«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.65K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.9K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Сэргээ

❄️Тохсунньу билгэтэ❄️

Айыы итэҕэлинэн тохсунньу – Таҥха Хаан ыйа. Оттон Таҥха Хаан дьылҕа таҥарата буолар. Таҥха диэн Айыы таҥмыта барыта ааттанар. Айылҕа барыта таҥыллан турар. Ол таҥыллыбытынан биир кэм турбат: мэлдьи таҥыллар, таҥастанар. Киһи эмиэ айылҕаттан таҥыллан үөскүүр.

Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар хараҥа ый диэн ааттыыллар. Тохсунньу ый түүнэ уһун, күнүһэ кылгас. Аан-даан тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр.

Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр. Онон таҥхаланыы диэн үөскээбит. Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр.

Бу ыйы от ыйа батыһар. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – сайына куйаас. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар. Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр. Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир. Ити эрээри, хонон турдах ахсын халлаан сылыйан эрэрэ, күн уһаан иһэрэ биллэр буолар.

Тымныы түһэригэр оһох үөлэһиттэн буруо туруору тахсар, дьон саҥата, ыт үрэрэ ыраахтан иһиллэр, киһи тыына сырдыргыыр, куоска атаҕын саланар уонна сирэйин суунар, куоска уонна ыт түүрүллэн, утуйа мээрик буолаллар, дьиэ сыбаҕа тыаһыыр, оһох уота кытарар уонна күүскэ таһырҕаан умайар, сулустар түүн сытыытык чаҕылыһаллар.

1 – Саҥа сыл саҕаланар.

7 – Ороһуоспа. Ороһуоспа тымныыта түһэр. Бу күн былытырдаҕына, сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри туруоҕа, былытырбатаҕына – тымныы сэтэриир. Бу күн сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥсүйэр. Киэһэтин халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына – отон аанньа үүммэт.

12 – сүллүүкүттэр тахсаллар. Маҥнай хамначчыттара тахсан, абааһыта суох өтөхсүйбүт дьиэлэри оттон ититэллэр.

14 – Баһылайап (Эргэ саҥа сыл). Бу күн ханнык кэмҥэ былытырбытынан дьаҥ-дьаһах хаһан буоларын быһаараллар.

15 — тоҥсоҕой тоҥ маһы тоҥсуйан торулатарын “тымныыны кэрдэн эрэр” дииллэр.

19 – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан. Сарсыарда сүллүүкүттэр төттөрү киирэллэр диэн, ыаллар эрдэ туран сүөһү уулатар ойбоннорун тэһэн, сүүрдээн кэбиһэллэрэ.

20 – былыр таҥара күлүгүн сууйаллара уонна сибэтиэй уутунан дьиэлэрин, хотоннорун, сүөһүлэрин ыраастыыллара, арчылыыллара.

21 – бу күн тыалын соҕурууттан ыллаҕына – сайына кураан.

23 – кэбиһиилээх от кырыардаҕына – сайына самыырдаах.

24 – сис былыт кэллэҕинэ, тохсунньу 31-гэр диэри тымныы мүлүрүйэр.

25 – халлаан күннээх буоллаҕына – саас көтөр эрдэ кэлэр, хаар түстэҕинэ – ардыыр.

30 – Ый туолуута.

31 – Бастакы Охонооһойоп. Эһэ арҕаҕар сытан, иккис өттүгэр эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Дьыл оҕуһун аҥаар муоһа тостор.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

Тохсунньу тоһуттар тымныылара сатыылаатылар🥶❄️

😳Маннык күннэргэ киһи үксэ дьиэттэн быкпакка буола сатыыр, оттон сорохтор сүүрэ тахсаллар эбит🏃🏻🏃🏻‍♀️🏃🏻‍♂️

Экстремал-сүүрүк, чөл олоҕу тарҕатааччы, Дьаааҥыттан төрүттээх Дмитрий Горохов хамаандатын кытта тохсунньу 1-гы күнүгэр -54 кыраадыска сүүрэ тахсыбыттар🙌🏻

Аны тохсуньу 19 күнүгэр сүүрэр былааннаахтар. “Дьонум халыңнык таңның диирбин истибэттэр, сатаан таңныбаттар... Кириһиэнньэ саҕана тымныы күүһүрээччи...", - диир Дмитрий Николаевич.

Киһи киһиттэн атына иннэ сыттаҕа😅

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

🤳Сэбиэскэй сойуус саҕанааҕы харыйа оонньуурдара 🎄

Эһиэхэ былыргы оонньуурдар бааллар дуо?

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

Саҥа дьыл уһун өрөбүллэрин туһунан

❄️🎄❄️🎄❄️🎄
Соторутааҕыга диэри, Сэбиэскэй сойуус саҕана дьон тохсунньу 1 күнүгэр үлэлии тахсара. Саҥа дьыл оҕо бырааһынньыгын эрэ быһыытынан билиниллэр буолан, улахан дьоҥҥо өрөбүл көрүллүбэт буолара. Ахсынньы 31 күнэ үлэ күнүгэр түбэстэҕинэ эмиэ өрөөбөттөрө.

