#КК_Сонун
✍️ Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэригэр "Олоҥхо дьыктаана" ыытыллыаҕа.
🙌🏻Баҕалаах барыта, сааһыттан, идэтиттэн тутулуга суох, кыттар.
Дьыктаан икки тылынан - нууччалыы, сахалыы ыытыллар.
☝🏻Улахан дьоҥҥо сэтинньи 25-30 күннэригэр бибилэтиэкэлэргэ, оҕолорго - сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин сайтыгар:https://olonkho.nlrs.ru/
👋Национальнай бибилэтиэкэҕэ бэйэтигэр "Олоҥхо дьыктаана" сэтинньи 30 күнүгэр 12:00 чаастан ыытыллар.
Кыттааччыларга барыларыгар сертификат бэриллэр. 5 сыанаҕа суруйбуттарга "Олоҥхо дьыктаанын туйгуна" диплом туттарыллар.
Уруһуй: Ким Колесов, «Олонхоһут», 1960 с.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

#КК_Фотофакт
🤳"Сайсары" сылаас тохтобулга оптуобустар уларыйбыт сырыыларын илиинэн суруйбуттар👍🤗
Быһа сэрэйдэххэ, хаһыат атыылыыр лааппы үлэһитэ бичийдэҕэ👍

🏥 «ВИС» бөлөх киин куоракка саамай улахан медицина комплексын дьэндэтэр. 2 №-дээх куораттааҕы балыыһа алта этээстээх корпуһа Гагаринскай уокурукка тутулла турар.
Билиҥҥи туругунан тутуу монолитнай каркаһа бүтэн, ититии ситимэ тардыллан турар. Бээтинсэҕэ эбийиэги ититиигэ холбуур былааннаахтар.
👍🏻Тутар хампаанньа иһитиннэрэринэн, үлэ былаанын 55% туолбут.

🤳«Ленин болуоссата» тохтобулга Максим Аммосов кынаттаах тыллара:
"Биһиги суолбут дьэҥкэ, тиэрдэр соруга биир - Саха сирин барҕарыыта!"

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сэргээ
Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн официальнай логотиба бигэргэммит.
Сигэтэ: https://t.iss.one/kommersant
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн официальнай логотиба бигэргэммит.
Сигэтэ: https://t.iss.one/kommersant
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун
❇️«Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтата урукку сыллар курдук Саҥа дьыллааҕы корпоративы ыыппат. Былаас уорганнарыгар барыларыгар маннык этиини киллэрдибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ бүттүүммүт өйө-санаата анал байыаннай дьайыыга дойдубут интэриэһин араҥаччылыы сылдьар байыастарга уонна кинилэр кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэригэр түмүллүөхтээх»,
– диэтэ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов.
Ол эрээри оҕо утренниктарыгар бу этии тарҕаммат. «Оҕо аймах бырааһынньыктан матыа суохтаах. Дьокуукай куорат Ленин аатынан болуоссатыгар Өрөспүүбүлүкэ сүрүн харыйатын уота сандаарыаҕа, өрөспүүбүлүкэ талааннаах, туйгун үөрэнээччилэрэ үгэс буолбут Ил Дархан харыйатыгар мустуохтара», – диэн эбэн эттэ кини, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

#КК_ТускарТуһан
ТОҤ БАЛЫГЫ ТАЛЫЫГА СҮБЭЛЭР
🐟Саха сиригэр үксүн чыыр, тууччах, муксуун, уомул балыгы кыһан сииллэр. Сорох улуустарга дьарҕааны, бэл күндүөбэйи кытта тоҥнуу сииллэр.
🔸Илбиркэй, саһархай, хара бээтинэлэрдээх, бэйэтин форматын сүтэрбит балык буоллаҕына атыылаһымаң.
Бу хат-хат ирэн-тоҥон номнуо эргэрбит балык.
🔸Эргэ балык киһи муннун саба биэрэр ураты сыттаах, тутан көрдөххө арыынан биһиллибит курдук таһыгар сыалаах буолар.
Маннык балык киһи доруобуйатыгар кутталлаах буолуон сөп.
🔸Хатырыктаммыт балыгы хаһаайкалар ордук сөбүлээн атыылаһаллар. Дьиэҕэ хатырыктаан эрэйдэнимээри ылаллар.
Дьиҥэ, эргэтэ хатырыгар биллэ сылдьарын иһин үксүн эргэ балыгы хатырыктаан атыылыыллар.
Салапааннаах балык эмиэ амтана уларыйар.
☝🏻Ырыынакка ууга өлбүт балыгы кытта кыһыллар балык диэн атыылыыллара кистэл буолбатах. Быһаарсыбат киһи оннукка дэбигис албыннатыан сөп.
🔸Ууга өлбүт балык үксүгэр айаҕын улаханнык аппыт уонна хараҕа иһирдьэ киирэ сылдьар буолар.
Өр сыппыт балык эмиэ маныха майгынныыр уонна этэ-хаана хараарбыт буолар.
🔸Таһыгар хааннаах балыгы ууттан таһаараат имиппиттэр. Имитиллибит балык сиһин уҥуоҕар хааннаах буолар, маннык балык сииргэ кырыата суох, ордук минньигэс.
🐟Сибиэһэй булт балыга лапчааннарыттан биллэр, сараччы тоҥмут буолаллар. Айаҕа кыратык аппыт буолуохтаах.
Сибиэһэй балык сыттыын-сымардыын сибиэһэй салгын сыттаах буолар.

#КК_Иллэҥсийбиччэ
Былыргы таабырыннартан:
Түөрт аҕабыыт биир ырыыһалаах үһү.
Таайыытын кэмэнтээрийгэ суруйан хааллараарыҥ😅⬇️⬇️⬇️

#КК_Гороскоп
💫 Сэтинньи 21 - 28 күннэринээҕи гороскоп
БАСТАКЫ ЧААҺА
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta