НВК САХА
28.6K subscribers
35.4K photos
14.5K videos
16 files
8.68K links
Download Telegram
🚜🏡 Мэҥэ Хаҥаластар сааскы халааҥҥа эрдэттэн бэлэмнэнэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар сааскы халаан уутугар бэлэмнэнэн саҕалаатылар. Сааскы уу сүнньүн булан барарыгар, ханаабалары хаһыы үлэтин Майа тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын үлэһиттэрэ бу күннэргэ үмүрүтэллэр. Ханаабалар быысаһар, ааһар сирдэригэр турбалары түһэрии үлэтин ыыталлар.

Быйылгы сылга баһылык Алексей Неустроев көҕүлээһининэн уонна быһаччы кыттыытынан дьаһалта үлэһиттэрэ субуотунньугунан уулуссаларга дьаама хаһыытын уонна суоллары көннөрүү, өрөмүөннээһин үлэлэрин ыыттылар.

Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр федеральнай бырагырааманан улахан кыамталаах уонна дьоҕус дьоппуон экскаваторын ыланнар дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар туһаналлар. Бу сайын уулуссалар суолларын көннөрүүгэ, буор кутуутугар, сыбаалка өрөмүөнүгэр Майа олохтоохторо, чааһынай урбаанньыттар күүс-көмө буолбуттар. Бу күннэргэ үс уулуссаҕа буор кутуутун уонна ханаабалары хаһыы үлэлэрэ күргүөмнээхтик ыытыллар.

@nvk_sakha
САРСЫН САХАЛЫЫ ОЙУУЛУК БЭСТИБЭЭЛЭ 🥳

Алтынньы 14 күнүгэр (субуота) Үлэ кыбаарталын (Труд уул, 1А) дьиэтигэр күнүс 12 чаастан барыгытын күүтүөхпүт 😍

Эһигини күүтэр:
🎉 сахалыы ойуулуктары оҥорооччулары кытары билсиһии
🎉 күрэхтэр
🎉 ойуулуктар сүрэхтэниилэрэ
🎉 интерактивнай оонньуулар
🎉 саха төрүт оонньуулара
🎉 аниматордар
🎉 маастар-кылаастар, лиэксийэлэр

Кэлиҥ, сылдьыҥ, бу үөрүүлээх күнү биһигинниин атаарыҥ! 😍

Сиһилии: tookufest.ru саайтка киирэн билсиҥ! 🥳
Forwarded from ЧОХООН
Оҕолор мультик оҥороллор

С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 4 "в" кылааһын үөрэнээччитэ Саян Саввинов "Чэрэс уонна Чөрөс" мультигын көрүҥ 🤩

📌Эн эмиэ дьарыктаах буол, бэйэҥ мультик оҥорон [email protected] ыыт😉

💟 Бүгүҥҥү мультик "Дьоҕур" рубрикаҕа баар ⤵️⤵️⤵️

🟡"ЧОХООН"
https://youtu.be/jzLa1FGTlWs?feature=shared
эбэтэр
https://rutube.ru/u/Chokhoon/ каналыгар көрүҥ!

@chokhoon суруттар
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🌿Самаан сайын быйаҥыттан кэлбит оҕуруот аһын,эмтээх оту-маһы,көмүс хатырыктаах балыгын хайдах сөпкө дьиэ усулуобуйатыгар хаһаанабыт?

🌿«КҮН ДЭЛЭЙЭ» биэриигэ шеф-асчыт Николай Атласов аһы кыстыкка хаһааныы ырысыаптарын көрдөрдө уонна астыырга сүбэлэрин үллэһиннэ.

🌿Биэриини алтынньы 15 күнүгэр, күнүс 11:30 чаастан «САХА» НКИХ ханаалыгар көтүппэккэ көрүҥ!

🌿Биэрии бары таһаарыылара ханаал ютуб таһаарыытыгар бааллар.

@nvk_sakha
🏥👩🏻‍⚕️🦿Бүлүүтээҕи киин балыыһаҕа сүһүөххэ эппирээссийэ оҥоруохтара

Бүлүү киин балыыһатыгар сотору кэминэн сүһүөҕү протестыыр эппирээссийэни оҥороуохтара.

«Быйыл саҥа балыыһа дьиэтэ үлэҕэ киирэн олохтоохтор доруобуйаларын көннөрөргө эбии кыахтанныбыт. Билиҥҥи туруганан маннык саҥа өҥөнү оҥорорго барыта бэлэм. Ортопед-травматолог быраастарбыт Новосибирскай куоракка баран үөрэнэн кэллилэр. Балыыһабыт бу курдук үрдүк технологиялаах эппирээссийэлэри оҥорорго лицензия ылла. Онон эппирээссийэҕэ туттуллар матырыйааллар кэллилэр да протестааһыны оҥорон саҕалыахпыт. Маҥнайгы эппирээссийэни ыытарга өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-ээх суһал мэдэссиинискэй өҥөнү оҥорор киин быраастара кэлэн көмөлөһүөхтэрэ», - диэн Бүлүүтээҕи киин балыыһа сүрүн бырааһын солбуйааччы Алевтина Кондакова иһитиннэрдэ.

