«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.1K photos
1.11K videos
1 file
10.6K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
«КИИН КУОРАТ» хаhыат
Сегодня в муниципальном «Агентстве земельных отношений» – большое и радостное событие, распределение ста земельных участков для многодетных семей, стоящих в городской очереди. Выдаются участки на Вилюйском тракте, 16 км. Процедура прозрачна и ни у кого не…
#КК_ТускарТуһан

🙌🏻Элбэх оҕолоохторго сир бэриллибитин туһунан сонуну үгүс киһи сэҥээрэр.

Уочаракка тыһыынчанан киһи турар.

❇️УОЧАРАККЫТ ХАННА ТИИЙБИТИН БЭРТ ТҮРГЭННИК БИЛЭР НЬЫМА БААР:
Сир сыһыаннаһыыларыгар агентство бассаап-ботугар суруйаҕыт: 89142695058

Толору ааккытын, төрөөбүт күҥҥүтүн, төлөпүөҥҥүт нүөмэрин ыйытан уочараккытын булан ылар👍🏻

Ыйга биирдэ ыйытыаххытын сөп.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

💡Саҥа дьыл иннинэ уот иэһин пенитэ суох төлөө: https://kiinkuorat.ru/articles/uotu-t-l-b-r-n-emie-penite-suoh-t-l

🛠️Сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри СӨ Хапытаалынай өрөмүөн пуондата иэстээхтэртэн пенита суох төлөбүрдэри тутар: https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta/22595

🔥 "Теплоэнергияҕа" иэстээх буоллаххына аахсыйанан туһан: https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta/22646


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🌲ТЫЫННААХ ХАРЫЙАНЫ ТУРУОРУОН БАҔАЛААХТАРГА

❇️Дьокуускайдааҕы лесничество иһитиннэрэринэн, быйыл атыыга 50-ча эрэ тыыннаах харыйа уонна 800 устуука бэс тахсыахтара.

🎄Лаглайбыт күөх харыйаны (бэһи эбэтэр дьиҥнээх харыйаны) бэйэҕит кэрдэн ылыаххытын баҕарар буоллаххытына "Дьокуускайдааҕы лесничествоттан" (Курашов уул., 46) көҥүл ылыахтааххыт.
09:00-17:00

☝🏻Биир киһи иккиттэн элбэх маһы кэрдибэт.
1-3 м үрдүктээх икки маһы кэрдэн ылыы көҥүлүн сыаната - 300 солк.

Лесничествоҕа пааспардаах, инн-наах тиийэн дуогабар түһэрсэҕит.

❇️Маһы кэрдиини тыаттан буолбакка, ЛЭП уонна гаас турбата ааһар солооһуннарыгар көҥүллүүллэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Дьэллик ыты көрдөххүнэ

🐕 Иччитэ бырахпыт эбэтэр иччилээх ааттаах да, көрүүтэ-истиитэ суох  көҥүл көччүйэр түөрт атахтаах доҕор, хомойуох иһин, билигин да  дэлэй. Төһө эмэ анал сулууспа үлэһиттэрэ дьэллик ыты тутууга үгүс күнү-дьылы ыыталларын, хааһына үбэ харыыта суох барарын үрдүнэн балаһыанньа итинник.

Сайсары уокуругар, чааһынай сектора киэҥ да буолан буолуо,  бу дьыл 11 ыйыгар 273 ыт тутуллубут! Ити иһигэр кэнники нэдиэлэҕэ – 3 ыт. 

Сокуон быһыытынан, бэйдиэ сылдьар ыт тутуллар (отлов), төрөөбөт-ууһаабат оҥоһуллар (стерилизация), быһыы ылар (вакцинация) уонна  тутуллубут сиригэр төһө эрэ кэм буолан баран ... төттөрү ыытыллар. Эрэйдээх сокуон диэтэҕиҥ!

📱Ол да буоллар көрүүтэ-истиитэ суох, дьоҥҥо сэрэхтээх ыт бэйдиэ сылдьарын көрдөххүтүнэ, ааһа турумаҥ:
• Дьуһуурустубалыыр кэлим диспетчерскэй сулууспа +7 (4112)-44-42-51, 44-42-29 нүөмэригэр уонна “СРБЖ” ХЭУо +7-914-301-65-54төлөпүөнүгэр эрийэн, ыт хайа диэки сылдьарын этэн, туттарар кыахтааххыт.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Ыккын сүтэрдэххинэ

🦮 Арай ыккыт төлө баран эбэтэр ханнык эмэ төрүөтүнэн алҕас тиэргэнтэн тахсар, сүтэр түгэнигэр 8-924-870-00-06нүөмэргэ эрийэн токкоолоһор кыахтааххыт.

Ону тэҥэ Дьокуускай к. Очиченко уул., 57 нүөмэригэр баар “Помоги выжить” приюкка сирэй тиийэн ыйыталаһыаххытын сөп.

☝🏻Сүрүнэ, ыккытын быстах да кэмҥэ көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ ыытымаҥ, дьону эрэйгэ тэбимэҥ. Ыстараап улааппытын умнумаҥ.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

💦 Туттуллубут, кирдээх ууну, куһаҕан убаҕаһы тиэйэр сулууспа кэлим диспетчерскэйэ суукканы эргиччи үлэлиир нүөмэрэ наада буолан туруон сөп: +7‒924‒591‒42‒72, +7‒914‒270‒57‒30, +7‒914‒273‒50‒60.
 
💡 Уотуҥ бардаҕына, киин электрическэй ситим тэрилтэтин контакт-киинин нүөмэригэр эрийэн ыйытыаххын сөп:
Хас күн аайы сарсыарда 08.00 ч. киэһэ 19.00 ч. диэри (өрөбүлэ суох) бу нүөмэринэн билсиҥ: 8-800-100-22-15.
 
⚡️ Уоту эрдэттэн былааннаан араарыы баар буолуон сөбүн быһыытынан, “Якутскэнерго” ПАО телеграм-ханаалын киирэн көр. Онно былааннаах араарыы ханнык улууска, ханнык дэриэбинэҕэ, куоракка буоларын, уулуссатын, түөлбэтин, туох үлэ ыытылларын чопчу ыйан туран таһаарбыт буолаллар.
 
🛗 Дьокуускай куорат элбэх кыбартыыралаах тутуутугар лиип алдьаннаҕына, лиипкэ хаайтардахха, саахал сулууспатын кэлим нүөмэрин билэриҥ туһалыа: 8-4112-43-55-15.

🛎️ ”Домофон-сервис” нүөмэрэ – 8-4112-40-20-78. Сорох салайар хампаанньалар домофону хааччыйар туһунан бэйэлэрэ тэрилтэлээх буолаллар. Оннук түгэҥҥэ УК-ҕыт диспетчеригэр эрийэҕит.
 
💨 Гаас сыта кэлэрин биллэххэ (ханан эрэ быыһылыыр буолуон сөп!), сонно тута «04» нүөмэргэ эрийэр куолу. Оттон суотабай төлөпүөнтэн эрийэргэ «104» нүөмэри баттыыргытын умнумаҥ.
 
🚨 ”Суһал көмөҕө” наадыйдахха «03» эрийэн ыҥырары оҕо да дьон билэр. Ол эрээри суотабайтан эрийэр буоллахха, хайаан да иннигэр «1» сыыппаралаан, «103» баттыахтааҕы үгүстэр билбэттэр.

👮🏻‍♀️ Полиция «02» нүөмэрин оннугар суотабайтан эрийэргэр «102» баттыыгын.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

«Дьокуускай» аэропорт наадалаах нүөмэрдэрэ

📱 “Дьокуускай” аэропордун босхо иһитиннэрэр кэлим “Справочнайын” суукканы эргиччи үлэлиир нүөмэрэ: +7 (4112)-31-88-44.

📱 2-ГИС сыһыарыыны арыйан “Аэропорт Якутск” диэни булаҕыт. Онно сырдык халлаан күөҕэ дьүһүннээх “Онлайн-табло” баттаан, баҕарбыт эриэйискит хаһан кэлэрин, көтөрүн билэр кыахтааххыт. Бүгүҥҥэ эрэ буолбакка, сарсыҥҥы, бэҕэһээҥҥи эриэйистэр кытта тахсаллар.

📱Багажкын сүтэрдэххинэ эрийэр нүөмэриҥ:
+7 (4112)-49-10-61 уонна +7(968) -156-10-89.

📱Тардыллыбыт эриэйистэр пассажирдара кэтэһэр саалалара “Лайнер” гостиницаҕа баар. Төлөпүөннэрин нүөмэрэ:  +7(4112)-49-52-27 уонна +7 (4112)-49-52-52 (вн.100).

📱Таһаҕаһы ылар сир төлөпүөнэ: +7(4112)-249-51-84 (сарсыарда 08.00 ч. киэһэ 18.00 ч. диэри үлэлиир).
Оттон суукканы эргиччи үлэлиир нүөмэр: +7 (4112)-249-53-76.

📱Таһаҕас ыытар наадалаахтар +7(4112) 249-53-89 эрийэҕит (сарсыарда 08.00 ч. киэһэ 18.00 ч. диэри).

📱Аэропорт медпуунун нүөмэрэ: +7(4112)-49-10-66.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

❇️Ардыгар киһи булгуччулаах төлөбүрү умнан эбэтэр харчы кырыымчыгыттан төлөспөккө сылдьан, букатын да мунньан кэбиһэрэ баар буолар. Оннук түгэҥҥэ иэскэр эбии пени диэн ыстыраап эбиллэрин билэҕит.

Сорох тэрилтэлэр маннык дьону «бырастыы гынар» «прощеные дни» аахсыйаны тэрийээччилэр. Холобур, СӨ Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата ахсынньы ый 31 күнүгэр диэри биллэрбит. Онуоха иннинээҕи иэһи таһынан бу ыйдааҕы төлөбүрү олоччу төлөһүөххэ наада.

Оттон ол кыаллыбат, букатын улахан иэс мунньуллубут түгэнигэр, иэһи реструктуризациялатар гына сөбүлэҥ түһэрсиэххэ эмиэ сөп. Ол аата кыра-кыралыы, уһатан төлөһөргө кэпсэтэҕин.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/hapytaalynay-r-m-n-puondata-penite-suoh-t-l-r-kyahtaahhyn

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🎄Тыыннаах харыйаны туруорар дьоңңо туһалаах сүбэлэр.

Тыыннаах харыйа сыаната удамыр, көстүүтэ тупсаҕай. Сыта-сымара дьиэни толорор. Сөпкө харайдахха, икки нэдиэлэ кэриҥэ туруон сөп.

🔹Температура хамсааһына маска ордук охсуулаах: мутукчата түргэнник түһэр. Ол иһин тыыннаах харыйаны тута сылаас дьиэҕэ киллэрэр сыыһа. Чааһынай дьиэлээх дьон гаражтарыгар эбэтэр оҥкучахтарыгар, оттон кыбартыыра олохтоохторо кыратык подъезка туруора түһүөхтэрин сөп. 

🔹Туруоруоххут иннинэ алларааҥҥы лабааларын эрбээҥ, 2-3 см сарбыйар ордук. Умнаһын 15-20 см сыгынньахтааҥ. Оччоҕуна ууну үчүгэйдик иҥэриниэҕэ.

🔹Батареяттан, обогревательтан ыраах туруорабыт. Итиигэ мас мутукчата хатар уонна түһэр. Харыйа лабааларын сөп буола-буола уунан ыстарар ордук. Биллэн турар, гирляндаларгытын розеткаттан арааран баран. Дьиэҕитигэр салгыны сиигирдэр анал тэриллээх (увлажнитель воздуха) буоллаххытына, өссө үчүгэй.

🔹Саҥа дьыллааҕы харыйаны анал кириэстии оҥоһуллубут маска эбэтэр уулаах эбэтэр кумахтаах биэдэрэҕэ туруоруохха сөп. Кураанах “атах” куһаҕан, умнаһын аллараа өттүн инчэҕэй тирээпкэнэн суулааҥ. 

🔹Биэдэрэҕэ туруорар судургу ньыма: үс лиитирэ ууга 5 таблетка аспирины уонна 5 остолобуой ньуоска саахары кутан суурайабыт. Сорохтор туус эбэллэр. Аспирин түүнүк бактериялара үөскүүллэрин тохтотор, оттон саахар уонна туус маһы аһаталлар. Ууга аҥаардас саахары кутар туһата суох.

🔹Иккис сүбэ. Ууга 0,5 ч.нь. лимон кислотатын уонна 1 ньуоска желатины эбэтэр үлтүрүтүллүбүт миэли кутуохха сөп.

🔹Тыыннаах харыйа үйэтин глицерин уһатар: 1 лиитирэ ууга 1 ч.нь. глицерины кутуҥ.

🔹Кумахтаах биэдэрэ. Өрүс кумаҕа мас умнаһын 15-20 см сабыахтаах. Кумах мэлдьи сииктээх туруохтаах. Онуоха 1 лиитирэ ууга аспирин ¼ таблеткатын кутан, суурадаһын оҥоробут.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

💡Саҥа дьыл иннинэ уот иэһин пенитэ суох төлөө: https://kiinkuorat.ru/articles/uotu-t-l-b-r-n-emie-penite-suoh-t-l

🛠️Сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри СӨ Хапытаалынай өрөмүөн пуондата иэстээхтэртэн пенита суох төлөбүрдэри тутар: https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta/22595

🔥 "Теплоэнергияҕа" иэстээх буоллаххына аахсыйанан туһан: https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta/22646


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

❇️Дьокуускай куорат дьаһалтатын Үөрэххэ управлениета тымныы күннэргэ оскуола оҕолоро үөрэммэт бэрээдэктэрин быһаарар:

🔸Тыала суох, -45°С тымныы сатыылаатаҕына 1-5 кылаас оҕолоро үөрэммэттэр.
1 м/с тыаллаах буоллаҕына -44°С үөрэммэттэр.
2 м/с тыаллаах буоллаҕына -43°С тымныыга 1-5 кылаастарга актированнай күннэр биллэриллэллэр.
3-5 м/с тыалга — -42°С тымныыга үөрэммэттэр.

🔸1-8 кылаастар тыала суохха -48°С тымныыга үөрэммэттэр.
1 м/с түргэннээх тыалга -47°С тымныыга үөрэммэттэр.
2 м/с тыалга -46°С тымныыга актированнай күн биллэриллэр, 3-5 м/с түргэннээх тыалга — -45°С тымныыга үөрэммэттэр.

🔸-50°С тымныыга оскуола оҕото барыта үөрэммэт.
1 м/с түөргэннэх тыаллаах -49°С тымныыга оскуолалар үлэлээбэттэр.
2 м/с тыалга – -48°С тымныыга, 3-5 м/с — -47°С.

☝🏻Төрөпүттэр күн-дьыл туругун туһунан информацияны өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа ханаалларыттан, ГТРК «Саха» уонна Дьокуускай дьаһалтатын официальнай сайтыттан Якутск.рф истэҕит.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🥶Халлааммыт, дьэ, тымныйда

❇️Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, тымныыга салгын эмтээх буолар эбит. Тоҕо? Салгыҥҥа кислород 30 бырыһыан үрдүүр. Тымныыга таһырдьа дьаарбайар киһини тумуу тумнар, ОРВИ чугаһаабат. Тоҕо диэтэххэ, кыһыҥҥы кэмҥэ таһырдьа бактерия, микроб, вирус ахсаана аҕыйах.
Сибиэһэй салгыҥҥа спордунан дьарыктанар буоллаххытына, грипп туһунан олох даҕаны умнуоххут.

🔸Тымныыга киһи хамсаннаҕына этигэр-сиинигэр баар харыстыыр килиэккэлэрэ, лейкоциттара актыыбынай буолаллар. Онон инфекцияны кытта охсуһаллара күүһүрэр. Маны таһынан киһи организма интерферону оҥорон таһаарыыта үрдүүр, ол иммунитеты бөҕөргөтөр.

🔸Учуонайдар тымныы икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх иммунитетыгар үчүгэйдик дьайарын дакаастаабыттара ыраатта.

😉Чинчийээччилэр этэллэринэн, кыһын төрөөбүт дьон атыттартан сэдэхтик ыалдьаллар, өссө сайын күн сирин көрбүт дьоннооҕор ордук уһуннук олороллор.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

ОДьКХ өҥөлөрүгэр ороскуоккут дьиэ кэргэн уопсай дохуотуттан 15% аһарар буоллаҕына, субсидия ылыаххытын сөп.

Өҥө ханнык көрүҥнэригэр субсидия көрүллэрий?

❇️Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ:

🔸Дьиэ-уот өҥөлөрө;
🔸Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр уот төлөбүрэ;
 
❇️Чааһынай олорор дьиэлэргэ:
🔸Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр:
🔸Уот;
🔸Бөҕү тиэйии;
🔸Уу куттарыы.
🔸Дьиэни-уоту ититэр систиэмэ:
🔸Гааһынан ититии;
🔸Уот ситиминэн ититии;
🔸Оһоҕунан уонна хочуолунан оттуллар дьиэлэргэ чоҕу, маһы тиэйтэрии.

Судаарыстыбаннай өҥөнү «Агентство субсидий» оҥорор.

Социальнай көмө туһунан сиһилии  https://www.subsidii-jku.ru/ эбэтэр https://t.iss.one/as_ykt телеграм-ханаалга, www.e-yakutia порталга киирэн көрүҥ.

8-800-222-50-70 эрийэн ыйыталаһыаххытын, сүбэ-ама ылыаххытын сөп.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🎇Саҥа дьылбытын уруйдуу көрсөрбүт икки нэдиэлэттэн эрэ ордук кэм хаалла.

Ханнык баҕарар, улахан, кыра да фейервери, петарданы ытарга сэрэхтээх буолуу быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах. Ону суолтаҕа уурбаттан хараҕы сиэтии, илиини-тарбаҕы, эти-сиини да эчэтии хобдох түбэлтэлэрэ тахсарын истэргит буолуо.

Онон судургу гынан баран, олус наадалаах быраабыланы санатыһан ааһыаҕыҥ.
🎇 Фейервери, петарданы, салюту ытыах иннинэ, төһө да сүрэҕэлдьээбит иһин, хайаан да иструкциятын болҕойон аах, сиһилии билис!
🎆 Битиилигэр уоту таҕайыах иннинэ, оҥоһук умайар, уоттаах өттө хайа диэки буоларын чопчу билиэх кэриҥнээххин. Бэл, оонньуу-дьээбэ да кэриэтэ даҕаны дьон баар сирин диэки кыҥыыр, туһаайар табыллыбат.
Салҕыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/pirotehnikany-tuttuu-byraabylatyn-tutus


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🫖 Ахсынньы 15 күнүгэр чэй күнэ бэлиэтэнэр эбит.

Сахалыы чэй оҥостон иһиэҕиҥ🤗

🪵 Тиит мас хатырыгын (пилораматтан ылан) чаанньыкка хаалаан, күн аайы оргутан иһэ сылдьыҥ. Хааны ыраастыыр, уҥуоҕу кытаатыннарар, мэйиини бөҕөргөтөр, куту-сүрү күүһүрдэр. Сүрдээх үчүгэйдик барар. Биир кутуу элбэхтэ оргутуллар. Амтана астык!

🫖 Кыа ото эмиэ бэрт хойуу, үтүө амтаннаах чэй бэрдэ. Уоскутар, сылаанньытар, утутар. 

🌲 Бэс иннэтэ, хатырыга бэртээхэй "күөх чэй". Сырдык дьүһүннээх чэй. Төбөҕө, мэйиигэ, умнубат буолууга туһалаах. 

🥀 Дөлүһүөн чэйи бары бэркэ билэҕит. 

🌾 От сыата – бэрт бардарыылаах чэй ааттааҕа. Оһоҕоско, хаайтарыыга, ис ыарыытыгар туһалаах. 

🌳 Хаптаҕас, моонньоҕон, дьордьомо, хатыҥ сэбирдэхтэрэ хатарыллыбакка сырдык дьүһүннээх, минньигэс амтаннаах чэйдэр.

🍵Кучу чэй
Үүнээйи барыта күн эниэргийэтин, айылҕа кутун илдьэ сылдьар. Айылҕаттан ордук амтаны ким да оҥорбот. Кучу от сэбирдэхтэриттэн бэлэмнэммит чэй сылааны таһаарар, күүһү-уоҕу биэрэр, тымыры ыраастыыр, хаан баттааһынын көннөрөр, утуйар ууну чөлүгэр түһэрэр, куртах-оһоҕос үлэтин тупсарар аналлаах дииллэр. Ону таһынан киһи уйулҕатын сааһылыыр, бөҕөргөтөр эбит.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kuchu-chey

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Нолуок «вычета»: Быраапкын туһан!

🫰 Нолуок “вычета” диэн баарын үгүстэр билэр, бэлиэр туһаммыт, туһана да сылдьар буолуоххутун сөп. Сокуон быһыытынан, “вычет” ҮС иннинээҕи сылга төлөспүт нолуоктан оҥоһуллар. Ол эбэтэр бу 2024 сыл бүтүөр диэри сайабылыанньаласпыттарга 2021, 2022 уонна 2023 сылларга төлөөбүт нолуоккутуттан “вычет” ааҕыллар. “Саҥа дьыл кэннэ, тохсунньуга да тиийиллиэ” диэн уһата-кэҥэтэ сырыттаххына, 2021 сыллааҕы төлөбүргүттэн ылбаккар, көтүтэргэр тиийэҕин. Онон “вычеттаныахтаах” түгэҥҥэр туттумахтас!

Ханнык “вычеттар” баалларый?

Ол туһунан манна аах

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын Суолга-тырааныспарга сулууспатын телеграмм ханаалыгар суруттарыҥ:
https://t.iss.one/ProAvtobusYkt

🚌Оптуобустар сырыыларын туһунан кырдьыктаах информация, суһал иһитиннэрии барыта иннэ тахсар☝🏻


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

Биир кэлим эксээмэн болдьохторо чуолкайданнылар ⬆️⬆️⬆️

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

🎇 Фейервери, петарданы, салюту ытыах иннинэ, төһө да сүрэҕэлдьээбит иһин, хайаан да иструкциятын болҕойон аах, сиһилии билис!
🎆 Битиилигэр уоту таҕайыах иннинэ, оҥоһук умайар, уоттаах өттө хайа диэки буоларын чопчу билиэх кэриҥнээххин. Бэл, оонньуу-дьээбэ да кэриэтэ даҕаны дьон баар сирин диэки кыҥыыр, туһаайар табыллыбат.
🎇Петарданы, фейервери дьиэ иһигэр, сабыылаах сиргэ буолбакка, таһырдьа, аһаҕас сиргэ ытыллыахтааҕын өйдөө.
🎆Фейерверк, петарда ытар сир олорор дьиэлэртэн, муҥутуур чугаһаабыта 50 миэтэрэ тэйиччи буолуохтааҕын умнума.
🎇Петарданы оҕо дьон ытара бобуллар!
🎆Петарданы сабыылаах иһиккэ – бааҥкаҕа, биэдэрэҕэ, буолаары буолан, бытыылкаҕа – хаһан да угуллуо суохтаах.
🎇Умайа турар петардаҕа 5-10 м иһинэн чугаһаабат куолу!
🎆Петарданы уурарга-харайарга, илдьэ барарга хайаан да анал хахха уга сылдьыллыахтаах. Үтүлүк кэриэтэ сиэпкэ уктан баран сылдьааччы кытта баар буолар. Ол сыыһа!
🎇Төһө да билиэх-көрүөх баҕа баһаамын иһин, петарданы арыйа, иһин чинчийэ сатыыр табыллыбат!
🎆Фейервери кулуһуҥҥа таҕайан уматыы кытаанахтык бобуллар!
🎇Ханнык баҕарар пиротехниканы үрдүгэр нөрүйэн туран көрө, умата сатыыр табыллыбат!
🎆Петарданы умаппыт кэннэ онтуҥ “ньим” курдук да буоллаҕына, тоҕо умайбатаҕын билээри, чугаһаан кэлэн бэрэбиэркэлии да, хаттаан умата да сатаама. Олус сэрэхтээх дьаһаныы!
🎇Оттон “Ракетаны” төгүрүччү турар дьиэлэрдээх балаһааккаҕа, кыараҕас сиргэ да ытыллыбатын билиэх тустааххын.
🎆Быраабыла быһыытынан, фейервери икки сууккаҕа диэри кэм устата ууга туруоран эрэ баран бөх дьааһыгар угуохха сөп.

❇️Наадыйар түгэн кэлбэтин диэн туран, сэрэххэ, Быыһыыр сулууспа төлөпүөннэрин биэрэбит:
☎️Кэлим быыһыыр сулууспа – 112;
☎️«Саха Өрөспүүбүлүкэтин быыһыыр сулууспата» ГБУ суукканы эргиччи үлэлиир Дьуһуурустубалыыр симиэнэтин төлөпүөнэ – 8 (4112) 45-90-19; 
☎️Дьокуускайдааҕы “ЕДДС” төлөпүөнэ – 8-4112-44-42-51

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_ТускарТуһан

❄️ Халлааммыт эмискэ сылыйбытынан уонна хаар түһэн, халтараан эбиллибитинэн, киин куорат уулуссаларыгар бүгүн тимир көлөлөр харыылара (пробка) үөскүүрэ күүтүллэр.

Онон оптуобустар арыттара уһуон сөп☝🏻

Барар-кэлэр былааҥҥытын күн-дьыл туругун учуоттаан оҥостуҥ, суолга сэрэхтээх буолуҥ диэн сүбэлиир Дьокуускай дьаһалтатын Суолга-тырааныспарга сулууспата.

#ПРОАвтобус #ГородскаяДорожноТранспортнаяСлужба #Якутск

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta