«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.6K subscribers
18.4K photos
1.17K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_сонун
👏🏻 Дьокуускайга бэс ыйын 16-17 күннэригэр III-с норуоттар икки ардыларынааҕы "Аан дойду виртуоз-хомусчута” күрэс ыытыллыаҕа.
🔹14 дойдуттан 40-тан тахса кыттааччы кэлэр.
🔹Кыайыылаахтар үрүҥ көмүс бэлиэнэн уонна 50 тыһ. солк. харчынан наҕараадаланаллар, "Виртуоз-хомусчут" үрдүк аатын ылаллар.
Бэстибээл кэмигэр Орджоникидзе болуоссатыгар хомус тардыытыгар флешмоб тэриллиэҕэ - 100-тэн тахса киһи биир матыыбы хомуска охсуохтара. Гала-кэнсиэр бэс ыйын 17 күнүгэр Саха тыйаатырыгар буолуоҕа.

☝🏻Санатан эттэххэ, 1991 с. ыытыллыбыт бастакы күрэххэ Петр Оготоев, Спиридон Шишигин, Федора Гоголева виртуоз-хомусчут аатын ылбыттара. Иккис күрэх 2011 с. буолбута-Альбина Дегтярева, Юлияна Кривошапкина-Дьүрүйээнэ уонна Ким Борисов виртуоз буолбуттара.

Быйыл Саха сириттэн 9 хомусчут кыттар:Эркин Алексеев, Артур Семенов, Варвара Степанова, Айсен Деллохов, Айаал Дмитриев, Туяра Жиркова, Арыйаана Михайлова, Нарияна Ренанто-Бочкарева, Георгий Слепцов.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Бэлиэкүн

🎉🎉🎉ХИФУ профессора Макар Яковлев 75 сааһын туолла👏🏻

Макар Макарович бэйэтин кэмигэр бөдөҥ холуобунай дьыалалары арыйбыт, 1980 с. алмааһы уорууну, 1983-1985 сс. Москва ГУМ маҕаһыыныгар уорууну силиэстийэлээбитэ. Магадан уобалаһыгар, Камчаткаҕа, Кемеровоҕа силиэстийэлиир бөлөхтөрү салайбыта.
Макар Яковлев сүрүн герой прототиба буолбут суруйааччы Егор Неймохов "Сайсары күөлгэ түбэлтэ" сэһэнинэн испэктээк (реж. Зоя Багынанова) турбута, киинэ уһуллубута ("Сайсары күөлгэ түбэлтэ"/"Мой убийца" реж. Костас Марсан)
Макар Яковлевы кытта сэһэргэһиилэри, аатырбыт юрист бэйэтин суруйууларын бу сигэлэринэн киирэн аах↘️
Бэйэбит позициябытын этэрбит наада:
https://kiinkuorat.ru/articles/makar-yakovlev-beyebit-poziciyabytyn-eterbit-naada
Коррупцияны утары күн
https://kiinkuorat.ru/articles/b-g-n-korrupciyany-utary-ohsu-uu-k-ne
Герой аатын иҥэрии:
https://kiinkuorat.ru/articles/geroy-aatyn-i-erii
Рецидивист албастара:
https://kiinkuorat.ru/articles/recidivist-albastara

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#СВФУ
Федор Попов уулуссатыгар тырааныспар сырыыта хааччахтанар

Гаас ситимин тардар былааннаммыт үлэнэн сибээстээн, Федор Попов уулуссатын Богдан Чижик уулуссатыттан Энергетиктэр быстах туора уулуссаҕа диэри учаастакка, 2022 сыл бэс ыйын 15 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри тырааныспар сырыытыгар хааччахтааһын киирэр.

8№-дээх оптуобус оҥоһуллубут схемаҕа олоҕуран сылдьыаҕа.  

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

Үлэҕэ наадыйаҕын? Үөрэниэҥ этэ?
Үлэ миэстэтин сүтэрэр куттал үөскээтэ?


❗️Бэс ыйын 17 күнүгэр «Работай в Якутии» үөрэх уонна үлэ миэстэтин дьаарбаҥката буолар.

Аадырыһа: Крупская уул., 13
"Эрэл" киин
Билсэр төл.:8(800)222-41-40 (доб.4)
8924-460-22-60

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_БэлиэКүн

🇷🇺 🇷🇺🇷🇺
Бэс ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа күнүн бэлиэтиибит.

12.00 – 13.00 - «Туругур, модун дойдубут – Арассыыйа!» бырааһынньыктааҕы кэнсиэр.

13.00 – 13.10 - куорат салалтатын эҕэрдэтэ.

13.10 – 13.15 - «Мин дьиэм – мин Арассыыйам!» ыччат флешмоба.

13.15-13.55 - бырааһынньыктааҕы кэнсиэр иккис чааһа.

14.00 - «Эйигинэн киэн туттабын, Улуу Арассыыйа!» Эстрада театрын кэнсиэрэ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

🩸Бэс ыйын 13 күнүгэр сарсыарда 10:00 ч. Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар Арассыыйа таһымыгар ыытыллар "Донор суола" хамсааһын бэстибээлэ ыытыллар.

Эһиэхэ анаан:
📍Донордар квестэрэ;
📍 ВИЧ, СПИД, ГЕПАТИТ анаалыстара;
📍Нутрициологтыын көрсүһүү;
📍Трансфузиолог быраас консультацията;
📍 Кэнсиэр.

Донордарга ирдэбил:
- 18 сааһын туолбут буолуохтаах;
- 50 киилэттэн улахан ыйааһыннаах (ИМТ 18,5-40);
- доруобуйа өттүнэн хааччаҕа суохтар (Yadonor.ru саайтка сиһилии көрүҥ);

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СурукКиирдэ

🌿Мархаҕа баар тэпилииссэлэргэ сибэкки арассаадата 75-135 солк. 😱
Бу хаһан чэпчиирэ буолуой?🤯

Чэпчэки арассаада ханна атыыланарый?🙏🏻

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Мантан киэһээ эбэтэр өрөбүллэргэ тугу астанабыт диэн толкуйдуу сылдьар буоллаххытына, судургу уонна тотоойу астар ырысыаптарын буллубут

🥘 Эт миинэ уонна сэлиэйдээх миин
🥘 Хаас соркуойа
🥘 Ураты салаат
🥘 Баахыла
🥘 Саахартан минньигэс соус
🥘 Сахалыы пицца
🥘 Оҕуруот астаах, кууруссалаах бөрүөк
🥘 Лапсалаах, бэлимиэннээх миин
🥘 Өҥүрүк куйааска сөрүүкэтэр утахтар

Барыта манна баар: https://kiinkuorat.ru/articles/totooyu-uonna-sudurgu-b-l-deler

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_кэпсээн

Саҥа тэттик кэпсээннэри билсиҥ:
🔹 Иистээх кыыс
🔹 Дьикти куолас
🔹 «Ежик в тумане»


Ааптар туһунан:

Аграфена Семёновна Павлова-Арыпыана – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Танара орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала. Кэргэннээх, биэс оҕолоох, элбэх сиэн тапталлаах эбэтэ.

Төһө сөбүлээтигит? Санааҕытын үллэстиҥ 🤗

📲
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Бүгүн Дьокуускайга чэпчэки атлетика чемпионата саҕаланна 🏃🏻‍♀️🏃🎉

Бэс ыйын 11-12 күннэригэр Дьокуускай куоракка, Н.Н. Тарскай аатынан Туймаада стадиоҥҥа дьахталлар уонна эр дьон ортолоругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин чэпчэки атлетикаҕа чемпионата ыытыллар.

Күрэхтэһии Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар чэпчэки атлетикаҕа кыттааччылары сүүмэрдиир, онон тыҥааһыннаах буолара күүтүллэр.

Спортсменнэр 100 м., 200 м., 400 м., 800 м., 1500 м., 3000 м. (дьахталлар), 5000 м. сүүрүүгэ (эр дьон, дьахталлар), 10000 м. уһуну ыстаныыга (эр дьон), үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга, спортивнай хаамыыга 3000 м. (дьахталлар), 5000 м. (эр дьон) уонна шведскай эстафетаҕа – 800х400х200х100 күрэхтэһиэхтэрэ.

Ситиһиилэри баҕарабыт! Чэпчэки атлетиканы сэҥээрэҕит дуо?

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

БКЭ түмүгүн дьиэттэн тахсыбакка билиэххэ сөп

Эксээмэн туттарыллыбытын кэннэ ортотунан 7-14 күн ааспытын кэннэ түмүк тахсар.

Бастакы түмүктэр тахсыахтара:
📍Бэс ыйын 10 күнэ — география, химия уонна литература;
📍Бэс ыйын 17 күнэ — нуучча тыла;
📍Бэс ыйын 20 күнэ — математика.

БКЭ графигын манна көр.

”Госуслуги” хайдах көрөбүт?
1️⃣ Учетнай сурутуугутугар киирэҕит.
2️⃣ «Документы» салааны булаҕыт.
3️⃣ «Образование» талаҕыт.
4️⃣ «Результаты ЕГЭ» киирэн «Запросить» баттыыгыт.

👍🏻Аҕыйах сөкүүндэнэн эппиэт кэлэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_факт

👏🏻1800 тахса киһи Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар кыттыаҕа.

Бырагыраамаҕа спорт 16 көрүҥэ киирэр.

👍🏻Билигин Уус Алдаҥҥа араас тутуу тэтимнээхтик бара турар. Бэс ыйын 21 күнүгэр тыһыынча миэстэлээх, сүүрэр суоллаах сүүнэ улахан стадион үлэҕэ киириэҕэ.

👍🏻Икки оскуолаҕа спортивнай балаһаакка тутуллар.

👍🏻Мындаабаҕа универсальнай спорткомплекс үлэҕэ киириэҕэ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

🔥 Саха сиригэр баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэһиимэ олохтонно.

Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр 25 баһаар баара бэлиэтэнэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_фотофакт

👏🏻Уйгулаах Уус Алдан Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_БэлиэКүн

🇷🇺 🇷🇺🇷🇺
Бэс ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа күнүн бэлиэтиибит.

12.00 – 13.00 - «Туругур, модун дойдубут – Арассыыйа!» бырааһынньыктааҕы кэнсиэр.

13.00 – 13.10 - куорат салалтатын эҕэрдэтэ.

13.10 – 13.15 - «Мин дьиэм – мин Арассыыйам!» ыччат флешмоба.

13.15-13.55 - бырааһынньыктааҕы кэнсиэр иккис чааһа.

14.00 - «Эйигинэн киэн туттабын, Улуу Арассыыйа!» Эстрада театрын кэнсиэрэ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Ыччат дьон, үлэни-үөрэҕи баһылааҥ!

Устудьуон сыллара өйгө-санааҕа мэлдьи хаалаллар диэн чахчы. Онон, биир да түгэни куоттарбакка, халтайга ыыппакка, туох баарга барытыгар, араас араҥаҕа күүһүҥ-уоҕуҥ кыайарынан кыттыахха наада.
Мантан аллара үөрэҕи сомсо сылдьар АГАТУ уонна ХИФУ устудьуоннара санааларын үллэһиннилэр.

Сессия хайдах ааста, сайыҥҥы сынньалаҥҥа туох былаан баарый?

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta