«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.66K subscribers
18.8K photos
1.21K videos
1 file
10.9K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сонун
#КК_Видео

❇️ Киин куоракка хаары ыраастааһын, тиэйии нуорманы куоһара илик диэн Якутдорстрой иһитиннэрэр.

❄️ Хаар сүөкүүргэ эбии полигон арыллыаҕа.

Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Владимир Аммосов иһитиннэрбитинэн, сааскы бастакы ыйдарга хаар күүскэ түһэрин Гидрометкиин сабаҕалыыр. Онон ааспыт сылларга курдук халыҥ хаары кытта охсуһууга куорат бэлэм, хаары ыраастааһын быыстала суох ыытыллар.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

👶🏻 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн төрдүс уонна онтон кэлэр оҕоломмут ыаллар бары “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалы ылыахтара, диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев  тохсунньу 21 күнүгэр «Россия 24» ханаал быһа эпииригэр.

💬«Сокуон барылын Ил Түмэн чугастааҕы сессиятыгар ылыныаҕа диэн эрэнэбин. Мин тохсунньу 1 күнүнэн илии баттыаҕым. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн элбэх. Кинилэри туох кыалларынан, ол иһигэр үбүнэн өйүөххэ наада”, — диэтэ Айсен Николаев.    “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы учуоттаан, 2025 сылга түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 433 тыһыынча буолуоҕа, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🚌Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньу ыйдааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн тохсунньу 21 күнүгэр Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата, СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ уонна Автодорожнай техникум Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарыгар каадырдары бэлэмнииргэ үс өрүттээх сөбүлэҥи түһэристилэр.

Суолталаах докумуону Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников, СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Николай Иванов уонна Дьокуускайдааҕы автодорожнай техникум салайааччыта Валентина Попова илии баттастылар.

🚌Сөбүлэҥ быһыытынан, «D» категориялаах суоппардары үөрэттэрэн баран, Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарыгар үлэнэн хааччыйыахтара, диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Улуу Кыайыы 80 сылынан олохтоммут 2 мөл. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ тохсуон  туттулар, диэн «Россия 24» ханаал быһа эпииригэр тохсунньу 21 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Айсен Николаев мантан салгыы олунньу 20 күнүн аһардыбакка Ленинград блокадатыгар, концлааҕырдарга түбэһэ сылдьыбыттарга, тыыл бэтэрээннэригэр, «сэрии оҕолоругар» эмиэ туһааннаах төлөбүрдэри оҥорорго сорудахтаабытын эттэ. 

❇️Улуу Кыайыы 80 сылынан Ленинград блокадатын, концлааҕырдар, гетто сиэртибэлэригэр, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар – 80 тыһ. солк., тыыл бэтэрээннэригэр – 50 тыһ. солк., «сэрии оҕолоругар» 5 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрдэр анаммыттара. Ол туһунан Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр биллэрбитэ, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

«Жилкомсервис» МУП куорат полигонугар нэһилиэнньэттэн 1,5 куб/м тиийэ иэннээх кытаанах бөҕү босхо уонна хааччаҕа суох тутар. 

Маннык бэрээдэк Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын 2024 сыл муус устар 17 күнүнээҕи 82п№-дээх «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук сиригэр-уотугар санитарнай ыраастаныыга субуотунньуктары уонна тупсарыы үлэтин ыытыы туһунан» дьаһалын 7.2 пуунугар олоҕурар.

❇️Куорат бөх сүөкүүр полигонун аадырыһа: Бүлүүлүүр суол, 9 км.

Маннык миэрэ, куорат территориятыгар уонна ойуурга көҥүлэ суох сыбаалкалар ахсааннарын аҕыйатарга туһуланар.

💬Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин телеграм-ханаалыгар: «Кистэл буолбатах, сорох ардыгар тиэргэннэртэн, даачалартан эбэтэр кыбартыыра өрөмүөнүн кэнниттэн тиэйиллибит бөх сыбаалкаҕа тиийбэт, бөх контейнердарын таһыгар кыстанан сытар. Ити тупсаҕайдык олоруу быраабылаларын кэһии буолар, саамай куһаҕана, сорохтор бөхтөрүн быраҕыллыбыт учаастактарга уонна ойуурга тиэйэллэр», - диэн бэлиэтээн турар.


📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

👵🏼👨🏼‍🦳Кырдьаҕастары көрүү иһин төлөбүрү Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саҥа бэрээдэгинэн аныахтара, диэн тохсунньу 21 күнүгэр Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Марина Герман брифиҥҥэ эттэ.

80 саастаах уонна онтон кырдьаҕастары уонна 1-гы группалаах инбэлииттэри көрөр үлэлээбэт гражданнарга оҥоһуллар төлөбүр кээмэйэ оройуон коэффициена суох 1,2 тыһ. солк. тэҥнэһэр этэ.

«Тохсунньу ыйтан бу төлөбүр ый аайы оҥоһуллубат. 80 уонна онтон аҕа саастаах кырдьаҕас уонна маҥнайгы группалаах инбэлиит биэнсийэтигэр ааҕыллар (I группалаах инбэлиит оҕолортон ураты). Ол эрээри Социальнай пуонда эрдэ анаммыт төлөбүрдэри олохтоммут болдьох бүтүөр диэри оҥоруоҕа. Төлөбүрдэри саҥаттан оҥорторор туһунан ханна да биллэрэр наадата суох. Олохтоммут болдьох бүттэҕинэ, пособие саҥа быраабыланан тиксэриллиэҕэ», – диэтэ кини.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kyrda-astary-uonna-inbeliitteri-k-r-i-in-t-l-b-r-o-oruu-bereedege-ularyyda

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Кыайыы былааҕа Дьокуускайга ыам ыйын 9 күнүгэр кэлиэҕэ

🎖️Ахсынньы 28 күнүгэр сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов төрөөбүт Мэҥэ Хаҥалас оройуонуттан саҕаламмыт «Кыайыы былааҕа» эстафета өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын эргийэн, киин куоракка ыам ыйын 9 күнүгэр кэлиэҕэ.

Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга быһа эпииргэ иһитиннэрбитэ.  Айсен Николаев маны сэргэ Улуу Кыайыы 80 сылынан былааннаммыт атын тэрээһиннэр эмиэ саҕаламмыттарын, Кыайыы былааҕа бу күннэргэ Амма, Уус Майа, Алдан, Нерюнгри оройуоннарга сылдьан баран, Уус Алдан улууһугар кэлбитин иһитиннэрбитэ. 
«Кыайыы былааҕа» өрөспүүбүлүкэтээҕи эстафета ыччаты дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитэргэ былаас уонна уопсастыбаннас күүһүн түмэр сыаллаах, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Киин куоракка «Блокада килиэбэ» аахсыйа ыытыллыаҕа

🍞 Ленинград куорат өстөөх иилии эргийиититтэн босхоломмут күнүнэн тохсунньу 27 күнүгэр Дьокуускай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы «Блокада килиэбэ» аахсыйа ыытыллыаҕа. 

Бу күн волонтердар киин куорат үс бөдөҥ эргиэн киинигэр «блокада килиэбин» түҥэтиэхтэрэ — «Проспект», «СахаЭкспоЦентр» уонна «Туймаада» маҕаһыыннарга. Аахсыйа күнүс 15:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри ыытыллыаҕа.

«Бу күн биһиги блокада ыар күннэрин билбиттэри уонна кинилэри босхолообут буойуттары чиэстиибит. Ленинград куораты өстөөх иилии эргийиититтэн босхолооһун Аҕа дойду сэриитин биир быһаарар оруоллаах түһүмэҕэ буолбута», — диэн СӨ ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтигэр бэлиэтииллэр.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Хортуоппуй үүннэрэр фермер Россельхозбаан Гранын ылла

🥔Мэҥэ Хаҥалас хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанар фермерэ Иннокентий Борисов Россельхозбаан «Грант АгроБизнес» бырайыагын кыайыылааҕынан тахсан, 300 тыһ. солк. кээмэйдээх грант хаһаайына буолла, диэн СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэ иһитиннэрэр.

Иннокентий Борисов Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуодатыгар аймахтарын кытта «Быйаҥ» бааһынай хаһаайыстыбанан хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктаммыттара уонча сыл буолбут. Хаһаайыстыба 10-ча гектар сиртэн сылга ортотунан 70 туонна хортуоппуйу ылар. 

💬«Фермер оскуолата» бырайыак туһунан былырыын бастакы түһүмэххэ үөрэммиттэртэн истибитим. Кырдьыгынан эттэххэ, кыайыылаах тахсыам диэн өйгө да суоҕа. Үөрэх чэрчитинэн атын хаһаайыстыбаларга сылдьыыны ордук сөбүлээбитим», – диэн санаатын үллэстэр грант хаһаайына.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Киин куоракка «Блокада килиэбэ» аахсыйа ыытыллыаҕа

🍞 Ленинград куорат өстөөх иилии эргийиититтэн босхоломмут күнүнэн тохсунньу 27 күнүгэр Дьокуускай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы «Блокада килиэбэ» аахсыйа ыытыллыаҕа. 

Бу күн волонтердар киин куорат үс бөдөҥ эргиэн киинигэр «блокада килиэбин» түҥэтиэхтэрэ — «Проспект», «СахаЭкспоЦентр» уонна «Туймаада» маҕаһыыннарга. Аахсыйа күнүс 15:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри ыытыллыаҕа.

«Бу күн биһиги блокада ыар күннэрин билбиттэри уонна кинилэри босхолообут буойуттары чиэстиибит. Ленинград куораты өстөөх иилии эргийиититтэн босхолооһун Аҕа дойду сэриитин биир быһаарар оруоллаах түһүмэҕэ буолбута», — диэн СӨ ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтигэр бэлиэтииллэр.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta