#КК_Сэргээ
❇️Владимир Путин ааһан эрэр сыл түмүктэрин таһаарыаҕа. Бу нэдиэлэҕэ быһа линия уонна улахан пресс-конференция буолуоҕа.
❗️Ахсынньы 19 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 18.00 чааска быһа линия уонна улахан пресс-конференция тэҥҥэ ыытыллыахтара - «Итоги года с Владимиром Путиным» биэрии.
🙌🏻Арассыыйа олохтоохторо дойду бэрэсидьиэнигэр номнуо 1,1 мөлүйүөнтэн тахса ыйытыыны ыйыппыттар. Быйыл дьону кытта үлэлииргэ искусственнай интеллект көмө буолбут.
Ыйытыылары 8-800-200-40-40 босхо нүөмэринэн, 04040 нүөмэргэ СМС-нан, саайтка, «ВКонтакте» уонна «Одноклассники» нөҥүө биэриэххэ сөп.
Быһа эпиири «Первый», «Россия 1», «Россия 24», НТВ, ОТР, «Мир» ханаалларга уонна «Маяк», «Вести FM», «Радио России» араадьыйаларга, ону тэҥэ официальнай ресурсаларга көрүөххэ, истиэххэ сөп.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Видео
#КК_Сэргээ
⬆️⬆️⬆️Видеоҕа: 3 саастаах Дьулустаан Аммосов сыыппараны сүүскэ диэри билэр😳👍🏻
🥰Дьулустаан Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар “Солнышко” уһуйааңңа кыра бөлөххө сылдьар. Биэс оҕолоох Аммосовтар улахан уоллара.
"Английскайдыы, нууччалыы, сахалыы 100-кэ диэри сыыппараны холкутук ааҕар, ону таһынан нууччалыы, английскайдыы алпаабыты барытын билэр, видеоҕа анаан-минээн ону устубатах эбиппит",- дииллэр дьоно.

🎄”Куруһаала” атыы-эргиэн киинин таһыгар тыыннаах харыйалары атыылаан эрэллэр👍🏻
⬆️Сыаналара хаартыскаҕа баар.
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

🎄 «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыан сөп.
🔹«Бубль-Гум» маҕаһыын икки салаатыгар тэңинэн ыытылла турар:
🎄Кальвица уул., 14/5 уонна
🎄Дзержинскэй уул., 71.
Тэрээһиҥҥэ кыттарга оҕо аата суруллубут аккырыыкканы талан баран, ол оҕоҕо саҥа дьыллааҕы бэлэх атыылаһан уураҕыт🙌🏻
Дьокуускай куорат салалтата, сүрүн тэрилтэлэр, туруу үлэһит дьон аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыстылар👍🏻

😍Ытык Күөлгэ "Айылҕаана" түмсүү сана Лицей дьиэтэ үлэҕэ киирэринэн Таатта улууһун картатын икки ый устата сукунаҕа мулине сабынан быысыбайдаан бэлэхтииллэр🙌🏻

«Мин баар буолуохтаах хаартыскам» — болҕомтону тардыбыт истиҥ тыыннаах испэктээк
🎭 Сэтинньи бүтүүтэ үс күн устата Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена уонна Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар быйыл «Кыһыл көмүс мааска» бириэмийэ сүүмэрдиир түһүмэҕин ааспыт нуучча суруйааччыта Виктор Астафьев “Фотография, на которой меня нет” айымньытын матыыбынан туруоруллубут «Мин баар буолуохтаах хаартыскам» испэктээк үгүс көрөөччүнү түмпүтэ.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/min-baar-buoluohtaah-haartyskam-bol-omtonu-tardybyt-isti-tyynnaah-ispekteek

Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт
📚 Аныгы дьон оҕону бэйэ эрэ холобурунан иитэр кыахтааҕын бэркэ өйдүүр буолан, ааҕыыны көҕүлүүргэ ийэ, аҕа, эбэ, эһэ бары кыттыһаллара хайҕаллаах.
Дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕалларын уонна уус-уран айымньыны билиһиннэрэр буктрейлердары оҥорбуттарын сэҥээрэн көрүҥ: https://blogi.nlrs.ru/93902/123496?utm_source=whatsapp&utm_medium=messenger&utm_campaign=pt-886&utm_eid=218

Блоги Якутии
Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт - Блоги Якутии
Аныгы дьон оҕону бэйэ эрэ холобурунан иитэр кыахтааххын бэркэ өйдүүр буолан, ааҕыыны көҕүлүүргэ ийэ, аҕа, эбэ, эһэ бары кыттыһаллара хайҕаллаах. Ол туоһута бу роликтар – дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕалларын уонна уус-уран айымньыны билиһиннэрэр буктрейлердары…
#КК_Сэргээ
❄️ Аам-даам туманнаах, амырыын тымныы кыһыны Дьыл оҕуһа аҕаларын туһунан остуоруйалартан, үһүйээннэртэн билэбит. Бу оҕус Ураа-лаҥкыр муостара улуу тымныынан уһуутуу сылдьар гына айыллыбыттар. Оҕус Муустаах Байҕалтан Орто Дойдуга таҕыстаҕына тымныы түһэн Дьыл – Кыстык кэмэ саҕаланар , оттон Байҕалыгар төнүннэҕинэ Дьыл бүтэн, илгэлээх итии Сайын эргийэр. Ол иһин Оҕуһу Дьыл оҕуһа диэн ааттаабыттар.
Дьыл Оҕуһа бастаан Байҕалтан тахсарыгар Муоһа өссө да үүнэ илик буолар, онтон дьэ муостара сыыйа утуу-субуу үүнэн, Орто Дойду тымныйан, кыыдааннаах кыһын кэлэр дииллэр эбит. Оттон саас ол муостара утуу-субуу түстэхтэринэ тымныы кылаана тостон, улам сылыйан барар дииллэр. Ол кэнниттэн Муустаах Байҕалга сынньана, утуйа баран хаалар эбит.
“Ыыс быдаан тыыннаах, Болуо муус муруннаах, Кыаһаан муус кыламаннаах, Аймыр муус арҕастаах, Көмнөх хаар көлөһүннээх, Хайыр ойбон харахтаах, Уһун ураа муостаах,
Күнү – ыйы күкүрдүүр
Күр муус көҕүстээх,
Олуурдаах улуу дьыл – Оҕуһун Туругурдан утаардаҕым буоллун”
диэн Өксөкүлээх Өлөксөй “Өрүс бэлэхтэрэ” поэматыгар Дьыл оҕуһун ойуулуур.
“Кини бэйэлээх Хаамыталаан хачыгыраатаҕын аайы
Халыҥ хаар хаҥаатын,
Сүүрэкэлээн күүһүгүрэйдэҕин аайы
Сүдү тымныы сүлүһүннүрдүн,
Муннун бууһугураттаҕын аайы
Мунан барар буркун турдун,
Тыынан кыскырыттаҕын аайы
Тымныы дьыбар тыйыһырдын,
Ураа лаҥкыр муоһуттан
Улуу сата туран,
Уһун хобдох тыал олохтоннун!
Уолум обургу, олуурдаах
Улуу дьыл оҕуһа, Аас – майах аргыстанан,
Иҥсэ-мэнэгэй эҥэрдэнэн, Оп- соллоҥ ойоҕостонон,
Дьаҥ-дьаһах таһаҕастанан, Ыарыы- сүтүү көтөллөнөн”...
Өксөкүлээх Өлөксөй “Өрүс бэлэхтэрэ”
Саха киһитэ төһө да амырыын тымныылаах дойдуга олордор тымныыны сирбэт - Дьыл оҕуһугар өстөммөт. Кылгас, куйаас сайыныгар тоҕо түһэн күүстээхтик үлэлээн кыстыыр отун-маһын, аһын-үөлүн хаһаанан, дьиэтин-уотун оҥостон тымныы кыһыны көрсөр. Ким тулуурдаах, ким үлэһит, ким санаатын түһэрбэт, ким күүстээх санаалаах ол дьылы этэҥҥэ туоруур. Сылтан сыл хатыланар тымныылары - тымныы муоһа тостон сандал саас кэлиэ диэн билэрэ саха киһитигэр күүс-уох биэрэр.

Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат