«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.6K subscribers
18.4K photos
1.17K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_КинигэДолбуура

Эдэрдиир, сэгэрдиир чэгиэн ыччаттар,
Эргийэн -урбайан эбиллиҥ.
Саҥалыы үөскүүр саҥа эдэрдэр
Саха сайдарыгар холбоһуҥ!
( _А.Ф.Бояров_)

🚩🚩🚩САХА АВТОНОМИЯТА ТЭРИЛЛИБИТЭ 100 СЫЛЫН КӨРСӨ, Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Саха Автономиятын олохтоспут дьоннорбутуттан биирдэстэрэ, үөрэх, доруобуйа, социальнай харалта наркома Алексей Федотович Бояров төрөөбүтэ 125 сылынан,
📖 "НОРУОТ СЫРДЫК КЭСКИЛИН ТҮСТЭЭЧЧИ. А.Ф. БОЯРОВ" диэн ааттаах улахан кээмэйдээх II томнаах кинигэ таҕыста.

📚 Улахан форматтаах, сэдэх былыргы хаартыскалардаах кинигэлэр Игидэй нэһилиэгиттэн төрүттээх бөдөҥ государственнай, политическэй деятель, учуутал, тылбаасчыт, суруналыыс, научнай үлэһит, фольклору хомуйааччы Бояров Алексей Федотович олоҕун, үлэтин туһунан сырдатар.

✍🏼Кинигэни Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын педагог-библиотекара Гизелла Софроновна Попова хомуйан оңордо.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

❇️Ааспыт сыл ахсынньытыгар «Максим Аммосов оҕо сааһа» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай куонкурус ыытыллыбыта.

☝🏻Күрэх кыттааччылара орто уонна улахан кылаас оҕолоругар аналлаах уус-уран айымньылары суруйбуттара.
👍🏻Максим Кирович Аммосов оҕо эрдэҕинээҕитин туһунан ханна да ахтыллыбатах, сурукка киирбэтэх чахчылар тиллибиттэрэ.

📚 “Максим Аммосов оҕо сааһа” кинигэ 1300 ахсаанынан “Айар” национальнай кыһаҕа оҥоһуллан таҕыста. Барыта 11 айымньы киирдэ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📚Аммаҕа В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэҕэ Арассыыйа улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, САССР Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай дьокутаата, СӨ Духуобунаһын Академиятын академига, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Амма, Хаҥалас улуустарын, Мээндиги, Соморсун нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, саха норуодунай суруйааччыта Василий Васильев – Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» уонна киниэхэ анаммыт «Хаарыан доҕорбут Харысхал» кинигэлэр сүрэхтэннилэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#КК_КинигэДолбуура

📚Кимиэхэ да кэпсэммэтэх кэпсээн

Ханна да бар, сиэпкэр угун, кыараҕас саппыйаҕар хаалан, куорат эҥээрдэр мааны кыра суумка түгэҕэр да түһэрдиннэр... наада буоллар эрэ ороон ылан күүтүүлээх уочаракка, поруом устар кэмигэр, сөмөлүөккэ көтөргө, отууга, үүтээҥҥэ, алҕас абырахтанаары балыыһаҕа да киирдэххэ сыттык анныгар укта сылдьан ааҕарга олус табыгастаах.
“Кимиэхэ да кэпсэммэтэх кэпсээни” хас биирдиигит маарыннаабаттык дьүһүйэн ааҕыаххыт, сүрэххитигэр толугуруу мөхсөр кистэммит санааҕыт, нуктаабыт иэйиигит атыннык кустуктана оонньуо!

https://kiinkuorat.ru/articles/kimiehe-da-kepsemmeteh-kepseen

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

Сахалыы ааҕыыны көҕүлүүр уонтан тахса сыл үлэлээбит "Кинигэ долбуура" рубрикабытыгар сүүһүнэн кинигэни сырдатан кэллибит. Билигин куйаар ситиминэн ааҕыы тэнийбит кэмигэр саха литературатын туһунан умнумуоҕүҥ, төрөөбүт тылынан ааҕыы - биһиги кэммит дьиҥнээх дьоло буоларын өйдүөҕүҥ✊🏻

📚Саха норуота сүгүрүйэ ааттыыр улуу суруйааччыларын үйэлэргэ сүппэт, дууһаны-санааны долгутар, сүрэҕи-быары өрүкүтэр, кынаттыыр кыахтаах уһулуччулаах айымньыларын Национальнай библиотека электроннай библиотекатыгар киирэн ааҕыахха сөп.
Регистрацияны ааһар бэрт судургу.

Сигэлэр:
📕 Софрон Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” https://e.nlrs.ru/open/8894

📕Софрон Данилов “Санаам туймуулара” https://e.nlrs.ru/open/777

📕Иван Гоголев -Кындыл “Үһүс харах” https://e.nlrs.ru/open/8779

📕Иван Гоголев-Кындыл “Олорор мутуккун кэрдимэ” https://e.nlrs.ru/open/13130

📕Василий Яковлев -Далан “Тыгын Дархан” https://e.nlrs.ru/open/8889

📕Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” https://e.nlrs.ru/open/35702


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

❇️Үөһээ Бүлүүлэр Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылын үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтилэр.

👍🏻Эһиил Ороһу нэһилиэгэр оҕолорго аналлаах “Тобуруокап көмүс күһүнэ” ыытыллыаҕа диэн нэһилиэк баһылыга Анатолий Антонов биллэрдэ.

“Өскө наһаа баҕарыаҥ" саңа кинигэ сүрэхтэннэ. Норуодунай поэт Бүөтүр Тобуруокап дьоллоох оҕо саас туһунан тэттик хоһоонноро киирбиттэр. Кинигэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах уонна алын кылаас оҕолоругар ананар.


Өскө наһаа баҕарыаҥ,
Наһаа күүскэ кыһаныаҥ –
Баҕарбыккын толоруоҥ,
Санаабыккын оҥоруоҥ!
 
Өскө наһаа баҕарыаҥ –
Күүстээхтэртэн күүстээх буолуоҥ,
Сулустарга айанныаҥ,
Муоралары уҥуордуоҥ.
 
Өскө олус кыһаныаҥ –
Барыны бары сатыаҥ,
Борохуоту салайыаҥ,
Тыраахтары урууллуоҥ.
 
Өскө наһаа баҕарыаҥ,
Наһаа күүскэ кыһаныаҥ –
Өйдөөхтөн өйдөөх буолуоҥ,
Күүстэхтэн күүстээх буолуоҥ!


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📕 «Хаалларыма, ийэкээ!..» диэн киэҥ эйгэҕэ биллэр башкир суруйааччыта Айгиз Баймухаметов автобиографическай сэһэнигэр иитэр дьиэҕэ түбэспит тулаайах оҕолор ыар дьылҕалара ойууланар.

Аан маҥнай 2013 сыллаахха тахсыбыт сэһэн нуучча, татаар, чуваш, казах, кыргыз, узбек, азербайджан тылларыгар тылбаастанан элбэхтэ бэчээттэммитэ. Башкортостаҥҥа уонна Казахстаҥҥа бэл оскуола бырагырааматыгар киллэриллибит.

Ааҕааччылар суруйалларынан, бу айымньы кинилэр олохторугар биир саамай суолталаах хардыыларын оҥороллоругар — оҕо иитэ ылалларыгар төһүү күүс буолбут.

Бу бестселлер буолбут кинигэни «Айар» кинигэ кыһатын таһаарыытыгар сахалыы ааҕыаххытын сөп.

Литературалар доҕордоһуулара – норуоттар доҕордоһуулара!


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📕 Прозаҕа, поэзияҕа, драматургияҕа, тылбааска тэҥинэн ылсар ааптар Варя Егорова-Чэмэлиинэ "ХАЧЫАЛ" диэн саҥа кинигэтигэр кэпсээннэр, хоһооннор, тылбаастар, ахтыылар талыллан киирбиттэр.

🤩"КӨМҮӨЛ" кинигэ кыһатыгар чахчы таһыччы таһымнаах эрэ ааптардар бэчээттэнэллэр.

🌳Чэмэлиинэ "Хачыал" кэпсээнин «Киин куорат» телеграмм-ханаалын ааҕааччылара хас да күн аахпыттара, олус сэҥээрбиттэрэ.

Саҥа кинигэни "Айар" кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыттан булуохха сөп😉


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Audio
#КК_КинигэДолбуура

СӨ Национальнай библиотеката Тимофей Сметанин кинигэтин аудио устуутун таһаарда.

Манна фронтовик поэт «Саллаат сүрэҕэ», «Үчүгэйин даа, тыыннаах буолар», «Сэрии» 1945 сыллаахха суруйбут айымньылара киирбиттэр.

Ааҕар Долун Борисов

Кинигэ толорута: https://new.nlrs.ru/open/82679


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📚Олунньу 10 күнүгэр, Арчы дьиэтигэр биллиилээх учуонай уонна уопсастыбаннай деятель Ульяна Алексеевна Винокурова "Биһиги сахалар... Туруулаһыы." кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.

📖Урукку кэмҥэ сахалар төрүттэрин, култуураларын, олохторун-дьаһахтарын туһунан кинигэлэр тахсыбыт эбит буоллахтарына, бу кинигэ сахалары психология, социология өттүнэн арыйда диэххэ сөп.

🤗"Биһиги сахалар... Туруулаһыы." 30 сыллааҕыта тахсыбыт «Биһиги, сахалар…» диэн кинигэ салгыыта буолар, манна ааптар тургутуулаах кэрдиис кэмнэри тэҥниир, ханнык хайысхаҕа ситиһиилэр уонна алҕастар тахсыбыттарын ырытар.

☝🏻Саха омук олоҕун дьылҕатын уон икки оҥкулларга арааран, сайдыыны салҕыыр суоллары торумнуур.

😉Кинигэни "Айар" кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыттан булуохха сөп.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📚 Үс бүк үөрүү
 
Талыы-талба Тааттаттан тардыылаах Валентина Пинигина-Арылы оҕолорго аналлаах үс кинигэтэ “Дани-Алмас” кыһатыгар быйыл бэчээттэнэн таҕыста.

Киирии тылы педагогическай үлэ бэтэрээнэ Колмогорова Акулина Павловна суруйбут, ойууларын Пинигин С.А. оҥорбут. Кинигэ кыра уонна орто саастаах оҕолорго, төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ анаммыт.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/s-b-k-r


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta