#КК_СурукКиирдэ
✍️Оскуолабытыгар олоҥхо нэдиэлэтэ буолан ааста. Алын кылаас оҕолоругар "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхонон ойуулук көрдөрдүбүт. Оттон бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ В.О.Каратаева «Модун Эр Соҕотох» олоҥхотун куукуланан оонньоон көрдөрдүлэр. Орто сүһүөх уолаттара П.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону толордулар.
Оскуолабыт учууталлара У.Нохсоров «Дыырай Бэргэн» олоҥхону толорбуттарын биһиги олус биһирии иһиттибит.
Нэдиэлэ устатыгар «Олоҥхо чорооно» кылаастар икки ардыларыгар дуобакка күрэхтэһии уонна «Олоҥхо дьыктаана» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа кыттыы буолла. «Дьүрүһүй хомуһум!» күргүөмүнэн хомус тардаммыт нэдиэлэбитин үрдүк таһымнаахтык түмүктээтибит.
Н.Е.Золотарев аатын сүгэр Боотулуу орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Нина Афанасьева
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

✍️Орджоникидзеҕа наһаа красивай, прям от кутюр саҥа платье кэппит курдук мап-мааны елка😍 ол эрээри ити Ленина курдук палатка туруоруо эбиттэр, тоҥмут, чараас таҥастаах оҕо наһаа элбэх, ыччаттар.
Дьон быйыл наһаа элбэх, Ленин площадыттан Орджоникидзеҕа диэри 1 Май парадыттан итэҕэһэ суох халыҥ халҕаһа анньан тиийдэ. Онуоха сценалара быыкаа.
Ыраахтан туох да көстүбэтин ааһан, звук иһиллибэт.
Сцена анныгар турар аҕыйах дьоҥҥо 15 мүнүүтэни быһа тыл эттилэр.
Бу тымныыга дьону күүттэрэн тоҕо да итиччэ уһуннук кэпсээбиттэрэ буолла.
Ол оннугар "елочка зажгись" диэннэрин смакуйдуо этилэр.
"Раз, два, три" эрэ буолла быһыылаах. Итиччэ уһуннук күүппүккэ устуойута суох.
Уопсайынан, ити Орджоникидзе болуоссатыгар улахан экран, элбэх динамик эҥин баар буолуо эбит, «Елочка зажгись» дииллэрэ иһиллэрин уонна көстөрүн курдук.

✍️Тыл сайдыытын программатыгар кэлэр сылга 101 мөл.солк. көрүллүбүт. Саха тылын сайыннарыыга ити сумматтан төһөтө эмэ тиксиэҕэ.
Олоҥхо декадата буолла, ол иннинэ Күөрэгэйдэр фестиваллара ааста...Олунньуга Ийэ тыл күнүн ньиргитиэхтэрэ. Төгүрүк остуол бөҕө буолуоҕа...
Сороҕор улаханнык кыйаханыах санаам кэлэр, доҕоттор! Мин оҕолорум Докуускай көннөрү орто оскуолатыгар үөрэнэллэр, аата эрэ сахалыы кылаастар. 2-ис кылааспытыгар нэдиэлэҕэ биирдэ литература ааҕыыта, биирдэ саха тыла буолар. Аны туран илиилэригэр учебник ылбатылар-тиийбэт үһү. Онон саха тылыгар дьиэҕэ үлэ диэн төрүт суох.
4-үс кылааспытыгар былырыын нэдиэлэ көтө-көтө саха тыла, литературата буолар этэ-ол аата ыйга 2 саха тыла, 2 литература. Бэһис кылааска тахсыыга оҕолору профильларга араарабыт диэн кылаастарынан ыстылар. Уруккута сахалыы кылааска ханна да сатаан киирбэтэх араас омук оҕотун мустулар-оннук гынан сахалыы кылааһы суох гыннылар. Маннык түгэн сыл аайы үгүс оскуолаларга хатыланар эбит!Мөлтөх оҕолору кытта хаалбатынар диэн дьон оҕолорун гуманитарнай, математическай, юнармия кылаастарыгар биэрэ сатаатылар.
Үс сааһыгар диэри сахалыы ииппит оҕом детсакка саха группатыгар киирэн баран 2 ый иһигэр нуучча буолла! Группа улахан аҥаара "кэл-бар" да диэни сахалыы өйдөөбөттөр...
Онон үрдүкү былааска, тыл актыбыыстарыгар буолар төгүрүк да, түөрт муннук да остуоллар көннөрү боростуой дьоҥҥо туох да туһата суохтар! Сыл аайы көрүллэр харчы тылбытын симэлийииттэн быыһаан эрэрэ эмиэ көстүбэт!
Кыһыыбыттан, оҕолорбун сахалыы иитэ сатыырбар хантан да өйөбүл кэлбэтиттэн ардыгар ытыах эрэ санаам кэлэр!

✍️Быйыл унтуу сыаната бас быстарынан буолбут. Чэпчэтиилээх унтуу 60000 солк. турар. Сорох сиргэ 75000 солк. тиийэр.
Аны туран бу унтуубут тыһа кэлии тыс, үксүн Приморьеттан имиллибити аҕалан, манна тигэн атыылыыллар. Ол дойду табатын тыһа түүтэ чараас, уһун, сарыыта (мездрата) биллэ чараас, хос түүтэ (подпушката) кытта убаҕас. Тонировкаламмыт, кырааскаламмыт тыс өссө кэбириир. 2-3 сылынан унтуугут тырытта сылдьар буолуон сөп. Ол аата сыанатыгар эппиэттээбэт.
Үчүгэй таба тыһыттан тигиллибит унтуу 10-15 сылга барыахтаах. Маныаха тириини химикатынан быһа сиэппэккэ, илии имиитэ үйэтин уһатар.
Атыылаһыаххыт иннинэ унтууну дэлби убахтаан, имитэн (тыастаах буоллаҕына тыһа аһара обработкаламмыт, сыыһа хараллан хаппыт, хайдыгас буолуон сөп), түүтүн арыйан көрөр буолуң. Кырааскаламмыт тыс таһа хара, иһэ сырдык буолар.
Тыс айылҕаттан кырымахтаах буолуохтаах, хап-хара тыс диэн суох.

✍️"Елка добра" диэн үчүгэй акция эрээри, тоҕо именно куораттан ыраах баҕайы турар "Бубль гум" маҕаһыын буоларын сатаан өйдөөбөппүн. Ити предприниматель акция кэмигэр подарок ылар дьоҥҥо чэпчэтии биэрэр дуу, туох эрэ тендер ыытыллан кыайбыт дуу? Оҕоҕо сөптөөх табаары атыылыыр соҕотох маҕаһыын дуу?
Дьиҥэр, куорат киинигэр турар атын маҕаһыыннарга эмиэ Елка добра биллэрэллэрэ буоллар быдан элбэх киһи кыттыа эбитэ буолуо.

✍️" Сибилигин 2-с нүөмэрдээх оптуобуска олорсон иһэбин. Киһитэ наһаа толорута суох. Интерваллара үчүгэй👍🏻" Санатар буоллахха, ахсынньы 7 күнүттэн 2 №-дээх маршрут нэһилиэнньэ туруорсуутунан Дьокуускайдааҕы харах балыыһатыгар таарыйар сыалтан Свердлов уулуссатынан киирэн ааһар.

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#КК_СурукКиирдэ
#КК_Видео
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
✍️Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар.
Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум: https://kiinkuorat.ru/articles/ch-geyi-k-r-rg-ha-an-renebit
⬆️⬆️⬆️Видео: Ааҕааччыттан киирбит суругунан "Киин куорат" таҥыыта.

🚌4-үс маршрут Дзержинскэй уулуссаттан тахсан Орджоникидзенан барар, онтон Ленин болуоссатынан проспекка ойон тахсар буолбут эбит👍🏻
Эргэ ПАЗикка түбэһэн олордум эрээри ичигэһэ, ырааһа, муостатыгар көбүөрдээҕэ ааттаах. Бары да маннык дьаһанан иһэллэрэ буоллар🙌🏻

Куорат дьаһалтатыгар улаханнык махтанабыт
✍️«Киин куорат» телеграм-ханаалыгар «Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?» диэн суруйууну үтүктэн, бэйэм санаабын этиэхпин баҕардым. - Биһиги дьиэ кэргэн «Прометей» микрооройуоҥҥа бастаан тутуллан эрдэҕинэ дьиэ атыылаһан көһөн кэлбиппит уонча сыл буолла. Онно киһи да аҕыйах быһыылаах этэ, дьиэ да аҕыйах тутулуннаҕа. Онон 14-с оптуобуһунан Автодорожнайга тахсаммыт, үөрэхпитигэр, үлэбитигэр айанныыр этибит. Онтон кэлин дьиэ эбиллэн истэҕин аайы саамай куораппыт киинигэр тиийэр 14-с оптуобуспут иһирдьэ киирэн тахсар буолбута. Ол наһаа табыгастаах этэ. Онтон төһөнөн дьиэ-уот тутуллан, киһи элбээн истэҕин аайы бу оптуобуспут биһиги айаммытын толуйбат, эппиэттээбэт буолан испитэ. Тоҕо диэтэххэ наһаа элбэх эдэр, үлэлиир ыал олорор, киһи барыта массыыналаах буолбатах, наһаа элбэх оҕо үөрэнэ барар, кэлэр. Ол аайы бу оптуобуска сорох ардыгар баппакка, иккис, үһүс оптуобуһунан да барбыт-кэлбит дьон элбэх буолааччылар. Куруутун айанныыр буоламмыт, бэйэ икки ардыгар кэпсэтэбит эҥин буоллаҕа. Онон саамай абырыыр, куорат киинигэр барар оптуобуспут наһаа ноҕоруусканы көрсөр, элбэх киһилээх буолан хаалбыта. Онтон сиэммит улааппыта, оскуолаҕа барбыта, оччолорго «Прометейга» оскуола баар буоларын туһунан кэпсэтии да суох этэ. Оҕобутун куорат 26-с оскуолатыгар эмиэ бу 14-с оптуобуһунан сарсыарда илдьэбит, киэһэ аҕалабыт. Онтон орто сүһүөх кылаастартан бэйэтэ сылдьар буолбута. Оҕоҥ киэһэ хойут наһаа элбэх киһи симиллибит оптуобуһунан айаннаан кэлэрэ эмиэ ыарахан буоллаҕа. Онон наһаа эрэйдэммиппит. Өссө иккис сменаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ оптуобуһу кэтэһэн-манаһан киэһээ аҕыс чааска кэлээхтиир этэ, ыарахан баҕайы рюкзагын сүкпүтүнэн. Онтон билигин аттыбытыгар оскуола аһыллан, оҕолор да, төрөппүттэр да олох абыраммыт буолуохтаахтар. Ааспыт ыйтан аны микрооройуоммутугар 5-с нүөмэрдээх оптуобус биһигинэн эргийэн куорат киинигэр тиийэр буолбутугар, кырдьык, наһаа үөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ аны икки араас оптуобуһунан барабыт, кэлэбит, талан олоробут. Аны бу 5-с оптуобус куорат киинигэр эрэ буолбакка, биһигини салгыы куорат балыыһатыгар тиийэ илдьэр. Онон биир эмит ыарыһаҕыҥ, билэр киһиҥ сытар буоллаҕына, ону көрсө барарга, көрдөрө да барар буоллаххына, олох чопчу тиийэҕин, мин онтон наһаа үөрдүм. Ааспыт ыйга оруобуна миигин Свердлов ууулуссаҕа турар харах балыыһатыгар ыыппыттара. Онно оруобуна медколледж таһыгар тохтобулга түһэн, балыыһабыттан олох чугас тиийдим. Уопсайынан, бу оптуобус биһигинэн эргийэн сылдьарын наһаа хайҕаатым уонна сөбүлээтим. Кырдьык, нэһилиэнньэ элбээтэ. Онон биһиэхэ наһаа наадалаах уонна бу оптуобус сылдьыбыта наһаа хайҕаллаах диэммин, сыта-тура, этэргэ дылы, сахалыы уу иһэ-иһэ хайҕыыбын. Урут кыайан тиийбэт элбэх сирбитигэр айанныыр буоллубут. Биирдэ эмэ мал-сал атыылаһа Строительнай ырыынакка да чуо тиийэбит. Онон бу маршруту киллэрбит куорат дьаһалтатыгар улаханнык махтанабыт.
А.И. Михайлова, «Прометей» олохтооҕо

Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
#КК_СурукКиирдэ
✍️Бу киэһэ Сайсары тохтобулуттан 2-с нүөмэрдээх оптуобуска олорсон, Куорат стоматологиятыгар айаннаан кэллибит. Кыһыл өҥнөөх улахан оптуобуһунан👍 Чахчы, лаппа киэҥ, сылаас (сүрүнэ - түннүктэрэ кырыарбат) эбит. Тумана суохха киэһээҥҥи куораппытын көрө-көрө айанныыр үчүгэйин👍
Аны бу иннинэ 2-с оптуобуспут Харах балыыһатыгар уонна Куорат стоматологиятыгар тиийбэт, Халтурин уулуссатынан сылдьар үһү диэн сонуну хомойо истибиппит. Хата, бэйэбит курдук ити икки балыыһаҕа элбэхтик барар-кэлэр кыһалҕалаахтар туруорсан, "двойкабыт" барахсан Свердлов уулуссатынан сылдьар буолбут🙏
Харах хаапылатын куттахтарына, били онто да суох балай киһи суолу да туоруура ыарахан буолааччы. Аны кыра оҕолоох дьон Халтуринтан хаамалларыгар тэйиччи ээ.
Онон нэһилиэнньэ санаата учуоттанар эбит диэн үөрэбит эрэ👍👍👍

🚌Хатас 103-үс нүөмэрдээх оптуобуһа бииртэн биир тохтобулу биллэрэн куоракка киирдим.
Манна куорат оптуобуһунан айанныыртан туспа быраабылалааҕын
билэҕит?
☝🏻Инники аанынан пассажир төлөбүрүн оҥорон ааһабыт. Тахсарбытыгар ортоку эрэ аанынан тахсабыт.
Оптуобуспут тупсаҕайа, ырааһа, сыыдама👍🏻

✍️ЯКСМК оройуонугар олоробун. Оптуобус тохтобулугар "Таатта" олохтоох аһын, эт, үрүҥ ас арааһа, атыылыыр киоската баар. Сыаната олох удамыр, бэйэлэрин сыаналарынан да диэххэ сөп.
Саха ыала сарсыардааҥҥы аһылыкка күөрчэҕи тото сиэтэҕинэ өллөөх сылдьар. Бу киоскаҕа мин санаабар куорат үрдүнэн биир чэпчэки сыаналаах Сливки баар - 230-235 солкуобай, онтон бааһынай рыногар дуу, бу мин олорор сирбиттэн чугас, аҥаардас суол нөҥүө Гурман диэн маҕаһыыҥҥа 330-350 солк кэлэр ээ. Ол өссө Нам, Горнай киэнэ буолар. Оттон Тааттаҥ быдан ыраах сыттаҕа. Онон куорат олохтоохторо ыраах диэбэт буоллаххытына, бу киоскаттан кэлэн күөрчэххит чөчөгөйүн ылыаххытын сөп.
Аны туран, били социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт, этэргэ дылы "сулус" буолбут харалаах маҥан ыт дьэ бу киоска, кэлэр-барар дьон, аттынааҕы Кочевник таптыыр, доҕор оҥостор ыттара бу киоска таһыгар куруук сытар буолар.
Бүгүн, хаартыскалаары гыммытым, суох эбит. Атыыһыт кыыстан аатын ыйыппыппар: "Толстый его называют", - диир. "А как иначе?"- дии санаатым. "Ким аһатарый?" - диэбиппэр, ааһан иһэр дьон, Кочевник кафеттан тахсааччылар, үлэһиттэр миигиттэн ордук аһаталлар диэн күлэр. Онон Толстай бүгүн ханна эрэ күүлэйдии барбыт быһыылаах, кэтэстим да кэлбэтэ 😀
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta