«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.6K subscribers
18.4K photos
1.17K videos
1 file
10.7K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_ТускарТуһан

Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын Суолга-тырааныспарга сулууспатын телеграмм ханаалыгар суруттарыҥ:
https://t.iss.one/ProAvtobusYkt

🚌Оптуобустар сырыыларын туһунан кырдьыктаах информация, суһал иһитиннэрии барыта иннэ тахсар☝🏻


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Биир кэлим эксээмэн болдьохторо чуолкайданнылар ⬆️⬆️⬆️

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🎇 Фейервери, петарданы, салюту ытыах иннинэ, төһө да сүрэҕэлдьээбит иһин, хайаан да иструкциятын болҕойон аах, сиһилии билис!
🎆 Битиилигэр уоту таҕайыах иннинэ, оҥоһук умайар, уоттаах өттө хайа диэки буоларын чопчу билиэх кэриҥнээххин. Бэл, оонньуу-дьээбэ да кэриэтэ даҕаны дьон баар сирин диэки кыҥыыр, туһаайар табыллыбат.
🎇Петарданы, фейервери дьиэ иһигэр, сабыылаах сиргэ буолбакка, таһырдьа, аһаҕас сиргэ ытыллыахтааҕын өйдөө.
🎆Фейерверк, петарда ытар сир олорор дьиэлэртэн, муҥутуур чугаһаабыта 50 миэтэрэ тэйиччи буолуохтааҕын умнума.
🎇Петарданы оҕо дьон ытара бобуллар!
🎆Петарданы сабыылаах иһиккэ – бааҥкаҕа, биэдэрэҕэ, буолаары буолан, бытыылкаҕа – хаһан да угуллуо суохтаах.
🎇Умайа турар петардаҕа 5-10 м иһинэн чугаһаабат куолу!
🎆Петарданы уурарга-харайарга, илдьэ барарга хайаан да анал хахха уга сылдьыллыахтаах. Үтүлүк кэриэтэ сиэпкэ уктан баран сылдьааччы кытта баар буолар. Ол сыыһа!
🎇Төһө да билиэх-көрүөх баҕа баһаамын иһин, петарданы арыйа, иһин чинчийэ сатыыр табыллыбат!
🎆Фейервери кулуһуҥҥа таҕайан уматыы кытаанахтык бобуллар!
🎇Ханнык баҕарар пиротехниканы үрдүгэр нөрүйэн туран көрө, умата сатыыр табыллыбат!
🎆Петарданы умаппыт кэннэ онтуҥ “ньим” курдук да буоллаҕына, тоҕо умайбатаҕын билээри, чугаһаан кэлэн бэрэбиэркэлии да, хаттаан умата да сатаама. Олус сэрэхтээх дьаһаныы!
🎇Оттон “Ракетаны” төгүрүччү турар дьиэлэрдээх балаһааккаҕа, кыараҕас сиргэ да ытыллыбатын билиэх тустааххын.
🎆Быраабыла быһыытынан, фейервери икки сууккаҕа диэри кэм устата ууга туруоран эрэ баран бөх дьааһыгар угуохха сөп.

❇️Наадыйар түгэн кэлбэтин диэн туран, сэрэххэ, Быыһыыр сулууспа төлөпүөннэрин биэрэбит:
☎️Кэлим быыһыыр сулууспа – 112;
☎️«Саха Өрөспүүбүлүкэтин быыһыыр сулууспата» ГБУ суукканы эргиччи үлэлиир Дьуһуурустубалыыр симиэнэтин төлөпүөнэ – 8 (4112) 45-90-19; 
☎️Дьокуускайдааҕы “ЕДДС” төлөпүөнэ – 8-4112-44-42-51

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

❄️ Халлааммыт эмискэ сылыйбытынан уонна хаар түһэн, халтараан эбиллибитинэн, киин куорат уулуссаларыгар бүгүн тимир көлөлөр харыылара (пробка) үөскүүрэ күүтүллэр.

Онон оптуобустар арыттара уһуон сөп☝🏻

Барар-кэлэр былааҥҥытын күн-дьыл туругун учуоттаан оҥостуҥ, суолга сэрэхтээх буолуҥ диэн сүбэлиир Дьокуускай дьаһалтатын Суолга-тырааныспарга сулууспата.

#ПРОАвтобус #ГородскаяДорожноТранспортнаяСлужба #Якутск

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

«Здравконтроль» диэн бырайыак үлэлиирин билэр этигит дуо?

☝🏻Телеграмҥа чат көмөтүнэн Саха сирин олохтоохторо араас боппуруостарын 2 чаас иһигэр быһаартарыахтарын сөп эбит.

❇️Ыйытыылары тутар кэмнэрэ:
Бэнидиэнньик-субуота,
08:00-20:00 ч.

🤳https://t.iss.one/+JQ10tZioizw3ZGRi - «Якутск. Здоровье» (Дьокуускай медицинэҕэ тэрилтэлэрэ);
🚀https://t.iss.one/+1vBz1CVhZEA5ZjFi - «Саха. Здоровье» (улуустар балыыһалара).

Ханнык ыйытыылаах суруйуохха сөбүй?
🔹Быраастарга сатаан суруттарбатаххытына.
🔹Бырааһы дьиэҕэр ыҥырар кыаллыбатаҕына.
🔹Маршрутизацияны оҥорботохторуна.
🔹Анаалыс уонна чинчийии бириэмэтэ тардылыннаҕына.
🔹Мед.көмө оҥоһуллуутугар ыйытыы үөскээтэҕинэ.
🔹Медик этика уонна деонтология нуормаларын кэстэҕинэ.
🔹Сокуону кэһэр ирдэбиллэри туруордахтарына, төлөбүрдээх өҥөнү соҥноотохторуна.

Ааһан эрэр сыл 11 ыйын устата медчаттар көмөлөрүнэн 673 ыйытыыга хоруйданна, кыһалҕа быһаарылынна диэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🙌🏻Физическэй сирэй моҥкуруукка барарын туһунан сокуон үлэлиирин бары билэбит. Билигин аны онно-манна "иэскин соттор, моҥкуруут буол" диэн юридическай фирмалар рекламалара олус элбээтэ.

Моҥкуруут (банкрот) буолар оннук чэпчэки буолбатах☝🏻 Ону ааһан содула элбэх:
🔹Моҥкуруукка барбыт киһи 5 сыл устата кирэдьиит сатаан ылбат,
🔹3 сыл устата ИП, ХЭТ арыммат,
🔹предприниматель буолбат,
🔹5 сыл иһигэр өссө биирдэ моҥкуруукка барар кыаҕа суох.
🔹Моҥкуруутунан биллэриллибит киһи 3 сыл устата салайар үлэҕэ анаммат,
🔹кирэдьиит ыларыгар эрэйдэри көрсүөн сөп.

☝🏻Ипотека иэһин мээнэ соппоттор. Сотторор да буоллахха, дьиэттэн матыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, ипотека ылалларыгар дьиэлэрин солуок уураллар.

🙌🏻Ханнык баҕарар кирэдьиити киһи бэйэтин кыаҕын билинэн ылыахтаах.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн да...

🎄2025 сылы хайдах сөпкө көрсөр, тугу таҥнар, ас-үөл, бэлэх туһунан күндү ааҕааччыларбытыгар анаан  сүбэлэри хомуйдубут.

🎄Саҥа дьылы ханнык өҥүнэн көрсөбүт?

🎄Тугу кэтэн көрсөбүт

🎄Тугу астыыбыт?

🎄Баайы-дуолу, доруобуйаны, ситиһиини тардар бүлүүдэлэр

🎄Туох ончу көҥүллэммэтий?

🎄Ханнык утах саҥа дьыллааҕы остуолга туруохтааҕый?

🎄Остуолбутун хайдах киэргэтэбит

🎄Моҕой сылыгар тугу бэлэхтиибит?

🎄Моҕой сылын ханна, хайдахкөрсөбүт?


