Бүгүн Бэчээт күнэ. Бу күн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суруналыыстыкаҕа 30 сыллаах үлэбин сыаналаата. Маннык наҕараада тутарбын билбэтэҕим.
Бэҕэһээ эбиэт кэннэ министиэристибэ пресс-сэкирэтээрэ Анна Сергучева телефоннаата уонна “Полина сарсын суруналыыстары наҕараадалааһын бырааһынньыгар кэлэр инигин”, - диир. Мин ол тэрээһиҥҥэ ыҥырыллыбатах буолан, “Кэлбэппин, ыҥырыгым суох”, - диибин. Онуоха кыыһым: “Министерство ыҥырар, кэлэҕин булгуччу, эн соҕотоххун”, - диэн өссө тоһоҕолоон биэрдэ.
Онон халадаайбын кэтэн, идэлээх бырааһынньыкпар тиийдим.
Инновация министиэристибэтэ, Суруналыыстар сойуустара Бэчээт эйгэтигэр уһулуччу үлэлиир дьону ыҥыран, наҕараадалары туттардылар, үөрбүт-көппүт киһи элбэх. Салгыы Култуура министиэристибэтэ таҕыста, эмиэ наҕараадалаата.
Онтон Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта Петр Попов трибунаҕа ыҥырылынна. Тыа сирин сайдыытын, үлэ дьонун туһунан кэпсээтэ, бэчээт үлэһиттэрин сыралаах үлэлэрин үрдүктүк сыаналыылларын эттэ.
Онтон диктор куолаһа: “Награждается...” диэн саҥарбытыгар, миигин соҕотоххун диэбиттэрэ диэн, олбохпуттан хорос гынан истэхпинэ (саатар тэйиччи олорбутум), диктор салгыы: “Знаком “Отличник сельского хозяйства Республики Саха (Якутия)”, - диэбитигэр, төттөрү олордум, миигин буолбатах эбит диэн. Хороҥнуу олорорбуттан кыбыстан ыллым.
Арай... мин ааппын этэллэр. Чахчы соһуйдум, долгуйдум.
Министиэристибэ салалтатын илиититтэн наҕараадабын тутан баран, тыа сирин сайдыытыгар туруулаһар суруйууларбын, пиэрмэрдэр кыһалҕаларын аһаҕас кэпсэтиилэргэ таһаарбыппын, аграрийдар ситиһиилэрин холобур гынан кэпсээбиппин, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга тыа сирин олохтоох дьоно кыттан, дохуоттаналларыгар ыйан-көрдөрөн суруйбуппун сыаналаабыттарыттан, чахчы, үөрдүм. Бу аата министиэристибэ дьоҥҥо чугас.
Мин суруналыыс быһыытынан салалта уонна уопсастыба ардыларыгар уурар муостабын сөптөөҕүнэн ааҕар.
Махтанабын эһиэхэ, тыа сирин олохтоохторугар, үлэһит дьоҥҥо. Үлэҕит уопутуттан атыттарга билиһиннэрэргитигэр. Махтанабын мин суруйууларбын ааҕаргытыгар, мин суруйууларбар бэйэҕит ыйытыыларгытыгар хоруй буларгытыгар. Махтанабын министиэристибэ бары үлэһиттэригэр – дьон мунаахсыйар ыйытыыларыгар эппиэти тутатына биэрэргитигэр.
“Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр” бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла саҕаланна. Ол тухары биирдэ да биир да ыйытыыбар хоруйа суох хаала иликпин.
Мин бэйэм 1992 сыл ахсынньы 23 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура управлениетын бирикээһинэн “Хотун Бүлүү” телерадиостудияҕа дикторынан үлэм саҕаламмыта. 1993 сыллаахха СГУ-ка суруналыыстыка салаата арыллыбыта, онно үөрэнэ киирбитим. Ол күнтэн харыс да сыҕарыйбакка суруналыыстыкаҕа баарбын. Ол мин киэн туттуум.
Бастаан Үөһээ Бүлүү курдук улахан улууска суруналыыс быһыытынан хатарыллабын, онтон Булуҥ улууһугар Бэчээт департаменын салайааччыта Филипп Пестряков бирикээһинэн кылаабынай эрэдээктэринэн ананабын. Арктика кытылын биир уратылаах оройуонугар 5 сыл 5 ый, 5 хонук үлэлиибин.
Куйаас сайыннаах, томороон тымныылаах Сахабыт сирин үлэһит дьоно: сүөһү, сылгы иитээччилэр, табаһыттар, балыксыттар, оҕуруот олордооччулар, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар олохторо, кинилэр кыайыылара-хомолтолоро, тыа сиригэр эдэр исписэлиистэри олохсутууга бырайыактар, судаарыстыбаннай бырагыраамалар үлэлэрэ барыта тиһиллэн, сүүһүнэн ыстатыйа сурулуннаҕа... 30 сыл тухары...
2015 сылтан “Сахамедиа” хампаанньаҕа күн баччатыгар диэри үлэлиибин. “Улуус олоҕо” бырайыагым “Улусмедиа” толору бырааптаах сайт буола үүммүтэ, салгыы “Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр” бырайыагым үлэлиир. Махтанабын тэрилтэбэр.
Үлэ – чахчы сыаналанар!!! Үлэ сылыгар үлэнэн дьоллоох буолуохха, оччоҕуна кыайыы бары өттүнэн баар буолуоҕа!!!
#фермергода2022 #минсельхозрся #тыасирэ #үүнэсайдатурсахамсирэ #үлэсыла