Тохсунньу 1 күнэ бырааһынньык өрөбүлүнэн 1947 сыллаахха биллэриллибитэ. Субуотаҕа эбэтэр өрөбүлгэ түбэстэҕинэ бырааһынньык өрөбүлэ көспөт этэ.

1993 сыллаахтан Арассыыйаҕа тохсунньу 2 күнэ эмиэ өрөбүл буолбута.

2004 сыллаахтан Саҥа дьылга тохсунньу 5 күнүгэр диэри сынньанар буолбуппут. Онно эбии ороһооспо өрөбүлэ эбиллэрэ.

Оттон билиҥҥи саамай уһун өрөбүллэр 2012 сыллаахтан киирбиттэрэ.


🫠Маннык уһун өрөбүллэр бааллара хайдаҕый?
Тугунан дьарыктанаҕыт?


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ
#КК_История

Былыргы Дьокуускай

Үйэ анараа өттүгэр Саҥа дьылы хайдах бэлиэтииллэр этэй?

📰«Якутская окраина», «Якутская жизнь», «Ленские волны» хаһыаттар 1914, 1915 уонна 1916 сыллааҕы ахсынньытааҕы уонна тохсунньутааҕы нүөмэрдэрэ Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ хараллан сыталлар.

Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи былыргы Дьокуускайга Саҥа дьыл бырааһынньыктара хайдах быһыылаахтык ыытыллыбыттарын мантан билиэххэ сөп. Биллэн турар, оччотооҕуга Саҥа дьыллааҕар ордук Ороһооспону улаханнык бэлиэтииллэрэ: https://kiinkuorat.ru/articles/bylyrgy-dokuuskay

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

🎯 Туруоруммут сыалгын ситиһэргэ сатаан былааннанарыҥ уонна тугу баҕараргын чуолкай билэриҥ ирдэнэр. Маныаха "100 баҕа санаа" диэн бэртээхэй ньыма баар эбит.

Уу чуумпуга уоскуйан, налыйан олорон 100 баҕа санааҕытын кумааҕыга суруйаҕыт. Өйгүтүгэр туох көтөн түһэринэн, сүрэххит тугу этэринэн.

Маннык ыйытыыларга хоруйдуохха сөп:
🔹Тугу гыныахпын баҕарабыный?
🔹Тугу боруобалыахпын баҕарабын?
🔹Туохха үөрэниэм этэй?🔹Материальнай тугу баҕарабын?
🔹Тугу уларытыам этэй?

Бу испииһэги илиинэн суруйар ордук, оччоҕо өйбүт-санаабыт сааһыланар. 100 баҕа санааны суруйан баран испииһэги сынньата уураҕыт, тохтуу түһэн баран хаттаан ааҕаҕыт уонна төһө суолталааҕынан 0 саҕалаан 10 баалга диэри сыана туруоруохха сөп. Оччоҕо эһиги ордук туохха талаһаргыт арылыччы көстөн кэлиэ.

☝🏻9-10 бааллаах баҕа санаалары сыалга кубулутан, олоххо киллэрэргэ туох наадатын үстүү хардыынан ойуулаатахха ситиһэргэ чэпчэки буолар диэн психологтар суруйаллар.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ

Сүллүүкүн саха өйдөбүлүгэр

👿 Сахаларга чуолаан сүллүүкүн уобараһа нууччаттан киирбит буолуохтаах.
Кут-сүр  түһэ Л.А. Афанасьев – Тэрис сүллүүкүттэр тустарынан маннык эппиттээх:

💬«Тохсунньу 7 күнүгэр маҥнай оҕо сүллүүкүннэр (уот оттооччулар) тахсаллар. Кинилэр эрдэ тахсан, эргэ өтөхтөрү сөргүтэн олоххо бэлэмнииллэр. Онтон син орто саастаах, киэҥ соҕус билиилээх-көрүүлээх сүллүүкүннэр тахсаллар. Салгыы кырдьаҕас, муударай сүллүүкүннэр кэлэллэр. Былыргы дьон сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр таҥаһы таһырдьа ыйаабат. Киһи кута барсыа диэн аньыыргыыллар эбит. Сүллүүкүн тахсар кэмигэр айылҕа тымныы буолара ордук. Тымныы буоллаҕына, балар наһаа ырааппакка, чугас эргин сылдьаллар. Сылаас буоллаҕына, киэҥ сиринэн дайа сылдьан, араас ыарыыны тарҕаталлар үһү. Кинилэр  харчыны олус сөбүлүүллэр. Харчыны сүгэ сылдьан хаартылаан сүүйсэллэр үһү. Сүллүүкүн харчытыгар тиксэр түгэҥҥэр, үс күн иһигэр туттан бүтэриэхтээххин. Ол кэнниттэн харчыҥ уу ньамаҕа буолан хаалар үһү. Мин эһэм сүллүүкүнү көрбүт. Саха сүллүүкүннэрэ чопчу киһи курдук быһыылаахтар-таһаалаахтар диэн кэпсиирэ. Арай баттахтара уонна хаастара эрэ суох үһү. Биллэн турар, сүллүүкүн дьон айбыт уобараһа  буолар. Биир бэйэм сүллүүкүн хаама сылдьара буолуо дии санаабаппын».

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta