#КК_Сэргээ
Тохсунньу тоһуттар тымныылара сатыылаатылар🥶❄️
😳Маннык күннэргэ киһи үксэ дьиэттэн быкпакка буола сатыыр, оттон сорохтор сүүрэ тахсаллар эбит🏃🏻🏃🏻♀️🏃🏻♂️
Экстремал-сүүрүк, чөл олоҕу тарҕатааччы, Дьаааҥыттан төрүттээх Дмитрий Горохов хамаандатын кытта тохсунньу 1-гы күнүгэр -54 кыраадыска сүүрэ тахсыбыттар🙌🏻
Аны тохсуньу 19 күнүгэр сүүрэр былааннаахтар. “Дьонум халыңнык таңның диирбин истибэттэр, сатаан таңныбаттар... Кириһиэнньэ саҕана тымныы күүһүрээччи...", - диир Дмитрий Николаевич.
Киһи киһиттэн атына иннэ сыттаҕа😅
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

🤳Сэбиэскэй сойуус саҕанааҕы харыйа оонньуурдара 🎄
Эһиэхэ былыргы оонньуурдар бааллар дуо?

Саҥа дьыл уһун өрөбүллэрин туһунан
❄️🎄❄️🎄❄️🎄
Соторутааҕыга диэри, Сэбиэскэй сойуус саҕана дьон тохсунньу 1 күнүгэр үлэлии тахсара. Саҥа дьыл оҕо бырааһынньыгын эрэ быһыытынан билиниллэр буолан, улахан дьоҥҥо өрөбүл көрүллүбэт буолара. Ахсынньы 31 күнэ үлэ күнүгэр түбэстэҕинэ эмиэ өрөөбөттөрө.
Тохсунньу 1 күнэ бырааһынньык өрөбүлүнэн 1947 сыллаахха биллэриллибитэ. Субуотаҕа эбэтэр өрөбүлгэ түбэстэҕинэ бырааһынньык өрөбүлэ көспөт этэ.
1993 сыллаахтан Арассыыйаҕа тохсунньу 2 күнэ эмиэ өрөбүл буолбута.
2004 сыллаахтан Саҥа дьылга тохсунньу 5 күнүгэр диэри сынньанар буолбуппут. Онно эбии ороһооспо өрөбүлэ эбиллэрэ.
Оттон билиҥҥи саамай уһун өрөбүллэр 2012 сыллаахтан киирбиттэрэ.
🫠Маннык уһун өрөбүллэр бааллара хайдаҕый?
Тугунан дьарыктанаҕыт?

#КК_История
Былыргы Дьокуускай
Үйэ анараа өттүгэр Саҥа дьылы хайдах бэлиэтииллэр этэй?
📰«Якутская окраина», «Якутская жизнь», «Ленские волны» хаһыаттар 1914, 1915 уонна 1916 сыллааҕы ахсынньытааҕы уонна тохсунньутааҕы нүөмэрдэрэ Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ хараллан сыталлар.
Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи былыргы Дьокуускайга Саҥа дьыл бырааһынньыктара хайдах быһыылаахтык ыытыллыбыттарын мантан билиэххэ сөп. Биллэн турар, оччотооҕуга Саҥа дьыллааҕар ордук Ороһооспону улаханнык бэлиэтииллэрэ: https://kiinkuorat.ru/articles/bylyrgy-dokuuskay

Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Сэргээ
🎯 Туруоруммут сыалгын ситиһэргэ сатаан былааннанарыҥ уонна тугу баҕараргын чуолкай билэриҥ ирдэнэр. Маныаха "100 баҕа санаа" диэн бэртээхэй ньыма баар эбит.
Уу чуумпуга уоскуйан, налыйан олорон 100 баҕа санааҕытын кумааҕыга суруйаҕыт. Өйгүтүгэр туох көтөн түһэринэн, сүрэххит тугу этэринэн.
Маннык ыйытыыларга хоруйдуохха сөп:
🔹Тугу гыныахпын баҕарабыный?
🔹Тугу боруобалыахпын баҕарабын?
🔹Туохха үөрэниэм этэй?🔹Материальнай тугу баҕарабын?
🔹Тугу уларытыам этэй?
Бу испииһэги илиинэн суруйар ордук, оччоҕо өйбүт-санаабыт сааһыланар. 100 баҕа санааны суруйан баран испииһэги сынньата уураҕыт, тохтуу түһэн баран хаттаан ааҕаҕыт уонна төһө суолталааҕынан 0 саҕалаан 10 баалга диэри сыана туруоруохха сөп. Оччоҕо эһиги ордук туохха талаһаргыт арылыччы көстөн кэлиэ.
☝🏻9-10 бааллаах баҕа санаалары сыалга кубулутан, олоххо киллэрэргэ туох наадатын үстүү хардыынан ойуулаатахха ситиһэргэ чэпчэки буолар диэн психологтар суруйаллар.

Сүллүүкүн саха өйдөбүлүгэр
👿 Сахаларга чуолаан сүллүүкүн уобараһа нууччаттан киирбит буолуохтаах.
Кут-сүр түһэ Л.А. Афанасьев – Тэрис сүллүүкүттэр тустарынан маннык эппиттээх:
💬«Тохсунньу 7 күнүгэр маҥнай оҕо сүллүүкүннэр (уот оттооччулар) тахсаллар. Кинилэр эрдэ тахсан, эргэ өтөхтөрү сөргүтэн олоххо бэлэмнииллэр. Онтон син орто саастаах, киэҥ соҕус билиилээх-көрүүлээх сүллүүкүннэр тахсаллар. Салгыы кырдьаҕас, муударай сүллүүкүннэр кэлэллэр. Былыргы дьон сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр таҥаһы таһырдьа ыйаабат. Киһи кута барсыа диэн аньыыргыыллар эбит. Сүллүүкүн тахсар кэмигэр айылҕа тымныы буолара ордук. Тымныы буоллаҕына, балар наһаа ырааппакка, чугас эргин сылдьаллар. Сылаас буоллаҕына, киэҥ сиринэн дайа сылдьан, араас ыарыыны тарҕаталлар үһү. Кинилэр харчыны олус сөбүлүүллэр. Харчыны сүгэ сылдьан хаартылаан сүүйсэллэр үһү. Сүллүүкүн харчытыгар тиксэр түгэҥҥэр, үс күн иһигэр туттан бүтэриэхтээххин. Ол кэнниттэн харчыҥ уу ньамаҕа буолан хаалар үһү. Мин эһэм сүллүүкүнү көрбүт. Саха сүллүүкүннэрэ чопчу киһи курдук быһыылаахтар-таһаалаахтар диэн кэпсиирэ. Арай баттахтара уонна хаастара эрэ суох үһү. Биллэн турар, сүллүүкүн дьон айбыт уобараһа буолар. Биир бэйэм сүллүүкүн хаама сылдьара буолуо дии санаабаппын».

СҮЛЛҮҮКҮН ДИЭН КИМИЙ?
Сүллүүкүн – саха омук мифологиятыгар уу анныгар олорор харамай. “Сюльльюкюн” диэн өйдөбүлү өссө В.Л.Серошевскай научнай үлэтигэр киллэрбитэ. Эбии бүрээттэргэ “шүлүкүн” диэн уу иччитэ баарын суруйбута. Славян омуктарга эмиэ дириҥ уу анныгар олохсуйар тыыннаах дууһалаах “шилукуннар” тустарынан уос номоҕо элбэх.
Сүллүүкүннэр уу анныттан, ойбонтон орто дойдуга тахсалларыгар биһиги харахпытыгар икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх киһи буолан көстөллөр. Уос номоҕор кэпсэнэринэн, кинилэр үксүн дьахтар, ардыгар эрэ эр киһи буолан кубулуналлар. Кинилэр Саҥа дьыл уонна Кириһиэнньэ быысаһар кэмнэригэр ыалдыттыыллар.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/s-ll-k-n-dien-kimiy

Дьааҥы улууһугар "Удивительные дети" диэн ураты дьоҕурдаах, талааннаах оҕолор улуустааҕы күрэхтэрэ буолан ааспыт.
Биһиги ханаалбытыгар урут тахсыбыт видео дьоруойа 3 саастаах Дьулустаан Аммосов үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскайдыы) ааҕан, алпаабыт буукубаларын ааттаан, тыһыынчаҕа диэри сыыппараны бэрээдэгинэн уонна таҥнары эмиэ үс тылынан лабырҕаччы ааҕан кыайыылаах аатын ылбыт👏
🥰Дьулустаан Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар “Солнышко” уһуйааңңа кыра бөлөххө сылдьар. Биэс оҕолоох Аммосовтар улахан уоллара.
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

«ИННОСФЕРА» куонкурустан өйөбүл ылан
🌍 Саҥа дьыл иннинэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҕо креативнай уонна тэхиньиичэскэй кииннэрин өйүүр «ИННОСФЕРА 2025» куонкурус бастакы түһүмэҕин кыайыылаахтара билиннилэр.
Кэнчээри ыччат инновация эйгэтигэр бастакы хардыылары оҥороругар, сайдыы аартыгын арыйарыгар күүс-көмө, өйөбүл буолар күрэх туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондатын корпоративнай коммуникацияҕа салаатын салайааччыта Иван Сивцев кэпсээтэ: https://kiinkuorat.ru/articles/innosfera-kuonkurustan-y-b-l-ylan