, потому что видим реальный результат системной работы действующей республиканской власти.
#Ксенофонтов
#ИлТүмэн
#ОйуурБайбал
Итэҕэл Сүбэтин үлэтин барылынан, куорат салайааччытын Евгений Григорьевы кытта көрсөн, саха эйгэтин, тылын, итэҕэлин тула кэпсэттибит. Инники үлэбитигэр соруктары туруортаатыбыт.

Саха Сирин киин куората сахалыы эйгэлээх уонна тыыннаах буолуохтаах. Евгений Николаевич ону бэккэ диэн сөптөөхтүк өйдүүр уонна өйүүр.

Евгений Николаевич бэйэтин харыстаннын, тула өттө көмүскэллээх буоллун диэн сахалыы харысхал бэлэхтээтибит.

Куораты салайар оҕо оонньуута буолбатах, кыһалҕа олус баһаам. Евгений кытаанах санаалаах, чэгиэн эттээх-сииннээх, чөл олохтоох, мындыр толкуйдаах, онон өр сылга үлэлээн, куораты сайыннарыа диэн эрэнэбит.
#ОйуурБайбал
#ИтэҕэлСүбэтэ