«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.3K photos
1.13K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
Сытыы муннук: суолу...социальнай ситим оҥорор

Аныгы сайдыылаах 21-с үйэҕэ олоробут да, биир саамай кыһалҕалаах боппуруоспутунан суол буолара мэлдьэҕэ суох.  Суол – олох, сайдыы төрдө диэн этии олус оруннаах. Суол суоҕуттан, куһаҕаныттан төһөлөөх элбэх кыһалҕаны көрсөрбүт, төһөлөөх киһи олоҕо онтон тутулуктаммыта буолуой?! Кытыы нэһилиэктэргэ (дьиҥэр, суол суох буолла да, кытыы, түгэх сытар нэһилиэктэр аатыраллар), ардах түстэ да, сибээс быстар, кэлии-барыы тохтуур, сырыы суох буолар.

Суол куһаҕаныттан иэдээн тахсар

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_спорт

👏🏻Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Үс Хатыҥ түһүлгэтигэр "Дыгын оонньууларын" көрүөхпүт.

👍🏻Кыайыылаах "Прогресс" тутуу хампаанньатыттан 1 мөл. солк. ылыаҕа.

Иккис миэстэҕэ - «Охотный двор» маҕаһыын ситимиттэн бириис; үһүс миэстэҕэ – «Carmen» маҕаһыынтан матасыыкыл туттарыллыаҕа.

“Дыгын оонньууларыгар" кыттыахтара:
🔹Алексей Уваровскай (Кэбээйи)
🔹Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү)
🔹Владимир Шологонов (Үөһээ Бүлүү)
🔹Вячеслав Дьяконов (Нам)
🔹Николай Матаннанов (Таатта)
🔹Дьулустан Ноговицын (Горнай)
🔹Артём Варданян (Нам)
🔹Тимофей Большаков (Сунтаар)
🔹Пётр Прудецкий (Дьааҥы)
🔹Борис Сдвижков (Амма)
🔹Николай Обоев (Ньурба)
🔹Давыд Колесов (Мэҥэ Хаҥалас)

Дьэ, ким кыайыа дии саныыгыт?

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Өймөкөөҥҥө олорор кырачаан балыксыт Айсиэнэ Другина курдук үтүө күҥҥэ үөрэн мичээрдээҥ 😀

Самаан сайын саҕаламмытынан барыгытын эҕэрдэлиибит. “Сандал саас!” күрэхпит түмүктэннэ. Бүгүҥҥү нүөмэргэ кэлин кэлбит хаартыскалары бэчээттиибит. Аныгыскыга кыайыылаах аатын таһаарыахпыт, күүтүҥ!

Кыттааччылар хаартыскаларын таһаардыбыт, көрүҥ, сэргээҥ

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📚Аммаҕа В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэҕэ Арассыыйа улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, САССР Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай дьокутаата, СӨ Духуобунаһын Академиятын академига, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Амма, Хаҥалас улуустарын, Мээндиги, Соморсун нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, саха норуодунай суруйааччыта Василий Васильев – Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» уонна киниэхэ анаммыт «Хаарыан доҕорбут Харысхал» кинигэлэр сүрэхтэннилэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Audio
#КК_Аудиокэпсээн

Валерий Васильев--Муттуххай Бороҥ "Оҕо дьолугар"1/2

Кэпсээни ааҕар Ольга--Суһум


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Audio
#КК_Аудиокэпсээн

Валерий Васильев--Муттуххай Бороҥ "Оҕо дьолугар"2/2


Кэпсээни ааҕар Ольга--Суһум

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_кэпсээн

Мин туспар дьоллоох буол

Өрөбүл күннээҕи курус кыhыҥҥы тымныы киэһэҕэ бэйэтэ да кыараҕас хос иһэ өссө эбии кыараабыкка дылы. Бу маннык санаа-оноо тууйуллар киэһэлэрэ Катяҕа бүтэн-оhон испэт буоллулар. Соҕотохсуйуу муҥа хабарҕалаан түһэн киhи тыынын-быарын хаайар. Оттон бу адьас соторутааҕыта Катя «малосемейка» диэн аатырар хоhугар дьоллоох да курдук сананара. Буолумуна, кинини кытта таптыыр, саамай эрэнэр киhитэ – күҥҥэ тэҥнээх Колята өрүү үөрэ-көтө, мичээрдии бу маннык киэhэлэргэ көрсөрө.

Салгыы аах: https://m.vk.com/@kiinkuorat-min-tuspar-dollooh-buol

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Суруккиирдэ

👍Арассыыйа күнүн көрсө ааҕааччыбыт ураты сонуну ыытта.
Тылбаастаабакка таһаарабыт.
... До нас сохранилось уникальное фото легендарного биатлониста, 4-кратного олимпийского чемпиона и 11-кратного чемпиона мира Александра Тихонова с жителями с. Аргас Кобяйского района ветераном ВОВ кавалером ордена Славы Егором Афанасьевичем Петровым и его супругой Анной Павловной Павловой в мае 1973 года.
Из воспоминаний жителей Куокуйского наслега Александр Тихонов несколько раз приезжал,один раз приезжал даже с олимпийским чемпионом Саппоро (1972г.) лыжником Вячеславом Ведениным.
Александр отлично, без промаха стрелял на лету уток, любил простую якутскую еду: кюерчях, оладьи, лепешку, уху из карасей. Каждое утро тренировался на берегу р. Лунха. Говорят даже подарил одну из своих золотых медалей чемпионата СССР своему другу Егору Петрову.
Вот такие удивительные истории происходили в нашем районе, уверены, что и в скором будущем такие моменты будут!

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_БэлиэКүн

🇷🇺 🇷🇺🇷🇺
Бэс ыйын 12 күнэ - Арассыыйа күнэ

12.00 – 13.00 - «Туругур, модун дойдубут – Арассыыйа!» бырааһынньыктааҕы кэнсиэр.

13.00 – 13.10 - куорат салалтатын эҕэрдэтэ.

13.10 – 13.15 - «Мин дьиэм – мин Арассыыйам!» ыччат флешмоба.

13.15-13.55 - бырааһынньыктааҕы кэнсиэр иккис чааһа.

14.00 - «Эйигинэн киэн туттабын, Улуу Арассыыйа!» Эстрада театрын кэнсиэрэ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ыйытык

🌿🌿🌿
Үөһээ Бүлүү Ураты харыстанар сирдэригэр үлэлиир айылҕа харыстабылын госинспектордара сайын аайы маннык сиппиирдэри баайар үгэстээхтэр.

Бу сиппиирдэринэн тугу гыналлара буолуой?

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

👏🏻"Самозанятай" аатынан бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону үбүнэн өйүүр туһунан сокуоҥҥа илии баттанна.

Аны "самозанятайдар" харчынан, малынан-салынан, сүбэнэн, үөрэх, тыа хаһаайыстыбатын, төрүт дьарык эйгэтигэр өйөбүл ылыахтарын сөп буолла - дьоҕус предпринимательствоҕа көрүллэр бырааптарынан туһанар кыахтаннылар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Медиатор — ыалы быыһыыр саҥа идэ

Статистика көрдөрөрүнэн, билигин кэргэнниилэр арахсыылара олус элбээтэ. Ол түмүгэ — эдэр дьон майгыта, эр киһиэхэ уонна дьахтарга сыһыана тосту уларыйыан, оҕоҕо күүстээх охсуу буолуон сөп. Арахсыы төрүөтэ туохханый? Тоҕо арахсыы аһара элбээтэ?

Бэс ыйын 9 күнүгэр «Медиация шагает по стране: пункт назначения — Якутия» диэн төгүрүк остуол буолан ааста. Манна психологтар, юристар, конфликтологтар уонна үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, суруналыыстар кыттыыны ыллылар.

Медиатор идэтин тула олус интэриэһинэй кэпсэтии буолла

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_фотофакт

Норуот тапталлаах артыыстарын көстүүмнэрин, малларын көрүҥ.
- Эдьиий Марыына көстүүмэ😍👍
- Дмитрий Ходулов тэтэрээттэрэ, кура. Буочарын көрүҥ😍👍
- Наталья Трапезникова кокошнига.
Ханнык испэктээктэр реквизиттэрин уонна көстүүмнэрин биллиҥ?