«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.66K subscribers
18.9K photos
1.21K videos
1 file
11K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Поэзия

🪶Ааптар: Иван Арбита

Атын дьоннор иккилии буолан
Хонуу күөҕэр хаамаллар.
Оттон тоҕо мин көртөн мунан
Соҕотоҕун хаалабын?

Иккилии буолан сиэттиспиттэр
Күөх сааска дьаарбайаллар,
Оттон тоҕо мин кэннибиттэн
Күлүгүм эрэ хаамар?

Ол аата — мин бэйэбин кытта
Быстыбат ситимнээхпин,
Биир туспа халлааннаах, былыттаах
Муҥура суох элбэхпин.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

Сэмэй саха сиэринэн
🪶Ааптар: Васильев Илья–Ылдьаа Хоточчу

Саараммаппын аакка-суолга
Сэмэй саха сиэринэн,
Таласпаппын ыраахха
Төрүт сиртэн тэлэһийэн.

Эмэн саастыын эллэһэн
Эрэйдэнэр буолбаппын,
Кырдьар кэми билинэн
Курутуйа барбаппын.

Ыраас ыйдыын сэлэһэн,
Ымманыйа сырдыыбын,
Кэрэ түүлгэ бигэтэн,
Кутум иэйэн ыллыыбын.

Мин билэбин улуу дьолу
Маамыкталаан туппаппын,
Таптыырбыттан ордугу
Тымтыктанан булбаппын.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

🌼Ньургуһуҥҥа
Ааптар: Луиза Кобельянова-Сандаар Күн Сандаара

Саас аайы тыллаҕын
Эн, кэрэ ньургуһун.
Аан бастаан көрсөҕүн
Үрүҥ күн мичээрин.

Харалдьыт аайытын
Үүнэҕин киэркэйэ,
Дьон-сэргэ хараҕын
Үөрдэҕин манньыта.

Сиэдэрэй көрүҥүҥ –
Сандал саас бэлиэтэ.
Муус устан саҕалыа –
Дьикти сыт абылыа.

Эн араас өҥнөөххүн
Сир-дойду аайытын:
Күөх, кыһыл, саhархай –
Олус да сиэдэрэй.

Ньургуһун сибэкки,
Нарыҥҥын эрээри,
Тоҥ буору тобулар
Ураты күүстээххин!

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

🌊Долгуннар
Ааптар: Луиза Кобельянова-Сандаар Күн
Сандаара


Айылҕа күүһүн көрөммүн
Хоhуйарга сананным.
Байхал уулаах Байкаал күөл
Долгуннарын үнкүүтүн.

Эчи кини кэрэтиэн,
Долгулдьуйар бэйэтиэн.
Ыраас уута күлүмнээн,
Сүүс араастыы ыhыллар.

Күүстээх бааллаах долгуннар
Эриллэ үөhээ көтөллөр.
Алмаас таастыы таммахтар
Күн уотугар оонньууллар.

Көрөн тэҥҥэ үнкүүлүөх,
Үөрүөх санааҕа ыллардым.
Бу хоhоону суруйан,
Бүгүҥҥү күммэр махтанным!

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

🖼Дьикти хартыына
(Николай Рязанскай
хартыынатын дьүһүйүү)

Ааптар: Луиза Кобельянова- Сандаар Күн
Сандаара


Туох дьикти хартыыната
Мин иннибэр турарый?
Уол халлааҥҥа көппүтүн
Ким көрбүтэ баар этэй?

Илиилэрин саратан,
Көтөн иhэрдии туттубут.
Уол маҕан ырбаахыта
Салгыҥҥа тэлээрбит.

Кини үөрбүт сирэйэ
Сып-сырдыкка таласпыт.
Тугу эрэ кэрэни
Кини көрүөн баҕарбыт.

Түүл дуу бу? Илэ дуу?
Ыра санаа иэйиитэ дуу?
Уолчаан сырдык мөссүөнэ
Күҥҥэ тиийиэм диир курдук.

Аллараа хартыынаҕа
Икки киhи далбаатыыр.
Ийэтэ уонна балта,
Бадаҕа, турдахтара.

Ынахтар, олбуор иhэ
Былыргыны санатар.
Дэриэбинэ олоҕун
Худуоhунньук дьүhүйэр.

Ырыых-ыраах көстөллөр
Тыа, алаас, үрэх, мыраан.
Күн уота чаҕылыйа,
Тыгар сандаарыйа.

Бу олорон билбэккэ,
Бэйэм санааҕа түспүппүн.
Бу уол курдук ыраахха
Көтүөхпүн баҕарбыппын.

Үчүгэй да хартыына,
Илэ кэми суурайда.
Оҕо санааҕа уйдаран,
Чыычаах курдук көтүттэ.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

Ыһыктар буолумаар...

Моһуоктан, эрэйтэн
Мунааран, чаҕыйан,
Кыайтарар күүскүттэн
Куттанан чугуйан-
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Хабараан суоллартан
Хааннаргын хамсатан,
Өстөөҕүҥ атаҕар
Таҥнары хаптайан-
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Үктэнэр сирэ суох
Үүрүллэн да баран,
Эрэйгэ, кырыыска
Этиллэн да туран-
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Хандалы да быаҕа
Хантаччы баайыллар
Хараҥа күн кэлэн
Хаайбытын иннигэр-
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Суола суох өлүүнэн
Өлөрүҥ да кэллэр,
Суобаскын сүтэрэн
Күөрэйиэҥ да буоллар-
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!

Иван Арбита

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

Ааптар: Элсема

Истиҥ тылы иһиттэххэ,
Эйэҕэс мичээр туттахха,
Дууһа манньыйан,
Туругуҥ уларыйар.

Дьоҥҥо дьолу баҕарартан,
Сырдык санаа үөскүүрүттэн,
Тапталы, эрэли этэртэн
Олуһун үөрэҕин, тупсаҕын.

Дьоллоохпун үбүнэн буолбакка,
Үгүс үтүө доҕордоохпунан,
Истиҥ сыһыан үөскүүрүттэн,
Кэрэни өрө тутарбыттан.

Таптыыр дьонум тулалыылларыттан,
Хардары махтал истэрбиттэн,
Эдэр сааспын саныырбыттан,
Бөҕөх санаа олохсуйарыттан.

Астынабын уйаҕас турукпуттан,
Хом санаа киирбэтиттэн,
Өһүөн диэн тугун билбэппиттэн,
Хомолтону хоннорбоппуттан.

Эрэнэбин инникибэр
Куруур үтүө туругуруоҕун,
Сырдык аартык арыллыаҕын,
Барыта дьэҥкэ буолуоҕун.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

Өбүгэм номоҕо

Төрдүм туһунан эһиэхэ,
Тохтоон билиһиннэрдэххэ,
Туһунан эридьиэстээх,
Төлкөбүт дьэ, дьиктилэрдээх.

Саха сиригэр түбэспит,
Сыылынай киһиттэн сыһыаннаах,
Швед омуктан тыын хааннаах,
Странден диэн араспаанньалаах.

Бу киһи кимий диэтэргит,
Ыраахтааҕыны утарар,
Ыгым кэми уларытар,
Революционер этэ.

Чернышевскайы күрэтэр,
Уустук сорудахха киирсэр,
Хоһуун дьыалата кыаллыбат,
Хомойуох иһин сатаммат.

Суутунан дьүүллээн ,быһааран
Саха сиригэр ыыталлар,
Уһун болдьоҕу туттаран,
Уус Алдаҥҥа олохтууллар.

Оччолорго нэһилиэгэ-
Тэбиик диэн ааттанар этэ.
Уоттаах олохтоох ыаллара,
Дьулайар курдук буолаллар.

Бастаан Страндены кэтииллэр,
Бу киһиттэн сэрэнэллэр,
Буруйдаах диэн куттаналлар,
Билсибэккэ дьаарханаллар.

Сыыйа чугаһаан билсэллэр,
Соһуйбут курдук буолаллар,
Странден билиитин сэргииллэр,
Сатабылын ылыналлар.

Араҥас сиригэр тиийэн,
Күн солото суох сылдьара,
Киирэн тахсан кэпсэтиһэн,
Араас суолу тобулара.

Ончу көстүбэт тэриллэр,
Оҥоһуллан соһуталлар,
Бурдук тардар суоруналар
Бэл миэлиҥсэлэр,сухалар.

Бурдук үүннэрэр ньыматын,
Бэргэнин кэтээн сөҕөллөр,
Бастаан сибиинньэ аҕалтын,
Баран дьиибэргээн көрөллөр.

Оҕуруот аһын арааһын,
Олордон, олус үөрэллэр
Библиотеканы аспытын,
Биһирээн,хайҕаан кэпсииллэр.

Тыаны солоон үлэлэһэн,
Ыһыы сирин кэҥэтэллэр,
Бурдугу кыайа үүннэрэн,
Бэл куораты хааччыйаллар.

Ахсаабат Странден эрчимэ,
Элбэх да этэ ,түбүгэ
Оҕолору үөрэппитэ,
Олох сырдыгын биэрбитэ.

Баһылай Никииппэрэби,
Бэлиэтээн көрбүтэ кини,
Куоракка иилээн ,ыыппыта
Кэпсэтэн олордубута.

Уон саастаах уол сайдыбыта,
Странден эрэлэ туолбута,
Күлүмнүүр диэн ааттаммыта,
Киһи чулуута буолбута.

Кухааркалыырга анаммыт,
Кэрэчээн Бараскыайаны,
Көрөөт даҕаны таптаабыт,
Кистэл тапталын анаабыт .

Киниэхэ көһөн кэлиэҕин,
Кэргэннээх этэ Бараскыай,
Олорбуттарын устата
Оҕолоро арай суоҕа.

Саамай күүппүт ,баҕатынан
Үөрүүчээн кыыма сыдьаайар,
Дьиибэргээн,соһуйан ылар,
Дьолломмута Ийэ буолан.

Тэлгэһэ туолар оҕонон
Бэһиэлэйдик сүүрэн- ойон,
Бэһиэн ,сып сырдык Странденнар
Тэбис тэҥҥэ улааталлар.

Барар болдьоҕо сиппитэ,
Быһаарар кэмэ үүммүтэ,
Айанныыр тосхол кэлбитэ,
Арахсыы ыарын сүкпүтэ.

Барытын биирдэ быһаарар,
Уустук санааҕа ылларар,
Уҕарыйбат күүһү тобулар
Бу олоҕун уларытар.

Үс оҕотун илдьэ барар,
Үтүмэн толкуй кэнниттэн,
Ыраахха айан ыҥырар,
Ыллыга бу күүтэн турар

Бараскыай кэргэнэ ыҥырбыт,
Бииргэ олоруох диэн аҕалбыт,
Оҕолору суруттарбыт
Оруоһуттар диэн буолбуттар.

Таптал да араас буоларын,
Таайан да кыайан билбэппит,
"Араҥас" алаас биллэҕэ
Аймаммакка кистээтэҕэ.

Үс оҕолорун Страндеммыт
Үөрэхтээх дьон оҥорбута,
Атыны кэргэн ылбатаҕа,
Бараскыайын умнубатаҕа.

Дьөгүөссэ ,Аанньыыска кыыстыын
Дүпсүннэригэр хааланнар,
Кэҥээн элбээн тэнийбиттэр,
Халыҥ аймах буолбуттар.

Дьөгүөссэ Уолакатыттан,
Төрөөбүт биһи эһээбит,
Дьэ ити курдук өбүгэбит,
Дьылҕата номохтоох эбит.

📝Мария Кудрина

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

САХА ДЭРИЭБИНЭТЭ

Ийэ дойдум!
Нэлэт киэҥ алаастаргын
ытык кырдьаҕас сылаас
ытыһын курдук...
Суоллаа ииччэх- бааччах
сурааһыннарга
дьылҕабыт
ыллыктарын.
Кини ханна
арахсарын,
Ханна тиксэрин...
Көрдөө тэбэр сүрэҕи,
Хаан – уруу хорук
тымырдары.
Хаалларбыттар
саха мас дэриэбинэтин
өйдөбүнньүк курдук
Саха киһитэ айылҕаны
умнубатын диэн,
Олоҥхо курдук
кини
Үүнэ-сайда
чэчирии турдун.

Мин билэбин –
итинтэн биир ыллык
миэнэ,
Кый ыраахха,
ааспыт үйэлэргэ
тиийэр.
Ол онтон алгыс буолан
Үүт үрүҥ аты миинэн
кэлэр.
Тэрээһэлээх дьиэлэрдээх,
Түүҥҥү уоттаах
түннүктэрдээх,
Ортотунан көнө буордаах
уулуссалаах,
Куһаҕан дьайтан,
киртэн-буортан харыстыыр
эргиччи үүт бүтэй
күрүөлэрдээх,
Отучча, сүүсчэкэ буруолаах
Мин санаам,
мин дьылҕам
тирэҕэ
Сахам сэмэй
дэриэбинэтэ!

Борис Кэм

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

БИЛИНИИ

Миэнэ тылларым
барыта сүрэхтэн,
Сып-сырдык, ып-ыраас, сып-сылаас
"Ийэ сир" диэн .
үрэхтэн,
Миэнэ санаам
барыта
салгынтан,
Үүт сыттаах,
күөх оттоох,
үрүмэччилээх,
"Оҕо саас" диэн
сайынтан.
Миэнэ дьолум
барыта Эйигиттэн,
Олоххо эрэллээх,
кэскиллээх
аттыбар баар
киһиттэн.
Хаһан да тохтообот,
бүппэт күн эргиириттэн.

Эн эрэ баар буол!
Эһиги - аттыбар,
Бары- тулабар,
Түөрт өртүбэр,
Биэс эркиммэр!
Сир бары
кээмэйдэринэн,
Дьол бары
мээрэйдэринэн,
Күннэринэн,
Дьылларынан,
Сылларынан,
Ыйдарынан,
Үйэлэринэн,
Сылаастарынан,
Алаастарынан,
Сааскы курас тыалларынан,
Куруук Эйигин
таптыаҕым,
Бырастыы
гыныаҕым:
Сыыһа саҥарбыккын,
Алҕас туттубуккутун,
Сиилээбиккитин,
Сэмэлээбиккитин,
Хомоппуккутун,
Туора
көрбүккүтүн,
Күлүү
гыммыккытын,.
Хаама сылдьан,
Сүүрэн иһэн,
Ыллыы туран,
Ыалдьа сытан,
Ханна да тиийдэрбин,
Туохха да тигистэрбин,
Эһигини эрэ харыстыыбын,
Күнү тула бииргэ
эргийэ сылдьар
дьоннорбун!

Борис Кэм

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

🐦‍⬛️Соһуччу түгэн
Ааптар: Мухин Дамир, М.К. Аммосов аат. Хатырык орто оскуолатын 7 кл. үөрэнээччитэ
Салайааччыта–Татаринова Л.С
.

🐦‍⬛🐦‍⬛🐦‍⬛
Күлүм күннээх сарсыарда
Таһырдьаны одуулуубун.
Арай түннүк тааһыгар,
Чыычаах түһэн саалынна.

Ойон тахсан көрдүм мин,
Кини охтон сытарын
Олуус-олус аһынным,
Кыра чыычаах доҕорбун.

Чоҕулуспут харахтара,
Битигирээбит сүрэҕэ,
Оҥой-соҥой көрбүтэ,
Киһи уйулҕатын хамсатар.

Илиибэр ыламмын имэрийэн,
Бүөбэйдээн,аһатан көрдүм мин,
Сэниэ,күүс -уох ылынан,
Көппүтэ күөх куйаар халлааҥҥа.

Күөрэй ыраах дьурулуу,
Күнү кытта сырсыһа,
Көтүүй үөһээ дьырылыы,
Дьол тойугун туойа!

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

С.Есенин
“КЛЕН ТЫ МОЙ ОПАВШИЙ”
А.Постников-Сындыыс көҥүл тылбааһа


Мууһура кырыарбыт
Кубаххай күлүөнүм,
Тибиигэ тоҥоҥҥун
Бөкчөччү тутуннуоҥ?

Эбэтэр таһырдьа
Чэччийэ сылдьаҥҥын,
Дьылҕа Хаан уурааҕын
Истэҥҥин соһуйдуоҥ?

Итиэннэ итирик
Хаардаах суол күрдьүгэр,
Атаххын үлүтэн
Хаахыныы муннаҕыҥ...

Ол эрэн мин эмиэ
Тиийэрим биллибэт,
Дьиэм сылаас оһоҕор
Доҕоттор ыыппаттар.

Силлиэҕэ бигэтэр
Холуочук киэһэҕэ,
Хоруобум бэһигэр
Сайыны ыллыыбын.

Эн курдук томороон
Тоҥ мастыы сананан,
Күөх лабаа чэчириир
Сай түүнүн түһүүбүн.

Уонна, дьэ, буккулла
Төбөбүн сүтэрэн,
Көссүүбүн көрдөнө
Хатыҥмын кууһабын...

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

БИЛЭҔИН ДУО?

Билэҕин дуо, хантан саҕаланарый тыал?
Онно үөскээбит дииллэр саамай бастакы тыл...

Биһиги билэбит:
Хоту- соҕуруу,
Илин - арҕаа,
Кини бас билэрэ:
СЫРДЫК,
КЫРДЬЫК,
уонна ХАЛЛААН.

Кыра да
бэриллибит
киһиэхэ - хардыы.
Бэйэбит
ычабытынан
хаамабыт -
хаардыы.

Ким эрэ биһигинэн
үөһэттэн
оонньуур,
Суолбутунан туох эрэ дьиктини
ойуулуу сатыыр.

Онно эн кыһаллыма
-АЙ,
Дьылҕаҕын хас
биирдии дьоллоох түгэни кытта
ыксары баай.

Бу олох доҕоччугум, олус кэрэ,
Хас сарсыарда аайы күнү кытта
төрүүр - ЭРЭЛ...

Борис Кэм

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Поэзия

АЛААСПАР АЛЫ
          ГЫННАТТАРА

 
Тиийиэхпин баҕарабын
              төрөөбүт өтөхпөр
Барыгытыттан алы
                      гыннаттара,
Сииктээх салгыннаах,
                        үрүҥ туманнаах
Дойдум күөҕүнэн
            тунаарар буолактара,
Чуумпу дэриэбинэм,
                          алаһа дьиэм,
Оҕо сааһым доҕотторун
                  оонньоон ааспыт
                             боруоктара,
Күлүмүрдэс от үрэх,
                    адаархай талахтар
Миигин умнан
             биэрбэккэ илиилэрин
         өрө уунан туруохтара...
 
Хаһан эрэ дойдум
     дьоно мантан
        миигин атаарбыттара,
Суолу билиэххин
    баҕардаххына атаххынан
          кээмэйдиэхтээххин диэн
               быһаарбыттара,
Күн сирин тилийиэххин
       баҕарар буоллаххына
   тилэххинэн
           мээрэйдиэхтээххин
              диэн алҕаабыттара,
Ханна да тиий,
     дойдугун түһэн биэриэ
            суохтааххын диэн
      кэс тылларын
                       анаабыттара.
 
Айан аргыстаах,
Суол доҕордоох,
Олох түһүүлээх-тахсыылаах.
Эр киһи байанайдаах,
Дьылҕата мүччүргэннээх,
Күн саһарҕалаах,
Түүннээх-күнүстээх,
Киириилээх-тахсыылаах...
 
Туох буолуой,
Бэйэм киэнигэр эппиэттиэм,
Дьону эрэ түһэн биэрбэтэх киһи,
Бэйэм тус кыахпын тутуһуом
Бар дьоммун таҥнарбыта эрэ
                    дэттэрбэтэх киһи.
 
Күн сирин дохсун,
                 айаас аттара,
Күлүмүрдэс,
              чаҕылхай уоттара,
Тумаҥҥа тунаарар
   чыпчыҥныыр сулустара,
Сымыйа, кырдьык
                    быраабылалара,
Олох балысхан
               муоратыгар устар
      Үп-үрүҥ хараабыллара...
Хаарты хараҕыныы
              халтархай суоллара,
Бииртэн биир көстөр
                        моһоллоро,
Албын-көлдьүн тоҕойдоро
Эн кимҥин- туоххун
            күн аайы
                тургуталлара.
 
Баара буолуо дуо,
              олоххо уоскулаҥ,
Биэтэккэ кэллим
      диэбитиҥ саҥаттан
             саҕалааһын буолар,
Дьэ сынньаныам
        диэбитиҥ сэргэҕэ
    атын ат бааллан турар...
Бэйэм эрэ киэнэ
      эбитэ буоллар баҕар,
              тохтуом этэ,
Атын киһи олоҕо
     миэниннээҕэр сыаналаах,
Эппит тыл,
               Ытык иэс,
                              Андаҕар
Эр киһиэхэ
            туолбатаҕына
                         иэстэбиллээх.
 
Бырастыы гын,
             ити барыта – уйан,
Барытын быһаарыа
          улуу ирдэбил –
                                  Айан.
Алы гын,
Үөһэттэн миигин
                баһыйар баар,
Халлаантан миигиттэн
      ыйыппат туох
                        эрэ баар.
 
Тииийиэхпин баҕарабын
 сииктээх салгыннаах,
              үрүҥ туманнаах
Төрөөбүт дойдум
       күөҕүнэн
             тунаарар буолактара,
олорор олохпун
                  дьиҥнээҕинэн,
        хайдах баарынан
                   ырыттара,
миэхэ көмөлөспүт,
                  күүс биэрбит
      Айыылары ыйыттара,
Доҕотторбун сураһа,
Уон араас
    кустуктаах,
түһүүлээх-тахсыылаах
                  дууһабын
             алы гыннаттара...
 
                     Борис Кэм
 
 
 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta