«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.65K subscribers
18.7K photos
1.19K videos
1 file
10.9K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_ТускарТуһан

Тымныыга итиини киллэрэр утахтар

🍹 Фруктаттан пунш


Састааба: клюква – 300 г, 1 груша, 1 дьаабылыка, саахар – 70 г, кыратык имбирь силиһэ, 500 мл хара чэй, 4 бутон гвоздика, 1 ост.нь мүөт, 1 палочка корица, 1 лимон цедрата цонна уута, 200 мл дьаабылыка утаҕа.

Клюкваны сууйан баран куурдабыт. Дьаабылыканы, грушаны сууйан, куурдан баран аҥаардыыбыт, ортотун быһан быраҕабыт. Өлүүлэргэ арааран кырбыыбыт. Көстүрүүлэҕэ клюкваны кытта кутан саахарбытын эбэбит.
Имбирь силиһин сууйан, куурдан баран бытархай гына кырбыыбыт. Көстүрүүлэҕэ эбии кутан баран 500 мл хара итии чэйи кутабыт. Тумалаан, мүөттээн баран оргутабыт. Онтон дьаабылыка утаҕын уонна лимон уутун эбэн эмиэ сылыта түһэбит.
Халыҥ бакаалларга кутабыт. Лимон цедратынан киэргэтэбит.


☕️ Кембридж утаҕа

12 порцияҕа: саахар – 150 г, үүт – 1,25 л, коньяк – 150 мл, ром – 300 мл, 2 сымыыт, 1 апельсин.

Сымыыты дириҥ иһиккэ үүппүт аҥаарын кытта ытыйабыт. Үүппүт ордугун көстүрүүлэҕэ кутан, саахардаан бытаан уокка булкуйа туран сылытабыт. Оргуппаппыт. Саахара ууларын кытта уотун араарабыт. Сымыыттаах үүппүтүн кутан ытыйабыт. Онтон ром уонна коньяк эбэбит.
Күүскэ ытыйан баран бакаалларга кутабыт. Апельсинынан киэргэтэбит.


🍸 Фруктаттан глинтвейн

Састааба: 1 апельсин, 1 дьаабылыка, имбирь силиһэ, 1 лимон цедрата уонна уута, 2 анис сулуһа, 4 гвоздика бутона, 1/2 ч.нь. ньыһылыбыт корица, 500 мл кыһыл вино.

Апельсины, дьаабылыканы өлүүлэргэ араарабыт. Имбири теркалыыбыт. Барытын көстүрүүлэҕэ кутан, лимон цедратын уонна уутун эбэн, тумалаан баран винобутун кутабыт.
Билиитэҕэ 5 мүнүүтэ хаппахтаан тэптэрэн ылабыт. Бакаалларга итиилии кутан иһэбит.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

✊🏻Иммунитет диэн киһи организма туораттан киирэр эттиктэргэ (вирустарга, бактерияларга, о.д.а) эппиэттиир кыаҕа. Судургутук быһаардахха, иммунитет тастан киирбит эттиктэри хабан ылан суох гыныахтаах.

Иммуннай систиэмэ үлэтигэр олох укулаата, аһылык, дьаллыктарга ылларыы, гигиена быраабылаларын тутуһуу, о.д.а. дьайар.

Науканан дакаастаммыт, иммунитеты бөҕөргөтөр 10  ньыма:


🔹Элбэхтик утуйуҥ. Доруобай организм сууккаҕа 7-9 чаас утуйуохтаах. Оҕо 10-13 чаас утуйара сөп.

🔹Спордунан дьарыктаныҥ. Нэдиэлэҕэ 15-30 мүнүүтэ спордунан дьарыктанар буоллаххытына иммунитеккыт кырдьыбат.

🔹Арыгыны иһимэҥ. Научнай литератураҕа суруйалларынан, этанолу элбэхтик иһии организмҥа инфекция олохсуйарыгар төрүөт буолар.

🔹Табахтан аккаастаныҥ. Табах буруота киһи бары уорганнарыгар буортулаах, ону кытта сүрэх, тымыр үлэтигэр куһаҕаннык дьайар, иммунитет үлэтигэр улахан кэһиилэри таһаарар.

🔹Сөпкө аһааҥ. Иммунитеты күүһүрдэргэ аһылыкпытыгар улахан болҕомто ууруохтаахпыт. Элбэх белоктаах, сыата суох аһылык иммунитеты күүһүрдэр кыахтаах. Белок куурусса этигэр, муора аһыгар, сымыыкка, туораахтаах култуураларга элбэх буолар.

🔹Битэмииннэ сиэҥ. Битэмиини аһылыкка эбиилик быһыытынан (БАД) эбэтэр хас да битэмиин холбоһугун (мультибитэмииннэр) быһыытынан сиэххэ сөп.

🔹Пробиотиктар. Пробиотиктар диэн киһи организмыгар туһалаах микробтар. Ис-үөс үлэтин тупсараллар, ол аата иммунитет үлэтин күүһүрдэллэр. Күннээҕи аһылыкка пробиотиктары киллэрдэххэ, инфекционнай ыарыылары сэрэтиэххэ сөп.

🔹Үгүстүк күҥҥэ сыламнааҥ. Күн сырдыга стресстэн, депрессияттэн таһаарар кыахтаах, ону тэҥэ иммунитеты уһугуннарар күүстээх. Күн анныгар киһи организмыгар D битэмиин үөскүүр.

🔹Иммуномодулятор. Иммунитеты күүһүрдэр үүнээйилэр: элеутерококк, женьшень, астрагал, эхинацея.
Сайдыылаах дойдуларга бу үүнээйилэринэн кэмиттэн кэмигэр суурадаһын оҥостон иһэллэр, иммунитеттарын бөҕөргөтөллөр.

🔹Тус гигиенаны тутуһуу. Гигиена быраабылаларын тутуһуу киһи доруобуйатын харыстыыр саамай судургу суола.

😉Тускар туһан уонна салҕыы тарҕат.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

ОДьКХ өҥөлөрүгэр ороскуоккут дьиэ кэргэн уопсай дохуотуттан 15% аһарар буоллаҕына, субсидия ылыаххытын сөп.

Өҥө ханнык көрүҥнэригэр субсидия көрүллэрий?

❇️Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ:
🔸Дьиэ-уот өҥөлөрө;
🔸Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр уот төлөбүрэ;
 
❇️Чааһынай олорор дьиэлэргэ:
🔸Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр:
🔸Уот;
🔸Бөҕү тиэйии;
🔸Уу куттарыы.
🔸Дьиэни-уоту ититэр систиэмэ:
🔸Гааһынан ититии;
🔸Уот ситиминэн ититии;
🔸Оһоҕунан уонна хочуолунан оттуллар дьиэлэргэ чоҕу, маһы тиэйтэрии.

☝🏻СӨ ОДЬКХ-ҕа уонна энергетикаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл үһүс кыбаарталын түмүгүнэн 15 тыһыынчаттан тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо бу көмөнү ылар.

Судаарыстыбаннай өҥөнү «Агентство субсидий» оҥорор.

Социальнай көмө туһунан сиһилии  https://www.subsidii-jku.ru/ эбэтэр https://t.iss.one/as_ykt телеграм-ханаалга, www.e-yakutia порталга киирэн көрүҥ.

8-800-222-50-70 эрийэн ыйыталаһыаххытын, сүбэ-ама ылыаххытын сөп.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Олунньу ыйга тугу үүннэрэбит?

Номнуо бэлэмнэнэн саҕалыыбыт🙌🏻


🍓🍓🍓Дьэдьэн🍓🍓🍓

Кэлиҥҥи сылларга саха дьоно клубника, дьэдьэн курдук урут сананан да көрбөтөх астарбытын ыһан, сайын устата дэлэччи-хоточчу үүнүү ылар буоллубут. Уопутурбут, бу үүнээйи уратыларын быһаарсыбыт оҕуруотчуттар, бэл, кыһыннары үүннэрэр таһымҥа тиийдилэр.

Клубника, дьэдьэн – олордууларынан, көрүүлэринэн-истиилэринэн, дьүһүннэринэн, амтаннарынан даҕаны уруулуу үүнээйилэр.

Бу үүнээйини амсайарга санаммыт буоллаххытына, туох нааданый?
 
💡 Фитолаампа хайаан да наада буолар эбит🤗
🪴 Анаан-минээн буор бэлэмнэниэхтээх🤔
🍓 Сиэмэни бэлэмнээһин эмиэ уратылаах☝🏻
🌱 Олордуу, ууну кутуу уонна көһөрүү кистэлэҥнэрин билиэхтээхпит🤗

Ол туһунан сиһилии манна аах.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

⬆️⬆️⬆️Таҥха иһиллээһин судургу уонна ордук тарҕаммыт көрүҥнэрин бэлэмнээтибит.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Уот, гаас, уу, ититии бардаҕына ханна эрийэбит?

🔸Уу бардаҕына ханна эрийэбит?
Киин диспетчерскэй сулууспаҕа: 44-91-54.

🔸Канализацияҕа саахал таҕыстаҕына
Канализация киин диспетчерскэй сулууспатыгар: 49-34-04.

🔸Уот бардаҕына
Дьокуускайдааҕы уот ситимин киинэ: 21-55-68.

🔸Лифт харан хааллаҕына, хаайтардаххытына
Биир кэлим аварийнай сулууспа: 43-55-15.

🔸Домофон үлэлээбэт?
Домофон-сервис: 40-20-78.

🔸Гаас сыта кэллэҕинэ
Гаас сулууспатыгар стационарнай төлөпүөнтэн: 04; суотабайтан: 104.

🔸Суһал медицинскэй көмө наада?
03, 103.

🔸Полиция көмөтө наада буоллаҕына
Стационарнай төлөпүөнтэн: 02; суотабайтан: 102.

🔸Буруо сытын биллэххитинэ, баһаар буоллаҕына
101, 01.

🔸Сөмөлүөт хаска кэлэрин, хаска көтөрүн билэргэ
“Дьокуускай” аэропорт төлөбүрдээх справочнайа: 14-006; “Маҕан” аэропордун справочнайа: 40-63-19. 

🔸Куорат кытыы бөһүөлэктэригэр айанныыр оптуобустар сырыыларын хантан билсэбит?
Автовокзал: 8 -(4112) 36-47-66, диспетчерскэй: 8 - (4112) 36-14-61. 

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

2025 сылга Ил Түмэн дьокутааттара биирдиилээн гражданнары кытта көрсөр графиктара таҕыста: https://kiinkuorat.ru/articles/2025-sylga-il-t-men-dokutaattara-biirdiileen-grazhdannary-kytta-k-rs-r-grafiktara

☝🏻Норуот дьокутааттарын кытта тус көрсүһүүгэ Ил Түмэн Уопсастыбаннай приёмнайын нөҥүө суруйтарыллар: Дьокуускай к., Ярославскай уул., 24/1, каб. 117.

Тэйиччиттэн суруйтарыы аадырыһа: https://www.iltumen.ru/reception.

Сиһилии билсэр төлөпүөн: 8 (4112) 43-53-74.

❇️Дьокутаат тус приемугар киирэргэ эрдэттэн суруйтарар булгуччулаах. Приемҥа пааспар ирдэнэр, диэн иһитиннэрэр Ил Түмэн аппараатын гражданнары кытта үлэҕэ салаата.


 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Ыккын сүтэрдэххинэ

🦮 Арай ыккыт төлө баран эбэтэр ханнык эмэ төрүөтүнэн алҕас тиэргэнтэн тахсар, сүтэр түгэнигэр 8-924-870-00-06нүөмэргэ эрийэн токкоолоһор кыахтааххыт.

Ону тэҥэ Дьокуускай к. Очиченко уул., 57 нүөмэригэр баар “Помоги выжить” приюкка сирэй тиийэн ыйыталаһыаххытын сөп.

☝🏻Сүрүнэ, ыккытын быстах да кэмҥэ көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ ыытымаҥ, дьону эрэйгэ тэбимэҥ. Ыстараап улааппытын умнумаҥ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🫖Абыраллаах чэй

Билигин тымныйыы, тумуу, араас ОРВИ, грипп тарҕаммыт кэмигэр ыалдьыбыт киһи туругун чэпчэтэр чэй оҥостон иһиҥ.

☝🏻Имбирь,
🍋 лимон,
🍯 мүөт,
🍵 ханнык баҕарар чэй.

Барытын сылаас уунан саба кутан туруора түһэбит. Имбиирин элбэх гыннахха аһыы амтаннанар - бүөлэнэр муруңңа абыраллаах. Мүөтүн элбэх гыннахха амтана өссө минньийэр. Лимон элбэх С битэмииннээх буолан тумууну таһаарарга туһалыыр.
☝🏻Күөх чэйинэн оңордоххо хаан баттааһынын үрдэтиэн сөп - дабылыанньалара түһэн хаалар дьоңңо ааттаах.

Ыалдьыбыт буоллаххытына сотору-сотору оңостон иһиң🙌🏻
💧Ону сэргэ элбэх ууну иһэргитин умнумаң.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Хабараан тымныыттан харыстанарга сүбэлэр

❄️❄️❄️
Тохсунньу ый – дьыл оройо, тымныы өрөгөйө. Кириһиэнньэ тымныылара турар, кыһыммыт тыына сытыырхайар кэмнэригэр сыыһа туттан тымныйбат, сыыстарбат курдук ханнык сүрүн быраабылалары тутуһуохха нааданый?

Иҥэмтиэлээхтик аһаа

Хамсанаргын умнума

Хаттыктык таҥын

Киэргэли, симэҕи кэтимэ

Тымныыга табахтаама




https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta