«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.66K subscribers
18.7K photos
1.2K videos
1 file
10.9K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Сахасанаата

Бэҕэһээ “Синема” киинэ тыйаатырыгар аныгыскы нэдиэлэҕэ сүрэхтэниэхтээх “Биһиги кыһыммыт” киинэни суруналыыстарга, блогердарга, ыҥырыылаах ыалдьыттарга анаан көрдөрдүлэр.

Эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын аан дойду режиссердара уһуллулар ини, уһулбатылар ини. Ол эрээри саҥа киинэ таарыйар тиэмэтэ үгүс буолан биэрдэ. Ыал арахсыытын, ипотека хабалатын, көссүүлэһиини, арыгылааһыны, бэл диэтэр, коррупцияны кытта хаарыйан ааһар. Ол эрээри сүрүн болҕомто киһи киһиэхэ сыһыаныгар ууруллар.

Кырдьыга даҕаны, билиҥҥи “сайдыылаах” диэн ааттыыр үйэбитигэр атах тэпсэн олорон истиҥник сэһэргэспэт, ирэ-хоро кэпсэппэт, кыраттан күлбэт-үөрбэт буоллубут эбээт! Баары баардылаабакка, сыаналаабакка, харыстаабакка, ханна эрэ баар дуу, суох дуу дьолу эккирэтэбит, ол сырсыытыгар сылдьан, күммүтүн-дьылбытын барыыбыт. Дьиҥэр, аттыбытыгар баары даҕаны таба көрбөккө, тумна көтөн, дьолбутун мүччү тутарбыт баар суол. Ити курдук, киинэни көрө олорон үгүһү толкуйдуугун, ырааҕы-киэҥи анаараҕын. Дьоруойдары кытта тэҥҥэ долгуйаҕын, ардыгар күлэҕин-үөрэҕин.

“Биһиги кыһыммыт” күннээҕи олохпутун эбиитэ-сабыыта, киэргэтиитэ суох, хайдах баарынан итэҕэтиилээхтик арыйар, ол кырдьыктан көрөөччү эмиэ да сонньуйан, эмиэ да хараастан ылар. Аҕыйах ый иһигэр олохпут хайдах курдук уларыйарын, тиэрэ эргийэрин режиссер сатабыллаахтык көрдөрөр. Төһөлөөх элбэх Дима уонна Лида аттыбытыгар бааллара буолуой? Киҥир-хаҥыр саҥарсыыттан, кыра кыыһырсыыттан хас ыал олоҕо огдолуйбутай, арахсыынан түмүктэммитэй?

Киинэҕэ Саха сирин тымныы кыһынын көрдөрөр ыыс-быдаан туманнаах күннэрбит, кэтэ сылдьар ичигэс таҥаспыт-саппыт көстөр, бэл диэтэр, абыраллаах “Наташаларбыт” умнуллубатахтар. Сарсыарда аайы дьиэттэн тахсан иһэн бөх быраҕыы “сиэрэ-туома”, киэһэ аайы “тугу сиибит, тугу астыыбыт?” диэн төбө ыарыыта буолбут ыйытыылар хайа да көрөөччүгэ чугастар. Афишаҕа суруллубутунуу, кырдьык, бу историяттан хас биирдии киһи бэйэтин булар.

Сеанс бүппүтүн кэннэ көрөөччүлэр санааларын эттилэр, ырытыһыыга кыттыстылар. Режиссер Степан Бурнашев маастарыстыбата үрдээн иһэрин, кыра да бытархайдарга болҕомто уурарын, олоххо баары көрдөрбүтүн, артыыстар уобарастарын бэркэ арыйбыттарын, киинэ музыката табыллыбытын элбэх ыалдьыт бэлиэтээтэ. Сорохтор саҕаланыыта чуҥкук, онтон көрөн истэххэ, улам интэриэһинэй буолла диэтилэр. Диманы аһыммыттар, Лиданы сэмэлээччилэр эмиэ бааллар.

Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук. “Биһиги кыһыммыт” киинэ сэтинньи 24 күнүттэн киинэ тыйаатырдарыгар тахсар. Көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ!

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СахаСанаата

❇️Суруналыыс, Норуодунай суруйааччы Наталья Михалева-Сайа норуоту долгутар сытыы кыһалҕаларга мэлдьи бэйэтин санаатын этэр, социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕатар идэлээх. Кини бу этиитин өйдүүбүт уонна өйүүбүт✊🏻

ПРОМЕТЕЙ ОСКУОЛАТЫН ТУРУУЛАҺЫАҔЫҤ
☀️👦🏻👧🏻Кэлэр үөрэх сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ суох улахан оскуола Дьокуускай куорат Прометей түөлбэтигэр аһыллаары турар. Манна баһыйар үксэ тыа улуустарыгар олорон куоракка дьиэ атыыласпыт дьон олохсуйбута кистэл буолбатах. Биир бэйэм икки оннук, уу сахалыы куттаах-сүрдээх ыалы чугастыы билэбин. Онон, оскуола сахалыы тыыннаах буоларын салалтабыт өйүүрэ буоллар диэн төрөппүттэр түмсэн туруорсан эрэллэрин олус биһирии иһиттим😍👏👏👏.
Былырыын куорат уокуругун баһылыгынан талыллыбыт Евгений ГРИГОРЬЕВ мин ыытар СЭҺЭН СИРЭ биэриибэр быыбар иннинэ кэлэ сылдьан, Прометей оскуолатын туһунан ыйытыы биэрбиппэр "олохтоохтор, төрөппүттэр быһаарыахтаахтар" диэн эппитин өйдөөн кэлэн, эрэлим күүһүрдэ. Оскуола дьылҕатын мэрия таһымыгар быһаараллар эбээт.
Аны билигин үлэлээн саҕалаабыт оҕо уһуйааныгар нуучча тыллаах үс бөлөх аһыллыбытын төрөппүттэр туруорсан биирин саха тыллаах гынары ситиспиттэрэ эмиэ боччум суолталаах ситиһии буолар.
🤝Сахабыт тылын дьылҕата билигин төрөппүт уонна былаас илиилэригэр баар. Биир тылга кэлэн, сөптөөх быһаарыы тахсар ини диэн эрэл санаабын тиэрдэбин.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СахаСанаата

Комплекс оҥорор ордук

Вильям Фёдорович Яковлев, кыраайы үөрэтээччи, историк, этнограф, худуоһунньук, «Туймаада Ыһыаҕа» комплекс дириэктэрэ:

💬Мин санаабар, ити этиллибит үс улахан аартыкка хайаан да сэргэни эрэ буолбакка, ытыгылаан, салама баайан ааһар сирдэри оҥоруохха сөп.

Композициятыгар сэргэни анньыахха сөбүн-суоҕун миэстэтигэр быһаарыахха наада. Итинник тохтоон ааһар ытык сирдэри тоҕоллоро-ыһаллара олоххо баар көстүү. Ол иһин дьон тохтоон сынньанар усулуобуйатын тэрийэр, бөх тоҕор баахтары туруорар хайаан да наадалаах.

Мин санаабар, соҕотох сэргэни анньан кэбиспэккэ, комплекс оҥорор ордук, оччоҕуна көрүүлээх-истиилээх да буолуо этэ. 

Аны туран, сэргэлэри мээнэ туруорар сатаммат: https://kiinkuorat.ru/articles/kompleks-o-oror-orduk

https://kiinkuorat.ru/articles/ivan-yakovlev-dokuuskayy-sahalyy-tyynnyahha

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СахаСанаата

❇️Иван ЯКОВЛЕВ: «Дьокуускайы сахалыы тыынныахха!»

Айан дьоно, кэлбит-барбыт ыалдьыттар национальнай өрөспүүбүлүкэ киин куората омуккут уратытын тоҕо көрдөрбөтүй диэн сурастахтарына, киһи кыбыстан мух-мах буолар.

Дьокуускай куорат архитектуратыгар, көстүүтүгэр сахалыы тыыны иҥэрии туһунан кэпсэтии 90-с сыллартан барар да, сыарҕа хоҥноро олус бытаан.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ivan-yakovlev-dokuuskayy-sahalyy-tyynnyahha

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СахаСанаата

📚Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэх кинигэтигэр, чопчулаан эттэххэ, алтыс кылааска төрөөбүт литература бастакы чааһыгар “Олох туллар тутаахтара” диэн түһүмэххэ Николай Мординов-Амма Аччыгыйа “Аҕа”, Семен Маисов “Ийэм кэпсиир”, Софрон Данилов “Ийэ барахсан” айымньылара киллэриллибиттэрэ оҕо аймах сэҥээриитин ылыан ылар.

Кинигэ киириитигэр ааптардар үөрэнээччилэргэ туһаайан маннык диэн тоһоҕолоон бэлиэтииллэр: “Күндү оҕолор, эһиги тус олоххут ураты суолталаах кэмигэр үктэннигит. Бу кэми табатык туһанар сыалла-сорукта туруорунуҥ. Үүнүү-сайдыы сүрүнэ – ааҕыыга. Хайа баҕарар омук бэйэтин иитинэр күүһэ – үтүмэн үгүс үйэлэр өйдөрүн түмпүт, өбүгэ өлбөт өйө, ытык тыла буолбут тылынан уус-уран айымньытыгар уонна өйүнэн өлбөт кэриҥҥэ киирбит норуот өйүн-мындырын, үтүөтүн-кэрэтин түмпүт улуу суруйааччыларбыт уос номоҕор киирбит айымньыларыгар баар.”

Ол туһунан: https://kiinkuorat.ru/articles/iyem-kepsiir-o-olorgo


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СахаСанаата

Халлааным күөх эбит...
Бу аата булт үһү дуо?


Ааптар: Саастаах булчут В.В. Бурнашев-Сахай

Тоҕо инньэ диибин?  Дьэ, быйыл кыһыны быһа ыра санаа оҥостон, түүлбэр кытта көрөр үөрүүлээх түгэним кэлэн, сандал сааһым эргийээхтээн, саха буоларым быһыытынан тэринэн, сааһырыы бэрээдэгинэн бэтэкэйдэнии да баар, куруук сытар эбэбэр куска бултуу диэн киирдим. Оҥостон, син киэһэриитэ дурдабын буллум.

Бастакы түүммэр олох утуйбатым, кулгаах-харах иччитэ буолан, сыт да сыт... Арай иһиттэхпинэ, утары улахан күөлгэ хараҥарыыта (22 ч. саҕана) кус саҥата өрө оргуйан барда! Өр буолбата – саа тыаһа өрө бачыгыраата. Сөп буола-буола ытан ньиргитии. Мин халлааны мыҥаан олор да олор... Кус мэлисээй.

Маннык хас да күн салҕанна. Кус саҥата биир кэм кээҕинэс, саа тыаһа ньиргийэн олорор. Мин халлааны манаа да манаа... Тоҕо маннык буолла? https://kiinkuorat.ru/articles/hallaanym-k-h-ebit


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СахаСанаата

«Оптуобус боппуруоһугар эттэхпинэ...» — диир куорат олохтооҕо

🚌 Сэтинньи 18 күнүттэн уларытыллыбыт оптуобус сырыытын туһунан нэһилиэнньэ санаатын билээри, "Звезднай" – "Воинскай" – Кульбертинов уул. – Сэргэлээх шоссета – Борисовка-1 – Хатыҥ Үрэх – Кржижановскай уул. –  203-с түөлбэ – М. Николаев аатынан проспект – "Прометей" хайысханан оптуобус кэтэһэн турааччылары кытта кэпсэттибит: https://kiinkuorat.ru/articles/optuobus-boppuruo-ugar-ettehpine-diir-kuorat-olohtoo-o


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_СахаСанаата
 
🚌Дьон-сэргэ куорат иһинээҕи оптуобус сырыытын, сыана үрдүүрүгэр туох санаалаахтарын туһунан сурастыбыт. “Төһө киһи баар да, оччо санаа баар” диэтэллэр даҕаны, дьиҥ баар кыһалҕаны үгүс ааттыыр буолуохтаах.

🚌Николай, ыскылаат оробуочайа, куорат кытыы сирин олохтооҕо:
💬Сыана үрдээбэтэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Дьиэлээхтэр биэс киһи буоллахпытына, бэһиэн ким үөрэҕэр, ким үлэтигэр күн аайы тиэстэбит. Сыана үрдүүр түгэнигэр дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр биллэ охсоро буолуо. Кыһыҥҥы өттүгэр биир үксүн оптуобуһунан сылдьарга күһэллэбит. “Житель города” чэпчэтиитинэн туһанабыт.
 
🚌Саргы, устудьуон:
💬Уопсайым үөрэхпиттэн чугас буолан сатыы сылдьабын. Биирдэ эмэ дьоммор баран кэлээри оптуобустанабын. Тохтобулбут сылаас буолбатах. Оптуобус кэлиитэ тардылларыгар түбэһэ иликпин.
 
🚌Трофим, охранник:
💬 Үлэ күннэригэр 5-с маршрутунан сылдьабын. Киирбит уларытыы чопчу миэхэ улаханнык дьайбата, тиийиэхтээх сирбэр тириэрдэр. Куһаҕана диэн – кэлин өр күүттэрэр, оптуобус иһэ лыык курдук киһинэн толору, симиллии кытаанаҕа буолар. Иһиттэххэ, бу кыһалҕа соторунан быһаарыллыа диэбиттэр этэ. Оттон сыана үрдүүрүн туһунан эттэххэ, ким сөбүлүөй өҥө үрдүүрүн. Ол эрээри туохха барытыгар сыана үрдүү турар дии. Ону хайдах гыныахтарай...

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta