НВК САХА
28.6K subscribers
35.4K photos
14.5K videos
16 files
8.68K links
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🎤 «Саха суола»: бөҕү кыайыахпыт дуо?

🚗 «САХА СУОЛА» «Саха сирин экологиятын ситимэ» ХЭТ кытта Илин эҥэргэ айаннаан кэллэ.

🤓 Олорор эйгэбит чөл туругун туһугар үлэлиир-хамныыр дьон туох кэпсээннээхтэрий?
 
🔔 Биэрии бүгүн 14:30 ч. хатыланар.
📺 Биэриини көтүппүт буоллаххытына «САХА» НКИХ YouTube ханаалыгар көрүҥ.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🪖 Анал байыаннай дьайыы кыттылаахтарыгар көмө тиһигин быспат.

👍 Чурапчы улууһун тыа хаһаайыстабатын үлэһиттэрэ уонна Бахсы нэһилиэгин дьоно иҥэмтиэлээх аһы-үөлү Диодоровтар волонтер дьиэ кэргэҥҥэ туттардылар.

📹 Сиһилии сюжекка көрүҥ.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🏥 Чурапчытааҕы балыыһа тутуутун 2022 сыл бастакы кыбаарталыттан саҕалаабыттара. Тутуу уопсай иэнэ - 3800 кв.м. Күн бүгүн тутууга 54 киһи күүстээх үлэ үөһүгэр сылдьар.

@nvk_sakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🏥 Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр чугас дьонноругар психологическай көмө салҕанар.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🏠 Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр саҥа 40 кыбартыыралаах дьиэни тутан үлэҕэ киллэрдилэр.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйыытынан, дьон олоҕун тупсарыытыгар туһуламмыт «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагыраама улууска көдьүөстээхтик үлэлиир.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🖼 «Саха сатаабата суох»: Иннокентий Корякин «Биэс уонус хаарым» быыстапката (01.02.24)

Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна Иннокентий Корякин «Биэс уонус хаарым» быыстапкатын туһунан кэпсээтэ.

Быыстапкаҕа Национальнай уус-уран түмэлгэ олунньу 25 күнүгэр диэри сылдьыахха сөп.

Биэриини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
📹 «Талбан»: тимир суол сайдыыта (01.02.24)

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Один пояс - один путь» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы пуорумҥа Хотугу муора суолун сайыннарыытын туһунан этиитигэр тимир суол кэскиллээх магистралларын ааттаабыта. Ол иһигэр Саха сирин тимир суоллара эмиэ киирсэ сылдьаллар.

📹 Биэриини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🏆 Олунньу 3-4 күннэригэр «Хаҥалас хапсаҕайа» турниры быһа эпииргэ көрүҥ

Ол курдук, бүтүн Россиятааҕы «Хаҥалас хапсаҕайа» турниры НВК «Саха», «Мамонт» ханаалларга, НВК «Саха» Ютуб ханаалыгар быһа эпииргэ көрүҥ.

Субуота: 14:00-20:00, 14:30-18:15
Баскыһыанньа: 14:00-20:00, 16:00-19:00

❤️‍🔥 Быйыл күрэхтэһии «Триумф» спорт уораҕайыгар ыытыллыаҕа.

Манна 300-тэн тахса спортсмен кыттара былааннанар. Ол иһигэр, Алтаайтан, Бурятияттан, Тываттан, Татарстантан, Чувашияттан, Хакасияттан, итиэннэ Кыргызстантан, Узбекистантан, Казахстантан уонна Монголияттан.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🧵 «Саха сатаабата суох»: иистэнньэҥ Ньургуйаана Никонова (02.02.24)

2022 сыллаахтан Ньургуйаана Никонова тириинэн араас оҥоһуктары тигэр, оҥорор. Кини сиһилии үлэтин туһунан билиһиннэрдэ.

Биэриини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ.

@nvk_sakha
❤️‍🔥 «Хаҥалас хапсаҕайа» турнир быһа эпиирэ саҕаланна!

Күрэхтэһиини НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ, куоттарыман!

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🏆 Бүгүн сарсыарда 10 чаастан сыллата ыытыллар бүтүн Россиятааҕы «Хаҥалас хапсаҕайа» турнир «Триумф» спорт уораҕайыгар саҕаланна.

Быйыл тас дойдуттан уонна Россия регионнарыттан элбэх кыттааччы эбилиннэ. Уопсайа үс көбүөрүнэн 478 бөҕөс тустар.

❤️‍🔥 Сорох ыйааһыннарга номнуо финалистар биллэллэр.

Ол курдук, ыарахан ыйааһыҥҥа Данил Иванов Айдын Монгуш Тываттан сылдьар күүстээх бөҕөһүн сүрдээх кылбардык охторон кыайда. Ону тэҥэ Никита Хабаров, Эдуард Максимов эмиэ финалга таҕыстылар.

80 киилэлээх бэтэрээннэргэ «Хаҥалас хапсаҕайын» 14 төгүллээх призера Прокопий Петров. Кини 10-на бастакы миэстэни ылбыта, иккитэ үрүҥ көмүс уонна иккитэ боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытын көтүппүт буоллаххытына НВК «Саха» YouTube ханаалыгар киирэн көрүҥ!

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👨‍👩‍👧‍👦 Саха сиригэр 8760 дьиэ кэргэн «Үйэ оҕолоро» хапытаалы туһанна

2024 сыл тохсунньутугар Саха сиригэр 866 оҕо төрөөтө. Уопсайа 444 кыыс оҕо уонна 422 уол оҕо. Кинилэр Ил Дархан Айсен Николаев төрүттээбит «Үйэ оҕолоро» сыаллаах хапытаалын ылыахтара.

Санатарбыт курдук, Ил Дархан «Үйэ оҕолоро» сыаллаах хапытаалы өрөспүүбүлүкэ 100 үбүлүөйдээх сааһын туоларыгар өссө биэс сылга уһаппыта.

👶 Хапытаал 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолорго уонна төрөппүттэрдэммит тулаайах оҕолорго бэриллэр.

Быйыл тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ улаатан, 110 тыh. солкуобайга тэҥнэстэ. 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн сыаллаах хапытаалы биэрэргэ 20 659 быһаарыныы ылылынна. 8 760 киһи уопсайа 701 мөл солк суумалаах үбү-харчыны тутунна.

Дьиэ кэргэттэр бу үптэрин олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыытыгар саамай элбэхтик тутуннулар.

Санатар буоллахха, бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сылы Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💪 Хапсаҕайга киирсии бүтэһик 30 сөкүүндэтэ сүрүн суолталаах, саамай кылаабынай.

Ол курдук, үс көбүөрүнэн бөҕөстөр күрэхтэрэ салҕанар!

Полуфинальнай хапсыһыыга Платон Саввинов уонна Егор Рожин 90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа киирсэллэр.

Борис Тарасов уонна Егор Попов 85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа күрэхтэһэллэр. 85 киилэҕэ эр дьоҥҥо бу үһүс эргиир.

Ыйааһын аайы кыайыылаахтарга биириистэр көрүллэллэр.

Ол курдук, хас биирдии чөмпүйүөҥҥэ - убаһа, иккис миэстэҕэ - 50 тыһыынча уу харчынан, үһүс миэстэҕэ - 25 тыһыынча солкуобай бэриллэр.

Кылбар кыайыылары НВК «Саха» ханаалыгар көр, күрэхтэһии хаамыытын бастакынан бил!

Санатарбыт курдук, «Хаҥалас хапсаҕайа - 2024» Дьокуускайга «Триумф» спорт уораҕайыгар олунньу 3-4 күннэригэр ыытыллар.

Күрэхтэһии быһа эпиирин НВК «Саха» YouTube ханаалыгар көрүҥ!

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM