«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.62K subscribers
18.5K photos
1.17K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Кэпсээн

😤Наар бэлэмҥэ сылдьар дьүөгэлээхпин

📖Эр дьоммут бырааһынньыктарын үөрэ-көтө бэлиэтээтибит, аны кэрэ аҥаардар, королевалар, принцессалар бырааһынньыкпыт чугаһаата. Сорохтор бу күн тиэрэ түһэн сыталлар, сорохтор эрдэрэ, күүстээх аҥаардара туох баар сатабылларын киллэрэн билиитэ иннигэр буһар-хатар, сорох мааны өттө рестораҥҥа баран чөкөһөн олороллор.

Оттон биир дьүөгэм «ас астыыртан сөп буоллум, биһиги аһаары бу сиргэ кэлбэтэхпит, онтон да атын аралдьыйар элбэх, ону ааһан бииргэ бырааһынньыктыыр кыттыгас киһиҥ кураанах ытыһын тоһуйан кэлэрэ сиэргэ баппат курдук» диэн санаатын үллэһиннэ.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/naar-belem-e-syldar-d-geleehpin

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

ТУОХ ДА МЭЭНЭҔЭ
БУОЛБАТ

Ааптар: Лоһуура


Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!
 
Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор. Бу Саҥа дьылга бэлэмнэнии Жанналара чугастааҕы бөһүөлэккэ учууталлыы кэлиэҕиттэн, сир харатыгар саҕаламмыта. Маарын аҕай Ульянка (устудьуон саҕаттан дьүөгэлэрэ) „таксинан айаннаан иһэбин“ диэн СМС ыыппыт этэ. Сардаана: «Мин эмиэ сарсын 9-тааҕыга сакаастаатым. Пока, пока. Көрсүөххэ диэри, чмоки-чмоки“ диэнигэр бэрт бэһиэлэй смайлигы кыбытаат, ыытан кэбиспитэ баара...

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/tuoh-da-meene-e-buolbat

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

АҔАА, БЫРАСТЫЫ

Ааптар: Суор Уола


Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда.

Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар:
– Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, – диэн улахан соҕустук саҥаран эппиэттээн баран, аттынааҕы турар ааннары көрүтэлээн ылла. Улаханнык саҥаран дьоннору соһуппутум буолуо дии санаан, аан күлүүһүн тыаһа халыгыраан аһыллаатын кытта, иккитин эрэ ааспыт сиэнэ кыыс хостон сүүрэн кэлэн эһээтигэр илиитин ууммутунан көтөхтөрөөрү сарбаҥнаата.

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/a-aa-byrastyy

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

ӨКҮҮЧЭ

Ааптар: Варя Егорова-Чэмэлиинэ


«Эдьиий, ити эбээ тоҕо охтоору гынар курдук хаамарый?» –аҕыстаах Лида эдьиийин батыһан сүүрэр икки хаамар икки ардынан иһэн ыйытта. Кини дэриэбинэҕэ киирэн дьоҥҥо лэппиэскэ сыыһын сиэбититтэн үөрбүтэ ааһа илик бадахтаах. Билигин сельсовет дьиэтин аттыгар туох буолбутун, тоҕо эбэтэ кини аҕатыгар умса түһэн ытыырын, атын дьон эмиэ тоҕо ытаһалларын, убайа Миитээ тэлиэгэлээх атынан аҕатын ааҕы ханна эрэ илдьэ барбытын өйдүөбэккэ сылдьар. Эдьиийэ эмиэ лэппиэскэ сиэн быһыылаах, тоҕо эрэ сүргэтэ көтөҕүллүбүт курдук хаамара түргэтээбит. Эргиллэ түһээт, эмискэ тохтуу биэрдэ уонна толкуйдаабыттыы туттан: «Кырдьык, эбээ Оппуруоһа туох эрэ буолбут. Лэппиэскэттэн сиэбэтэ даҕаны ээ.

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/k-che


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Кэпсээн ӨКҮҮЧЭ Ааптар: Варя Егорова-Чэмэлиинэ «Эдьиий, ити эбээ тоҕо охтоору гынар курдук хаамарый?» –аҕыстаах Лида эдьиийин батыһан сүүрэр икки хаамар икки ардынан иһэн ыйытта. Кини дэриэбинэҕэ киирэн дьоҥҥо лэппиэскэ сыыһын сиэбититтэн үөрбүтэ ааһа…
#КК_Кэпсээн

ӨКҮҮЧЭ

Ааптар: Варя Егорова-Чэмэлиинэ


Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ.
Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи. Холкуоска от, саах тиэйээччи, нуормаһыт. Ааллаах Үүҥҥэ бурдук таһарга холкуостартан биирдии киһини ылаллара. Бу бүгүн эмиэ өлүүтүн кэһии гынан мунньан аҕалбыт. Онон дьоро күн. Сороҕо түүнүгүрбүт да буоллар, ону ол диэбэккэ үөрэ-көтө сииллэр.

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/k-che-1

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

Төрөппүт эрэ «ийэ» диэн үрдүк ааты сүкпэт…
(Историческай проза)

Ааптар: Мария Поскачина


... «Аҕаа, барымаа! Аҕаа, мин барсабын!» – диэн улаханнык уйуһуйбут, ытыы-ытыы сүүрэн иһэр уончалаах уол оҕо ардах кэнниттэн ат туйаҕыттан түһэн суолга лоппоччу хаппыт бөлтөгөртөн иҥнэн умса баран түстэ. Ол ытабыллаах хаһыыттан Өлүөнэ өрүс кытылыгар хоммут бэс ыйынааҕы айылҕа барахсан тупсан турар кэминээҕи сандаарбыт сарсыардааҥҥы наҕыл чуумпута биирдэ бытарыс гыммыт курдук буолла, чыычаах күйгүөрэ, кэҕэ этэрэ –  барыта хайдах эрэ бу аймалҕантан куттаммыт дуу, кыбыстыбыт дуу курдук, ах баран ылла.
Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/t-r-pp-t-ere-iye-dien-rd-k-aaty-s-kpet

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

ИЙЭ БУОР

Ааптар: Айсана


Чаҕылыйан күн да күн. Тулабыт барыта сып-сырдык, күп-күлүмүрдэс. Киhи эрэ үөрүөх-көтүөх курдук. Үөрүмүнэ… Биhиги бүгүн педагогика эксээмэнин мүччү түhэн, астынан-дуоhуйан, кыайбыт-хоппут дьон быhыытынан, бу күнү сынналаҥҥа эрэ аныыр санаалаах күн кыhалҕата суох хоспут түннүгүн холумтаныгар быардыы түhэн сытан таhырдьаны одуулубут.
Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/iye-buor

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

🫐Биһиги кэммит кэрэхсэбиллээх суруйааччыта Александр Постников-Сындыыс “КЫҺЫҤҤЫ СУГУН” эссе-сэһэнин манна таһаарбыппытын бэркэ сэҥээрэн аахпыккыт 🙌🏻

😊Аахпакка хаалбыт, көтүппүт дьоҥҥо эссе-сэһэн бары чаастарын сигэлэрин түмэн таһаарабыт:

Бочугурас состоруулаах улардар
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun

Эдьигээн дьиктилэрэ
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-1

Арыыттан 17 куобаҕы
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-2

Икки хабдьы толуга…
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-3

Балтараа сүүстүү умсаах
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-5

Чөккөөкү тойоно
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-6

Тыатааҕыттан холдьоҕуллуу
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-7

Долгун арҕаһынан айан
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-8

Киһи муҥутуур кыаҕын тургута…
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-9

Кыһыҥҥы сугун
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-10

Буранынан бөрөнү эккирэтии
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-11

Хахчааҥҥа
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-12


Сыалаахха
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-13

Ампаардаахха
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-14


Атыыр муҥхаттан – уһаарбаҕа тиийэ…
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-15

Кэбээйи соботунан – Эдьигээн күндүөбэйинэн…
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-16


Куонараҕа
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-17


Табаһыттарга
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-18


Хотойдор дойдуларыгар
https://kiinkuorat.ru/articles/ky-y-y-sugun-19


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

ХОТОЙ КЫРЫЫҺА

Ааптар: Айсана


🦅 Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.

Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки көтөн күпсүйбүтэ.

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/hotoy-kyryyha

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

БЫҺАХ

Оччолорго уон үстээх уол – эбэм, эһэм аахха, ыраах сытар улуустан кыра бөһүөлэккэ сайылыы кэлбитим. Бастакы сиэн буоламмын эбэм олус маанылыыра, кэмпиэт арааһа мин сиэппэр куруук толору буолара, ас мааныта мин иннибэр тэлгэнэрэ. Онтон эһэм ыраахтан, хараҕынан таптыыра, мээнэ ымманыйбат, тоҥуй соҕус оҕонньор этэ. Ол да буоллар билигин, сааһыран олорон санаатахпына, элбэххэ да үөрэтэн ааспыт эбит.

Кыра сааспыттан окко-маска, булка-алка тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьара. Ордук күүтэрим булт кэмин. Бастакы куспун тутатына таба ытан түһэрэн, омуннана  үөрэн өрө тэйиэккэлээбитим билигин да харахпар бу баар. Улахан булчут курдук санаммытым. Мин саҕа дьоллоох киһи суоҕун кэриэтэ этэ.
         
Сыл-хонук ааһан, арыый улаата түспүтүм кэннэ, эһэм миигин ыраах, өрүс нөҥүө баар үүтээнигэр илдьэр күнэ үүммүтэ.

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/by-ah


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Audio
#КК_АудиоКэпсээн

"Олоххо буолбут түбэлтэ" рубрикаттан


📚Иннокентий Сосин "Абааһы туһунан кэпсээннэр"
Ааҕар Наталья Кычкина

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн #КК_итэҕэл
Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги ааҕааччыларбыт Надежда Егорова-Намылы, Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах «Тайҕа таайыллыбатах таптала» диэн кэпсээннэрин аахпыттара.

Ким көтүппүккэ, эбэтэр хаттаан ааҕыан баҕарар дьоҥҥо барытын хомуйан сигэлэрин угабыт :
🔹 Бастакы чааһа
🔹 Иккис чааһа
🔹 Үһүс чааһа
🔹 Төрдүс чааһа
🔹 Бэһис чааһа
🔹 Алтыс чааһа

Кэпсээни сөбүлээбит буоллаххытына комментарийда хаалларыҥ 🔥

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta | #КК_кэпсээн
#КК_Кэпсээн

А Вася мүччүргэннээх сырыыта

Өлбөт үөс

Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС


Автор, бу олоххо дьиҥнээхтик буолбут түбэлтэ геройун курдук, А Вася диэн ааттаах дьонтон өһүргэммэттэригэр көрдөһөр. Дьиҥэр, Сахабыт сирин хас биирдии нэһилиэгэр, бүгүҥҥү общество итэҕэһин-быһаҕаһын, үөрүүтүн-хомолототун хайдах баарынан бэйэлэригэр иҥэринэ сылдьар ис минэ дьон, А Вася курдук мохсоҕоллор  бааллара биһиги күннээҕи олохпутун сэргэхситэллэр.

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/a-vasya-m-chch-rgenneeh-syryyta


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

ӨЛҮҮ КҮНЭ
Киһи үтүөтэ – өллөҕүнэ ахтыллар...

Ааптар: Александр-ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС


Кини итиинэн угуттуу кууһар, дьэп-дьэҥкир ыраас да ыраас ууга умуста. Тулата барыта сырдыгынан сыдьаайар, чаҕыллар, күлүмүрдүүр... Бу улаҕата биллибэт, көҕөрөмтүйэн көстөр дьикти киэҥ дуолга ис-иһиттэн чэпчээн, илиилэрин көтөн иһэр курдук даллатан, холку бэйэлээхтик устан истэ. Ол иһэн, мөһүүрэ долгуннарга күлүмүрдээн көстөр көмүс хатырыктаах балыктары эккирэтэ оонньуур, эмиэ да дьикти кэрэ сибэккилээх хонуулары сэргии көрөр. Ити курдук төһө өр устубута биллибэт, арай биирдэ өйдөөтөҕүнэ, аллара түстэр түһэн иһэр. Тулата тоҕо эрэ улам-улам тымныйан, болоорон барда. Көмүс хатырыктаахтары салыҥнаах, сыалыһарга маарынныыр дүлүҥ саҕа хара балыктар солбуйдулар. Кинилэр диэтэх дьон иҥсэлээх айахтарын аппаттылар, тымныы харахтарынан суптурута көрө-көрө иннинэн-кэннинэн устан сундулуҥнастылар.

Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/l-k-ne

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Кэпсээн

Ороһуоспа түүн

Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара сытара. Бу хороҕор муостаах уулуур ойбоно хат алларыахтарыгар диэри субу курдук биир түүн иһигэр муус чэңинэн бүрүллүөх, дөйө тоңуох муңа буоллаҕа дуу… 

Эмискэ муус тостор тыаһа “лас-лас” гынан, тула баар чуумпуну аймаата. Ону кытта чаалыйан тахсыбыт уу ойбон тулатын салаан ылбыта килэйэ охсон, дьэңкэрэн хаалла. Хойуу туман кыараҕас ойбонтон тохтоло суох субулунна. Ол туманы кытта айыы дьонуттан атын саңалаах, уу кыылыттан ураты бодолоох күөх ньамаҕы бүрүммүт ньамалас баҕайылар быгыахтаһа түстүлэр.
Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/oro-uospa-t-n

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta