«КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_БэлиэКүн ⛪️ Бүгүн Ороһуоспа иннинээҕи күн – чэчиэринньик. Сарсын, тохсунньу 7 күнүгэр, православнай итэҕэллээхтэр Ороһуоспаны бырааһынньыктыахтара. https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун
Дьокуускайга Преображенскай кафедральнай соборга:
❇️Тохсунньу 6 күнүгэр - “На́вечерие Рождества Христова”. Ороһуоспа чэчиэринньигэ.
10.00 - литургия,
16.30 - түүңңү сулууспа;
❇️Тохсунньу 7 күнүгэр - “Рождество Господа Бога и Спаса нашего Иисуса Христа”.
0.00 - бырааһынньыктааҕы түүҥҥү литургия.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Ороһуоспа кэмигэр, тохсунньу 6 күнүгэр 22:00 чаастан тохсунньу 7 күнүн 04:00 чааһыгар диэри, сорох уулуссаларга айан хааччахтанар:
⛔Аржаков уул. - Киров - Чернышевскай, Аржаков - Ярославскай уул.;
⛔Тургенев уул. - Октябрьскай - Петровскай уул.;
⛔Ушаков уул. - Петр Алексеев - Жорницкай уул.

Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Сонун
Оптуобустар сырыыларыгар ыйытыылааххыт?
"Тута сибээс" линията үлэлиирин туһунан санатабыт🙌🏻
☎️300-900 нүөмэринэн эрийэн оптуобус сырыытыгар сыһыаннаах ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп: расписаниелара, айаннарын арыта (интервал), тарифтар уонна төлөбүр ньымалара о.д.а.
☎️Маны тэҥэ бу нүөмэргэ эрийэн араас кыһалҕалаах боппуруостары быһаарсыаххытын сөп - оҕо, аҕам саастаах киһи каартатын сүтэрдэҕинэ, оптуобуска малгытын умуннаххытына о.д.а.
☎️ 300-900 нүөмэринэн оптуобус сырыытын тупсарар араас санааҕытын, туруорсуугутун кытта этиэххитин сөп.
⏰ "Тута сибээс" күн аайы 07:00-21:00 ч., эбиэтэ, өрөбүлэ суох үлэлиир.

Национальнай бырайыагынан 100-тэн тахса уопсастыбаннай туона тэрилиннэ
🏫 2019 сылтан 2024 сылга диэри Саха сиригэр «Куорат сиригэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии» бырагырааманан 101 уопсастыбаннай туона тэрилиннэ.
2019 сылтан 2024 сылга диэри бырагырааманы үбүлээһин кээмэйэ 3,119 млрд солк. тэҥнэспит.
Чуолаан 2024 сылга 24 уопсастыбаннай туонаны оҥорууга 941,23 мөл. солк. туһаҕа тахсыбыт.
Көрүллүбүт субсидия суотугар оҥоһуллубут туоналар: https://kiinkuorat.ru/articles/nacionalnay-byrayyagynan-100-ten-tahsa-uopsastybannay-tuona-terilinne

2025 сылга Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын баазатыгар эти, оҕуруот, сир аһын таҥастыыр сыах үлэҕэ киириэҕэ.
Ил Дархан сорудаҕынан хоту улуустарга барыларыгар тэриллэр 13 эргиэн-логистика кииннэрэ үөс сиртэн аһылык бородууксуйатын тиэйиини уонна хоту оройуоннартан эти, сир аһын тутан таҥастааһыны, кэнсиэрбэлээһини тэҥинэн дьүөрэлиэхтэрэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «АТЛК» АУо (Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын) территориятыгар эти, сир, оҕуруот аһын таҥастыыр производственнай сыах тутуллар. Арктиканы сайыннырыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Владимир Черноградскай иһитиннэрбитинэн, сыах эт, оҕуруот аһын кэнсиэрбэтин, барыанньа, сироп оҥорууга идэтийиэҕэ.
❇️Хоту улуустарга баар эргиэн-логистика кииннэрэ быйылгыттан олохтоох нэһилиэнньэттэн отон, сугун, долохуна туталлар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

2025 сылга өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уонна куораттарыгар өссө 25 туона тупсарыллара былааннанар.
👍🏻Онтон биэһэ - Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһын кыайыылаахтара: Томмокко өрүс кытыла, Өлүөхүмэҕэ «Үйэлэр кирбиилэригэр» сквер, Аллараа Бэстээххэ Киин паарка бастакы түһүмэҕэ, Хаандыгаҕа кытылы тупсарыы уонна Аммаҕа дьоҕус паарка.
Санатар буоллахха, «Куоракка табыгастаах эйгэни тэрийии» бырагыраама дойду баһылыга Владимир Путинынан көҕүлэммит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыак иитинэн олоххо киллэриллибитэ.
«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыак сүрүн соруктара — куоракка табыгастаах уонна тупсаҕай эйгэни тэрийии уонна нэһилиэнньэни тупсарыы боппуруостарыгар кыттыннарыы.
Үлэ бу хайысханан 2019 сылтан 2024 сылга диэри ситиһиилээхтик ыытыллыбыта. 2025 сылтан Владимир Путин саҥа национальнай бырайыактары үлэлэтэргэ быһаарбыта, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

👍🏻Дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирбит «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан Саха сиригэр 2019-2024 сылларга 1 430 км тахса суол ирдэбилгэ эппиэттиир таһымҥа тиэрдилиннэ.
❇️Ол иһигэр Горнай оройуонугар «Кэбээйи» массыына суола, Хаҥалас оройуонугар «Умнас» массыына суола Тиит Арыы учаастагар, Бүлүү оройуонугар «Бүлүү» массыына суолун 524-с км - Кыһыл Сыыр, Нам оройуонугар «Нам» массыына суолун уонна «Умнас» массыына суолун Хаҥалас оройуонугар Покровскай куоракка киириитэ.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак түмүктэнэр сылыгар уопсайа 395 км усталаах уулусса-суол ситимэ оҥоһулунна.
Ааспыт 2024 сылга биэс күргэ тутулунна.
❇️2019 сылтан саҕалаан уопсайа 2 665 км усталаах массыына суола уонна 55 күргэ ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһулунна.
2025 сылтан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагы «Инфраструктура для жизни» саҥа национальнай бырайыак салгыыр.

❇️ 2019-2024 сылларга 45,92 тыһыынча киһи 887,66 тыһ. кв.м иэннээх хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүлүннэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр бэлиэтээбитин курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ нэһилиэнньэни хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар.
💬«2025 сыл бүтүөр диэри 48 тыһыынчаттан тахса киһини көһөрөр былаан баар. Маны таһынан 11 тыһыынча киһи «Инфраструктура для жизни» саҥа национальнай бырайыагынан көһөрүллүөҕэ», - диэн турар Айсен Николаев.
Дьокуускай куоракка 900 тыһ. кв.м иэннээх олорор дьиэни олоххо киллэрэр территориялары кэлимник сайыннарыы 8 бырайыага саҕаланыаҕа. 194 саахалланар туруктаах дьиэ саҥардыллыаҕа, киин куорат 3 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕо олорор усулуобуйатын тупсарыныаҕа.

✈️ 2025 сылга Саха сиригэр икки аэропорт реконструкцията уонна биири тутуу түмүктэниэҕэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр бэлиэтээбитин курдук, Полярнай уонна Өлүөхүмэ аэропортарын уларытан уонна Мииринэйгэ саҥа аэропорду тутуу түмүктэниэхтэрэ.
❇️«Тырааныспар инфраструктуратын модернизациялааһын» нацбырайыак чэрчитинэн маны сэргэ 2028 сылтан 2030 сылга диэри эбии түөрт аэропорт реконструкцията ыытыллыаҕа: Зырянкаҕа, Маҕаҥҥа, Ньурбаҕа уҥонна Полярнай иккис уочарата.
❇️2019-2024 сылларга «Регионнар аэропортарын сайыннарыы» федеральнай бырайыагынан Саха сиригэр 11 аэропорт аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына саҥардыллан турар: Дьокуускайга, Черскэйгэ. Эдьигээҥҥэ, Хаандыгаҕа, Белай Гораҕа. Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Депутатскайга, Сангаарга, Нерюнгрига уонна Уус Ньараҕа, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

2018 сылтан 171 үөрэх уонна 5 спорт эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ
❇️Араас хайысхалаах национальнай бырайыактар чэрчилэринэн Саха сиригэр кэлиҥҥи сэттэ сылга 171 саҥа үөрэх уонна 50 спорт бөдөҥ эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ.
«Нацбырайыактар уонна Уһук Илини сайыннарыы бырагыраамаларын чэрчитинэн үөрэхтээһин инфраструктуратын сайыннарыыга дьоһун хардыыны оҥордубут. 2018 сылтан 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр 77 оскуола уонна 79 оҕо саада тутулунна. Саха сирин историятыгар маннык хабааннаах тутуу ыытыллыбыта урут суоҕа», – диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев этэринэн, аҥаардас 2024 сылга 15 оскуола үлэҕэ киирдэ. Ол иһигэр Дьокуускай куоракка биэс оскуола тэҥинэн тутулунна.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/2018-syltan-171-reh-uonna-5-sport-ebiyiege-le-e-kiirde
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta