«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.2K photos
1.12K videos
1 file
10.6K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Видео

🤳Тымныыны тымныы диэбэккэ, Орджоникидзе болуоссатын сыырыгар толору оҕо аймах😅

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Үөрэхтээһин

Ааҕарга-суоттуурга, сынньанарга үчүгэй даҕаны!

🏫31-с №-дээх оскуола алын сүһүөх кылаастарын учууталлара үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр «Тропинка к успеху» бырайыактарынан оҕо аймах сайдар, сынньанар бэртээхэй эйгэтэ тэриллибит. Ол курдук, айар бөлөх Куораттааҕы үөрэх управлениета ыыппыт күрэҕэр кыттан, 500 тыһ. солк. суумалаах Граны ылбыт.

Бу туһунан соторутааҕыта Естественно-научнай педагогическай форумҥа дириэктэри солбуйааччы Марина Валерьевна Сивцева кэпсээбитин кэрэхсии истибиппит: https://kiinkuorat.ru/articles/aa-arga-suottuurga-synnanarga-ch-gey-da-any

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Нолуок «вычета»: Быраапкын туһан!

🫰 Нолуок “вычета” диэн баарын үгүстэр билэр, бэлиэр туһаммыт, туһана да сылдьар буолуоххутун сөп. Сокуон быһыытынан, “вычет” ҮС иннинээҕи сылга төлөспүт нолуоктан оҥоһуллар. Ол эбэтэр бу 2024 сыл бүтүөр диэри сайабылыанньаласпыттарга 2021, 2022 уонна 2023 сылларга төлөөбүт нолуоккутуттан “вычет” ааҕыллар. “Саҥа дьыл кэннэ, тохсунньуга да тиийиллиэ” диэн уһата-кэҥэтэ сырыттаххына, 2021 сыллааҕы төлөбүргүттэн ылбаккар, көтүтэргэр тиийэҕин. Онон “вычеттаныахтаах” түгэҥҥэр туттумахтас!

Ханнык “вычеттар” баалларый?

Ол туһунан манна аах

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

СФР үлэнэн хааччыйыы иһин субсидия аныыр


❇️Судаарыстыба нэһилиэнньэ кэккэ көрүҥ араҥатын үлэнэн хааччыйар туһугар РФ Биэнсийэҕэ уонна социальнай страховкаҕа пуондатын нөҥүө тустаах көрүҥҥэ киирсэр үлэтэ суохтары үлэҕэ ылар тэрилтэлэргэ – ол иһигэр кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр, биирдиилээн урбаанньыттар эмиэ хапсаллар –  субсидия көрөр.

Субсидияны биэрии Быраабылата дойду бырабыыталыстыбата 2021 сыл кулун тутар 13 күнүгэр таһаарбыт 362 №-дээх уурааҕынан бигэргэммитэ. Кэлин онно эбии-көҕүрэтии киирбит.

Үөһэ ааттаммыт тэрилтэлэр нэһилиэнньэ ханнык категориятын үлэҕэ ыллахтарына, судаарыстыба субсидиятыгар хапсыахтарын сөп эбитий? Билсиэҕиҥ: https://kiinkuorat.ru/articles/sfr-lenen-haachchyyyy-i-in-subsidiya-anyyr

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

«Биометрияларын» туттарар буолуохтара

🙌🏻Арассыыйаҕа киирэр тас дойду олохтоохторо ахсынньы 1 күнүттэн РФ судаарыстыбаннай кыраныыссатын туоруулларыгар биометрическай дааннайы туттарар эбээһинэстэннилэр. Итиннэ сирэйдэрин хаартыскаҕа түһэрии, тарбахтарын суолун түһэрэн ылыы киирэр. Билиҥҥитэ, эспэримиэн быһыытынан, тэхиньиичэскэй хааччыллыы таһымыттан көрөн, Шереметьево, Домодедово, Внуково, Жуковскай пуортарыгар уонна массыына суолугар Оренбург куоракка баар Маштаково пуунугар эрэ олоххо киирбит. Кэнэҕэһин кыраныысса бары пууннарыгар туттуллуо.

2025 сыл бэс ыйыттан саҕалаан 2026 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр диэри кэм иһинэн хас биирдии Арассыыйаҕа киирбит тас дойду олохтооҕор “цифровой профиль” оҥоһуллуоҕа. Ону судаарыстыба өҥөтүн оҥорор порталы, атын да судаарыстыба систиэмэлэрин кытта ситимнээн, наада түгэнигэр, ол дааннайы көрөр-истэр, бэрэбиэркэлиир кыах үөскүөҕэ.

Эспэримиэн тас дойду сорох көрүҥ олохтоохторун таарыйбат эбит.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

Дуунньа дьулаан кэпсээннэрэ

❇️Арыт, саҥардаҕына, тохтообот, сорох кэмҥэ ууну омурдубуттуу иһийэр дьикти-дьиибэ майгылаах билэр дьахтарым баара. Манна аатын уларытан, Дуунньа диэтим. 

Кини дьиибэтэ диэн: киһи итэҕэйимиэн курдук күннээҕи олоххо дьүөрэтэ суох сэһэннээҕэ. Ол иһин сорохтор күлүү гынар эбит буоллахтарына, сорохтор кини кэпсээнин итэҕэйэр, аһаҕас харахтааҕынан ааҕар этилэр. Соторутааҕыта бу Дуунньаны бэркэ билэр, кинилиин өр кэмҥэ алтыспыт билэр дьахтарбын көрсөн, бука диэн “Дуунньа абааһыларын” туһунан кэпсииригэр көрдөстүм: https://kiinkuorat.ru/articles/duunna-dulaan-kepseennere


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СурукКиирдэ

Куорат дьаһалтатыгар улаханнык махтанабыт

✍️«Киин куорат» телеграм-ханаалыгар «Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?» диэн суруйууну үтүктэн, бэйэм санаабын этиэхпин баҕардым.  - Биһиги дьиэ кэргэн «Прометей» микрооройуоҥҥа бастаан тутуллан эрдэҕинэ дьиэ атыылаһан көһөн кэлбиппит уонча сыл буолла. Онно киһи да аҕыйах быһыылаах этэ, дьиэ да аҕыйах тутулуннаҕа. Онон 14-с оптуобуһунан Автодорожнайга тахсаммыт, үөрэхпитигэр, үлэбитигэр айанныыр этибит. Онтон кэлин дьиэ эбиллэн истэҕин аайы саамай куораппыт киинигэр тиийэр 14-с оптуобуспут  иһирдьэ киирэн тахсар буолбута. Ол наһаа табыгастаах этэ. Онтон төһөнөн дьиэ-уот тутуллан, киһи элбээн истэҕин аайы бу оптуобуспут биһиги айаммытын толуйбат, эппиэттээбэт буолан испитэ. Тоҕо диэтэххэ наһаа элбэх эдэр, үлэлиир ыал олорор, киһи барыта массыыналаах буолбатах, наһаа элбэх оҕо үөрэнэ барар, кэлэр. Ол аайы бу оптуобуска сорох ардыгар баппакка, иккис, үһүс оптуобуһунан да барбыт-кэлбит дьон элбэх буолааччылар. Куруутун айанныыр буоламмыт, бэйэ икки ардыгар кэпсэтэбит эҥин буоллаҕа. Онон саамай абырыыр, куорат киинигэр барар оптуобуспут наһаа ноҕоруусканы көрсөр, элбэх киһилээх буолан хаалбыта. Онтон сиэммит улааппыта, оскуолаҕа барбыта, оччолорго «Прометейга» оскуола баар буоларын туһунан кэпсэтии да суох этэ. Оҕобутун куорат 26-с оскуолатыгар эмиэ бу 14-с оптуобуһунан сарсыарда илдьэбит, киэһэ аҕалабыт. Онтон орто сүһүөх кылаастартан бэйэтэ сылдьар буолбута. Оҕоҥ киэһэ хойут наһаа элбэх киһи симиллибит оптуобуһунан айаннаан кэлэрэ эмиэ ыарахан буоллаҕа. Онон наһаа эрэйдэммиппит. Өссө иккис сменаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ оптуобуһу кэтэһэн-манаһан киэһээ аҕыс чааска кэлээхтиир этэ, ыарахан баҕайы рюкзагын сүкпүтүнэн. Онтон билигин аттыбытыгар оскуола аһыллан, оҕолор да, төрөппүттэр да олох абыраммыт буолуохтаахтар. Ааспыт ыйтан аны микрооройуоммутугар 5-с нүөмэрдээх оптуобус биһигинэн эргийэн куорат киинигэр тиийэр буолбутугар, кырдьык, наһаа үөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ аны икки араас оптуобуһунан барабыт, кэлэбит, талан олоробут. Аны бу 5-с оптуобус куорат киинигэр эрэ буолбакка, биһигини салгыы куорат балыыһатыгар тиийэ илдьэр. Онон биир эмит ыарыһаҕыҥ, билэр киһиҥ сытар буоллаҕына, ону көрсө барарга, көрдөрө да барар буоллаххына, олох чопчу тиийэҕин, мин онтон наһаа үөрдүм. Ааспыт ыйга оруобуна миигин Свердлов ууулуссаҕа турар харах балыыһатыгар ыыппыттара. Онно оруобуна медколледж таһыгар тохтобулга түһэн, балыыһабыттан олох чугас тиийдим. Уопсайынан, бу оптуобус биһигинэн эргийэн сылдьарын наһаа хайҕаатым уонна сөбүлээтим. Кырдьык, нэһилиэнньэ элбээтэ. Онон биһиэхэ наһаа наадалаах уонна бу оптуобус сылдьыбыта наһаа хайҕаллаах диэммин, сыта-тура, этэргэ дылы, сахалыы уу иһэ-иһэ хайҕыыбын. Урут кыайан тиийбэт элбэх сирбитигэр айанныыр буоллубут. Биирдэ эмэ мал-сал атыылаһа Строительнай ырыынакка да чуо тиийэбит. Онон бу маршруту киллэрбит куорат дьаһалтатыгар улаханнык махтанабыт. 

А.И. Михайлова, «Прометей» олохтооҕо


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from ПРО Автобус
Уважаемые жители! На одном из автобусов 12 маршрута не работает навигация в приложении "Умный транспорт", но автобус находится на линии. Просим учесть данную информацию при планировании своих поездок. К слову все автобусы данного маршрута на данный момент выходят по своему графику в полном составе в порядке очереди.

#ПроАвтобус
#Якутск
#Городскойтранспорт
#КК_Сонун

🚌5-ис нүөмэрдээх маршрукка бүгүн эбии икки улахан оптуобус линияҕа таҕыста.

🚌Өссө икки улахан ЯПАК МУТ оптуобустара 7-ис маршрукка эбии тахсыахтара.

Ол туһунан дьаһалта бүгүн сарсыардааҥы планеркатыгар иһитиннэрдилэр.
Улахан оптуобустар киэһээ уонна сарсыарда дьон ордук тоҕуоруһар кэмигэр күүс-көмө буолуохтара.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын Суолга-тырааныспарга сулууспатын телеграмм ханаалыгар суруттарыҥ:
https://t.iss.one/ProAvtobusYkt

🚌Оптуобустар сырыыларын туһунан кырдьыктаах информация, суһал иһитиннэрии барыта иннэ тахсар☝🏻


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

ОДьКХ салаатын “D” категориялаах суоппардарын
ЯПАК МУТ үлэтин күүһүрдүүгэ ыытыахтара


🚌 ЯПАК МУТ салайааччыта Иннокентий Сергучев иһитиннэрбитинэн, тоҥон турбут оптуобустары ириэриэхтэрэ, суоппардарга медосмотр уонна инструктаж ыытыахтара.

Баһылык Евгений Григорьев хомунаалынай тэрилтэлэри куорат олохтоохторун өйүүргэ, кыһалҕаны быһаарарга көмөлөһөргө ыҥырда.

Ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, ЯПАК МУТ графигы толоруута 98,8%, Союз Авто - 86,8% тэҥнэспит.

☎️"Тута сибээс" линиятыгар 300 кэриҥэ киһи эрийэн оптуобустар сырыыларын схематын, арыттарын ыйыталаспыттар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Дьокуускай баһылыга оптуобус суоппардарын үлэҕэ ылыыга муниципальнай бырагырааманы үлэлэтиэххэ диэн этии киллэрэр

🚌Киин куорат оптуобустарыгар суоппар тиийбэт кыһалҕата хаһааҥҥытааҕар да сытыытык турарын бары билэбит.

Онтон сиэттэрэн муниципальнай бырагырааманы оҥорон, араас өйөбүл миэрэлэрин тобулан саҥа идэтийбит каадырдары бу үлэҕэ угуйуохха сөп диэн Евгений Григорьев бүгүҥҥү дьаһалта планеркатыгар этии көтөхтө.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Эмиэ сылаас тохтобулу сүргэйдилэр😱

❇️Бу сырыыга быһылаан Гагаринскай уокурукка таҕыста, матырыйааллар полиция уорганнарыгар тиксэрилиннилэр. Бастакы сабаҕалааһынынан, буруйу оҥорууга обургу саастаах оҕолор уорбаланаллар.

🔹Билиҥҥи туругунан, киин куорат үрдүнэн 45 сылаас тохтобул үлэлии турар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Оптуобустар сырыыларыгар ыйытыылааххыт?

"Тута сибээс" линията үлэлиирин туһунан санатабыт🙌🏻

☎️300-900 нүөмэринэн эрийэн оптуобус сырыытыгар сыһыаннаах ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп: расписаниелара, айаннарын арыта (интервал), тарифтар уонна төлөбүр ньымалара о.д.а.

☎️Маны тэҥэ бу нүөмэргэ эрийэн араас кыһалҕалаах боппуруостары быһаарсыаххытын сөп - оҕо, аҕам саастаах киһи каартатын сүтэрдэҕинэ, оптуобуска малгытын умуннаххытына о.д.а.

☎️ 300-900 нүөмэринэн оптуобус сырыытын тупсарар араас санааҕытын, туруорсуугутун кытта этиэххитин сөп.

"Тута сибээс" күн аайы 07:00-21:00 ч., эбиэтэ, өрөбүлэ суох үлэлиир.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Куорат уокуруктарын управаларын уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэр дьаһалталарын салайааччыларын 2024 сыл түмүгүнэн олохтоохторго отчуоттара салҕанар.

❇️❇️❇️
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, буолар отчуоттар:

Губинскай уокурук
🔹Буолар сирэ: Пединститут, Ленин пр., 2
Бириэмэтэ: 17.00 ч.

Марха
🔹Буолар сирэ: Олег Кошевой аатынан Марха 1 №-дээх оскуолата, Олег Кошевой уул., 39
Бириэмэтэ: 18.00 ч.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta