«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.6K subscribers
18.4K photos
1.15K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
Ыччат дьон, үлэни-үөрэҕи баһылааҥ!

Устудьуон сыллара өйгө-санааҕа мэлдьи хаалаллар диэн чахчы. Онон, биир да түгэни куоттарбакка, халтайга ыыппакка, туох баарга барытыгар, араас араҥаҕа күүһүҥ-уоҕуҥ кыайарынан кыттыахха наада.
Мантан аллара үөрэҕи сомсо сылдьар АГАТУ уонна ХИФУ устудьуоннара санааларын үллэһиннилэр.

Сессия хайдах ааста, сайыҥҥы сынньалаҥҥа туох былаан баарый?

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Сытыы муннук: суолу...социальнай ситим оҥорор

Аныгы сайдыылаах 21-с үйэҕэ олоробут да, биир саамай кыһалҕалаах боппуруоспутунан суол буолара мэлдьэҕэ суох.  Суол – олох, сайдыы төрдө диэн этии олус оруннаах. Суол суоҕуттан, куһаҕаныттан төһөлөөх элбэх кыһалҕаны көрсөрбүт, төһөлөөх киһи олоҕо онтон тутулуктаммыта буолуой?! Кытыы нэһилиэктэргэ (дьиҥэр, суол суох буолла да, кытыы, түгэх сытар нэһилиэктэр аатыраллар), ардах түстэ да, сибээс быстар, кэлии-барыы тохтуур, сырыы суох буолар.

Суол куһаҕаныттан иэдээн тахсар

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_спорт

👏🏻Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Үс Хатыҥ түһүлгэтигэр "Дыгын оонньууларын" көрүөхпүт.

👍🏻Кыайыылаах "Прогресс" тутуу хампаанньатыттан 1 мөл. солк. ылыаҕа.

Иккис миэстэҕэ - «Охотный двор» маҕаһыын ситимиттэн бириис; үһүс миэстэҕэ – «Carmen» маҕаһыынтан матасыыкыл туттарыллыаҕа.

“Дыгын оонньууларыгар" кыттыахтара:
🔹Алексей Уваровскай (Кэбээйи)
🔹Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү)
🔹Владимир Шологонов (Үөһээ Бүлүү)
🔹Вячеслав Дьяконов (Нам)
🔹Николай Матаннанов (Таатта)
🔹Дьулустан Ноговицын (Горнай)
🔹Артём Варданян (Нам)
🔹Тимофей Большаков (Сунтаар)
🔹Пётр Прудецкий (Дьааҥы)
🔹Борис Сдвижков (Амма)
🔹Николай Обоев (Ньурба)
🔹Давыд Колесов (Мэҥэ Хаҥалас)

Дьэ, ким кыайыа дии саныыгыт?

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Өймөкөөҥҥө олорор кырачаан балыксыт Айсиэнэ Другина курдук үтүө күҥҥэ үөрэн мичээрдээҥ 😀

Самаан сайын саҕаламмытынан барыгытын эҕэрдэлиибит. “Сандал саас!” күрэхпит түмүктэннэ. Бүгүҥҥү нүөмэргэ кэлин кэлбит хаартыскалары бэчээттиибит. Аныгыскыга кыайыылаах аатын таһаарыахпыт, күүтүҥ!

Кыттааччылар хаартыскаларын таһаардыбыт, көрүҥ, сэргээҥ

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_КинигэДолбуура

📚Аммаҕа В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэҕэ Арассыыйа улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, САССР Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай дьокутаата, СӨ Духуобунаһын Академиятын академига, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Амма, Хаҥалас улуустарын, Мээндиги, Соморсун нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, саха норуодунай суруйааччыта Василий Васильев – Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» уонна киниэхэ анаммыт «Хаарыан доҕорбут Харысхал» кинигэлэр сүрэхтэннилэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Audio
#КК_Аудиокэпсээн

Валерий Васильев--Муттуххай Бороҥ "Оҕо дьолугар"1/2

Кэпсээни ааҕар Ольга--Суһум


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Audio
#КК_Аудиокэпсээн

Валерий Васильев--Муттуххай Бороҥ "Оҕо дьолугар"2/2


Кэпсээни ааҕар Ольга--Суһум

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_кэпсээн

Мин туспар дьоллоох буол

Өрөбүл күннээҕи курус кыhыҥҥы тымныы киэһэҕэ бэйэтэ да кыараҕас хос иһэ өссө эбии кыараабыкка дылы. Бу маннык санаа-оноо тууйуллар киэһэлэрэ Катяҕа бүтэн-оhон испэт буоллулар. Соҕотохсуйуу муҥа хабарҕалаан түһэн киhи тыынын-быарын хаайар. Оттон бу адьас соторутааҕыта Катя «малосемейка» диэн аатырар хоhугар дьоллоох да курдук сананара. Буолумуна, кинини кытта таптыыр, саамай эрэнэр киhитэ – күҥҥэ тэҥнээх Колята өрүү үөрэ-көтө, мичээрдии бу маннык киэhэлэргэ көрсөрө.

Салгыы аах: https://m.vk.com/@kiinkuorat-min-tuspar-dollooh-buol

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Суруккиирдэ

👍Арассыыйа күнүн көрсө ааҕааччыбыт ураты сонуну ыытта.
Тылбаастаабакка таһаарабыт.
... До нас сохранилось уникальное фото легендарного биатлониста, 4-кратного олимпийского чемпиона и 11-кратного чемпиона мира Александра Тихонова с жителями с. Аргас Кобяйского района ветераном ВОВ кавалером ордена Славы Егором Афанасьевичем Петровым и его супругой Анной Павловной Павловой в мае 1973 года.
Из воспоминаний жителей Куокуйского наслега Александр Тихонов несколько раз приезжал,один раз приезжал даже с олимпийским чемпионом Саппоро (1972г.) лыжником Вячеславом Ведениным.
Александр отлично, без промаха стрелял на лету уток, любил простую якутскую еду: кюерчях, оладьи, лепешку, уху из карасей. Каждое утро тренировался на берегу р. Лунха. Говорят даже подарил одну из своих золотых медалей чемпионата СССР своему другу Егору Петрову.
Вот такие удивительные истории происходили в нашем районе, уверены, что и в скором будущем такие моменты будут!

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta