НВК САХА
28.4K subscribers
35.3K photos
14.5K videos
16 files
8.66K links
Download Telegram
ДНР-га Дьокуускайдааҕы харах балыыһатын филиала арылынна

Филиал бэс ыйын 30 күнүттэн үлэлиэҕэ.

Сыл устата саха исписэлиистэрэ ДНР-га 800-тэн тахса операцияны оҥорбуттара, сүүсчэ киһини эмтээбиттэрэ.

@nvk_sakha
❗️⚡️ Өлүөхүмэ улууһугар ойуур баһаарын умуруораллар

Өлүөхүмэ улууһугар ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Бэҕэһээ сарсыарда 1900 га иэннээх уоту төгүрүйбүттэрэ.

Уоту умуруорууга 113 киһи үлэлээтэ, ол иһигэр Авиалесоохранаттан – 103 киһи, Якутлесресурстан –10 киһи.

Ааспыт сууккаҕа Саха сирин сиригэр-уотугар ойуур баһаара бэлиэтэммэтэ. 18 көтөр аал ойууру үөһэттэн кэтээн көрөр.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
К 100-летию спорта Якутии 🏆

🤼‍♂ 20 июня 1985 года. Якутск принимал очередной чемпионат СССР 🚩 по вольной борьбе.
В соревнованиях приняли участие 236 спортсменов (10 заслуженных мастеров спорта, 40 мастеров спорта СССР международного класса, 186 мастеров спорта СССР) из всех союзных республик, Москвы и Ленинграда. Соревнования прошли как яркий праздник спортивной борьбы. Ежедневно на стадионе «Спартак» присутствовало до 11 тысяч зрителей. Схватки борцов проводились одновременно на трех помостах. За 11 дней до старта чемпионата поднялись в небо 17 урасы – по числу команд разных республик, Москвы и Ленинграда.

🥇🥈🥈🥉Якутские борцы на домашнем первенстве завоевали 4 медали. Чемпионом СССР в весе до 48 кг стал Василий Гоголев, второе место занял Владимир Яковлев. В весе до 52 кг серебряную медаль завоевал Роман Цыпандин. Бронзовую медаль в копилку наград принес Артур Константинов, выступавший за сборную команду Украинской ССР.

Подпишись @arhiv_nvk_sakha
Forwarded from ЧОХООН
БИЛИИГИН ТУРГУТ

Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр☝️

"Билиигин тургут" рубрикаҕа саҥа оонньуу таҕыста, биэс ыйытыкка сөптөөх хоруйу тал😉

🟢 СӨП | СЫЫҺА 🔴
Билиигин тургутан көр ⤵️⤵️⤵️

🟡"ЧОХООН"
https://youtu.be/Y0Xls0zVD58
эбэтэр
https://rutube.ru/u/Chokhoon/ каналыгар көрүҥ!

@chokhoon суруттар
 Саха сирин кэккэ улуустарыгар этиҥнээх ардах түһүөҕэ

Бүгүн, бэс ыйын 20 күнүгэр, Хаҥаласка, Аммаҕа, Чурапчыга, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Уус Майаҕа, Нерюнгригэ, Алдаҥҥа, Томпоҕо, Эбээн Бытантайга күнүс этиҥнээх ардах түһүө, тыал соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыалырыа.

Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр.

@nvk_sakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
«Бу Дьокуускай» биэриигэ: Олимпийскай эрэл училищета 2-с чааһа

Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетыгар ыалдьыттаатыбыт.

Биэриини «Саха» НКИХ YouTube ханаалыгар көрүҥ.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Сардаана, эн миигин үөрдэҕин... 🌺
 
🎼 Ырыa куттaaх, ырыa дууһaлaaх, aтын ырыaһыттaртaн урaты нaмыын, киһи дууһaтын уоскутaр ырыaлaрдaaх Алексей Бандеров - сaхa ырыaһыттaрыттaн биир сaaмaй биллиилэхтэрэ, дьон-сэргэ тaптaaн истэр ырыaһыттарыттан биирдэстэрэ этэ...

САРДААНА
Алексей Бандеров тыллара

Сибэккинэн симэммит
Сахам сирин сайына,
Оһуор-бичик оһуордаах
Көбүөрдэри тэлгээбит.
Сайа охсор салгыҥҥа
Саҥа тыллар сардаана,
Миэхэ күлэр, мичээрдиир
Күнүм аннын киэргэлэ.

Хос ырыата:
Сардаана, сардаана,
Сардаана эн биһи үҥкүүлүөх,
Сардаана, сардаана,
Сардаана эн миигин үөрдэҕин.
 
@arhiv_nvk_sakha суруттар
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Айсен Николаев Саха сирин байыастарын кытары көрүстэ

Ил Дархан байыастарга үөрүүлээх быһыыга-майыга «Сокол» квадроцикл күлүүстэрин туттарда, сулууспаларын иһин махтанна, дойдубутун чиэстээхтик көмүскээбиттэригэр истиҥ тыллары эттэ.

Тэрээһин кэнниттэн Айсен Сергеевич байыастары кытары кэпсэттэ, бары ыйытыыларыгар хоруйдаата.

@nvk_sakha
👩🏻‍🍼🫶 Тааттаҕа саҥа пааматынньык тутулунна

Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр «Ийэҕэ махтал» диэн ааттаах Дьоруой Ийэлэргэ аналлаах сүдү тутууну үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.

Сквер тутуутун Анастасия Николаевна, Владимир Алексеевич Лопатиннар оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ күргүөмүнэн илиилэрин араарбакка оҥордулар, туттулар.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Оҕону саха тылыгар хайдах сыһыарабыт? 😊

«Сайдыс» оҕо сайдар кииниттэн уонна сахалыы ойуулуктары оҥорон таһаарар НВК САХА салаатыттан 5 сүбэ:

1️⃣ Саха тылыгар сымнаҕастык сыһыарыҥ
2️⃣ Оҕо болҕомтотун тардыҥ, тылы кэрэхсэбиллээх оҥоруҥ
3️⃣ Дьиэҕэ уонна оҕону кытта сахалыы кэпсэтиҥ
4️⃣ Оҕону кытта сахалыы тылынан кэпсэтэн оонньооҥ
5️⃣ Сахалыы ойуулуктары көрдөрүҥ
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
☀️«Эйгэ» биэриигэ: Суут приставтар үлэлэрин ураты хайысхата (19.06.23)

💫Суут приставтар үлэлэрин ураты хайысхатын туһунан СӨ-гар суут приставтарын федеральнай сулууспатын анал соруктаах отделениетын начальнигын э.т., суукка бигэргэммит бэрээдэги олохтуур старшай суут пристава, ис сулууспа майора Сергей Петров кэпсээтэ.

💫 Чааһынай дьиэ тутааһын итэҕэстэрин аахсабыт. Биэриигэ адвокат Наталья Барбахтырова кытынна.

💫 Уоппуска кэмигэр айан төлөбүрүн туһунан СӨ Үлэ судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин үлэ харыстабылын отделын салайааччыта Владимир Николаев сырдатта.

Биэриини «Саха» НКИХ YouTube ханаалыгар көрүҥ.

@nvk_sakha
🎬 Турция радио-телевидениета Тааттаҕа ыалдьыттыыр

Чөркөөх түмэлигэр Турция Анкара куоратыттан Турция судаарыстыбаннай радио-телевидениетын устар бөлөҕө
Саха сиригэр норуот тылынан уус-уран айымньытын үөрэтэ, уста, үйэтитэ кэлбиттэр.

Ыалдьыттар сахабыт таҥаһын-сабын, кэрэ симэхпитин сөҕө-махтайа көрдүлэр, ырыабытын-тойукпутун, сэҥээрдилэр, астыннылар.

Айан сырыытын Таатта улууһуттан саҕалаабыттарын, салгыы Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Уус Алдан улуустарынан айанныыр санаалаахтарын эттилэр.

Уһуллуу түмүгүнэн саха омук фольклорун туһунан документальнай киинэ тахысыахтааҕын туһунан үллэһиннилэр.

@nvk_sakha