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

❇️Баһылык гражданнары кытта эрдэттэн суруйтарыынан көрсөр. Көрсүһүүгэ суруйтарарга Сурук отделыгар эбэтэр Олохтоох дьаһалта тэрилтэлэригэр сайабылыанньа суруйуохха наада. Сайабылыанньаҕа быһаартарыахтаах боппуруоһу сиһилии ыйар уонна инники өттүгэр атын инстанцияларынан туох быһаарыы ылыллыбытын сыһыарар наада. Маны сэргэ тус дааннайдары ыйар ирдэнэр: төлөпүөн нүөмэрэ, электроннай аадырыс.

🙌🏻Сайабылыанньаны ыытар ньымалар:
🔹[email protected] Олохтоох дьаһалта официальнай электроннай почтатыгар;
🔹40-80-76 төлөпүөнүнэн;
🔹Дьокуускай к., Ленин проспега, 15 аадырыска тиийэн;
🔹Сурук отделын аадырыһа: Дьокуускай к., Ленин проспега, 15, 113 кэб., үлэ күннэригэр сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри (эбиэккэ тохтобул – 13:00-14:00 чч.).

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Саҥа дьылы чэгиэн көрсүөх

❇️Аҕыйах хонугунан 2025 сылы көрсөр үөрүүлээх түгэммит тосхойуо. Бука бары да бу аптаах, бэйэтэ туһунан алыптаах, сырдыкка-кэрэҕэ угуйар, ыра санаа туолуутугар эрэли саҕар, ас эгэлгэтэ тардыллыбыт баай-байылыат остуоллаах Саҥа дьыл бырааһынньыгын күүтэн эрдэхпит.

Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар доруобуйаны айгыраппат курдук сөпкө аһыыр туһунан үрдүкү категориялаах эндоскопист-быраас, СӨ үтүөлээх бырааһа Владимир Николаевич Федотовтан сүбэлииригэр көрдөстүбүт: https://kiinkuorat.ru/articles/sa-a-dyly-chegien-k-rs-h

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Уот, гаас, уу, ититии бардаҕына ханна эрийэбит?

🔸Уу бардаҕына ханна эрийэбит?
Киин диспетчерскэй сулууспаҕа: 44-91-54.

🔸Канализацияҕа саахал таҕыстаҕына
Канализация киин диспетчерскэй сулууспатыгар: 49-34-04.

🔸Уот бардаҕына
Дьокуускайдааҕы уот ситимин киинэ: 21-55-68.

🔸Лифт харан хааллаҕына, хаайтардаххытына
Биир кэлим аварийнай сулууспа: 43-55-15.

🔸Домофон үлэлээбэт?
Домофон-сервис: 40-20-78.

🔸Гаас сыта кэллэҕинэ
Гаас сулууспатыгар стационарнай төлөпүөнтэн: 04; суотабайтан: 104.

🔸Суһал медицинскэй көмө наада?
03, 103.

🔸Полиция көмөтө наада буоллаҕына
Стационарнай төлөпүөнтэн: 02; суотабайтан: 102.

🔸Буруо сытын биллэххитинэ, баһаар буоллаҕына
101, 01.

🔸Сөмөлүөт хаска кэлэрин, хаска көтөрүн билэргэ
“Дьокуускай” аэропорт төлөбүрдээх справочнайа: 14-006; “Маҕан” аэропордун справочнайа: 40-63-19. 

🔸Куорат кытыы бөһүөлэктэригэр айанныыр оптуобустар сырыыларын хантан билсэбит?
Автовокзал: 8 -(4112) 36-47-66, диспетчерскэй: 8 - (4112) 36-14-61. 

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🐟 Балыгы хайдах кыһыахтаахпытый?

🔪 Балыгы кыһарга сорохтор бөһүтэ түһэллэрин сөбүлүүллэр. Оттон хоту улуустарга киллэрээт да хатырыктаан бараллар.
 
Онуоха бастаан сиһинэн, өрөҕөтүнэн хайыта сотон баран, сулбу тардан ылаллар. Онтон лапчааннарын быһаллар – анал кыра быһахтаах буолаллар.
Саха быһаҕа биир өттүнэн эрэ сытыылаах уонна синньээн барар буолан, эриллэҕэстэри оҥорон таһаарар.

Балык саамай сыалаах өттө өрөҕөтө уонна сиһэ буолар. Сорохтор иһин, сиһин сыатын туспа кыһан, бысталаан, тэриэлкэ анныгар уураллар. Хоту диэки маннык ньыманан дьон майгытын быһаараллар дииллэр. Иҥсэлээх киһи иһит түгэҕиттэн сыалаах өттүн ылҕаан сиир диэн ааттыыллар. Сиэрдээх дьон балык саамай сыалаах өттүн кэнники, үрүҥ этэ бүттэҕинэ сиэхтээхтэр. Оттон сорохтор ойоҕоһун этигэр сиһиттэн эбэтэр иһиттэн хабар гына устунан кыһаллар.

Саха саарына Климент Егорович Иванов уонна "Тоҥ балык-2024" күрэх кыайыылааҕа Николай Лаптев тоҥ балыгы талыыга, бэлэмнээһиҥҥэ сүбэлэрин манна аах


📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

👨🏻‍⚕️ Үрдүкү категориялаах эндоскопист-быраас, СӨ үтүөлээх бырааһа Владимир Николаевич Федотов сүбэлэриттэн:

🥗 Бырааһынньык иннинэ диеталаабат ордук

– Ырар диетанан ордук кэрэ аҥаардар үлүһүйэллэр. Бырааһынньык, бэлиэ күн чугаһаатаҕына, ыраары, хас да күн аччыктыыр дьон баар. Бу доруобуйаҕа олус охсуулаах.

Аччыктаан, ыран, баҕалаах былаачыйаҕа батан баран, ол кэннинээҕи күннэргэ эмискэ элбэҕи аһаан кэбистэхтэринэ, эт-сиин аһара ноҕоруускаланар.

Аны туран, аччыктыы сылдьан эмискэ аһааһыҥҥа эт-сиин сыаны хаһаанара күүһүрэр, оччотугар бу иннинээҕи диета олох да туһата суох буолан тахсар.

Онон ырарынан үлүһүйүү эмиэ кээмэйдээх, аҥаардас аччыктааһынтан эрэ турар буолуо суохтаах.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

👨🏻‍⚕️ Үрдүкү категориялаах эндоскопист-быраас, СӨ үтүөлээх бырааһа Владимир Николаевич Федотов сүбэлэриттэн:

💦 Элбэх ууну иһиэххэ💦

– Бырааһынньык остуола араас аһынан, деликатеһынан толору буолар. Күн аайы сии үөрүйэҕэ суох аспытын эмискэ элбэхтик сиирбитин эппит-хааммыт ылыныа суоҕун сөп. Маны таһынан күннээҕи нуорматтан таһынан элбэҕи сиэтэххэ, аһы буһарар уорганнарбыт кыайбакка, үлэлэрэ кэһиллэр кутталлаах. Онтон сылтаан гаас үөскээһиниттэн ис үллүөн, кырках көбүөн, үөс туолуон сөп. Манна элбэхтик көннөрү ууну иһэр туһалаах эрэ буолуо. Бастатан туран, ууну истэххэ, “обмен веществ” тэтимэ түргэтиэ. Ону тэҥэ ууну элбэхтик иһэр киһи кыраҕа да топпут курдук буолар. Инньэ гынан сиэри таһынан наһаа аһыыртан туттунар. Гаастаах утаҕы иһэртэн аккаастанар ордук. Маннык утахтар, билэрбит курдук, саахардара олус элбэх. Оттон бырааһынньык остуолугар онто да суох саахардаах ас дэлэй буолар. Аһыы утаҕы иһии кэннэ ыраас уу эмиэ эти-хааны ыраастыырга абыраллаах.


📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Тымныыга итиини киллэрэр утахтар

🍹 Фруктаттан пунш


Састааба: клюква – 300 г, 1 груша, 1 дьаабылыка, саахар – 70 г, кыратык имбирь силиһэ, 500 мл хара чэй, 4 бутон гвоздика, 1 ост.нь мүөт, 1 палочка корица, 1 лимон цедрата цонна уута, 200 мл дьаабылыка утаҕа.

Клюкваны сууйан баран куурдабыт. Дьаабылыканы, грушаны сууйан, куурдан баран аҥаардыыбыт, ортотун быһан быраҕабыт. Өлүүлэргэ арааран кырбыыбыт. Көстүрүүлэҕэ клюкваны кытта кутан саахарбытын эбэбит.
Имбирь силиһин сууйан, куурдан баран бытархай гына кырбыыбыт. Көстүрүүлэҕэ эбии кутан баран 500 мл хара итии чэйи кутабыт. Тумалаан, мүөттээн баран оргутабыт. Онтон дьаабылыка утаҕын уонна лимон уутун эбэн эмиэ сылыта түһэбит.
Халыҥ бакаалларга кутабыт. Лимон цедратынан киэргэтэбит.


☕️ Кембридж утаҕа

12 порцияҕа: саахар – 150 г, үүт – 1,25 л, коньяк – 150 мл, ром – 300 мл, 2 сымыыт, 1 апельсин.

Сымыыты дириҥ иһиккэ үүппүт аҥаарын кытта ытыйабыт. Үүппүт ордугун көстүрүүлэҕэ кутан, саахардаан бытаан уокка булкуйа туран сылытабыт. Оргуппаппыт. Саахара ууларын кытта уотун араарабыт. Сымыыттаах үүппүтүн кутан ытыйабыт. Онтон ром уонна коньяк эбэбит.
Күүскэ ытыйан баран бакаалларга кутабыт. Апельсинынан киэргэтэбит.


🍸 Фруктаттан глинтвейн

Састааба: 1 апельсин, 1 дьаабылыка, имбирь силиһэ, 1 лимон цедрата уонна уута, 2 анис сулуһа, 4 гвоздика бутона, 1/2 ч.нь. ньыһылыбыт корица, 500 мл кыһыл вино.

Апельсины, дьаабылыканы өлүүлэргэ араарабыт. Имбири теркалыыбыт. Барытын көстүрүүлэҕэ кутан, лимон цедратын уонна уутун эбэн, тумалаан баран винобутун кутабыт.
Билиитэҕэ 5 мүнүүтэ хаппахтаан тэптэрэн ылабыт. Бакаалларга итиилии кутан иһэбит.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

✊🏻Иммунитет диэн киһи организма туораттан киирэр эттиктэргэ (вирустарга, бактерияларга, о.д.а) эппиэттиир кыаҕа. Судургутук быһаардахха, иммунитет тастан киирбит эттиктэри хабан ылан суох гыныахтаах.

Иммуннай систиэмэ үлэтигэр олох укулаата, аһылык, дьаллыктарга ылларыы, гигиена быраабылаларын тутуһуу, о.д.а. дьайар.

Науканан дакаастаммыт, иммунитеты бөҕөргөтөр 10  ньыма:


🔹Элбэхтик утуйуҥ. Доруобай организм сууккаҕа 7-9 чаас утуйуохтаах. Оҕо 10-13 чаас утуйара сөп.

🔹Спордунан дьарыктаныҥ. Нэдиэлэҕэ 15-30 мүнүүтэ спордунан дьарыктанар буоллаххытына иммунитеккыт кырдьыбат.

🔹Арыгыны иһимэҥ. Научнай литератураҕа суруйалларынан, этанолу элбэхтик иһии организмҥа инфекция олохсуйарыгар төрүөт буолар.

🔹Табахтан аккаастаныҥ. Табах буруота киһи бары уорганнарыгар буортулаах, ону кытта сүрэх, тымыр үлэтигэр куһаҕаннык дьайар, иммунитет үлэтигэр улахан кэһиилэри таһаарар.

🔹Сөпкө аһааҥ. Иммунитеты күүһүрдэргэ аһылыкпытыгар улахан болҕомто ууруохтаахпыт. Элбэх белоктаах, сыата суох аһылык иммунитеты күүһүрдэр кыахтаах. Белок куурусса этигэр, муора аһыгар, сымыыкка, туораахтаах култуураларга элбэх буолар.

🔹Битэмииннэ сиэҥ. Битэмиини аһылыкка эбиилик быһыытынан (БАД) эбэтэр хас да битэмиин холбоһугун (мультибитэмииннэр) быһыытынан сиэххэ сөп.

🔹Пробиотиктар. Пробиотиктар диэн киһи организмыгар туһалаах микробтар. Ис-үөс үлэтин тупсараллар, ол аата иммунитет үлэтин күүһүрдэллэр. Күннээҕи аһылыкка пробиотиктары киллэрдэххэ, инфекционнай ыарыылары сэрэтиэххэ сөп.

🔹Үгүстүк күҥҥэ сыламнааҥ. Күн сырдыга стресстэн, депрессияттэн таһаарар кыахтаах, ону тэҥэ иммунитеты уһугуннарар күүстээх. Күн анныгар киһи организмыгар D битэмиин үөскүүр.

🔹Иммуномодулятор. Иммунитеты күүһүрдэр үүнээйилэр: элеутерококк, женьшень, астрагал, эхинацея.
Сайдыылаах дойдуларга бу үүнээйилэринэн кэмиттэн кэмигэр суурадаһын оҥостон иһэллэр, иммунитеттарын бөҕөргөтөллөр.

🔹Тус гигиенаны тутуһуу. Гигиена быраабылаларын тутуһуу киһи доруобуйатын харыстыыр саамай судургу суола.

😉Тускар туһан уонна салҕыы тарҕат.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

ОДьКХ өҥөлөрүгэр ороскуоккут дьиэ кэргэн уопсай дохуотуттан 15% аһарар буоллаҕына, субсидия ылыаххытын сөп.

Өҥө ханнык көрүҥнэригэр субсидия көрүллэрий?

❇️Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ:
🔸Дьиэ-уот өҥөлөрө;
🔸Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр уот төлөбүрэ;
 
❇️Чааһынай олорор дьиэлэргэ:
🔸Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр:
🔸Уот;
🔸Бөҕү тиэйии;
🔸Уу куттарыы.
🔸Дьиэни-уоту ититэр систиэмэ:
🔸Гааһынан ититии;
🔸Уот ситиминэн ититии;
🔸Оһоҕунан уонна хочуолунан оттуллар дьиэлэргэ чоҕу, маһы тиэйтэрии.

☝🏻СӨ ОДЬКХ-ҕа уонна энергетикаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл үһүс кыбаарталын түмүгүнэн 15 тыһыынчаттан тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо бу көмөнү ылар.

Судаарыстыбаннай өҥөнү «Агентство субсидий» оҥорор.

Социальнай көмө туһунан сиһилии  https://www.subsidii-jku.ru/ эбэтэр https://t.iss.one/as_ykt телеграм-ханаалга, www.e-yakutia порталга киирэн көрүҥ.

8-800-222-50-70 эрийэн ыйыталаһыаххытын, сүбэ-ама ылыаххытын сөп.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Олунньу ыйга тугу үүннэрэбит?

Номнуо бэлэмнэнэн саҕалыыбыт🙌🏻


🍓🍓🍓Дьэдьэн🍓🍓🍓

Кэлиҥҥи сылларга саха дьоно клубника, дьэдьэн курдук урут сананан да көрбөтөх астарбытын ыһан, сайын устата дэлэччи-хоточчу үүнүү ылар буоллубут. Уопутурбут, бу үүнээйи уратыларын быһаарсыбыт оҕуруотчуттар, бэл, кыһыннары үүннэрэр таһымҥа тиийдилэр.

Клубника, дьэдьэн – олордууларынан, көрүүлэринэн-истиилэринэн, дьүһүннэринэн, амтаннарынан даҕаны уруулуу үүнээйилэр.

Бу үүнээйини амсайарга санаммыт буоллаххытына, туох нааданый?
 
💡 Фитолаампа хайаан да наада буолар эбит🤗
🪴 Анаан-минээн буор бэлэмнэниэхтээх🤔
🍓 Сиэмэни бэлэмнээһин эмиэ уратылаах☝🏻
🌱 Олордуу, ууну кутуу уонна көһөрүү кистэлэҥнэрин билиэхтээхпит🤗

Ол туһунан сиһилии манна аах.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta