НВК САХА
28.4K subscribers
36K photos
14.9K videos
16 files
8.87K links
Download Telegram
👨‍👩‍👧‍👦 Саха сиригэр 8760 дьиэ кэргэн «Үйэ оҕолоро» хапытаалы туһанна

2024 сыл тохсунньутугар Саха сиригэр 866 оҕо төрөөтө. Уопсайа 444 кыыс оҕо уонна 422 уол оҕо. Кинилэр Ил Дархан Айсен Николаев төрүттээбит «Үйэ оҕолоро» сыаллаах хапытаалын ылыахтара.

Санатарбыт курдук, Ил Дархан «Үйэ оҕолоро» сыаллаах хапытаалы өрөспүүбүлүкэ 100 үбүлүөйдээх сааһын туоларыгар өссө биэс сылга уһаппыта.

👶 Хапытаал 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолорго уонна төрөппүттэрдэммит тулаайах оҕолорго бэриллэр.

Быйыл тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ улаатан, 110 тыh. солкуобайга тэҥнэстэ. 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн сыаллаах хапытаалы биэрэргэ 20 659 быһаарыныы ылылынна. 8 760 киһи уопсайа 701 мөл солк суумалаах үбү-харчыны тутунна.

Дьиэ кэргэттэр бу үптэрин олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыытыгар саамай элбэхтик тутуннулар.

Санатар буоллахха, бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сылы Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💪 Хапсаҕайга киирсии бүтэһик 30 сөкүүндэтэ сүрүн суолталаах, саамай кылаабынай.

Ол курдук, үс көбүөрүнэн бөҕөстөр күрэхтэрэ салҕанар!

Полуфинальнай хапсыһыыга Платон Саввинов уонна Егор Рожин 90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа киирсэллэр.

Борис Тарасов уонна Егор Попов 85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа күрэхтэһэллэр. 85 киилэҕэ эр дьоҥҥо бу үһүс эргиир.

Ыйааһын аайы кыайыылаахтарга биириистэр көрүллэллэр.

Ол курдук, хас биирдии чөмпүйүөҥҥэ - убаһа, иккис миэстэҕэ - 50 тыһыынча уу харчынан, үһүс миэстэҕэ - 25 тыһыынча солкуобай бэриллэр.

Кылбар кыайыылары НВК «Саха» ханаалыгар көр, күрэхтэһии хаамыытын бастакынан бил!

Санатарбыт курдук, «Хаҥалас хапсаҕайа - 2024» Дьокуускайга «Триумф» спорт уораҕайыгар олунньу 3-4 күннэригэр ыытыллар.

Күрэхтэһии быһа эпиирин НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ!

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🐣 Амма улууһун Чапчылҕан сэлиэнньэтигэр «Мэҥкэр» бааһынай хаһаайыстыба «Агростартап» бырагыраама нөҥүө көтөр ферматын түөрт сыллааҕыта тэриммитэ.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🤩 Москваҕа «Россия» быыстапкаҕа Клавдия уонна Герман Хатылаевтар «Дом Российской Кухни» ВДНХ саҥа павильонугар ырыа-тойук култууратын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрдилэр.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🏆 Бүтүн Россиятааҕы «Хаҥалас хапсаҕайа - 2024» турнир финалистара билиннилэр:

85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
Константин Власов 🔥 Василий Кириллин

95 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
Николай Николаев 🔥 Дамжин Батзул (Монголия)

95-тэн тахса киилэ ыйааһыҥҥа:
Эдуард Максимов 🔥 Никита Хабаров

Чаҕылхай кыһыл көмүс мэтээлгэ киирсиилэри куоттарыма! ❤️‍🔥

Күрэхтэһии быһа эпиирин НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көр!

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🏆 Бүтүн Россиятааҕы «Хаҥалас хапсаҕайа - 2024» турнир финалистара билиннилэр!

🥇 миэстэ иһин киирсиилэр:

80 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
Прокопий Петров 🔥 Иван Ким

90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
Гаврил Слепцов 🔥 Платон Саввинов

90-тан тахса киилэ ыйааһыҥҥа:
Сайын-Белек Тюлюш (Тыва) 🔥 Степан Гаврильев

Күрэхтэһии быһа эпиирин НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көр!

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🏆 Бүтүн Россиятааҕы «Хаҥалас хапсаҕайа - 2024» турнир финалистара билиннилэр!

🥉 Боруонса мэтээлгэ киирсиэхтэрэ:

85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
Николай Сивцев 🔥 Стамбул Жаныбек уулу (Кыргызстан)

95 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
Владимир Федоров 🔥 Кирилл Эрхитуев (Бурятия)

👏 Хаҥалас улууһун спортсмена Даниил Иванов 95-тэн тахса киилэ ыйааһыҥҥа бочуоттах III миэстэни ылла!

Күрэхтэһии быһа эпиирин НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көр!

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🏆 Бүтүн Россиятааҕы «Хаҥалас хапсаҕайа - 2024» турнир финалистара билиннилэр!

🥉 Боруонса мэтээлгэ киирсиэхтэрэ:

80 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
Чингис Ухинов (Бурятия) 🔥 Михаил Дедюкин

90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
Федор Данилов 🔥 Христофор Христофоров

90-тан тахса киилэ ыйааһыҥҥа:
Батор Цыренов (Бурятия) 🔥 Дмитрий Шадрин

Күрэхтэһии быһа эпиирин НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көр!

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
📖 Өр сыллар тухары бэйэ-бэйэни өйдөһөн, тапталларын харыстаан кэлбит мааны ыаллар туһунан кэпсиир «Кыһыл көмүс дьиэ кэргэн» диэн кинигэ ахсыс таһаарыыта бэчээттэннэ.

👨‍👩‍👧‍👦 Ол курдук, Сунтаарга кинигэҕэ киирбит өр бииргэ олорбут ытык-мааны ыаллары чиэстээтилэр.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🎬🎞 Дьокуускайга Саха сирин историятын көмүс лиэнтэҕэ үйэтитэн-үйэтиппит аатырбыт оператор, Россия бочуоттаах кинематографиһа Николай Сантаев 85 сааһын бэлиэтиир.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🤓 Кэлэр сылга Нерюнгригэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM