Odun_folk
3.1K subscribers
2.34K photos
743 videos
5 files
181 links
ОДУН Народный ансамбль Якутии
🎖 Образцовый коллектив РС(Я)
• Хореография👯‍♀️
• Музыкальные инструменты🪕
• Фольклор⚜️
• Театр|Мода|Наука|Лидерство🔝
🔖 Занятия бесплатные, ждем Вас 😍
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Дорогие друзья🤗

Мы сегодня встретились и познакомились с нашими студентами 2-3 курса ФГБОУ ВО Арктического государственного института культуры и искусств, кафедры «Народная художественная культура, Руководитель этнокультурным центром. Преподаватель».

🧑🏻‍🎓👩🏻‍🎓Студенты будут проходить проектно-технологическую и учебную практику в народном ансамбле Одун. Ребята сегодня показали свои таланты, сделав домашнее задание и подготовили северные репертуары. Мы очень надеемся, что ребята на практике поставят красивые, оригинальные номера для наших Одунчат и наберутся много полезной информации от наших педагогов.

🍀Давайте нажимая реакции, пожелаем нашим студентам успехов🤗♥️

#Одун #АГИКИ #студентыАГИКИ #практика #творчество
❄️Тохсунньу ый Саха норуотун итэҕэлинэн – Таҥха Айыы ыйа

💫Күндү доҕоттор! Бу күннэргэ таайтарыылаах Таҥха күннэрэ-кэмнэрэ тураллар. Таҥха – Күрүө Дьөһөгөй Айыы сэттэ ини-биилэриттэн биирдэстэрэ. Таҥха ааспыты аттаран, былыргыны ырытан, билиҥҥи олоҕу кытта тэҥнии тутан, кэнэҕэски кэлэр кэмнэри кэскиллээн көрөр улаҕалаах өйдөөх таҥара диэн биһиги өбүгэлэрбит быһаараллара.

🌟Таҥха кэмэ тохсунньу 7 күнүттэн – 19 күнүгэр диэри. Сэттискэ, ороһуоспа күн уот оттооччу сүллүүкүттэр тахсыбыттара. Оттон 9-11 чыыһылаларга кэргэттэрэ, оҕолоро-уруулара, кырдьаҕас өттүлэрэ, кыамматтара тахсаллар диэн үһүйээннэргэ баар.

Эһиги төрүттэрбит итэҕэллэрин - Таҥха туһунан төһө билэҕитий? Биһиги бүгүн эһиэхэ Таҥха туһунан кылгастык сырдатан ааһыахпыт.

⚜️Былыр-былыргаттан тохсунньуга биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллииллэрэ. Таҥха кэмигэр киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин айылҕа бу дьикти кэмигэр билгэлэнэн инникилэрин торумнанан көрөллөрө.

💫Онон Таҥха - Дьылҕа таҥараларыттан биирдэстэрэ, саха киһитин оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлэ дииллэр. Киһи төрөөтүн кытта Таҥхата түһэр дэнэр. Дьылҕа Хаан киһи төрүүр-өлөр болдьоҕун аныыр эбит буоллаҕына, Таҥха олоҕун үтүө-мөкү, түһэр-тахсар да сүрүн түгэннэрин быһаарар.

Таҥхалааһыны билигин дьон-сэргэ икки өрүттээхтик ылынар, сорох көннөрү оонньуу-көр курдук, сорох билгэҕэ, таайыыга олус итэҕэйэр. Хайа да киһи олоҕо үчүгэй эрэ буолуон баҕарар, инникититтэн кэрэни эрэ күүтэр буоллаҕа.

⚜️Былыр таҥхалааһын, билгэ, таайыы көрүҥэ элбэҕэ: ойбон иһиллээһин, хаары сиидэлээһин, остуол сүүрдүүтэ, этэрбэс хаамтарыыта, бүргэс сүүрдүүтэ унна да атыттар. Түҥ былыр аһаҕас эттээхтэр, иичээн идэлээхтэр сэттэ күн устата сирэйдэрин сууммакка, киһини кытта кэпсэппэккэ, киһи гынарын гыммакка, анаан оҥостон Таҥха иһиллииллэрэ эбитэ үһү. Холобура, таас тардыытыгар кырата үс күн устата өлбүтэ буолан кубулунан быар куустан сыталлара үһү.

🗓Билгэлииргэ табыгастаах күннэр: тохсунньу 13 чыыһыла түүнүттэн 18 түүнүгэр дылы.

⚜️ Тохсунньу 17 күнүгэр Одун ансаамбыл педагогтара Шамаева Ксения Михайловна уонна Иппатьева Алёна Геннадиевна оҕолорго анаан Таайтарыылаах таҥха киэһэтин иилээн-саҕалаан ыыттылар. Таҥха диэн өйдөбүлүн быһаардылар, ба5а санаа туолуутугар инньэни сүүрдүү, бөлүүһэнэн билгэлээһин оонньуулары тэрийэн ыыттыллар.
Хас биирдии оҕо бэйэтин олоҕуттан ду, эбэтэр кимтэн эрэ истэн хаалбыт кутталлаах остуоруйатын бэлэмнээн кэлэр диэн сорудах биллэриллибит. Ол курдук күрэх түмүгүнэн"Одун" ансаамбыл иитиллээччитэ Другина Илона сүрүн бирииһи ылла. Онтон уһуйааччылар быыстарыгар элбэх оҕону тэрээһиҥҥэ аҕалбыт Туяра Гаврильевна кыра сэмэй бириис тутта. Ити курдук бэрт сэргэхтик Таайтарыылаах таҥха киэһэтэ ойдорулаах оһуокай ырыатынан түмүктэннэ.

Эһиги инньигитигэр практикаммыт Халыева Уйгууна оҥорбут ролигын көрүҥ, сэргээҥ🙌🏻

#одун #одуноҕолоро #таҥха #сахаитэҕэлэ #сахасирэ #саха #дьылҕа #тохсунньу #үгэс #өбүгэ #билгэ #былыргы #практиканты #АГИКИ