#КК_Сонун
❇️ 2019-2024 сылларга 45,92 тыһыынча киһи 887,66 тыһ. кв.м иэннээх хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүлүннэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр бэлиэтээбитин курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ нэһилиэнньэни хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар.
💬«2025 сыл бүтүөр диэри 48 тыһыынчаттан тахса киһини көһөрөр былаан баар. Маны таһынан 11 тыһыынча киһи «Инфраструктура для жизни» саҥа национальнай бырайыагынан көһөрүллүөҕэ», - диэн турар Айсен Николаев.
Дьокуускай куоракка 900 тыһ. кв.м иэннээх олорор дьиэни олоххо киллэрэр территориялары кэлимник сайыннарыы 8 бырайыага саҕаланыаҕа. 194 саахалланар туруктаах дьиэ саҥардыллыаҕа, киин куорат 3 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕо олорор усулуобуйатын тупсарыныаҕа.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

✈️ 2025 сылга Саха сиригэр икки аэропорт реконструкцията уонна биири тутуу түмүктэниэҕэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр бэлиэтээбитин курдук, Полярнай уонна Өлүөхүмэ аэропортарын уларытан уонна Мииринэйгэ саҥа аэропорду тутуу түмүктэниэхтэрэ.
❇️«Тырааныспар инфраструктуратын модернизациялааһын» нацбырайыак чэрчитинэн маны сэргэ 2028 сылтан 2030 сылга диэри эбии түөрт аэропорт реконструкцията ыытыллыаҕа: Зырянкаҕа, Маҕаҥҥа, Ньурбаҕа уҥонна Полярнай иккис уочарата.
❇️2019-2024 сылларга «Регионнар аэропортарын сайыннарыы» федеральнай бырайыагынан Саха сиригэр 11 аэропорт аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына саҥардыллан турар: Дьокуускайга, Черскэйгэ. Эдьигээҥҥэ, Хаандыгаҕа, Белай Гораҕа. Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Депутатскайга, Сангаарга, Нерюнгрига уонна Уус Ньараҕа, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

2018 сылтан 171 үөрэх уонна 5 спорт эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ
❇️Араас хайысхалаах национальнай бырайыактар чэрчилэринэн Саха сиригэр кэлиҥҥи сэттэ сылга 171 саҥа үөрэх уонна 50 спорт бөдөҥ эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ.
«Нацбырайыактар уонна Уһук Илини сайыннарыы бырагыраамаларын чэрчитинэн үөрэхтээһин инфраструктуратын сайыннарыыга дьоһун хардыыны оҥордубут. 2018 сылтан 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр 77 оскуола уонна 79 оҕо саада тутулунна. Саха сирин историятыгар маннык хабааннаах тутуу ыытыллыбыта урут суоҕа», – диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев этэринэн, аҥаардас 2024 сылга 15 оскуола үлэҕэ киирдэ. Ол иһигэр Дьокуускай куоракка биэс оскуола тэҥинэн тутулунна.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/2018-syltan-171-reh-uonna-5-sport-ebiyiege-le-e-kiirde
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Хаары ыраастааһын уонна тиэйии быраабылаҕа олоҕурар
❇️Дьокуускай куорат территориятыгар Куорат дууматын 2021 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи 477-НПА №-дээх быһаарыытынан ылыныллыбыт Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылата үлэлиир.
❄️ Бу быраабылаҕа олоҕуран, Дьокуускай куоракка үлэлиир физическэй уонна юридическай сирэйдэргэ итиэннэ бэйэни салайыныы уорганнарыгар территорияны тупсаҕайдык тутан олоруу уонна көҕөрдүү эйгэтигэр, уулуссаны көрүүгэ-истиигэ уонна сырдатыыга, бытовой уонна промышленнай бөҕү-саҕы хомуйууга, харайыыга уонна тиэйиигэ, куорат эйгэтин тупсарыыга, сайыннарыыга сыһыаннаах боппуруостары быһаарыыга уопсай, булгуччулаах быраабыла олохтонор уонна ону бары тутуһаллара ирдэнэр: https://kiinkuorat.ru/articles/haary-yraastaa-yn-uonna-tieyii-byraabyla-a-olo-urar-1
❇️Маны таһынан, түүҥҥү кэмҥэ массыыналары суол кытыытыгар туруоруу уулуссалары ыраастыыры харгыстыырын умнумаҥ, диэн иһитиннэрэр Муниципальнай инспекция управлениета.

❇️Ааспыт икки сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолор реабилитацияланар кииннэригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн 379 киһи, ол иһигэр 227 оҕо уонна 152 улахан киһи, социальнай реабилитацияны ааста, диэн тохсунньу 9 күнүгэр Киин дириэктэрэ Зинаида Максимова иһитиннэрдэ.
Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир материальнай хааччыллыылаах Киин суукканы эргиччи үлэлиир стационара улуустан кэлээччилэргэ табыгастаах. Оҕолор манна күҥҥэ – биэстэ, улахан дьон күҥҥэ үстэ аһыыллар.
«Оҕолор маҥнай кэлим диагностиканы ааһаллар. Ол түмүгүнэн реабилитацияны ааһар тус маршруттара оҥоһуллар. Төрөппүттэргэ психологическай көмөҕө улахан болҕомто уураллар», – диир Зинаида Максимова.

🚌 Куорат иһинээҕи уларыйбыт 4 маршрукка дьон-сэргэ сыыйа үөрэнэн, балаһыанньа орун-оннугар түһэн эрэр диир оруннаах. Дьэ оттон куорат уонна кытыы бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы муниципальнай оптуобустарга туох уларыйыы таҕыста?
🚍Бу сылга үктэниэхтэн, ол эбэтэр тохсунньу 1 күнүттэн, “Дьокуускай-Жатай-Дьокуускай” хайысханан сылдьар урукку 109 уонна 111 №-дээх маршруттар оннуларыгар “209-с” уонна “211-с“ диэн муниципальнай оптуобустар сылдьар буоллулар. Сырыы расписаниета – уруккутунан, атына диэн – кэлэ-бара “Бюджетная сфера” диэн түөлбэҕэ тохтоон ааһаллар. Бу уларытыы эмиэ олохтоохтор туруорсууларынан киирбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.
🚍Ону тэҥэ 107-с №-дээх маршруту көрдүү сатаан хараххытын сылатымаҥ. Итинник оптуобус мантан инньэ тохтоото. Ол оннугар үөһэ этиллибит саҥа 209-с оптуобус сылдьар. Онуоха айан төлөбүрэ да, Дьокуускай автовокзалыттан Жатайга диэри баар тохтобул ахсаана да оннунан хаалла, уларыйбата.

🚌Сылаас тохтобуллары барытын Дьокуускай куораттааҕы пааркалар уонна уопсастыбаннай туоналар дирекциялара хонтуруоллуур. Оптуобус сылаас тохтобулларын сарсыарда арыйыынан уонна киэһэ хатааһынынан эмиэ бу тэрилтэ дьарыктанар.
⏰ Сылаас тохтобуллар сарсыарда 07.00 чааска арыллаллар уонна киэһэ 23.00 чааска хатаналлар.
🤨Бэрээдэктээх дьон эбиппит буоллар, баҕар, түүннэри да аһаҕас буолуохтарын сөбө. Ону баара баары алдьатар дьоммутун, бэл, камера да тохтоппото сыттаҕа.

Арассыыйа үрдүнэн тииһинэн олоруу алын кээмэйэ (прожиточный минимум) былырыыҥҥытааҕар 14,8 % үрдүүр.
Саха сиригэр ити кээмэй былырыын үлэлиир нэһилиэнньэҕэ быйыл 29 187 солк. буолар.
Оттон биэнсийэлээххэ ити кээмэй былырыын 20 067 солк. этэ, быйыл – 23 028 солк.. Оҕолорго былырыын 23 801 солк. эбит буоллаҕына, быйыл – 25 974 солк.
Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин биир киһитигэр тиксэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ быйыл 26 777 солк. тэҥнэстэ.
Дьокуускайга нэһилиэнньэ биир киһитигэр тиксэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ – 26 241 солк: үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 28 603 солк., оҕоҕо – 25 67 солк, оттон биэнсийэлээххэ – 25 455 солк.
☝🏻ТИИҺИНЭН ОЛОРУУ АЛЫН КЭЭМЭЙЭ төһөнөн быһаарыллара улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, хамнас алын кээмэйэ (МРОТ), хат дьахталлар уонна оҕолоох ыаллар ылар босуобуйаларын, Ийэ хапытаалын ыйдааҕы төлөбүрүн кээмэйдэрэ, биэнсийэҕэ эбии ааҕыы оҥоһуллуута, социальнай хантараак төлөбүрэ быһаччы бу кээмэйтэн тирэҕирэн оҥоһуллар.

✈️ Тохсунньу 1 күнүттэн «Якутия» авиахампаанньа 2-тэн 12-гэр диэри саастаах оҕолорго көтөр билиэккэ 50% чэпчэтиини биллэрдэ. Хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, тохсунньу бүтүөр диэри номнуо 1600 билиэт атыыламмыт.
Чэпчэтии хампаанньа өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи эриэйсэлэригэр барытыгар биисинэс-кылаастан уратыга көрүллэр. Ол эрээри субсидиялаах, ол эбэтэр эрдэттэн чэпчэтиилээх билиэттэргэ, оҥоһуллубат.
Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ эппитин курдук, 50 % чэпчэтиини “Полярные авиалинии” уонна “АЛРОСА” хампаанньалар эмиэ оҥоруохтара.
Санатар буоллахха, дойду баһылыга Владимир Путин ааспыт сыл ахсынньытыгар бырабыыталыстыбаҕа 2025 сыл тохсунньу 14 күнүгэр диэри элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх билиэт боппуруоһун бэрээдэктииргэ сорудахтаабыта.
Тохсунньу 1 күнүттэн оҕолорго чэпчэтиилээх билиэти Арассыыйа 23 бөдөҥ авиахампаанньата олохтоото. Оттон тохсунньу 10 күнүттэн Арассыыйа бары көтөр хампаанньалара оҕо билиэтигэр 50% чэпчэтиини киллэриэхтэрэ.

Саха сирин волонтердарын ыстааба анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыытарга сылаас таҥаһы тутар.
Волонтердар ыстааптарын #МЫВМЕСТЕ салайааччыта Айыллаан Винокуров тохсунньу 9 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ маскировка сиэккэтин уонна чүмэчи оҥоруутугар көмө наада. Маны таһынан региональнай ыстаап гуманитарнай көмөнү хомуйуунан уонна ыытыынан, байыастар таҥастарын уонна экипировкаларын тигиинэн дьарыктаналлар.
Санатар буоллахха, Саха сирэ анал байыаннай дьайыыга былырыын 120 туоннаттан тахса гуманитарнай көмөнү тиэрдибитэ уонна 2300 байыаска аадырыстаах баһыылканы тиксэрбитэ.
#МЫВМЕСТЕ ыстаап үлэтигэр 800 волонтер кыттыыны ылбыта.
❇️Гуманитарнай көмөнү тутар аадырыс: Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай уул., 5 (ДОСААФ). Сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 19.00 чааска диэри үлэлиир.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын иһинэн Архитектура уонна куораты тутуу управлениета 2025 сылга «Уһук Илин тиэргэннэрин тупсарыы» бырагыраамаҕа киириэн сөптөөх бырайыактарга куонкурус биллэрэр.
💬"Бу иннинээҕи «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» диэн бырагыраамаҕа Саха сирэ бастаан 2022 сылга кыттан, 846 мөл. солк. суумаҕа 124 тиэргэн уонна дьоҕус паарка оҥоһуллубута, 2023 сыллаахха 61 тиэргэни тупсарыыга федеральнай бүддьүөттэн 429 мөл. солк. туһаҕа тахсыбыта, 2024 сылга 94 мөл. солк. суумаҕа 16 тиэргэн тупсарыллыбыта. Быйыл эмиэ федеральнай бүддьүөттэн 111 мөл. солк. киирэрэ күүтүллэр», – диэтэ өрөспүүбүлүкэ кылаабынай архитектора Любовь Папок.
❇️Сайаапкалары б.дь. тохсунньу ый 9 күнүттэн 29 күнүгэр диэри [email protected] электроннай аадырыска туталлар.
☝🏻Тиэргэни тупсарыы бырагыраамата дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар.
Тиэргэни тупсарыы үбүлээһинэ субсидия быһыытынан оҥоһуллар. Кээмэйэ нэһилиэнньэ ахсаанынан быһыллар.

Хамнас алын кээмэйэ уонна биэнсийэ, босуобуйа “кутуйах хаамыытынан” да буоллар үрдүүрүн кэтэһэр араҥа элбэх.
Бу тохсунньуттан ХАМНАС АЛЫН КЭЭМЭЙЭ (МРОТ) дойду үрдүнэн улаатарын истэн олордоххут. Ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ. Чопчута, судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр хамнастара (доруобуйа харыстыбалын, үөрэх, социальнай эйгэ уонна култуура салаатын үлэһиттэригэр) 16,6 % үрдүүр.
Оттон үөһэ ааттаммыт салаа үлэһиттэриттэн ураты араҥаҕа (бэрт хобдохтук “и прочее” диэҥҥэ киирсээччилэргэ) хамнас 5,7 % үрдүөхтээх.
Манна сыһыаран эттэххэ, Саха сирин үлэһиттэрин Идэлээх сойуустарын федерацията былырыын “прочее” диэҥҥэ киирсээччилэргэ уонна былырыын хамнастара индексацияламматах судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтарга 2025 тохсунньу 1 күнүттэн – 7,2%, от ыйыттан 9,4% үрдэтэргэ этии киллэрэ сылдьыбыта өйөммөтөҕө.
Сиһилии:
https://kiinkuorat.ru/articles/hamnas-alyn-keemeye

"Земскэй култуура үлэһитэ" бырагыраама олоххо киирдэ
🎭2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраама үлэлээтэ.
Тыа сиригэр, аҕыйах нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлии тиийбит култуура исписэлиистэригэр 1 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллуоҕа. Уһук Илиҥҥэ бу суума икки бүк үрдүк – 2 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһэр.
Быйыл 11 орто уонна үрдүк үөрэхтээх култуура эйгэтин үлэһиттэрэ дуогабар түһэрсэн араас улуустарга үлэлии тиийиэхтэрэ. Онуоха 22 мөл.солк. көрүллүбүт. Олох көрдөрөрүнэн, тыа кулууптарыгар ордук хореографтар, хормейстердар уонна театр үлэтин сүрүннээччилэр тиийбэттэр.
Бу бырагыраама 2030 сылга диэри үлэлиир. Кыттааччылар сүүмэрдээһини ааһаллар. Саҥа үөрэхтэрин бүтэрбит специалистар эбэтэр уопуттаах үлэһиттэр буолуохтарын сөп. Саамай сүрүнэ - биэс сыл анаммыт сирдэриттэн харыс да халбарыйбакка үлэлиэхтээхтэр.

Доруобуйа харыстабылын 15 бөдөҥ эбийиэгэ тутуллуоҕа
🏥 Тохсунньу 10 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев доруобуйа харыстабылын боппуруостарыгар мунньахха чугастааҕы сылларга медицинэ инфраструктуратын сайыннарыыга «Уһун уонна көхтөөх олох», «Дьиэ кэргэн» уонна «Доруобуйаны харыстыыр аныгы технологиялар» диэн саҥа национальнай бырайыактар үлэлиэхтэрэ диэтэ.
Ол курдук, 2028 сылга диэри тутуллуохтаах 15 саҥа бөдөҥ эбийиэктэн аҕыһа номнуо 2025 сылга үлэҕэ киириэҕэ: Амма сэлиэнньэтигэр поликлиника, Бүлүү уонна Ньурба куораттарыгар, Нам улууһун Намыгар уонна Үөһээ Бүлүү Андреевскайыгар сытар балыыһалар, Майаҕа балыыһа комплекса, Кэбээйи улууһугар Сангаарга поликлиникалаах комплекс, Аллараа Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа.
Өссө ханна туох тутулларын манна аах

Биэнсийэ туһунан
❇️Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар.
Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар.
Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар.
❇️РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:
Холобур, үлэлии сылдьар биэнсиэйэлээх ыйдааҕы биэнсийэтэ – 19 тыһ. 527 солк. 94 харчы. Оттон кини үлэтиттэн тохтоон олорбута буоллар, ити биэнсийэтэ 36 тыһ. 351 солк. 59 харчы буолуохтааҕа. Дьэ, бу кэнники суумаҕа тирэҕирэн, 7,3 % индексация ааҕыллар. Ол аата, 36351,59 х 7,3 % = 2 653, 11. Тахсыбыт суума билигин ыла сылдьар биэнсийэтигэр эбиллэн (19 527,94 руб. + 2 653,11 руб.), илиитигэр 22 тыһ. 181 солк. 05 харчыны ылар буолар.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/biensiye-tu-unan

Арахсыы сыаната үрдээтэ
❇️Судаарыстыба ЗАГС өҥөтүн иһин ылар түһээнэ үрдээбит. Ол туһунан дойду бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсыбыт.
Арай ыал буолууну өйүүр сыалтан, саахсаланааччылар төлүүр түһээннэрэ 350 солк. оннунан хаалбыт. Ол оннугар икки өттүттэн сөбүлэҥинэн эбэтэр суут нөҥүө арахсааччылар бу иннинэ 650 солк. төлүүр эбит буоллахтарына, эр биир 5-тии тыһ. солк. төлүүр буолбуттар.
Араспаанньаны, ааты, аҕа аатын уларытыы иһин ылыллар пошлина 1,6 тыһ. солкуобайтан 5 тыһ. буола эбиллибит.
Гражданскай турук аахтатыгар уларытыыны, көннөрүүнү киллэрии, ол иһигэр сибидиэтэлистибэни биэрии иһин ылыллар төлөбүр 650 солк. оннугар 700 солк. буолбут.
ЗАГС судаарыстыбаннай регистрациятын туһунан сибидиэтэлистибэни хаттаан ылар түгэҥҥэ 350 солк. төлөнөрө, мантан инньэ ол 500 солк. буолар.
ЗАГС уонна атын онно боломуочуйалаах уорган архыыбыттан ыспыраапканы 200 солк. оннугар 350 солк. төлөөн ылыахтара.
Сокуон бу дьыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирдэ.

Саҥа дьыл уһун өрөбүллэрин кэннэ толору үлэ нэдиэлэтэ саҕаланна.
❇️Дьаһалта бүгүҥҥү планеркатыгар баһылык Евгений Григорьев хомунаалынай сулууспаларга саахаллар содулларын туората охсорго сорук туруорда.
💬“Үөрэх саҕаламмытынан, ордук оскуолалар тастарыгар, уопсастыбаннай тырааныспар сылдьар сирдэригэр болҕомто күүһүрүөхтээх",-диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ баһылык.
❇️Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр ойбону бэлэмнээһин саҕаланна. Ойбон, буоларын курдук, Күөх Хонуу сиригэр алларыллар.
Тохсунньу 16 күнүгэр Кириһиэнньэ сөтүөтэ тэриллэр сиригэр хамыыһыйа үлэлиэҕэ.
Таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ ойбон уутун тохсунньу 17 күнүгэр сырдатыахтара. Сөтүө сиригэр оптуобус сырыыта тэриллиэҕэ.
❇️ Ааспыт нэдиэлэҕэ 44 бэйдиэ сылдьар ыт тутулунна. Олортон 32 сайаапка олохтоохтортон ЕДДС-киирбит, маны тэҥэ социальнай ситимнэринэн иһитиннэриилэргэ болҕомто ууруллар.
Сыл саҕаланыаҕыттан 60 ыт приюкка утаарыллыбыт.
❇️ 9 баһаар бэлиэтэммит. Киһи өлүүтэ суох.
Сыл саҕаланыаҕыттан 21 баһаар буолбута бэлиэтэнэр.
❇️ 222 киһи полиция отделениеларыгар араас буруйу оңорон тиксэриллибиттэр. Ол иһигэр 27 киһи - сылаас тохтобулларга бэрээдэги кэһэн.
❇️ 48 суол саахала тахсыбыт. 5 киһи эмсэҕэлээбит.
662 суол быраабылатын кэһии бэлиэтэммит, 35 итирик суоппар тутуллубут.
❇️ Дьокуускайга 399 тыһ.кв.м. иэннээх олорор дьиэ 2024 сыллаахха киирбит. Ол иһигэр 182 тыһ. кв. м. – элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, 217 тыһ. кв. м. – чааһынай дьиэ. Бу хаһааҥҥытааҕар да элбэх сыыппара - Дьокуускай рекорда буолла.
Маныаха өссө ахсынньытааҕы көрдөрүү эбилиннэҕинэ дьиэ иэнин уопсай көрдөрүүтэ 400 тыһ.кв.м. куоһарар чинчилээх.

Байыастарга көмө эбиллэр
2025 сылга төлөбүр улаатар
❇️Байыаннай сулуууспалаахтарга сорох төлөбүрдэри 4,5 бырыһыан индексациялыахтара.
Ол курдук, саҥа сылга страховой суума, компенсациялар уонна босуобуйалар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар улаатыахтара. Маны таһынан, судаарыстыбаттан өйөбүл ылар дьон категорията кэҥиэ. СВО байыастарыгар ханнык төлөбүрдэр көрүллүбүттэрин уонна бу сылга социальнай көмүскэл хайдах уларыйарын былааннааһын туһунан “Парламентская газета” суруйар: https://kiinkuorat.ru/articles/bayyastarga-k-m-ebiller

Атыы нолуогар — уларыйыы
🏡 Ааспыт сайын ылыллыбыт хамсаабат баай-дуол атыытыттан тутуллар нолуок уларыйарын туһунан сокуон 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирдэ. Инньэ гынан, атыы-тутуу иһин төлөнөр нолуок уруккутааҕар атыннык ааҕыллар буолла.
Билэргит курдук, бу иннинэ хамсаабат хапытаалын атыылаабыт киһи онтон киллэриммит дохуотун 13 бырыһыанын нолуокка төлүүрэ. Арай атыылыыр тутуутун гражданин 3-5 сылтан (бастаан 5 сыл этэ, кэлин 3 сылга диэри кылгаппыттара) уһуннук бэйэ бас билиитигэр илдьэ сылдьыбыт буоллаҕына эбэтэр атыытыттан 1 мөл. солк. кыраны киллэриммит киһи ити нолуоктан босхолоноро.
Билигин да ити быраабыла дьайар.
Ити болдьох иннинэ атыылыыр киһи 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан, атыылаабыт хамсаабат баайын-дуолун сыаната 2,4 мөл. солк. иһинэн эрэ буоллаҕына, урукку курдук 13 бырыһыаны төлүүр.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/atyy-noluogar-ularyyyy

Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар төлөбүрдэри нэдиэлэ бүтүөр диэри оҥоруохтара
❇️ Маннык дьаһалы Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Быраабыыталыстыба уонна дьаһалта салалтатын кытта мунньахха биэрдэ.
Улуу Кыайыы 80 сылынан Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр оҥоһуллар төлөбүрү 2 мөл. солк. диэри үрдэтэр туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһулааһыныгар этэн турар.
Маны тэҥэ олунньу 20 күнүгэр диэри сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, Лениград блокадатын, концлааҕырдар сиэртибэлэригэр бары анаммыт төлөбүрдэри барытын оҥорорго сорудахтаата.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/a-a-doydu-seriitin-kyttyylaahtarygar-t-l-b-rderi-nediele-b-t-r-dieri-o-oruohtara