@nvk_sakha
Үлэ нэдиэлэтин түмүктүүр күнүнэн!
Сайаҕас санаабыт
Сырдыкка сирдээтин,
Истиҥ сыһыаммыт
Итиинэн илгийдин,
Турукпут чэгиэн буоллун,
Сырдык ырабыт
Санаа хоту барыта туоллун!
🙏😍☀️

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
📺🌈✊🏼САХА СУОЛА: СУРУЙААЧЧЫ ЧИРЯЕВ

💡📖Сахаҕа сүрүннээн ХХ-с үйэҕэ баар буолбут уонна ханнык да идэтээҕэр ордук тарҕаммыт идэ - "бараммат-хороммот банаардаах-сырдыктаах" диэн хоһуйуллубут УЧУУТАЛ идэтэ.
Саха улахан прозатыгар учууталга, оскуола олоҕор анаммыт икки биллиилээх арамааннар бааллар: Софрон ДАНИЛОВ «Сүрэх тэбэрин тухарыта" уонна ДАЛАН "Дьикти сааһа"

📕📗📘Бу кинилэр кэккэлэрин хаҥатар өссө биир сэһэн баара киэҥник тарҕаммакка сылдьар эбит. Бу - Арассыыйа айымньылаах педагогикатын академига, учуутал Константин ЧИРЯЕВ "КУТАЙА ОСКУОЛАТЫГАР" диэн айымньыта. Инники икки арамааннар сэбиэскэй тутул өрөгөйдөөн турбут кэмнээҕи оскуоланы көрдөрөр эбит буоллахтарына, "Кутайа оскуолатыгар» быһыы-майгы дойдубутугар уларыта тутуу буолан эрэринээҕи кэмҥэ тиэрдэр.

🔔🌞Алтынньы 13 күнэ, бээтинсэ
🔔 22:00 ч
🔔Хатылааһына алтынньы 20 күнүгэр, бээтинсэҕэ 17:00 ч. Ону таһынан биэрии НКИХ үтүүп ханаалыгар киириэҕэ.

@nvk_sakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🎞📱😃«Сайда тур, Сахам сирэ!» - «Саха»НКИХ саҥа сериалын бастакы түөрт сериятын НВК сыһыарыыга босхо көр!

СЫҺЫАРЫЫГА ХАНАН БААРЫЙ? ➡️Сүрүн сирэйи арыйабыт
➡️«Передачи» баттыыбыт
➡️саамай аллараа түһэбит
➡️«Сайда тур, Сахам сирэ!» вкладканы арыйабыт😍

📲 САҤА СЫҺЫАРЫЫНЫ БУ ССЫЛКАНАН ХАЧАЙДАА:

🔍App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA/id6447428114

🔍Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha

@nvk_sakha
Channel photo removed
Channel photo updated
Саха сиригэр саҥа сынньалаҥ паарката арыллыаҕа 🌳🎡

Бүддьүөтэ -- 3 миллиард солкуобай. 15 гектар иэннээх аныгы био-паарка тутуута эһиил саҕаланыахтаах уонна икки сыл иһинэн үлэҕэ киириэхтээх.

@nvk_sakha
🤝👨🏻👍 Тааттаҕа эр дьон субуотунньукка түмүстүлэр

Бүгүн, алтынньы 13 күнүгэр, Таатта улууһун Чөркөөҕөр эр дьон түмсүүтүн ыҥырыытынан Таатта үрэххэ субуотунньук буолла. Олохтоох эр дьон кумахтаах куулларынан быһыт таһымын үрдэтэн биэрдилэр.

Маннык эрэ дьаһаннахтарына бүтүн нэһилиэк кыһын сүөһүтүн уулатар, иһэр уутун хааччынар кыахтанар. Эр дьон хас сыл ахсын маннык быһыт субуотунньугар тахсар. Эрдэ сааһын аһар, күһүнүн сабар буор быһыты оҥорор эрдэхтэринэ үгүс ороскуоту көрсөллөр эбит. Онон кэлин бэйэлэрин күүстэринэн үс ый устата субуотунньуктаан быһыт таһымын үрдэтэн ууну тутар буолбуттар.

Чөркөөхтөр ирдэбилгэ эппиэттиир таас быһыты туруорсубуттара ырааппыт. Ол эрэн кыһалҕа баччааҥҥа диэри быһаарылла илик. Онон кырдьаҕастыын, эдэрдиин бары турунан хайдах кыаллыранан, төһө кыах тиийэринэн үлэни үмүрүтэ сатыыллар.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Былырыын баччаларга «Илии сылааһа» диэн аахсыйа чэрчитинэн, маннык ааттаах иистэнэр сыах тэриллибитэ. Манна СВО саллааттарыгар араас наадалаах таҥаһы-сабы, малы-салы тигэллэр. 1700-тэн тахса байыаһы таҥыннаран ыыппыттар. «Эр хоһуун» диэн байыанай усулуобуйаҕа табыгастаах байыаннай көстүүмү тигэллэр. Сыах салаата уонтан тахса улууска үлэлиир.

@nvk_sakha