This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
⏺️Сунтаар улууһугар бүгүҥҥү күҥҥэ барыта 13 социальнай эбийиэк тутулла турар.
Мантан тоҕуһа федеральнай барылынан. Быйыл үлэҕэ киириэхтээх дьиэлэр тутууларын туругун, хаачыстыбатын көрүүгэ анал оробуочай бөлөх үлэлээтэ.
@nvk_sakha

✅✍️Саха сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан тест ыытыллыаҕа
Ахсынньы 6 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ үгэс буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан тест ыытыллыаҕа.
Аҕа дойду улуу сэриитэ хас биирдии норуокка, хас биирдии киһи сүрэҕэр оспот бааһы хаалларбыта. Бу сэрии ыар тыына үгүс үтүө дьону илдьэ барбыта, араас норуоту түмэ тарпыта. Ханнаах фашизмы самнарыы — үгүс норуот өрөгөйө буолар. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Кыайыы тестын тэрийии дириҥ ис хоһоонноох.
Кытааччылар базовай уонна профильнай таһымҥа 40 боппуруоска эппиэттиэхтэрэ. Тести толоруу босхо, big-history.ru бырайыак сайтыгар киирэн эбэтэр өрөспүүбүлүкэ хас биирдии оройуонугар анал былаһааккаҕа толоруохха сөп.
Ол курдук, бүгүн 16.30 чааска Дьокуускайга «Россия — Моя история» историческай пааркаҕа очно тесты толоруохтарын сөп.
Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан тест 2015 сылтан саҕалаан ыытыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 50 мөлүйүөн кэриҥэ киһи кытынна.
Бырайыагы тэрийээччилэр Россия былааһын сокуон оҥорор уорганнарын иһинэн Ыччат парламеннара буолаллар. Ол курдук, Саха сиригэр Ил Түмэн иһинэн ыччат парламена аахсыйаны тэрийэр.

Forwarded from ЧОХООН
САҤА ОЙУУЛУК
🎞 "Мультидитек" ХЭТ "Ойуулук" анимационнай студията "Саха" НКИХ сакааһынан саҥа ойуулугу оҥорон таһаарда😍👏👏👏
💟 Тииҥчээн уонна Моҕотой мүччүргэннээх сырыыларыгар "Хомус аптаах дорҕоонноро" сиэрийэ эбилиннэ🤩
🟡 ЧОХООН Rutube эбэтэр YouTube холбоо, суруттар.
@chokhoon

НВК САХА
🤩👏🏻Дьокуускайдааҕы өҥө технологическай тиэхиньикумугар үөрэнээччилэргэ «Тарбаахаптыы астыахха» өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы күрэх сүрүн түгэннэрин видеоҕа көрүҥ! Күрэх биллиилээх асчыт Иннокентий Тарбахов 80 сааһыгар ананар. 📹Видео: Мария Егорова / ХИФУ Тас…
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
😋👩🍳«Тарбаахаптыы астыахха» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус туһунан тэрийээччи Светлана Львова сырдатта.
@nvk_sakha
@nvk_sakha
НВК САХА
✅✍️Саха сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан тест ыытыллыаҕа Ахсынньы 6 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ үгэс буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан тест ыытыллыаҕа. Аҕа дойду улуу сэриитэ хас биирдии норуокка, хас биирдии киһи сүрэҕэр…
✅✍🏻«Сахатранснефтегаз» тэрилтэ салайар састааба толору Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан тесты толордо!
@nvk_sakha
@nvk_sakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
⏺️ Өрөспүүбүлүкэҕэ ааһан эрэр сыл оҕо сааска туһуланан, үүнэр көлүөнэҕэ элбэх тэрээһин буолла. Ону таһынан дьиэ кэргэттэри өйүүр кэккэ дьаһал туолла.
Үбүнэн өйөбүл үүнэр сылга салҕанара уонна үрдүүрэ былааннанар. Ол курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала 316 тыһыынчаҕа тиийиэҕэ, үйэ оҕолоро диэн сертификат суумата 116 тыһыынча буолуоҕа.
Маны таһынан оҕо төрөөбүтүгэр босуобуйа уонна дуона суох дохуоттаах ыалларга көмө эбиллиэҕэ. Быһатын, дьиэ кэргэттэргэ үбүнэн төлөбүр 5,4% улаатыаҕа.

🚗🚙«Хатас-Павловскай» учаастагынан 10 туоннаҕа диэри уйуктаах тырааныспар сырыытын көҥүллээбиттэр
Куттала суох балаһыанньаны хааччыйар туһуттан төгүрүк суукка устата ыйааһыны хонтуруоллуур уонна видеонан устууну ыытар пууннар үлэлииллэр.
👉 https://nvk-online.ru/new/hatas-pavlovskaj-uchaastagynan-10-tuonna-a-dieri-ujuktaah-tyraanyspar-syryytyn-k-lleebitter/
@nvk_sakha
Куттала суох балаһыанньаны хааччыйар туһуттан төгүрүк суукка устата ыйааһыны хонтуруоллуур уонна видеонан устууну ыытар пууннар үлэлииллэр.
👉 https://nvk-online.ru/new/hatas-pavlovskaj-uchaastagynan-10-tuonna-a-dieri-ujuktaah-tyraanyspar-syryytyn-k-lleebitter/
@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
⏺️ Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна бэтэрээннэригэр Модун спорткомплекска улахан күрэхтэһии буолан ааста.
@nvk_sakha
@nvk_sakha
Forwarded from Архив НВК САХА
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🏥Григорий Михайлович Кокшарский - Саха сиригэр тыҥа хирургиятын төрүттэччитэ
👨⚕️1950 сыллаахха дойдуга аан бастакынан экстраплевральнай олеоторакс ньыматын киллэрбитэ. Научнай үлэтин түмүгүнэн 1954 сыллаахха кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээн, Саха сириттэн биир бастакынан медицинскэй наука кандидата буолбута.
👨⚕️1906 сылаахха Арҕаа Хаҥалас улууһугар Чыамадай нэһилиэгэр аҕабыыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Омугунан нуучча. Ол эрээри, сахалар ортолоругар төрөөбүт-үэскээбит, кинилэр төрүт культураларын этигэр-хааныгар оҕо сааһыттан иҥэриммит буолан уу сахалыы тыллааҕы-өстөөҕө.
👨⚕️1931 сыллаахха Ленинградтааҕы медицинскэй институту бүтэрэн, төрөөбүт Сахатын сиригэр быраас буолан эргиллэн кэлбитэ. Оччолорго быраас ханна да тиийбэт кэмигэр эдэр специалист Ленинградка дуу, ханна дуу улэлии хаалар, олохсуйар толору кыахтаах этэ. Ону ол диэбэккэ, дьиҥнээх патриот буолан төрөөбүт дойдутугар эргилиннэҕэ.
Салгыыта тахсаыаҕа...
@arhiv_nvk_sakha суруттар

«Аһаҕастык»: Адаптивнай спорт чыпчаалын дабайа… 2 чааһа (06.12.24)
РФ үтүөлээх учуутала Юрий Ощепков доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору спорт кылаан чыпчаалыгар сирдиир сүдү тренер. Кини салайыытынан Өрөспүүбүлүкэ, Уһук илиҥҥи эрэгэйиэн уонна Россия таһымыгар чөмпүйүөннэр уонна призердар тахса тураллар. Уһуйааччы быһыытынан хайдах методикалааҕый? Спортивнай санааны хайдах иитэрий? Ол туһунан аһаҕастык кэпсэтэбит.
Кэпсэтии иккис чааһа.
Биэриини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ.
Эбэтэр НВК «Саха» ВКонтакте бөлөҕөр көрүҥ.

✅✍🏻Ленскэй Битиим бөһүөлэгэ Аҕа Дойду Улуу сэриитин туһунан тесты суруйда @nvk_sakha
✅✍🏻Саха сирин киинигэр, кэккэ оройуонугар үөрэх кыһаларыгар, оскуолаларга арыллыбыт былаһааккаларга ким баҕалаах Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан тесты көхтөөхтүк толордо!
@nvk_sakha
@nvk_sakha