#КК_ТускарТуһан
Собо үөһүн эмкэ туттуохха
🐟 Собо ыраастыылларыгар үөһүн тэспэккэ бүтүннүү ылан тоҥороллор. Күөмэй ыалдьаары гыннаҕына, биир үөһү ылан ыстакаан аҥаара сылаас ууга суурайаллар, онон күөмэй сайҕаналлар. Ириҥэтин, кытарбытын начаас суох оҥорор, ангиналаахтарга туох да ааттаах эмп.
🐟Собо үөһүн элбэҕи мунньан, ыстакаан аҥаара үөскэ соччо буокканы кутан, хараҥа сиргэ туруоран көөнньөрүллэр, онтон уура сылдьан эт быһыннаҕына, иҥиир хоҥуннаҕына, бүлгүрүйүүгэ соттон эмтэнэн үтүөрэр дьон бааллар.
☝🏻Ол настойканан тиис ыарыйдаҕына сотуллар, тиис иһигэр баатаны илитэн угуллар.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Forwarded from Столица
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Основная проблема заключается в том, что автобусы данного маршрута в часы пик оказываются переполненными, что создает значительные неудобства для пассажиров. Эдуард Садовников подчеркнул, что данная ситуация находится под особым контролем его ведомства.
Эдуард Садовников добавил, что на все обращения горожан, связанные с данной проблемой, будут приняты оперативные решения.
@yakutsk_stolica #Маршрутныйавтобус #Городскойтранспорт
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#КК_ТускарТуһан
❗️«Гектар ыларга тиэтэй, сир сыаната күн-түүн ыарыы турар. Олох куоттарыма, мүлчү тутума!» – диэн ис хоһоонноох биллэриилэр куйаар ситиминэн элбэхтик тарҕаналлар.
Хомойуох иһин, диэххэ, төһө да «Уһук Илин гектара» бырагыраама үлэлээбитэ ахсыс сылыгар бардар, киһи барыта ыксаабат. «Бүтүөх бүттэҕэ, ылааччы ыллаҕа» диэн санааччы да ханна барыай?
📰 Куйаар ситиминэн кэлэр иһитиннэриилэр кырдьык, сөпкө тиэтэтэр эбиттэр дуо? Ол туһунан "Киин куорат" чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

#КК_Сэргээ
🚌 Сэтинньи 18 күнүттэн уларытыллыбыт оптуобус сырыытын туһунан нэһилиэнньэ санаатын билээри, "Звезднай" - "Воинскай" - Кульбертинов уул.- Сэргэлээх шоссета - Борисовка-1 - Хатыҥ Үрэх - Кржижановскай уул. - 203-с түөлбэ - М. Николаев аатынан пр. - "Прометей" хайысханан оптуобус кэтэһэн турааччылары кытта кэпсэттибит.
🙌🏻Куорат олохтоохторо бэйэлэрин санааларын эппиттэрин "Киин куорат" бу чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ.

#КК_Сонун
❇️Сарсын, сэтинньи 20 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы Оҕоҕо быраап боппуруоһугар көмөнү оҥорор күнүнэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан СӨ Юстицияҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин тэрээһининэн оҕолоох ыалларга босхо консультациялар ыытыллыахтара.
Бу күн сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри туһааннаах тэрилтэлэр элбэх оҕолоох, оҕолорун соҕотоҕун иитэр, эпэкиинниир о.д.а. оҕолоох ыалларга босуобуйа, оскуола, уһуйаан, субсидия, сир учаастагын ылыы о.д.а. боппуруостарыгар босхо консультациялары ыытыахтара.
Тэрээһиҥҥэ кыттар тэрилтэлэр:
🔹СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ;
🔹СӨ тутуу уонна олорор дьиэ судаарыстыбаннай хонтуруолун управлениета;
🔹Үөрэх управлениета
🔹Олох-дьаһах сыһыаннаһыыларыгар департамент;
🔹Баай-дуол, сир сыһыаннаһыыларыгар департамент;
🔹Эпиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ департамена;
🔹Биэнсийэ уонна социальнай страховкалааһын пуондатын салаата;
🔹СӨ Адвокатскай палаатата.
Буолар сирэ: Аммосов уул., 18, «Мои документы» («МФЦ РС(Я)»

Гааһы киллэртэриигэ бэриллэр субсидия кээмэйэ өссө улаатта
❇️ Нэһилиэнньэ кэккэ араҥатыгар дьиэҕэ гааһы киллэртэриигэ бэриллэр аадырыстаах көмө кээмэйэ 150 тыһ. солкуобайтан 202 тыһ. солкуобайга диэри улаатта.
Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин чахчытынан, ааспыт 2023 сылга маннык көмөнөн 1464 киһи уопсайа 212 мөл. солк. суумаҕа туһаммыт, 2024 сылга – 1214 киһи 161 мөл. солк.
🙌🏻Дьиэҕэ гаас киллэртэриигэ субсидия ылар араҥанан кыаммат ыаллар, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ о.д.а. буолаллар.

Култуура эйгэтин каадырынан хааччыйыы хайдаҕый?
🎭 Култуура уонна духуобунас министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэринэн, 1030 устудьуон култуура тэрилтэлэригэр үлэлииргэ бэлэмнэнэр.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраама үлэлээри турар. Бу бырайыагынан тыа сиригэр, аҕыйах нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлии тиийбит култуура исписэлиистэригэр 1 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллуоҕа. Уһук Илиҥҥэ бу суума икки бүк үрдүк – 2 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһэр.

Forwarded from Биики халандаар 📆
Попов Г.В., Павлов А.Н.-Дабыл. "Суолталаах докумуон: Революция иннинээҕи либеральнай реформа итэҕэлгэ сыһыана"
Бүгүн сир түннүгэ Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл төрөөбүт күнүгэр кини биллиилээх лингвист-учуонайбыт Гаврил Поповтуун 1998 сыллаахха суруйбут ыстатыйатын бэчээттиибит.
Бу "Суолталаах докумуон" диэн "Саха сирэ" хаһыакка бэчээттэммит ыстатыйаҕа саха итэҕэлэ, ыһыаҕа аан бастаан судаарыстыба докумуоннарыгар хаһан уонна хайдах киирбитин туһунан сырдатыллар.
Сахалар үрдүк айыылары, ыһыаҕы хайдах ылыналларын, туох итэҕэллээхтэрин туһунан БЭЙЭЛЭРЭ суруйбут докумуоннара баарын кэпсииллэр. Ол аата сахалыы билбэт, саха диэн кимин да оччо удумаҕалаппат туораттан сылдьар учуонай тус көрүүтүнэн буолбакка, саха бэйэтэ суруйбут суруга баарын туһунан.
Манна ыстатыйа скриншота икки аҥыы хайытыллан бэрилиннэ (толору оҥордоххо киһи сатаан аахпат), ыстатыйа толору тиэкиһин ити күөҕүнэн бэриллибит ыстатыйа аатын баттаан👆🏻, Бикитиэкэҕэ көрүөххүтүн сөп.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут

❗️Сайсары уокуругун олохтоохторун болҕомтотугар!
Сарсын, сэтинньи 20 күнүттэн, эбии оптуобус маршрута көрүллэр буолла.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ⬆️⬆️⬆️
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
❗️Сайсары уокуругун олохтоохторун болҕомтотугар!
Сарсын, сэтинньи 20 күнүттэн, эбии оптуобус маршрута көрүллэр буолла.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ⬆️⬆️⬆️
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Иллэҥсийбиччэ
Былыргы таабырыннартан:
Аһаан-аһаан баран ойоҕор бэрсибэт баар үһү.
Таайыытын кэмэнтээрийгэ суруйан хааллараарыҥ😅⬇️⬇️⬇️

☝🏻Киһи чэгиэн буоларын туһугар утуйар уутун ханан туруохтаах.
🛌Сууккаҕа төһө өр утуйуохтаахпытый?:
🤱🏻Эһээхэй оҕо (1-2 ыйыгар) — 10,5-18 чаас;
👶🏻 Кыра оҕо (3-11 ыйыгар) — 10-14 чаас;
👦🏻1-5 саастаах оҕо — 12-14 чаас;
👧🏻5-12 саастаах оҕо — 10-11 чаас;
👩🏻12-18 саастаах оҕо — 8,5-9,5 чаас;
👨🏻💻Улахан дьон 18-55 саастарыгар — 7-8 чаас;
👴🏻55 саастарыттан аҕам саастаах дьон – 5-6 чаас.

❇️Бүгүн, сэтинньи 20 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы Оҕоҕо быраап боппуруоһугар көмөнү оҥорор күнүнэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан СӨ Юстицияҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин тэрээһининэн оҕолоох ыалларга босхо консультациялар ыытыллыахтара.
⏰ 09.00 - 17.00 ч.
❇️Буолар сирэ: Аммосов уул., 18, «Мои документы» («МФЦ РС(Я)»
Туһааннаах тэрилтэлэр элбэх оҕолоох, оҕолорун соҕотоҕун иитэр, эпэкиинниир о.д.а. оҕолоох ыалларга босуобуйа, оскуола, уһуйаан, субсидия, сир учаастагын ылыы о.д.а. боппуруостарыгар босхо консультациялары ыытыахтара.
Тэрээһиҥҥэ кыттар тэрилтэлэр:
🔹СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ;
🔹СӨ тутуу уонна олорор дьиэ судаарыстыбаннай хонтуруолун управлениета;
🔹Үөрэх управлениета
🔹Олох-дьаһах сыһыаннаһыыларыгар департамент;
🔹Баай-дуол, сир сыһыаннаһыыларыгар департамент;
🔹Эпиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ департамена;
🔹Биэнсийэ уонна социальнай страховкалааһын пуондатын салаата;
🔹СӨ Адвокатскай палаатата.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
❇️Бүгүн, сэтинньи 20 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы Оҕоҕо быраап боппуруоһугар көмөнү оҥорор күнүнэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан СӨ Юстицияҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин тэрээһининэн оҕолоох ыалларга босхо консультациялар ыытыллыахтара.
⏰ 09.00 - 17.00 ч.
❇️Буолар сирэ: Аммосов уул., 18, «Мои документы» («МФЦ РС(Я)»
Туһааннаах тэрилтэлэр элбэх оҕолоох, оҕолорун соҕотоҕун иитэр, эпэкиинниир о.д.а. оҕолоох ыалларга босуобуйа, оскуола, уһуйаан, субсидия, сир учаастагын ылыы о.д.а. боппуруостарыгар босхо консультациялары ыытыахтара.
Тэрээһиҥҥэ кыттар тэрилтэлэр:
🔹СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ;
🔹СӨ тутуу уонна олорор дьиэ судаарыстыбаннай хонтуруолун управлениета;
🔹Үөрэх управлениета
🔹Олох-дьаһах сыһыаннаһыыларыгар департамент;
🔹Баай-дуол, сир сыһыаннаһыыларыгар департамент;
🔹Эпиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ департамена;
🔹Биэнсийэ уонна социальнай страховкалааһын пуондатын салаата;
🔹СӨ Адвокатскай палаатата.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ
📚Сэтинньи 21 күнүгэр 16.00 чаастан Национальнай библиотека Историческай саалатыгар поэт, тылбаасчыт Ольга Корякина - Умсуура «Биэрэ Дабыыдап. Сарбыллыбыт талаан (айар үлэтин чинчийии)» кинигэтэ сүрэхтэниэ.
Кинигэҕэ Саха сиригэр үөрэҕи-сайдыыны олохтуурга сыратын-сылбатын биэрэн үлэлээбит бастакы оҕо поэта, бастакы «Букубаары» суруйбут ааптар Вера Давыдова олоҕо, айар үлэтэ сырдатыллар.
Суруйааччы аатын тилиннэрии, айымньыларын үөрэтии, кини оҕоҕо аналлаах айымньыларын нууччалыы тылбаастарын ырытыы суруйааччыларга, иитээччилэргэ, төрөппүттэргэ туһалаах билиини биэриэҕэ.

🐟Собо уҥуоҕу бөҕөргөтөр🐟
☝🏻Кыра уонна орто соболору ыраастыыгыт, хайыытын сабар улахан уҥуоҕун икки өттүттэн ылаттыыгыт.
Төбөлөрүн быспаккыт, тыла эҥин сиэнэр. Мультиваркаҕа лууктаан, туустаан, тумалаан баран, төһө собону буһараргыттан көрөн кыратык уу кутаҕыт уонна 3 чааска холбоон баран, утуйан хаалаҕыт.
Чааһа бүттэҕинэ, бэйэтин сылааһыгар түүнү быһа турар. Түүн уот тарыыба кыра, онон аһара элбэҕи эрийбэт. Сарсыарда кэтилиэт курдук килиэпкэ ууран сиигит.
😋Уҥуоҕа барыта ууллубут буолар, сииргэ олус үчүгэй. Маннык 2-3-тэ сиэтэххэ, киһи сүһүөҕэ, уҥуоҕа олус түргэнник тупсар эбит. Тыҥырах эҥин тута бөҕөргүүр.
🙌🏻Минньигэстик аһааҥ, чөл доруобуйалаах буолуҥ.