Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү уулууһун олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!
Эһигини «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Бу бэлиэ күн чулуу сахалар Исидор Барахов, Степан Аржаков, Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Степан Васильев туруорсан ситиспит ыра санааларын түмэр, биһигини, аныгы көлүөнэ дьону, сайдар кэскилбит бэйэбититтэн тутулуктаах буоларын туоһулуур дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах күн буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президиэнэ М.Е. Николаев ыыппыт быһаччы үлэтин түмүгэр балаҕан ыйын 27 күнүгэр 1990 сыллаахха Саха АССР ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутааттара Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбүрүнүтүөтүн туһунан Декларацияны ылыммыттара.
Бу дьаһал олоххо киирэн, Сахабыт Сирин инники дьылҕата саҥалыы салаллан, олохпут сайдыытын далааһына кэҥээн биэрбитэ. Саха сирэ бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы сүрүн хайысхаларын быһаарынар, туруорсар, сайыннарар кыахтааҕын уонна бырааптааҕын чопчулуур улахан суолталаах Конституция төрүттэммитэ.
Михаил Ефимович Николаев Россияҕа дьиҥнээх федерализм олохтонуутугар, бэйэни салайаныыга, регионнар статустара үрдүүрүгэр быһаччы дьайбыта.
Бастакы судаарыстыбаннаһы төрүттээбит Исидор Барахов, Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Степан Аржаков, Степан Васильев суолларынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэйэтэ саланан олорор быраабын туруорсан ситиспит бастакы Президиэҥҥэ Михаил Николаевка махталбыт муҥура суох.
Үтүө үгэстэрбитин өрө тутан, биһиги саҥа сыаллары туруорунабыт. Соруктарбытын ситиһэргэ, олохпут таһымын үрдэтэргэ үлэ бары эйгэтигэр күүспүтүн түмэммит Сахабыт сирэ инники кирбиигэ тахсар олугун түстэһэ, Судаарыстыбаннаһа бөҕөргүүрүгэр кылааппытын киллэрэ туруохпут диэн эрэнэбит.
Дойдубутугар буола турар ыарахан кэмҥэ бары бииргэ тутуһан, биир сомоҕо буолан, өйдөһөн-өйөһөн, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ.
Күндү биир дойдулаахтарбыт!
Чэгиэн‒чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну, кэскилгэ эрэли, ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабыт!
#ДеньГосударственностиРСЯ
#СахаСирэ
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev