#КК_Сэргээ
✈️ Саха сиригэр тохсунньу 9 күнүттэн 2 саастарыттан 12 саастарыгар диэри оҕолорго сөмөлүөт билиэтигэр 50% чэпчэтии оҥоһуллар буолуоҕа👍🏻👍🏻👍🏻Ол туһунан Ил Дархан пресс-конференциятыгар иһитиннэрдэ.
Чэпчэтии «Якутия», «Полярные авиалинии» уонна «Алроса» авиахампаанньаларга олохтонуоҕа☝🏻
Халлаанынан эрэ сырыылаах, ыраах сытар улуустарга бэртээхэй чэпчэтии👏
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

🎄 «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыан сөп.
🔹«Бубль-Гум» маҕаһыын икки салаатыгар тэңинэн ыытылла турар:
🎄Кальвица уул., 14/5 уонна
🎄Дзержинскэй уул., 71.
Тэрээһиҥҥэ кыттарга оҕо аата суруллубут аккырыыкканы талан баран, ол оҕоҕо саҥа дьыллааҕы бэлэх атыылаһан уураҕыт🙌🏻
🎁 Бу күннэргэ 19 №-дээх "Василёк", 90 №-дээх "Ласточка" уһуйааннар, 3 №-дээх, 32 №-дээх оскуолалар, Саха гимназия, Физико-техническэй лицей, Техническэй үөрэхтээһин киинэ, "IT-куб", "Столица" АТМУ үлэһиттэрэ кыттыстылар.
🎄Аһымал ааксыйа бүгүңңүнэн бүтэр👋

🤳203-үс дьоҕус оройуон дворнига олохтоохторго анаан хаарга сурук хаалларбыт ❄️

🐍💩Горнай улууһун Мытааҕар эдэр фермер Сардаана Тимофеева сүөһү хойуутуттан 2025 сыл бэлиэтин оҥорбут.
Хаартыска, видео: @silatrudagorny

2025 сыл — Иэйэхсит сыла
💠Саха тылыгар мөһүлгэ диэн тыл баар. Бу тыл уруулуу түүрдүү омуктарга 12 сыллаах эргиири бэлиэтиир. Дьылдьыттар 60 сыллаах эргиири билэллэр. Онон кыра мөһүлгэ, о.э. 12 сыл эргиирэ, уонна улахан мөһүлгэ, о. э. 60 сыллаах эргиир диэн өйдөбүл баар.
Кыра мөһүлгэ хас сылын аайы, Айыыларга сыһыаран, саха култууратын эйгэтиттэн үстүү эйгэни кытыннарар. Ити түмүгэр саха култууратын эйгэлэрэ хас кыра мөһүлгэ аайы биир толору эргиири оҥорор көрүктэрэ үөскээбит.
Бу 12 сылы бу курдук үллэһиллибит: Бастакы сыл – Таҥха сыла; Иккис сыл – Одун сыла. Үһүс сыл – Дьөһөгөй сыла. Төрдүс сыл – Айыыһыт сыла. Бэһис сыл – Иэйэхсит сыла. Алтыс сыл – Үрүҥ Айыы сыла. Сэттис сыл – Буор сыла. Ахсыс сыл – Аан Дьааһын сыла. Тохсус сыл – Улуу Суорун сыла. Онус сыл – Хотой Айыы сыла. Уон биирис сыл – Байанай сыла. Уон иккис сыл – Билгэ сыла” – диэн суруллар.
Бу мантан сиэттэрэн көрдөххө, 1990-с сылларга чөлүгэр түһэриллибит ааҕыынан, быйылгы хаар бардаҕына Айыыһыт сыла түмүктэнэн, Иэйэхсит сыла үүнүөҕэ.
Иэйэхсит Айыыһыттааҕар үрдүк олоххо, халлаан иккис хаттыгаһыгар олорор дииллэр. Кини айгыр силик тыынар тыыннааҕын баратын араҥаччылыыр аналлаах. Иэйэхсит илгэтэ быйаҥы, үөскүүрү көҕүтэр, үүннэрэр.
🙌🏻Иэйэхсит илгэтэ ытыһыгар түспүт киһитэ өҥ илиилэнэр, оччоҕо кини туппута-көрбүтэ барыта тупсар, төлөһүйэр, сайдар, үүнэр, чөл, чэгиэн буолар.
Киһи айылҕаттан дьоҕурдара арылларыгар бэрт кэм тосхойор. Талба талааннаргытын арына сатаатаххытына – сатабыллаах дьон буолан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэхситэр кэмҥит кэлиэ. Өтө көрөр, сэрэйэр айылгылаах, онон ааһан иһэр албыҥҥа-түөкэйгэ үктэппэт. Кыһалҕалаахха ис сүрэҕиттэн көмөлөһө сатыыр киһи – элбэх ситиһиигэ тиксиэ.
Иннигитин туохха да биэрбэт буоллаххытына, кыыһыра-тымта, улаатымсыйа сатаатаххытына — Дьолуо Айыыһыт тиэрэ эргийиэ. Хара ньэгири түргэнник аһарына үөрэниҥ. Өһүргэниини, бэйэни аһыныыны тохтотуҥ. Дьиэ кэргэҥҥэ ытыктабыл, өйдөһүү-өйөһүү, бэйэ-бэйэни харыстааһын сыаннастарын өрө тутуҥ.
Сорох сэлээр быһыылар-майгылар үтүөнү түстээбэт сыллара. Өйү тутуу, киэҥ көҕүстээх буолуу, дуоспуруннаах туттуулаах дьону — харчы оҥоруу, байыы-тайыы күүтэр сыла.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
🌐 Kiinkuorat.ru
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
📩Электроннай аадырыс: [email protected]
#КК_Сэргээ
❄️Тохсунньу билгэтэ❄️
Айыы итэҕэлинэн тохсунньу – Таҥха Хаан ыйа. Оттон Таҥха Хаан дьылҕа таҥарата буолар. Таҥха диэн Айыы таҥмыта барыта ааттанар. Айылҕа барыта таҥыллан турар. Ол таҥыллыбытынан биир кэм турбат: мэлдьи таҥыллар, таҥастанар. Киһи эмиэ айылҕаттан таҥыллан үөскүүр.
Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар хараҥа ый диэн ааттыыллар. Тохсунньу ый түүнэ уһун, күнүһэ кылгас. Аан-даан тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр.
Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр. Онон таҥхаланыы диэн үөскээбит. Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр.
Бу ыйы от ыйа батыһар. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – сайына куйаас. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар. Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр. Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир. Ити эрээри, хонон турдах ахсын халлаан сылыйан эрэрэ, күн уһаан иһэрэ биллэр буолар.
Тымныы түһэригэр оһох үөлэһиттэн буруо туруору тахсар, дьон саҥата, ыт үрэрэ ыраахтан иһиллэр, киһи тыына сырдыргыыр, куоска атаҕын саланар уонна сирэйин суунар, куоска уонна ыт түүрүллэн, утуйа мээрик буолаллар, дьиэ сыбаҕа тыаһыыр, оһох уота кытарар уонна күүскэ таһырҕаан умайар, сулустар түүн сытыытык чаҕылыһаллар.
1 – Саҥа сыл саҕаланар.
7 – Ороһуоспа. Ороһуоспа тымныыта түһэр. Бу күн былытырдаҕына, сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри туруоҕа, былытырбатаҕына – тымныы сэтэриир. Бу күн сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥсүйэр. Киэһэтин халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына – отон аанньа үүммэт.
12 – сүллүүкүттэр тахсаллар. Маҥнай хамначчыттара тахсан, абааһыта суох өтөхсүйбүт дьиэлэри оттон ититэллэр.
14 – Баһылайап (Эргэ саҥа сыл). Бу күн ханнык кэмҥэ былытырбытынан дьаҥ-дьаһах хаһан буоларын быһаараллар.
15 — тоҥсоҕой тоҥ маһы тоҥсуйан торулатарын “тымныыны кэрдэн эрэр” дииллэр.
19 – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан. Сарсыарда сүллүүкүттэр төттөрү киирэллэр диэн, ыаллар эрдэ туран сүөһү уулатар ойбоннорун тэһэн, сүүрдээн кэбиһэллэрэ.
20 – былыр таҥара күлүгүн сууйаллара уонна сибэтиэй уутунан дьиэлэрин, хотоннорун, сүөһүлэрин ыраастыыллара, арчылыыллара.
21 – бу күн тыалын соҕурууттан ыллаҕына – сайына кураан.
23 – кэбиһиилээх от кырыардаҕына – сайына самыырдаах.
24 – сис былыт кэллэҕинэ, тохсунньу 31-гэр диэри тымныы мүлүрүйэр.
25 – халлаан күннээх буоллаҕына – саас көтөр эрдэ кэлэр, хаар түстэҕинэ – ардыыр.
30 – Ый туолуута.
31 – Бастакы Охонооһойоп. Эһэ арҕаҕар сытан, иккис өттүгэр эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Дьыл оҕуһун аҥаар муоһа тостор.

Тохсунньу тоһуттар тымныылара сатыылаатылар🥶❄️
😳Маннык күннэргэ киһи үксэ дьиэттэн быкпакка буола сатыыр, оттон сорохтор сүүрэ тахсаллар эбит🏃🏻🏃🏻♀️🏃🏻♂️
Экстремал-сүүрүк, чөл олоҕу тарҕатааччы, Дьаааҥыттан төрүттээх Дмитрий Горохов хамаандатын кытта тохсунньу 1-гы күнүгэр -54 кыраадыска сүүрэ тахсыбыттар🙌🏻
Аны тохсуньу 19 күнүгэр сүүрэр былааннаахтар. “Дьонум халыңнык таңның диирбин истибэттэр, сатаан таңныбаттар... Кириһиэнньэ саҕана тымныы күүһүрээччи...", - диир Дмитрий Николаевич.
Киһи киһиттэн атына иннэ сыттаҕа😅

🤳Сэбиэскэй сойуус саҕанааҕы харыйа оонньуурдара 🎄
Эһиэхэ былыргы оонньуурдар бааллар дуо?