#КК_Дьон
Дмитрий Ариносов: «Дьон туһугар үлэ үөрдэр»
🚌Оптуобус суоппара – улахан болҕомтону, халбаҥнаабат холку майгыны, эппиэтинэһи, тулууру, дьону кытта үлэҕэ сатабылы эрэйэр биир дьоһун идэ. Уопсастыбаннай тырааныспар суоппара пассажирдарга куттал суох буолуутугар, суол быраабылатын тутуһууга уонна тиэхиньикэтэ уурбут-туппут курдук бары өттүнэн табыгастаах, бүтүн буоларыгар күн аайы сүҥкэн эппиэтинэһи сүгэр. Ону таһынан бу дьоһун идэни сүгээччи тыҥ хатыытыттан киэһэ хойукка диэри үлэлииргэ бэлэм буолуохтаах.
Бүгүн биһиги Дьокуускайдааҕы пассажирдары таһар автотранспортнай хампаанньа маршрутнай оптуобуһугар суоппарынан үлэлиир, бу идэҕэ 20-чэ сыл уруулга олорбут уопуттаах Дмитрий Ариносовы кытта үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбит: https://kiinkuorat.ru/articles/dmitriy-arinosov-don-tu-ugar-le-rder
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Уонна хаһан?
💬Сааһыран баран “Уонна хаһан?” диэн дэбиистээх олохпун олоробун. Уопсастыбаннай тэрээһиннэртэн хаалсыбакка, дьон-сэргэ ортотугар сылдьарбын, сылын аайы атын омук дойдуларынан айанныырбын сөбүлүүбүн. Элбэҕи билэн, көрөн, үөрэнэн, дуоһуйабын, астынабын.
Доруобуйабын көрүнэн, 2007 сылтан тымныы уу куттабын. Хайдах да халлаан буоллун, билигин да уу тоҥуор диэри, сөтүөлээн, хаарынан суунан, ойбоҥҥо умсан, моржалыыбын. 8-с кылааска үөрэнэр сиэн уолум Виктор кыра эрдэҕиттэн тэҥҥэ сылдьыһан, үөрэнэн, билигин бэйэтэ сайыннары, кыһыннары тымныы уу куттар.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/uonna-ha-an

Олох олоруу сэһэнин сэгэтэн көрдөххө…
📕 Киһи үксүгэр кинигэни ааҕан баран ууран кэбиһээччи. Ньурбаттан төрүттээх В.В. Литвинов «Олоҕум кэпсээннэрэ» диэн тас көстүүтүнэн дьоҕус эрээри, баай, дириҥ ис хоһоонноох кинигэтэ хайдах эрэ бэйэтин ураты тыынынан санаа атастаһар кэпсэтиигэ ыҥырар курдук…
Бу Орто дойдуга кэлбит хас биирдии киһи анал бэйэтэ сайдар бырагыраамалаах диэн суруйаллар, этэллэр. Ол туох бырагыраамалаах кэлэбитий диэн ыйытар оруннаах курдук… Үрдүк аналлаах айдарыылаах ааптардар Л.А. Секлитова уонна Л.Л. Стрельникова суруйалларынан, билигин «Киҥкиниир киэҥ куйаар» – «Сир» – «Киһи» бэйэ-бэйэлэригэр дьайсар ситим күүстэрин ньэгирэ, сайдыыта 5-с таһымтан 6-ка көһөр кэмэ. Ол көһүү кэмин күүһэ киһини киһи быһыытынан уһугуннарар тыыннаах. Тус бэйэтигэр эргилиннэрэн, бэйэтин киһи быһыытынан хаачыстыбатын өҥөйөн көрөн, сайдыы суолугар салайарын курдук өйдүөххэ сөп дии саныыбын.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/oloh-oloruu-se-enin-segeten-k-rd-hh

Норуот таллааннааҕа өрүү да дьон туһун саныыр
👋Ноһуомтан 12 сыл устата кытайдыы халандаарынан сыл бэлиэлэрин оҥортоон, үгүс дьону сөхтөрбүт, сэргэхсиппит, устунан, үөрэнэн хаалан, “Быйыл тугу оҥороро буолла?” диэн толкуйга түһэрбит Михаил Боппосову, кини айан-тутан таһаарар оҥоһуктарын суохтаабыт дьон үгүс буолуохтаах.
Кинини Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаттан саҕалаан, тас дойдуларга тиийэ билэллэр. М.Т. Боппосов оҥоһуктарын көмөтүнэн тапталлаах Уолбата, Тааттата, Саха сирэ үгүстүк ааттаннаҕа.
Соторутааҕыта Михаил Трофимовиһы кытта кэпсэтэ сырыттым: https://kiinkuorat.ru/articles/noruot-tallaannaa-a-r-da-don-tu-un-sanyyr

#КК_СпортСулустара
Ылдьаа Скрябин
Ааспыт 2024 сыл түмүгүнэн биллиилээх спорду сырдатар комментатор Илья Ильич Скрябин “Спорка сулууспалааһын” номинация бириэмийэтин лауреата буолбута.
Илья Ильич Скрябин Мэҥэ Хаҥалас ытык Төҥүлүтүн төрүт олохтооҕо. Тоҕус оҕолоох, ол иһигэр, аҕыс уоллаах, биир кыыстаах буойун-фронтовик, снайпер Илья Алексеевич уонна Марфа Николаевна Скрябиннар холкуостаах дьиэ кэргэн сэттис оҕолоро.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/yldaa-skryabin
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
❇️Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр.
Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор Мария Евсеева-Байхаана: https://kiinkuorat.ru/articles/fizik-uda-an-bayhaana-suollaryn-aryyabyn-baayy-duolu-tardabyn

Айтал Мырсанов: «Хомус нөҥүө саха тылын тыыннаах хаалларыахпытын сөп...»
💠 Айтал Мырсанов – Таатта талба талааннааҕа, «Хомус тутула» онлайн оскуола төрүттээччитэ. Оҕо эрдэҕиттэн доҕор оҥостубут хомуһа аан дойдуну көрөрүгэр, хас да омук тылын үөрэтэригэр уонна... сүрэх ыарыытын кыайарыгар төһүү күүс буолбута.
Айтал кыра сылдьан Ытык Күөлтэн Бороҕоҥҥо эһэтин аахха сайылыы кэлэрэ. Улахан дьон суох кэмигэр оҕолор дьиэ иһигэр туох баарын көрөр-истэр, «чинчийэр» үгэстээхтэрэ. Эргэ дьиэ биир эркинигэр үөһэ араас мал-сал кэчигирээн, ыйанан турара сиэннэри ордук ымсыырдара. Биир күн ол баҕалаах сирдэригэр илиилэрэ дьэ тиийбитэ. Элбэх мал быыһыттан хомуһу булан ылбыттара, бары уочаратынан тардан, талкыйан көрбүттэрэ да, ким да сатаабата. Кырачаан Айтал тииһин оҕустаран, «туох куһаҕан тэрилэй?» дии санаабыта. Хомуһу кытта бастакы «билсиһиитэ» итинник хобдох соҕус этэ: https://kiinkuorat.ru/articles/aytal-myrsanov-homus-n-saha-tylyn-tyynnaah-haallaryahpytyn-s-p

Ыччат хотонтон сиргэммэт
🐄 «Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт...
30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха дьонугар биир кэрэхсэтэр ыччат Масаха Мэхээскэ сүөһү көрүүтүгэр үөрэнэ диэн, анаан-минээн Майаҕа тиийэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
☝🏻Уолаттар хотон үлэтин билсэр, бэйэлэрин кыахтарын холонон көрөр сыаллаахтарын ааһан, саха төрүт дьарыгын саҥа таһымҥа таһаарар балысхан баҕа санаалаахтар эбит.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ychchat-hotonton-sirgemmet

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сэргээ
#КК_Дьон
🗞️Бүгүн, тохсунньу 13 күнэ - Бэчээт үлэһиттэрин күнэ. Биир идэлээхтэрбитин ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
✍️ Бу биидьийэҕэ эһиги “Эхо столицы” хаһыаппытыгар уон сыл үлэлээбит сытыы бөрүөлээх, талба талааннаах суруналыыс, ханнык да эйгэҕэ тиийдэр, хорутуулаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиир биир идэлээхпит, билигин “Арктик капитал” сир баайын хостуур ХЭТ пресс-сулууспатын салайааччыта Сардаана Сивцева иллэҥ кэмигэр уруһуйдаабыт үлэлэрин көрөҕүт.
🎨 Уруһуйтан лаппа ыраах киһи, туораттан көрдөххө, эмискэ уруһуй алыбыгар ылларбыта туһугар дьикти. Бэйэтэ да этэр ээ: “Урут колобуогу кытта төгүрүк буолбакка, түөрт муннуктаах гына ойуулуур киһи буоллаҕым. Уруһуйтан оннук ырааҕым”,-диэн. Ол бэйэтэ бэрт кылгас кэм иһигэр, соло кэмчи кэмигэр хайдах курдук уруһуйдары айан-тутан таһаарбыта миигин эрэ сөхтөрбөт буолуохтаах.
📰Хайдах, туохтан саҕалаабыта интэриэһиргэтэр?
Оччотугар хаһыаппыт бу нэдиэлэтээҕи нүөмэрин ылан ааҕаарыҥ🙌🏻

Үлэ элбэҕэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй
✊Түөһүн күүһүнэн, илиитин эрчиминэн киһи тугу баҕарар кыайар, санаатын ууруо эрэ кэрэх диэн этии биһиги бүгүҥҥү кэпсэтэр киһибитигэр быһаччы сыһыаннаах.
Павел Павлович Романов – тутааччы, уруһуйдьут, хоһоонньут, тыйаатыр артыыһа, мас ууһа уонна оҕолоругар амарах аҕа, дурда-хахха буолар дьиҥнээх эр бэрдэ: https://kiinkuorat.ru/articles/le-elbe-e-tyl-a-yya-a-ch-gey