«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.64K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_ТускарТуһан

❇️Мобилизацияламмыт дьоҥҥо, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр #МыВместе өрөспүүбүлүкэтээҕи волонтердар хамсааһыннара үлэлиир.

☎️122 төлөпүөнүнэн (6 сыыппараны баттаатаххытына) байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэриттэн көмөҕө сайаапкалары туталлар.

☝🏻Ас-үөл атыылаһан аҕалыахтарын, оҕолору поликлиникаҕа илдьэн-аҕалан биэриэхтэрин, дьиэ ис-тас үлэтигэр, о.д.а. көмөнү оҥоруохтарын сөп.

250 бэйэ баҕатынан көмөлөһөр волонтер үлэлиир. Улуус аайы ыстааптар тэрилиннилэр.

Ону таһынан баҕалаахтартан көмөнү туталлар:
Аадырыстара: Орджоникидзе уул., 10,
10:00-18:00 ч. (Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өттүнэн киирэр аан).

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Дьон

💬#МЫВМЕСТЕ аахсыйа чэрчитинэн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт: хаар күрдьүү, мас киллэрии курдук дьиэ ис-тас үлэтиттэн саҕалаан, маҕаһыынтан бородуукта атыылаһыы, оҕолору атаарыы, массыына наада буоллаҕына, ону булан биэрии, аптекаҕа сылдьыы о.д.а. Бүгүҥҥү күн туругунан биһиги волонтердарбыт 3 500 кэриҥэ сайаапканы толордулар. Ону тэҥэ, «Якутия с тобой!» уопсастыбаннай хамсааһын гуманитарнай көмөнү хомуйар. Кинилэр Орджоникидзе уул., 10 дьиэтигэр бааллар.

Саха сирин волонтердарын кытары үлэлиир киин – таһаарыылаахтык үлэлиир уопсастыбаннай хамсааһын. Бүгүн биһиги бу тэрилтэ салайааччыта Айыллаан Винокуровы кытта кэпсэттибит: https://kiinkuorat.ru/articles/aammyt-kuruuk-a-a-as


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Сэтинньи бүтүөр диэри сылаас таҥаһы тутуу салҕанар

❇️Алтынньы 31 күнүгэр буолан ааспыт брифиҥҥэ #МЫВМЕСТЕ Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Айыллаан Винокуров анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кыһыҥҥы таҥаһы хомуйар «Тёплая осень» аахсыйа сэтинньи ый бүтүөр диэри салҕанарын иһитиннэрбитэ.
☝🏻Аахсыйаҕа биирдиилээн, тэрилтэнэн даҕаны кыттыахха сөп.

❇️Малы туттарар аадырыс: Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай уул., 5 (ДОСААФ), тиэргэн өттүттэн киириллэр. 
⌚️Тутар пуун үлэ күннэригэр сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 19:00 чааска диэри үлэлиир. 
❇️Маны тэңэ, волонтёрдар киирбит сайаапкаларынан күннэтэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥороллор. Оттон кыһалҕалаахтар «122» нүөмэргэ эбии «6» сыыппараны баттаан эрийэн, сайаапкаларын хаалларыахтарын сөп.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Саха сирин волонтердарын ыстааба анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыытарга сылаас таҥаһы тутар.

Волонтердар ыстааптарын #МЫВМЕСТЕ салайааччыта Айыллаан Винокуров тохсунньу 9 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ маскировка сиэккэтин уонна чүмэчи оҥоруутугар көмө наада. Маны таһынан региональнай ыстаап гуманитарнай көмөнү хомуйуунан уонна ыытыынан, байыастар таҥастарын уонна экипировкаларын тигиинэн дьарыктаналлар.
Санатар буоллахха, Саха сирэ анал байыаннай дьайыыга былырыын 120 туоннаттан тахса гуманитарнай көмөнү тиэрдибитэ уонна 2300 байыаска аадырыстаах баһыылканы тиксэрбитэ. 
#МЫВМЕСТЕ ыстаап үлэтигэр 800 волонтер кыттыыны ылбыта. 

❇️Гуманитарнай көмөнү тутар аадырыс: Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай уул., 5 (ДОСААФ). Сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 19.00 чааска диэри үлэлиир. 

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta