#КК_СурукКиирдэ
✍️Орто дойду олоҕуттан элбэх киһини илдьэ барбыт ковид ыарыыттан өрүттэн биэрбэккэ, кэлинҥи үс сылга элбэх эмп тэрилтэтин кэрийдим.
Аҥаардас бу сыл аҥаарыгар үс төгүл эпэрээссийэ остуолугар ытынным, үс төгүл норкуос көмөтүнэн утуйан ыллым. Ыарыы диэн тугун эппинэн-хааммынан билбит уонна эмтэнэр туһугар элбэх эмчити кытта алтыспыт киһи быһыытынан, кимиэхэ эмэ туһалаах буолуо диэн, налыччы суруйуом: https://kiinkuorat.ru/articles/saa-yra-barbyt-ki-i-tugu-k-rb-te-bilbite
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

✍️Бу сайын уруйдаан-айхаллаан управаларынан оту охсууга күрэхтэһии бөҕө буолбутун "Киин куорат" суруйан ахан биэрбиккит. Охсубут оккут били Крылов баснятыгар диэри и ныне там. Ити кэриэтэ охсубатаххыт буоллар бу баһаар буруотун кэмигэр оппут салгыны ыраастаан абырыа этэ.
Ити бугуллар сыппытынан хатан, төттөрүтүн дьэ сэрэхтээх буолтар.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат
Photo
#КК_СурукКиирдэ
📩"Дорооболоруҥ!Мин тротуардары хааын ыраастыыры утарабын,наобро олус халтараан,аныгы дьон үксүн сапожканан кыстыыр,.Саастаах дьон олох да сыылла сытыах курдукпут,хаардаах өттүгэр кэллэрбит эрэ сүүрэнхалабыт.Сааһыары хаар сымныыта үчүгэйдик ыраастаныа этэ.Ол кэриэтин массыына сүүрэр өттүн бордюратын аынан постоянно ыраастанара буоллар.Онно мунньуллубу буор кумах постоянно сииги тардан асфальты алдьатар,капля воды камень долбит,ол иһин инник сидэриэн альфат кэбириир.Өссө хаһан да кыаттарбат хроническай ,куораппыт быыла мустан сытар сирэ буолар.Айылҕа,массыынаналар тыаллара күдээритэр быыллара.Туох дии саныыгыт?"
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

📩М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатыгар үгэс курдук хаһыс да сылын учуутал эр дьон, оҕолор аҕалара, эһэлэрэ уолаттары илдьэ муҥхалыы бараллар.
Быйыл сэтинньи 8 күнүгэр үөһээ алаас күөлүгэр муҥхалаатылар. Барыта 29 уол, 1 кыыс сырытта.
Бастаан Байанайтан көрдөһөн аал уот оттон муҥханы тэрийээччи эһээбит С.С. Васильев аһатта, алгыстаата.
Быйылгы муҥхаҕа аан маҥнайгыларын сылдьыбыт үһүс кылаас үөрэнээччилэрэ Харысхалы уонна Эрхааны кытта кэпсэттим.
Эрхаан муҥхалыыр үчүгэйин, эһээтэ нырыылыыр диэни үөрэппитин, муҥха туһунан оскуола дириэктэрэ П.П. Тимофеев кэпсээбитин интэриэһиргээн истибитин, саамай сөбүлээбитэ балык кэлэр үөрүүтүн туһунан кэпсээтэ.
Харысхал муҥха уол оҕоҕо күүс эбэрин, балыктыырга үөрэтэр эбит диэн санаатын үллэһиннэ. Дьонноро соболоох кэлбиттэригэр олус үөрбүттэрин долгуйа кэпсээтилэр.
Уолаттар эһиил эмиэ муҥхаҕа хайаан да барыахпыт диэн үөрэ-көтө сэһэргээтилэр.
Любовь Семеновна Татаринова, Хатырык орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала.

Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
#КК_СурукКиирдэ
Оптуобус сырыыта уларыйбытын туhунан матырыйаалынан ааҕааччылар санааларын үллэстэллэр:
📝Уһун минута буола2 сылдьаллар. Сорохтору кэтэһэн тураҕын, сорохтор субу2 тиэстэллэр
📝12, 19 биир өттүгэр наар сылдьар курдук. 25 ваще🙄
📝14, 1 субу сылдьаллар ээ кэтээн көрдөххө
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Оптуобус сырыыта уларыйбытын туhунан матырыйаалынан ааҕааччылар санааларын үллэстэллэр:
📝Уһун минута буола2 сылдьаллар. Сорохтору кэтэһэн тураҕын, сорохтор субу2 тиэстэллэр
📝12, 19 биир өттүгэр наар сылдьар курдук. 25 ваще🙄
📝14, 1 субу сылдьаллар ээ кэтээн көрдөххө
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СурукКиирдэ
🎄🎄🎄
💬 «Сыл аайы Саха сирин кыылларын уларыта сылдьан харыйаны киэргэтиэхтэрин сөп эбит дии! Эһиил дьөһөгөй, онтон кыталык, саарба...
Оҕолор төрөөбүт дойдуларын кыылларын, көтөрдөрүн билэ улаатыахтар этэ👍🏻
👋🏻мэрийэлэргэ тириэрдэргит буоллар🙏🏼».
🎄🎄🎄
💬 «Быйылгы харыйа хараҕы үөрдэр э😍Табакааннаах 👍🏻
Табаны көрдөхпүнэ ыраас санаа, кэрэ көстүү, эйэҕэс буолуу ону кытта тулуур иэйиитэ кэлэр дии🙏🏼Махтал айбыт киһиэхэ👍🏻
Ким айдаҕай?»

✍️ Хатас оскуолата оҥорор пакетированнай ухатын сыаната ыараабыт.
Былырыын 250 солк. атыыланар буоллаҕына, быйыл СВОҕа сылдьар дьоммутугар 300 солк. атыылаһан ыыттыбыт.
Итиэннэ тас көстүүтүн саһархай өҥҥө уларыппыттар. Былырыын коричневай этэ

👋Бүгүн быыстапка көрө тиийбитим остуол тула 4-5 буолан илиилэриттэн хас эмэ төгүл улахан матырыйаалы мыылалаах уунан имэрийэллэр эбит - бу хатайдааһын (валяние).
👏Балтараа чааһынан сүрдээх ичигэс, эриэккэс көстүүлээх кэтэр үтүлүк оҥостубуттарын көрөн "таах хойутаабыппын?" дии санаатым.
Ол да буоллар хатайдааһын дьикти алыбын харахпынан да көрбүппүттэн олус астынным.
Киэптэрэ хас эмэ бүк улахан буоларыттан сылыктаатахха, бүтүн сону хатайдаан таһаарарга олус улахан иэннээх остуолга дуу, хоско дуу тэлгии сытыаран үлэлииллэр эбит.

✍️Саҥа нэдиэлэ саҕаланан оптуобуһунан барыы-кэлии үксээтэ.
Оптуобуска уларыйыы киирбитин туһунан матырыйаалга олоҕуран ааҕааччылар санааларын үллэстэллэр:
✅Үлэбэр
автобуһунан ,,шпроттар,, курдук сааһыланан симиллэн кэллим.
✅Абакката диэн, тоҕо автобус маршруттарын сайын уларыппатахтара буолла дии. Билигин таһырдьа тымныы, оҕолор оскуолаҕа үөрэнэ баралларыгар күүтэртэн тоҥоллор.
✅ Сайын автобуска киһи аҕыйыыр кэмигэр бу уларыйыы буолуохтаах эбитэ буолуо. Отпуск, каникул, дача кэмигэр. Киһи үксэ сатыы сылдьар кэмнэригэр.

✍️Сэтинньи 25 күнүгэр Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын алын кылааһын оскуолатыгар Олоҥхо күнүнэн үтүө тэрээһин буолан ааста.
Ол курдук, 1 “а” кылаас үөрэнээччилэригэр Кыыл Уола аатынан Национальнай үҥкүү театрын артыыстара “Күн Боотур” олоҥхону куукуланан көрдөрдүлэр.
Артыыстар олоҥхону оҕолорго кэрэхсэнэр гына сэргэхтик, болҕомтону тардар гына интэриэһинэйдик көрдөрөн-иһитиннэрэн бардылар. Арассыыйа үтүөлээх, Саха сирин народнай артыыһа Дмитрий Артемьев олоҥхоһут, Күн Боотур, Эрчимэн Бэргэн, Сорук Боллур, Арсан Дуолай оруолларын итэҕэтиилээхтик толордо. Оттон аан дойдуга, Арассыыйаҕа ыытыллар күрэхтэр лауреата Василена Шарина – Улан Айталы Куо, Айыы Умсуур Удаҕан, Кыыс Кыскыйдаан оруолларын ыллаан-туойан, хомуска доҕуһуоллаан көрдөрдө.
Кырачаан үөрэнээччилэр артыыстары испэктээк саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри болҕойон олорон иһиттилэр, сэргээтилэр. Ыалдьыттар көрсүһүүнү саха омугун үҥкүүтүнэн – оһуохайынын үөрэ-көтө түмүктээтилэр.
Саха омугун сүҥкэн баайын - олонхону, кэнчээри ыччакка сыһыара, тарҕата, сайыннара сылдьар дьон баарыттан үөрэбит уонна махтанабыт!
Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа